Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чөчүөккэлиин оонньообута
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чөчүөккэлиин оонньообута
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
06.07.2023 14:04
Былыр кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ көмүлүөк оһох иннигэр олорон ким тугу көрбүтүн, истибитин туһунан үгүстүк кэпсэтэллэрэ. Биһиги кыра оҕолор кулгаах-харах иччитэ буолан, ону сыыска түһэрбэккэ истэрбит. Кэпсээн уутугар-хаарыгар киириитэ улахан дьоҥҥо ыга сыстан аны, көстүбэт бииһин ууһа атахпытыттан тардыа диэн олоппос үөһэ кумунан олорорбут. Бу киэһэ кэпсээммит Чөчүөккэ туһунан буолла. Миитэрэй Баһылайа: “Олох кыра уол эрдэхпинэ Эбэ куулатынааҕы хааччах арҕаа баһыгар, киһи уҥуохтаах сыыр анныгар, Эһиэйэлэр өтөхтөрүгэр кыстаан олордохпутуна...” – диэн кэпсээнин саҕалаабыта. ... Эбэм Даарыйа эмээхсин уонна ийэм силбэһэ хотоҥҥо, сарсыардааҥҥы аһылык кэнниттэн сүөһүлэрин көрө, үлэлии киирэллэрэ, аҕам, эһэм таһырдьа үлэлии тахсаллара. Мин дьиэбэр оонньуу хааларым. Соҕотох эрэ буолларбын, көмүлүөк оһох кэннигэр баар хараҥа үгэххэ киирэрбин кытта, бурдук тардар даарда анныттан Чөчүөккэ тахсан кэлэрэ. Кини элбэх оонньуурдааҕа, астааҕа. Мэлдьи кирдээх таҥастааҕа уонна кугас чачархай сэрбэллибит баттахтааҕа, кубархай сирэйдээҕэ, миигиннээҕэр кыра эрээри мэлдьи кини дьаһайара, оонньоторо. Билигин санаатахпына, саһарчы буспут төгүрүк халаачыктааҕа уонна чохооҥҥо маарынныыр үрүҥ астааҕа. Миигин аһатара да аһыттан тоторбун, хайдах амтаннааҕын өйдөөбөппүн. Оччолорго таҥас-сап бэрт кэмчи кэмэ этэ. Биирдэ сарсыарда саҥа ырбаахы кэтэрпиттэригэр олус үөрбүтүм, ити киһини билэр буолуохпуттан ыла бастакы саҥа таҥаһы кэтиим этэ. Үөрүүбүттэн букатын хамсаабат да буола көрсүөрбүтүм, эбэм баттахпыттан имэрийэ-имэрийэ: “Оҕом дьэ мааны киһи буолбут, киртитимэ, харыстаа”, – диэмэхтээбитэ. Мин киэмсийэн бэрт симиктик төбөбүн тоҥхох гыннарарым быһыылааҕа. Дьонум куолуларынан эмиэ үлэлэригэр тарҕастылар, мин оһох кэннигэр үгэххэ оонньуу киирдим. Чөчүөккэм хайдах эрэ сөбүлээбэтэх көрүҥнэммит, сүгүн оонньоон испэт, ырбаахыбын уһултарда, “олус куһаҕан ырбаахыны кэтэрпиттэр” диэн аргыый ботугураата уонна ылан мин ытыспар сөп гына олус үчүгэйдик, дьоҕустук суулаан биэрдэ, эргэ ырбаахыбын көрдөөтө, ороммуттан илдьирийбит лаҕыыр курдук кирдээх ырбаахыбын аҕалбыппын кэтэрдэн баран, тойон эрбэҕин чочос гыннаран көрдөрдө. “Билигин дьонуҥ үлэлэриттэн кэлэн оһохторун оттуохтара, оһох үчүгэйдик умайбытын кэннэ ырбаахыгын кистии туппутунан үгэхтэн тахсан, оһох чанчыгар туран дьонуҥ көрбөттөрүгэр уокка анньаар, оччоҕо үчүгэй оҕо буолуоҥ... Ырбаахыгын уокка биэрбиккин көрөн дьонуҥ мөҕүөхтэрэ, таһыйаары гыныахтара, тоҕо уокка уктуҥ диэхтэрэ, онно миигин уокка биэр диэбитэ диэйэҕин, аҕаҥ миигин кыын быатынан таһыйыаҕа”, – диэтэ уонна даарда анныгар киирэн сүтэн хаалла. Күн аайы да буоларын курдук дьонум үлэлэриттэн киирэн, оһохторун оттон чаанньыктарын өрдүлэр. Үгэххэ оонньуу сырыттым, оһох үчүгэйдик умайда быһыылаах, Чөчүөккэм эппитин курдук үгэхтэн тахсан умайан тигинии турар хардаҕастар улаҕаларын диэки саҥа ырбаахыбын анньан кэбистим. Ийэм саҥата өрө хаһыыра түстэ: “Бу уол иирдэ дуу, ырбаахытын уокка биэрдэ”, — ырбаахым үрдүгэр түһэн хостоон ылбыта — хайыы-үйэҕэ туһата суох буолбут. Ийэм миигин илгиэлии-илгиэлии ыстааным дуомун сулбу баттаан, төрүкү да ыалдьыттыыр чыпчаххайынан иэммин сабырҕатта. Эбэм көмүскүүр саҥата иһилиннэ: “Оҕоҕун таһыйыма, тохтоо, мээнэҕэ укпатаҕа буолуо, ким эрэ уктардаҕа. Хайыахпытый, айдаарымаҥ, оҕобут эрэ этэҥҥэ буоллун”, – диэтэ. Дьонум өр саҥата суох чэйдээтилэр, мин оһох чанчыгар хараҕым уутун туора-маары сотто, муннубун өрө сыҥа турбутум. Итинтэн да кэлин Чөчүөккэбин кытта оонньуурбут диэн Миитэрэй Баһылайа кэпсээнин түмүктээбитэ. Е. Федоров “Хара бэкир” кинигэтиттэн. Түүл иэдэтэ сыспыттаах 30-ча сыллааҕыта биһиги бөһүөлэкпитигэр 2 этээстээх учууталлар олорор уопсайдара тутуллан, 12 ыал үөрэн-көтөн көһөн киирбиппит. Дьиэбит 1, 2, 3 хостоох кыбартыыралаах этэ. Мин икки оҕобунуун икки хостооххо, аттыбар биир хостооххо “байыанка” учуутала кэргэниниин, кыыстара уонна эбэлэрэ буолан киирбиттэрэ. Ыаллыылар бэйэ-бэйэбитин кытта ылса-бэрсэ, киирэ-тахса бэрт эйэлээхтик олорбуппут. Эбэлэрэ — кэпсээннээх, сымнаҕас майгылаах эмээхсин. Дьиэҕэ көһөн кэлбиппит ситэ иккис нэдиэлэтэ буола илигинэ, арай, эмээхсиммит саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, арбы-сарбы буолан барда. Ыйыттахха, “ыалдьыбаппын эрээри, бу дьиэҕэ кэлиэхпиттэн түүн олох утуйбат буолан хааллым. Күнү быһа утуйуох эрэ санаам кэлэр, олоро түстүм да утуктаан барабын” – диир уонна “бу дьиэҕэ кэлиэхпиттэн түүн аайы наар сэриини түһүүбүн. Ньиэмэстэр эккирэтэ сылдьан миигин буомбанан тамнааттыыллар, тааҥкалар эккирэтэ сылдьан ытыалаа да ытыалаа буолаллар” диэн эбэн этэр. Кыыстаах күтүөтэ ыксаан бырааһы ыҥырбыттар, утуйар укуол бэрдэрбиттэр да эмээхсиннэрэ син биир утуйбат үһү. Эмээхсин уйатыгар уу киирэн “урукку дьукаах олорбут ыалбытыгар көһүөҕүҥ, куһаҕан, сибиэннээх дьиэ быһыылаах” диир буолбут. Эмээхсин күтүөтэ Валерий Романович биир киэһэ дьоно утуйбуттарын кэннэ кинигэ ааҕа сытан иһиттэҕинэ, биһиги диэкиттэн (эркиммит биир) үһүс кылааска үөрэнэр уолум сэриилээх оонньуур саҥата иһиллибит. Сөмөлүөттэр ыйылыы-ыйылыы буомба тамныыллара, тааҥка ытан ньиргитэрэ, өлөн эрэр саллааттар ньамалаһыылара, нууччалыы-ньиэмэстии “бэриниҥ!”, “хэндэ хох!” бөҕө айманан олорор үһү. Эмээхсини иһиллээбитэ – сотору-сотору баттатар, уһуутаан уһуктан ылар эбит. Уһуннук толкуйдуу барбакка, ийэлэрин куукунаҕа раскладушка туруоран сытыарбыттар. Киһилэрэ, дьэ, сымыйанан эппит курдук, бырда суох утуйбут. Сарсыарда ыалбыт аҕалара киирэн “уолгут ханна утуйарый?” диэн ыйытта. Итинтэн биллибитинэн, эмээхсин биһиги уолбутун кытта истиэнэ нөҥүө төбөлөһө сыталлар эбит. Дьиэбит буруус маһынан оҥоһуллубут, штукатурката суох буолан киһи саҥата барыта иһиллэ турар. Толкуйдаан көрбүппүт, уолбут оронун булан да баран, пластилин “дьонунан” сэриилэһэ оонньоон, ыалбыт эбэлэрин иэдэтэ сыспыт эбит. Дьэ онтон өй ылан, дьоммут ороннорун көһөрөн биэрдибит. Ити эрэ кэннэ эмээхсин нус-хас утуйар, уруккутун курдук үөрэр-көтөр буолбута. Биир ый курдук кэм устата аанньа утуйбакка, дьүдьэйбитэ харахха быраҕыллара ааспыта, бэтэрээ кэлбитэ. Елена Неустроева, Нам. Ахсарбат содула Сунтаар Түбэй Дьаархан Димитров аатынан холкуос фермата Боотур Арыылааҕа сайылыкка көһөн кэлбитэ. Ыстаарсай Сөдүөрэ Сүөдэрэбэ этэ. Кур киини хомуйан, сыһыы кэриитигэр үүнэн лаглайан турар аар хатыҥ таһыгар уруккуттан түптэлиир сирдэригэр түптэ умаппыттара. Биллэр-биллибэт салгын хамсааһыныттан долгуйа түһэр сэбирдэхтээх аар хатыҥҥа Сөдүөрэ ыанньыксыт кыргыттардыын салама ыйаабыта. Кини түптэ иннигэр олорон, маҕан сылгы кылын сүүмэҕин түптэҕэ бырахпытыгар арчылаах кэҥэрдии сыта тарҕаммыта. Кытыйаттан хамыйаҕынан кыра-кыралаан арыы баһан ылан, түптэҕэ кута-кута Дойду иччититтэн көрдөһөн барбыта: “Иэйэхситтээх илин халлаан диэкиттэн ибир самыыр илдьиттээх, ичигэс салгын тыыннаах күөх сайын эргийэн, кыскыардаах кыһыны аһарбыт кыстыкпытыттан, хойуу сүөгэй курдук сүмэһиннээх күөх көбүөр оттоох ахтылҕаннаах сайылыкпытыгар Эн, Эбэ Хотуммут, арчылыыр айылгыҥ, көмүскүүр күүһүҥ даланыгар эркин курдук эрэнэн, көһөн кэллибит”. Сөдүөрэ ас кээстэҕин аайы: “Эбэ Хотуммут, аһаа-сиэ, асхарый!” диэн иһэрэ. Ол аайы түптэ үөрэн-көтөн татакаланан, кыымынан ыһыахтаан, хойуу буруо сайылыгы саба бүрүйэн ылара. “Ураа муостаахтарбытын, иирээхтээх туйахтаахтарбытын, сыспай сиэллээхтэрбитин, бүтэй туйахтаахтарбытын киэҥ, дэлэгэй киэлигэр мэччитэн, торолутан, өлгөм үрүҥ илгэни үүт үрэхтии сүүрүгүрдэргэр, кыынньар кымыһы дэлэтэргэр көрдөһөбүт! Эбэ Хотуммут үрүҥ-хара сүүрүктэрбит түмүллэр сиригэр хотуттан кэлэр хобо салгыны хоннороойоҕун, арҕааттан кэлэр аба салгыны ааратаайаҕын диэн хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, көрдөһөбүт...” Сөдүөрэ биир кыыс тутан турбут чороонноох арыылаах кымыһын ылан, ис өттүгэр иҥнэри тутан, түптэҕэ кыра-кыралаан куппута. Сиэлтэн тахсыбыт арчылаах кэҥэрдии сытын кытта умайбыт арыы сыта холбоһон, сайылык үрдүнэн нүөл сыт тунуйбута. Сөдүөрэлээх Дойду иччитигэр көрдөһүүлэрин ылыннарбыт курдук сананан, күннээҕи түбүктээх үлэлэригэр туруммуттара. Сүөһүлэр тупсарга, торолуйарга барбыттара, үрүҥ илгэ биллэ-көстө эбиллибитэ, үүт былаанын аһара толорор кыахха киирбиттэрэ. Биир күн холкуос бэрэссэдээтэлэ кэлэн үүт тураан олохторун аймаабыта. Кини ыраахтан, уруйдуурдуу тэлибирии көрсүбүт саламаны өстөөҕүн курдук көрбүтэ. “Былыргы олох хаалынньаҥын сөргүтэн, сүрэҕэлдьээн, ынахтарын ыамаары саламалана-майырдана сылдьаллар” диэбитинэн, атыттан түһээт, саламаны быһыта тыытан, суулуу тутан түптэҕэ бырахпыта. Ыанньыксыттары, ордук Сөдүөрэни мөхпүтэ. Ити кэнниттэн аҕыйах хонон баран, сүөһүлэр уот сиэбитин курдук, дьөлүтэ бааһыран, хааннаах ириҥэнэн устан барбыттара. Сунтаартан санэпидстанцияттан кэлэн эмтээбиттэрэ да — ыарыы бэриммэтэҕэ. Сөдүөрэ ыарыы төрүөтүн сэрэйэр буолан, салама оҥорон, киһи хараҕар дэбигис быраҕыллыбат курдук, хотон өһүөтүн кэтэх өттүнэн тардыбыта. Итини күүппүт курдук, аҕыйах хонон баран, сүөһүлэр бииртэн-биир үтүөрэн, кыстыктарыгар киирэллэригэр бары чөл туруктаммыттара. Барыыс Махсыымап, Сунтаар. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан