Кэпсээ
Войти Регистрация

«Уол эрэ буолуо дуо, кыыс эмиэ баҕарар»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Уол эрэ буолуо дуо, кыыс эмиэ баҕарар»

K
08.05.2020 15:41
Аныгы ыччаты, уолу-кыыһы урукку курдук биир сутурук иһигэр ыга тутан ииппэккин-үөрэппэккин. Биир олохсуйбут уопсай халыып, бэрээдэк диэн аны суох. Билигин киһи бэйэтин бэйэтэ дьаһанар-билинэр, ким хайдах сатыырынан, “сөп” дии санаабытынан олорор үйэтэ кэллэ. Аныгы сайдыылаах олохпут биир да чаас тохтообот, күнүстэри-түүннэри күрүлүү устар, имэҥ-дьалыҥ дьалкыйар. Оттон ону хамсатааччылар, биллэн турар, ыччат. Бүгүн “Имэҥ” балаһаҕа оннук олох бэрэстэбиитэлэ, доҕотторо ааттыылларынан, “Легенда” ыалдьыттыыр. Сааһа 27-тэ. Биллэн турар, ким даҕаны бэйэтин сырыытын, хаһан-хайдах кимниин таптаспытын ыраас мууска ууран аһаҕастык кэпсээбэтэ биллэр. Кыбыстыылаах даҕаны буоллаҕа. Ол да буоллар, уол “түүҥҥү олоҕуттан” быһыта-орута, одоҥ-додоҥ кэпсииргэ сөбүлэстэ. – Биһиги куораппытыгар, киинэҕэ көстөрүн курдук, үгүс киһи билбэт-көрбөт “түүҥҥү олоҕо” диэн баар дуо? – Оо, мин ити ыйытыыга хоруйдуур, эн этэриҥ курдук “киинэҕэ көстөр түүҥҥү олоҕунан” олорор киһи буолбатахпын. Уонна киинэҕэ эрэ көрөр “түүҥҥү олохпут”, улахан “шоубут-патибыт” курдук көстүү биһиги кыра куораппытыгар хантан кэлиэҕэй. Суох бөҕө буоллаҕа дии. Ол гынан баран, биһиги да куораппытыгар, бэйэбит холбутугар, дьон күүлэйдиир, сылдьар, иһэр-аһыыр, таптаһар. Арай ону “түүҥҥү олох” диэххэ сөп буоллаҕына, мин даҕаны онтон маппатах киһибин. Туох да ынырык буолааччы. Биир кэм кэлии-барыы, сырыы-“движуха”, билсиһии-көрсүһүү, секс-мекс. Ким эрэ арыгылыыр, итирэр, ким эрэ наркотиктанар-хайыыр. Бастаан, кырдьык, күүлэйдиир бэһиэлэй бөҕө буоллаҕа дии. Онтон дьэ, “тыаһаан” киирэн бардахха... – Ама, наркотиктыыр дьон биһиэхэ эмиэ бааллар дуо? – Тыый, доҕоор, бу киһи хантан сылдьаҕыный? Бааллар бөҕө буоллаҕа дии. Ити турар дьиэ аннын өҥөйөн көр эрэ (хаҥас турар элбэх этээстээх дьиэ аннын ыйар – аапт.), испириис бөҕө баара буолуо. Үнүр ыһылла сытар этэ. Төһө даҕаны бэйэм укуоллана олороллорун бу диэн көрбөтөрбүн даҕаны, дьон да кэпсээниттэн, онно-манна испириис да ыһылла сытарыттан, син билэбин. Дьаабыланаллар. Үксүгэр кэлии омуктар эҥин буолаллар дииллэр. Сахалар оннук кэбилэммиттэрин билиҥҥитэ истэ иликпин. Баҕар, бааллара да буолуо, ким билиэ баарай. – Бука сэрэйдэххэ, өрөбүллэргэ киһи-сүөһү элбиирэ буолуо? – Биллэн турар. Бээтинсэҕэ-субуотаҕа киһи үрдэ суох буолар. “Вегас”, “Зодиак”, “ТЮЗ” эҥин отой оргуйаллар. Киһи кыайан анньыһан киирбэт да үлүгэрэ буолааччы сорох ардыгар. – Оттон “Европа” эҥин диэбит курдук килэйбит-халайбыт сирдэргэ төһө сылдьалларый? – Ээ, онно арыый да култуурунай соҕус дьон сылдьара буолуо. Биһигинньиктэр – илэчиискэлэр онно мээнэ үктэммэппит. – Ол сылдьар дьон орто саастара төһө буоларый? – Эчи, ыйыттаххын. Арааһынай буоллаҕа дии. Этэргэ дылы, “комплект” барыта баар. Талбыккын кытта билсиэххин, этиһиэххин-охсуһуоххун сөп. Билигин түүҥҥү кулууптарга оскуола оҕолоруттан саҕалаан биэс уоннаах-алта уоннаах ыал эһэлэригэр-эбэлэригэр тиийэ бары сылдьаллар. Ол да буоллар, төһөтүн да иһин, 30-чалаах дьон арыый да элбэх буолар. – Оттон дьахтара баһыйар дуу, эр киһитэ дуу? – Мин көрүүбэр, кыыһа-дьахтара арыый да баһыйар. Ол иһигэр адьас
бииһирэн бүппүт, букатын “бичиихэ” курдук буолбут, чэпчэки арыгыны-пиибэни сырса сылдьааччылар эбэтэр түүҥҥү кулууп диэҥҥэ аан бастаан да үктэнээччилэр баар буолаллар. Уопсайынан, барытын биир тылынан, биир халыыпка киллэрэн этэр уустук. Арай кэлин итинник сирдэргэ элбэхтэ сырыттахха, харах үөрэннэҕинэ, син саба быраҕан араарар буолаҕын. – Бэйэҥ түүҥҥү кулуупка төһө элбэхтэ сылдьаҕыный? – Быыс көһүннэ, харчы баар буолла эрэ, түгэни тоҕо мүччү тутуохпунуй, сылдьабын. Кэргэнэ-оҕото суох киһи тугу гына сытыахпыный? – Ол сылдьан кыргыттары кытта хайдах билсэҕиний? – Билсибэтэх да ыраатта. Икки ый буолла быһыылаах. Оттон билсэр буоллахха, “Ватсабынан” уонна “ДругВокруг” диэн эмиэ төлөпүөн сыһыарыытынан. – Оттон кулуупка сылдьан? – Бастаан тиийэн уопсай балаһыанньаны, дьон-сэргэ, чуолаан, кыргыттар сирэйдэрин-харахтарын, хайдах тутта-хапта сылдьалларын, настарыанньаларын, ордук туохха болҕомтолорун ууралларын ырытан-сыныйан көрөбүн. Онно ким чэпчэки соҕустук тутта-хапта сылдьара, ким холуочуйбута, барытыгар улгумнук сөбүлэһэ охсуоҕа эбэтэр антах анньыаҕа син биллэр. Дьэ, онтон хорсуҥҥун киллэрэн баран, “атаакалаабытынан” барар буоллаҕыҥ дии. Бастаан син биир бэйэҥ эрэ саҕалаатаххына-кэпсэттэххинэ табыллар. Төһөтүн да иһин, эр киһи буоллаҕыҥ. – Кэпсэтиигин хайдах быһыылаахтык саҕалыыгыный? – Ол хайаан даҕаны маннык буолар диэн буолбатах. Барыта балаһыанньатыттан, кыыһыттан көрөн тахсар. Ардыгар бэйэлэрэ да кэлэн билсэр кыргыттар бааллар. Аҕыйаҕа суохтар. Онтуларыҥ, сөбүлүү көрдөхтөрүнэ, абааһылар буоллаҕа. Бэйэҕин даҕаны күүһүлүөхтэрин сөп. Уопсайынан, кэпсэтии-кэпсэтии курдук, “привет”, “аатыҥ ким диэний?” диэнтэн саҕаланар буоллаҕа дии. Онно кыыс майгыта, мантан киэһэ туох былааннааҕа тута биллэр даҕаны диэххэ сөп. Настарыанньата көтөҕүллүбүт, билсиэн-көрсүөн, салгыы күүлэйдиэн баҕарар кыыс ону эрэ кэтэһэн турбуттуу, бэйэтэ эмиэ кимэн киирэн барааччы. Суох буоллаҕына – “игнор” эбэтэр “иди подальше” диэн буолар. – Билсиһээт даҕаны тута “утуйа” барыахха диигин дуу, биитэр аргыый аҕай саҕалыыгын дуу? – Урут бастаан аргыый аҕай, сыыйа билсэрим, табылыннаҕына, ханна эрэ дьиэҕэ тиийэн таптаһарым. Оттон билигин сааһыран эбитэ дуу (күлэр – аапт.), олох үөрэппитэ дуу, “кэнкириэтинэйдиир” буолбуппун. Онон билсэн баран сотору буолаат “хайыыбытый, көстүүнэйгэ барабыт дуо?”, “миигин кытта күүлэйдии барыс”, “улуустан киирэ сылдьабын, хонноро илдьэҕин дуо?” диэбит курдук ыйытабын. Уонна оттон пиибэ барытын быһаарар буоллаҕа. Үксүгэр сөбүлэһэллэр. Билиҥҥитэ суох диэни аҕыйахта иһиттим. Барсааччылар тута “дьиэлээххин-массыыналааххын дуо?” диэн ыйыппытынан бараллар. – Инньэ диэтэххэ, иэдэскэ биэрэн хабылыннарбаттар дуо? – Суох. Инньэ гына иликтэр. – Оттон ол сылдьан арыгы иһэҕин дуу? – Настарыанньа көтөҕөр, тыл өһүлэр гына быыкаатык биир-икки үрүүмкэни эбэтэр бакаалы иһэбин. Онтон элбэҕи суох. Ол эрээри биирдэ эмэ иһэн баран сарсыныгар билбэт кыыһым хоонньугар уһуктубут түгэннэрдээхпин. – Бэйэлэринэн билсиһээччилэр хайдах саҕалыылларый? – Холобур, үнүр биир уол тиийэн кэлэн баран билистэ, онтон “баран табахтыахха” диэтэ. Мин “тыый, бу киһи “голубой” буолбата ини” дии-диибин, батыһан таҕыстым. Соһуйуом иһин, киһим “кэргэним дьүөгэтэ эйигин сөбүлүү
көрдө, билсиһиэн баҕарар” диэн тылыгар киллэрэн, илдьэн биир отутун ааһан эрэр кыыһы кытта билиһиннэрбитэ. Онтон сүбэлэһэн баран иккиэн көстүүнэйгэ барбыппыт. Хата, онно тиийэн баран кыыһым кыбыстанньаҥа дьэ киирдэ. Ол да буоллар бииргэ утуйан-таптаһан турбуппут. Дьиҥэр, көстүүнэйгэ хоонньоһордуу сананан кэллэҕэ дии. Уопсайынан, барсар, күүлэйдиэн баҕарар кыргыттар тута “массыыналааххын, дьиэлээххин дуо?” диэн ыйыталлар, сөрүөстэҥнээбитинэн бараллар. Оттон көстүүнэй диэн билигин үрдэ суох. Харчылаах эрэ буолуоххун наада. Ол барытын быһаарар. – Оттон дьиэҕэ тиийэн баран салгыы хайдах буолаҕытый? – Дьиэҕэ тиийдилэр да бүтэр буоллаҕа дии. Барыта биир-биэс тыла суох өйдөнөр уонна оттон “наглость – второе счастье” дииллэр дии. Тута сыллаан-уураан барабын. Эбэтэр бастаан имэрийэн-томоруйан, “массаастаан” баран сыыйа киирэҕин. Кыыс даҕаны оннукка бэлэм кэлсэр буоллаҕа. Онон батынааччыта суох. – Саха кыргыттара ороҥҥо сатаан таптаспаттар диэччилэр дии. – Эс! Ама, хайаан оннук буолуой. Мин тыһы кырынаас, куоска курдук элбэх кыыһы кытта таптаспытым. Бэйэҕин да күүһүлүөхтэрин, бырдыгын быһыахтарын сөп. Чэ, баҕар, ол урут эбитэ буолуо эрээри, билигин омук имэҥнээх киинэлэриттэн туох да итэҕэһэ суох таптаһаллар. Холобур, мин, иннинэн киирэн үтүөлээбэтэхпинэ, кэннинэн тахсан кэбиэлээбэтэхпинэ астыммаппын. Үөһэ, аллара, ойоҕоһунан, кэннинэн, остуол үрдүгэр, ороҥҥо, көтөхсөн олорон, минет, уопсайынан, киинэттэн туох даҕаны атына суох буолааччы. Аны туран, биирдэ эмэ букатын “топпот”, “өссө, өссө” диэнтэн атыны билбэт кыргыттар баар буолааччылар. – Минети бары оҥороллор дуу? – Үксүгэр, бэйэҥ мааһын табан үчүгэйдик имэрийдэххэ-томоруйдахха, сыллаатахха-ууратахха бары. Инньэ диэн “намёктаабаккын” даҕаны. Оттон сороҕор, “намёктуугун”. Аккаастыыр кыыс ахсааннаах буолааччы. Аны туран, сатыыр, уопуттаах, имигэс-хомугас кыыһыҥ диэн эмиэ туспа буолар. Букатын, тиэрэ баран түһүөххэр, уҥуоххар диэри таптыыр. Уопсайынан, уол эрэ буолуо дуо, кыыс эмиэ имэҥ-таптал бары дэгэтин билиэн баҕарар буоллаҕа дии. – Таптаһаргар туох эмэ албастардааххын, судургутук эттэххэ, “коронкалардааххын” дуу? – Инньэ диэн суох. Эмиэ барыта түгэниттэн көрөн буолар. Арай, дьахтар имэҥин көбүтэргэ, күүскэ астыннарарга диэн, ону-маны, оннооҕор леска, кыл кыбыппыт-баайбыт, сэптэрин тириитин иһигэр подшипник уктубут уолаттар, убайдар баар буолааччылар. Хас да сыллааҕыта оннугу илэ көрөн соһуйан турабын. Онон дьон-дьон араас буоллаҕа. Ким хайдах сатыырынан. – Кэлиҥҥи икки ый иһигэр оннук хас кыыһы кытта сырыттыҥ? – Пахай, мэлийэ сылдьабын. Икки эрэ кыыһы кытта билистим. Дьиҥэр, табылыннаҕына, биир киэһэ иһигэр иккилии кыыһы кытта сылдьааччыбын. Массыынам суох. Ол баара эбитэ буоллар, кэһэтиэм этэ. Оттон билигин сатыы сылдьан, таҥара биэрдэҕинэ эрэ диэбит курдук. – Киэһэҕин эрдэттэн былаанныыгын дуу? – Инньэ гыннахха табыллыбат. Онон балаһыанньатыттан, хайдах кэпсэтэргиттэн көрөн. – Кулууптарга куруук сылдьар уолаттар-кыргыттар бааллар дуу? – Анаан-минээн уоллуу-кыыстыы кэлээччи хара баһаам буолар. “Сунгарига” эҥин элбэх 35-тээх, 40-чалаах “бабушка” баар буолааччы. Олорго киирэн биэрдиҥ эрэ, дьэ, “сииллэр”. Аанньанан ыыппаттар. Итини сэргэ “Индрайвер”
(төлөпүөн сыһыарыыта – аапт.), “полет” таксистара кыыс “тутан” күннүүллэр. Элбэх билэр уолум оннук сылдьар. Массыынаҕа ынчык-хончук бөҕө буолааччылар. – Ол сылдьан харыстанаҕын дуу? – Биллэн турар. Бэйэм куруук илдьэ сылдьабын. Урут, акаары эрдэххэ, үстэ “хаптара” сылдьыбытым. Онон ыарыытын билбит баҕайым. Туох да дьаабы, киһи ириҥэнэн ииктии сылдьар буолар этэ. Кэлин презерватив укта сылдьар кыыс эмиэ элбээбит. Өйдөөх кыргыттар. – Оттон утуйан туран баран сарсыныгар хайдах буолаҕытый? – Туох буолуой, тарҕаһабыт буоллаҕа дии. – Кыбыстар, бэйэ-бэйэ сирэйин таба көрбөт буолар диэн суох? – Оннук эҥин диэн хайа да өттүттэн суох буолар. Биллэр буоллаҕа дии, кини да сиэкистээри, мин да оннук гынаары көрсүбүппүт. Төлөпүөммүтүн да бэрсибэппит. “Пакаа” уонна бүттэ. – Биир киэһэ хас солкуобайы барыыгыный? – Быһа холоон 3-4 тыһыынча буолара буолуо. Сүрүннээн, 1,5 тыһыынча курдук көстүүнэйгэ барар. Атына – пиибэ, чиипси-иипси, утах, такси төлөбүрэ буолар. – Оттон улууска оннук сылдьаҕын дуу, эбэтэр куоракка эрэ итинник күүлэйдиигин дуу? – Улууска да быыс-хайаҕас булан, сэрэнэн сылдьыахха сөп. Онно даҕаны кыргыттар бааллар. – Доҕоор, оттон маннык сылдьартан сылайбаккын дуо? Ыал-күүс буолар санаа киирэн ааспат дуо? – Билигин өссө даҕаны эдэрбин буоллаҕа дии. Арба да, итинник сылдьар кэргэннээх даҕаны киһи элбэх ээ. Биһилэхтэрин устан баран сылдьааччылар. Оттон олох оҥостор туһунан эттэххэ, оннук санаа баар бөҕө буоллаҕа дии. Икки хас сылынан ыал буолар инибин. Үчүгэйдик кэпсэтэр, истиҥник саныыр, бэрээдэктээх кыргыттарым бааллар. Олор ити биир түүн сылдьыһар кыргыттарбыттан отой атыттар. Кинилэри кытта төрүт атыннык кэпсэтэҕин, атыннык сыһыаннаһаҕын буоллаҕа. – Чэ, этэҥҥэ буол. Кэпсээниҥ иһин махтал! ВИЛЬЯМ.
kyym.ru сайтан