Кэпсээ
Войти Регистрация

Айылҕа анаан айыыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Айылҕа анаан айыыта

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
06.07.2023 14:00
   Киһи айылҕаҕа, син биир, атын тыынар тыыннаах курдук айылыннаҕа. Киниттэн  атын кыыллар, көтөрдөр куттаналлар, саһаллар, оттон киһи атын кыыллартан көмүскэнэр дьоҕурдаах, саспат.     Дьэ, ол иһин буоллаҕа, айылҕабыт айыллыыта уратылаах эбит.    Кыылы уонна көтөрү кэтээн көрдөххө, бары биир буолбаттар, атыырдара ордук кыраһыабайдар, оттон тыһылара бороҥ-күрэҥ, ойуута суох, бүрэ  көрүҥнээх буолаллар. Тоҕо манныгый?    Бастакытынан, көтөр манна биһиэхэ төрүү-үөскүү кэлэр. Тыһы көтөр  сымыытын баттыыр, оҕотун улаатыннарар кэмигэр, саһан сылдьарыгар табыгастаах буоллун диэн анаан таҥара  айбыт курдук.    Саас көтөр бастаан кэлиитигэр атыырын тыһыта батыһыннаран кэлэр. Тыһы кус ордук сэргэх, кэтэнимтиэ, кутталы биллэҕинэ бастаан көтөр, атыыра батыһар. Ол иһин булчуттар  саас кус тыһытын  бастаан өлөрөллөр, оччоҕо атыыра барбат эбэтэр тыһытын суохтаан булчут сэһээккэтин тулатыттан арахпат, элиэтии көтөр эбэтэр хаттаан кэлэн түһэн биэрэр. Булчут ботуоҥкатыгар угуллар дьылҕаланар.    Өскөтүн булчут атыыр куһу бастаан өлөрдөҕүнэ тыһыта баран хаалар, иккистээн алдьархай баар сиригэр кэлбэт. Бу тыһы кус ууһуурга улахан  айдарыылааҕын көстүүтэ.    Күһүн тыһы кус оҕолорун батыһыннара сылдьан  тыылаах киһини көрүстэҕинэ тыы тумсуттан арахпат. Лаһыйа көтө-олоро сылдьан тыылаах киһини оҕолоруттан муннара сатыыр, оттон булчут ыкка  түбэстэҕинэ  эмиэ итинник.    Оҕолоох эһэҕэ түбэһии суостааҕын туһунан элбэхтик истибит буолуохтааххыт. Тыһы эһэни кытта  көрсүһүүттэн дьаадьыйыллыахтаах, бултаһар санаалаах буоллаххына, ийэ эһэни бэйэтин бастаан бултаһыахтааххын. Оҕотун өлөрөн, ийэтин куоттаран кэбистэххинэ, бэйэҥ дьылҕаҕар кутталы үөскэтэриҥ, ол кэлин куһаҕан содуллаах буоларын туһунан сэһэн элбэх.    Оттон киһи, көтөр-сүүрэр курдук, саһа сылдьан  үөскүүр дьылҕата суох. Ол иһин буоллаҕа, дьахтар айылҕаттан кыраһыабай. Ол эрээри бу айылҕа дьайыытын  дьахтар аймах барыта ытыгылаан, баҕаран иҥэринэр, айылҕа аныыр дьоҕурун туһанар диир кэрэгэй буолла. Бу дьон айылҕаттан тэйиитин, айылҕа дьайыытын туһаммат, ытыгылаабат, өбүгэ итэҕэлиттэн тэйиитин содула.    Дьахтар оҕолонорго, оҕону көрөн-харайан киһи оҥорорго, дьиэни-уоту араҥаччылыырга ананан төрүүр, оттон эр киһи булан-талан кэргэттэрин  аһатарга, дьиэ-уот оҥорон кэргэттэрин харайарга ананан айыллыбыта чахчы.    Сайынныбыт диибит. Сайдыы тугу аҕалла? Дьахтар эр киһитээҕэр ордук үөрэҕирдэ,  аһын-таҥаһын, дьиэтин-уотун эр киһи көмөтүгэр наадыйбакка булунар буолла. Бу аата сайдыыбыт айылҕа дьайыытыгар утарсар  хайысхаламмыт курдук. Ол иһин билигин ойоҕо, эрэ суох сылдьар дьон олус элбээтилэр. Дьахтар оҕоломмот, кыахтаах да буоллаҕына  элбэх оҕолонуон баҕарбат буолла. Киһи ахсаана ханан да аҕыйыы турар кэмэ кэллэ.    Иллэрээ сыл, Кыайыы 60 сылын бэлиэтиир сылбытыгар, хаһыакка Саха сиригэр сэрии сылларыгар  аччыктааһын содула ийэлэргэ хайдах дьайбытын туһунан 2 ыстатыйаны түбэһэн  аахпыппыттан холобур гынан сэһэргиим.    Биир ийэ кэргэнэ сэриигэ ыҥырыллан барар, оҕотунуун иккиэйэх хаалан бастакы аччык дьылы нэһиилэ тыыннаах туорууллар. Онтон сылтаан хараҕа суох буолбут ийэ толкуйдуур: «Ийэлээх оҕону детдомҥа ылбаттар, саатар көрбөт буоллум, иккиэн аччыктаан өлөр дьылҕаланныбыт». Оҕотун «ыалга тахсан оонньоо» диэн ыытар, бэйэтэ быаланан өлөр.    Дьэ, бу оҕом детдомҥа ылылыннаҕына тыыннаах хаалыа, киһи буолуо диэн  санааттан бэйэтин дьаһаммыт ийэ.    Иккис ийэ 5,3 уонна1,5  саастардаах үс оҕолоох.  Аҕалара сэриигэ барбыт.Бастакы дьылы нэһиилэ тыыннаах туорууллар. Ийэ санаатыгар бары хоргуйан өлөр  дьылҕаламмыт курдуктар. Дьэ ол иһин арыый тот олохтоох атын сиргэ барар санаа киирэр. Күһүөрү кыһын кыратын салааскаҕа олордон, атыттарын батыһыннаран, балтараа ый айаннаан, Өлүөхүмэҕэ тиийэллэр. Холкуоска дьаам сүүрдээччинэн үлэлиир.  Бастакы дьылларын нэһиилэ бары тыыннаах туорууллар. Иккис сылыгар ийэлэрин ат дэҥнээн өлөрөр. Оҕолору детдомнарга тарҕаталлар. Бу оҕолор бары этэҥҥэ үөрэхтээх, үлэһит дьон буолаллар. Бэйэ-бэйэлэрин булсуһаллар. Ийэлэрин уҥуоҕун  кыайан булаахтаабатахтар.    Дьэ көрдүгүт дуо? Ийэ буолуу айылҕаттан хайдахтаах курдук үрдүк аналый. Кэпсээбитим дии, ийэ буолбут көтөрдөр, кыыллар оҕолорун туһугар хайдахтаах кыһаналларын, бэйэлэрин олохторун  толук уура сатаан  көмүскүүллэрин туһунан. Балары барытын айылҕаҕа сылдьар кыылы, көтөрү кытары алтыһар дьон,  эттэригэр-хааннарыгар сыһыаран үчүгэйдик өйдүүллэр. Кинилэр айылҕа чөл буоларыгар  ис дууһаларыттан иэйэллэр, олоххо тапталлара күүһүрэр,  олоҕу сыаналыыр дьоҕурдара улаатар.     Кыайыы 60 сылыгар сэрии бэтэрээннэрин, сэриигэ өлбүттэрбит тустарынан ахтыстыбыт.  Билиҥҥи көлүөнэ кинилэр курдук   дойдутун көҥүлүн  туһугар охсуһуо дуо?    Билигин олус элбэх эдэр дьон буруйу оҥорон хаайыыга олорор. Элбэх эр дьон кэргэннэммэккэ, оҕоломмокко кырдьар. Элбэх дьахтар ийэ буолуу сирдээҕи дьолун амсайбакка төннөр төлкөлөннө. Хайдах олох кэллэ? Тоҕо манныгый? Өрүһүнэр кыах баар дуо? Олох хаамыыта, бэрээдэк туруга чөл олохтоох ыал аҕыйааһыныттан тутулуктааҕын өйдүүргэ сөп буолла.    Үлэлээн-хамсаан, айан-тутан олоҕу хамсатар санаа аҕыйыы турар, ол оннугар ”хайдах эмэ гынан атыттары соролоон эбэтэр уоран-талаан байбыт киһи” диир санаалаах дьон элбии турар.  Дьэ, бэйэҕит санаан көрүҥ, ойоҕо, оҕото суох киһи айа-тута, дьиэ тутта сылдьарын төһө көрөҕүтүй?  Кырдьык. Кини кими иитэ-аһата сатаан тиргиллиэй? Хата, арыгылыы барыа, дьиэ туттарын оннугар.    Сахалар «Бөтүрүөп» таҥара кэнниттэн окко киирэр итэҕэллээхтэр. Ол от сиэмэтэ ситэн эһиилги дьыллааҕы от үүнүүтүн кэскилин оҥоруу. Син ол кэриэтэ, киһи олоҕо айылҕатыттан тутулуктаах буоллаҕа. Үүнээйи сибэккитэ куруук турбат, син ол кэриэтэ дьахтар оҕолонор кэмэ эмиэ бириэмэлээх. Алдьаммыт сибэкки куоппаһырбат, син ол кэриэтэ дьахтар оҕоломмотугар төрүөт элбэх.   Никифор ТЕРЕХОВ-Эмээки.  Тарҕат:
kyym.ru сайтан