Кэпсээ
Войти Регистрация

Отчуттар

Главная / Кэпсээн арааһа / Отчуттар

K
01.05.2020 22:58
Үйэ барахсан уларыйбыта дьэ сүрдээх. Ким да итэҕэйиэ суоҕун курдук. Кубалаах ыаллара билигин муодатык оттуур буоллулар. Күнүс бөһүөлэккэ киһи-сүөһү толору. «Хаарыан күнү халтайга бүтэрэн баран, хаһан оттуур баҕайыларай?» дии саныаххыт. Хата, дьонуҥ аҕыйах хонук иһигэр от бөҕөнү лөглөтөн, бэл, хотоннорун таһыгар кытта тиэйэн аҕалар буолбуттар. Ыал аайы – кытай тыраахтара. Ол көлөлөрө кыайан киирбэт эрэ сирин – уу кыламанын – киэһэлик, халлаан сөрүүдүйбүтүн кэннэ, илиинэн охсо түһэллэр уонна бүттэхтэрэ ол. Мунньуулара кытта – тиэхиньикэ. Туох да диэбит иһин, аныгы киһи сынньалаҥнык оттуур үйэтэ кэлбит. Урукку курдук хотуур таптайар тыас саараама иһиллибэт. Кылаабынайа, халлаан эрэ туран биэриэн наада. * * * Урут, Хабырыыл кырдьаҕас букатын эдэр, пахыый, оскуоланы саҥардыы бүтэрэн сылдьар сайыныгар быһыылааҕа, дьэ, кытаанахтык оттообут эбиттэр. Ону билигин кэлэн саныыр ээ, таах сытыахтааҕар. Ол саҕана «кыһыл знамялаах хомсомуол ыччат охсуулаах (краснознамённая комсомольско-молодёжная ударная бригада) биригээдэтэ» диэн дарбааннаах ааттаахтара. Биригээдэлэрин букатын эрдэ, Маай бырааһынньыктарын кэнниттэн, сүүмэрдээбиттэрэ. Дьэ уонна олохтоох араадьыйанан, оройуон хаһыатынан эҥин араас аҕытаассыйа, атын нэһилиэктэр биригээдэлэрин социалистическай куоталаһыыга ыҥырыы саҕаламмат дуо?! Оройуон кииниттэн субу-субу баартыйа, хомсомуол оройкуомнара тахсан мунньах үөһэ мунньах буолара. Гаанньаны, төһө да хомсомуол кэккэтигэр киирбэтэҕин иһин, ол охсуулаах биригээдэҕэ биир-биэс тыла суох хоһуун хотуурдьут оҥорбуттара. Оттон, били, устар кыһыны быһа «тыа хаһаайыстыбатын өрө тардыахпыт, тутуспутунан пиэрмэҕэ үлэлии барыахпыт» диэн, мунньах аайы араатардаабыт дьиҥнээх хомсомуол актыбыыстара ким-хайа иннинэ Дьокуускайга үөрэх туттарса «сус» гыммыттара. Хата, ол оннугар үөрэхтэригэр ортоһуор, бэрээдэктэрэ да онтон ордуга суох Гаанньатыҥы эрэттэр хомсомуол путевкатын тутан (онтуларыгар син долгуйа түһэн ылбыттара!) сопхуос үлэһитэ буолбуттара. Биригээдэлэрэ «полумех», атыннык эттэххэ, аҥаара мэхэньисээссийэлээх диэҥҥэ киирсэрэ. Биир – ДТ-75, икки бөлөрүүс тыраахтардаахтара, өссө икки атынан от оҕустараллара, мустараллара. Ону көрө-көрө кырдьаҕас өттө «итиччэ үлүгэрдээх тиэхиньикэнэн оту кыайымына, дьэ, урут биһиги холкуос саҕана...» диэн, түгэн эрэ көһүннэр, куолу-хаалы бөҕөтүн түһэрэллэрэ. Оттон Гаанньаҕа ити барыта сонун этэ. Урут сибэниэҕэ хаһан оттообута баарай?! Аҕатын кытта Тэҥкэлэригэр оттууллара. Билигин уолуҥ борбуйун баҕас кыанар, оройуоҥҥа, сопхуоска успуорт араас күрэхтэһиитигэр барытыгар кыттар, өссө миэстэлэһэр! Биир үчүгэйдээҕэ, долгутуулааҕа диэн – бу охсуулаах биригээдэҕэ үрдүкү кылаас кыргыттара от мунньаллар! Үлэлэрин бастаан сиилэстэн саҕалаабыттара. Хотуурдьут элбэҕэ, онуоха эбии отделение управляющайа Ылдьаа Бииктэрэбис күрэхтэһии тэрийэн, ол күннэрэ күүрээннээх соҕустук барбыта. Манна Гаанньа бэркэ табыллыбыта. Урутаан эттэххэ, «мин аҕай» дэммит сүүрбэ түөрт эр бэрдэ биэрэстэ чиэппэрэ холобурдаах ходуһаҕа түһүммүтүттэн дьонун букатын ырааҕынан хаалларан бастакы кэлбитэ. Бирииһигэр эттээх соҕус мүһэни туттарбыттара. Онно элбэх уол киниэхэ кыайтаран, бэркэ кыһыйбыттара быһыылааҕа. Оскуоланы Гаанньа иннинэ бүтэрбит, өссө аармыйаттан кэлбит уолаттар кытта бааллара. Күрэхтэһии омуна-төлөнө күөдьүйэн, буһуу-хатыы кытаанаҕа буола сырыттаҕына, чэй өрөөччүлэрэ Ньукуус Силэпсиэп солуурун
туппутунан, хаһыытаабыт киһиэхэ өкчөһүйэн тиийэрэ. Оччоҕо куруускалаах сөрүүн чэйи киллиргэтээт, хотуурдьут эмиэ иннин диэки түһүнэн кэбиһэрэ. Тиритии-хорутуу дьэ манна этэ. Гаанньа, мэктиэтигэр, плавкинан эрэ хаалан, ойоҕоһо килбэҥниэр диэри имиллэҥнээн куһуйуу бөҕөтө буолбута. Охсооччулар тастарыгар от мунньар кыргыттар эмиэ бааллара. Маннык сыралаах күрэхтэһиини кинилэр аан маҥнай көрөр буолан эбитэ дуу, биитэр сиппит-хоппут уолаттар от охсон силлиргэтэр тыастара букатын туох эрэ атын санааны саҕан таһаарара эбитэ дуу – хотуурдьуттартан харахтарын араарбатахтара. Уу чоккурас буолбут Гаанньа биэтэккэ бастакынан кэлэн баран көрүммүтэ, эрэһиинэтэ ууна быһыытыйбыт кэҥэс плавкитын иннэ – оруобуна «били миэстэтэ» баар сирэ – самыырдаахха балаакка тиириллибитин курдук тортойуоҕунан тортойон тахсыбыт этэ. Бастаабыт хотуурдьуту эҕэрдэлээн күө-дьаа буолбут дьон быыһыгар кини саастыыта дуу, арыый аҕата эбитэ дуу – хаһан эрэ көрөн аһарбыт кыыһа бүтүннүү харах-кулгаах буолан турара. Уол кыбыстыбыт омунугар, били «балаакката» өссө көппөйбүккэ дылы буолбута... * * * Билбэт кыыһа Сэмиэнэбэ Сибиэтэ Дьокуускайдааҕы медучилищены эһиил бүтэриэхтээх устудьуон эбит, манна таайын аахха кэлэн аны күһүҥҥэ диэри биригээдэҕэ асчыт буолбут. Гаанньа ол иһин билбэт эбит: Арыылаах бөһүөлэгэ Кубалаахтан кый дойду буоллаҕа. Буспут моонньоҕон курдук харахтаах, дьылыгыр уҥуохтаах бу кыыһы кулун тутар ый бүтүүтүгэр оройуон киинигэр көрбүт эбит. Онно байаҥкамааттар уон сэттэ саастаах уолаттары хамыыһыйаҕа ыҥыраннар, Гаанньалаах уонча күн байыаннай эйгэҕэ сыстан ылбыттаахтар. Сылга биирдэ-иккитэ «молодуойдары» хамаандалыыр тоҕоос көстүбүтүттэн, байыаннайдыыр кэмнэрэ кэлбититтэн биллэ үөрбүт байаҥкамаат эписиэрдэрэ сыалай бойобуой оруотаны кырыктаах кыргыһыыга киллэрэн эрэр курдук туттар-хаптар этилэр. Ордук Баабылап Байбал диэн мары-маадьаҕар атахтаах ыстаарсай лейтенант: «Оруота! Симииринэ! Нэлиэ-бэ!» – дии-дии, уһун синиэлигэр сөрөнөн, сууллан түһэ сыһа-сыһа адаҥхалыыра. Култуура оройуоннааҕы дьиэтин киэҥ саалатыгар быраастар хамыыһыйаларыгар устуруойунан аҕалан баран, күннээҕи «бойобуой» бохуота онон бүтэр быһыылааҕа. Оройуон киинин аҕыйахта көрбүт нэһилиэк уолаттара быраастарга кэлэн дух-дах тутталлара элбэх этэ. Онно этэ ээ – Сэмиэнэбэ Сибиэтэ (ол саҕана оруобуна быраактыкаҕа кэлэ сылдьар эбит) хируру кытта биир остуолга олороро. Кыыс бэйэтин саастыылаахтара уолаттартан кыбыстан киэр хайыһара биитэр умса көрөн кэбиһэрэ, оттон сирэйэ чоххо баттаабыт курдук кытаран хаалара. Гаанньа уочарата кэлбитигэр кыырыктыйбыт баттахтаах хирург оҕонньор «туруусуккун тобуккар диэри сулбу баттаа» диэн баран, тээһэҥкэтин тутан-хабан, өссө кэннинэн төҥкөтөн, сыныйан бэрэбиэркэлээбитэ. Кыра сылдьан Гаанньа сылабаар итии уутугар буутун буһарбыттааҕа. Дьэ, ону бэлиэтии көрөн, сыбыс-сыгынньах турар уолу аны устуул үрдүгэр таһааран, били оспут бааһын ачыкытын көннөрө-көннөрө, сөмүйэтинэн баттыалаан чинчийбитэ. Кыыс иннигэр хаһан да маннык кыбыстыылаах балаһыанньаҕа киирбэтэх буолан, алларааҥҥыта (эмиэ «байыаннайдыыр» кэмэ кэллэҕэ) чиэс биэрэрдии, чиккэс гына түспүтэ баар этэ... саатыкатын ооккото. * * * Үчүгэй хотуурдьутун биллэҕэ буолуо, биригэдьиир Мэхээлэ (Сибиэтэ таайа) Гаанньаны бэйэтин кытта илдьэ сылдьан оҕустарара. Бу 40-тан тахсыбыт чиргэл киһи сороҕор бөһүөлэккэ араас
наадаҕа киирэн хаалара, оччоҕо уол соҕотоҕун охсон кууһурҕатара. Биригээдэ түһүүлэммит сириттэн тэйиччи үлэлиир буолбута биир куһаҕаннааҕа – табаарыстарыттан тэйиэс сылдьара, оттон куһаҕан хаһан да үчүгэйэ суох буолбат – кэмиттэн кэмигэр Сибиэтэ чоҕулуччу көрбүтүнэн кинилэргэ ас аҕалара. Биирдэ Чаҥкыныар диэн алааска эмиэ соҕотоҕун охсо сырыттаҕына кыыһа тиийэн кэлбитэ. Тууйаска суорат оҕото, лэппиэскэ аҕалбыт. Кыыһыҥ өссө кыраабыллаах, иллэрээ күннээҕи охсууларын мунньуо үһү. Таайа Мэхээлэ илдьит ыыппыт: биригээдэлэрэ оройуоҥҥа бастакы миэстэҕэ иһэр үһү, онон бу күннэргэ охсууну тохтото түһэн, мунньууну, кэбиһиини кытаатарга. Гаанньа омурҕан аҥаара үчүгэйдик куһуйан, сирин бүтэрбитэ уонна Сибиэтэҕэ көмөлөспүтэ. Биэлсэр буолуохтаах кыыс уол диэки тиэхэлээх баҕайытык көрө-көрө, кыраабылын сүр үөрүйэхтик сыыйыта тарпахтыыра. Гаанньа мунньарын букатын улахаҥҥа уурбата, от охсор курдук илистиилээх үһү дуо, көнө сиргэ баҕас сынньалаҥа ааттаах буоллаҕа. Куйааһа бэрдиттэн көлүччэҕэ киирэн чомполоммуттара. Сибиэтэ купальнига суох кэлэн, бастаан утаа сөтүөлээмээри гыммытын Гаанньа үлтү аҕытаассыйалаан уонна «быһаас байаҥкамаат хамыыһыйатын саҕана оннооҕор буолуоҕу көрбүтүҥ дии» диэн өһүргэтэ сыһан, кыыһы ууга киллэрбитэ. Сырдык от күөх «хыбы» туруусуктаах, оруосабай лиипчиктээх этэ. «Итинник буоллаҕына, эйиэхэ бу баар!» диэбиттии, Сибиэтэ ыраах баҕайы умсан хаалбыта уонна араастаан хамсанан Гаанньа аттыгар субу кэлбитэ. Харбыыһытынан баҕас уолу чахчы баһыйара. Таҥастарын талах кэннигэр ыкта түһээт, эмиэ үлэлээбитинэн барбыттара. Киэһэлик чэйдэрин өрүнэн, тото-хана аһаан-сиэн баран, үөл-дьүөлгэ олорон арааһы бары кэпсэппиттэрэ. Училищены бүтэрээри сылдьар киһи, Сибиэтэ, куоракка дьон олоҕо-дьаһаҕа хайдаҕын кэпсээн, уол төбөтүн үлтү хааһылаан кэбиспитэ. Кыыс кэпсииринэн сыаналаатахха, Гаанньалаах букатын кэнэнник, быһата, куһаҕаннык олорор эбиттэр. Куоракка араас сынньалаҥ, көр-нар, инники бэрэспэктиибэ толору үһү. Сибиэтэтин кэпсээнэ, уопсайынан, саба быраҕан өйдөөтөххө «киһи биирдэ бэриллэр олоҕу үчүгэйдик олоруохтаах, ол эрээри манна – Кубалаахха – курдук буолбатах» диэн ис хоһооннонон тахсыбыта. Утуйар кэм кэлбитигэр ампаардарыгар киирэн таҥас-сап бэрийэр түбүгэр түспүттэрэ. Бу – урут биригэдьиир Мэхээлэ дьоно аах өтөхтөрө этэ. Онтон, хата, дириҥ баҕайы умуһахтаах ампаар эрэ ордон хаалбыт. Бырдаҕа бэрт диэн, Мэхээлэ чараас буолаҕын иһигэр киирэн утуйара, оттон Гаанньа утуйар мөһөөччүгэр мөхсө хоноро. Сибиэтэ таайын буолаҕар киирэн банаарыгын сырдаппытыгар чараас таҥас курдат хайдах сыгынньахтанара барыта көстүбүтэ. Сыппахтыы түһэн баран: – Гаанньа, умуһах иһиттэн туох эрэ тахсан кэлиэх курдук дии. Кэл, миигин кытта сытыс, – диэбитигэр уол өс киирбэх буолах иһигэр киирэн, сытар сирин көрдөөн харбыалаһа сылдьан, кыыс тэрэгэр түөһүн болточчу тутан ылбыта. Биирдэрэ онтон кыбыстыбатаҕа, хата, уолга бүтүннүү сыста түһэн, кууспутунан налыйан хаалбыта. Били, буспут моонньоҕон курдук хап-харанан көрбүт кырасыабай кыыһа, уол саныырын курдук сэмэй, килбик буолбатах быһыылааҕа, саатар, өйдүүн-санаалыын даҕаны киниттэн чыҥха атына. Ардыгар түүнүн ончу утуппакка сордуур «доҕорун» уоскутардыы имэрийэн ыла-ыла «хаһан эрэ аналлааххын булаҕын?» диир кэмэ, дьэ, бу тиийэн кэлбитин өйдөөбүтэ.
Ол эрээри Сибиэтэни олоҕун аргыһа, тапталлаах кэргэнэ гынар кыаҕа суоҕун да иһин эр киһи дьэбир хаанын киллэрэн, төһө сатыырынан түһүммүтүнэн барбыта. Санаатыгар, «оччотугар эйиэхэ бу баар!» диир саҥа тохтоло суох иһиллэргэ дылыта. ...Сибиэтэтэ үөрэҕин бүтэрэн, хайа эрэ тойоҥҥо эргэ тахсыбыт сураҕын Гаанньа аармыйаҕа сылдьан истибитэ. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан