Кэпсээ
Войти Регистрация

Мин үлэтээҕи тапталым

Главная / Кэпсээн арааһа / Мин үлэтээҕи тапталым

K
24.04.2020 22:03
Аалланы аан бастаан көрбүт күммүн бу баардыы өйдүүбүн. Үлэлиир отделбар начаалынньыгынан ананан кэлбитэ. Түөрт уончатыгар чугаһаабыт кырасыабай дьахтар этэ. Сааһыгар холооно суох эдэр көрүҥнээҕэ. Фитнеһинэн, сыаналаах кэсмиэтикэ тэрээһининэн дьарыктанара онуоха төрүөт буолбута саарбаҕа суох. Кырдьа быһыытыйыы уонна кини хайдах эрэ барсыспат өйдөбүл курдуктара. Уопсай тылы бэрт судургутук булбуппут. Көрөөт таптаабытым диирим омун буолуоҕа, оттон убаастабыл тута үөскээбитэ. Нэдиэлэ биэс күнүгэр иккиэн кэккэлэһэ олорор остуолларга тиритэ-хорута үлэлиир буоларбыт. Быыһыгар итии чэй, кофе иһэ-иһэ күннээҕи олох-дьаһах туһунан ирэ-хоро кэпсэтэрбит. Үлэ чааһа бүттэ да иккиэн олохпут тус-туһунан суолунан, майгыннаспат санаалаах, араас былааннаах тарҕаһарбыт. Ити курдук уон ый биллибэккэ-көстүбэккэ ааһа охсубута... Ахсынньы ый бүтүүтэ, үгэс быһыытынан, кэлэктиип Саҥа дьылы көрсөр бырааһынньыга буолбута. Боропсойуустарбыт куорат биир аатырбыт эрэстэрээнигэр эрдэ сакаастаабыттар этэ. Билсэр дьон сиэринэн Ааллалыын уп-уһун остуол тардыллыбытыгар сэргэстэһэ олорбуппут. Кини бэйэтигэр сөрү-сөп олорор, тобугунан сылдьар, көхсүнэн аһаҕастаах хара былаачыйа кэппит. Мөтөҕөр түөһэ мэктиэтигэр өссө үрдээбиккэ, кэрэтийбиккэ дылы. Көхсүбүт, эчи, маҥана! Сыччах биир бырыыссык, бээтинэ кэлси дуу? Киһи бэйэтэ да билбэтинэн тута имэрийэн-томоруйан барыан баҕарар курдуга. Көбүс-көнө дьулугур, сөбүгэр бөтөҕөлөөх атахтара хара колгуокка курдары ордук кэрэтийэн көстөллөрө. Синньигэс уһун моойугар олус барсар бижутерия кэппит. Дьахтар да дьахтар! Бэйэм да билбэппинэн, биирдэ өйдөөбүтүм арай Аалла хас биирдии деталын таптыы көрө олорор эбиппин. Ол олорон көрдөхпүнэ, былаачыйатын тыраҕаһын диэкинэн колгуокката алдьанан, сырдык сурааһын кылбас гынан ааһар. Аргыый чугаһаан, колгуокката алдьаммытын кулгааҕар иһиллэр-иһиллибэт сибигинэйдим. Аалла барахсан соһуйан, өрө көрө оҕуста: – Эс, хайдах оннугуй! – диэт, итэҕэйиминэ илиитин иминэн уҥа колгуоккатын бигээн көрөөт, хараҕа тиэрбэс курдук кэҥээтэ, уп-уһун кыламана сапсынара чаастатыйан барда. Ол кэннэ: – Оо, дьэ-э!!! Саатар, саппаас ылбатахпын дии! Бу иннинэ аҕай мичилийэ турбут хараҕа курутуйуу, хом түһүү дэгэтинэн туола оҕуста. Алдьаммыт сирин оһорон кэбиһиэхтии, эбэтэр кээмэйин быһаара сатыыр дуу, сол да “стрелкатын” имэрийэ олордо. Онто лаппа уһаабыт, салгыы өрө тахсыбыт быһыылаах. Мин тута: – Чэ, санаарҕаама, бэрт түргэнник маҕаһыыҥҥа элэстэнэн тиийэн, саҥаны ылан кэлиим. Бэркэлээтэр, уонча мүнүүтэ барыа. Ханныгы ыларбын эт. – Оттон манныгы, хараны, «М» размердааҕы, 15 деннээҕи... Саҥа истэр-билэр тылларбын умнубатарбын ханнык диэн толкуйдаабытынан, маҕаһыыҥҥа ойдум. Кырдьык, бэрт түргэнник кэллим. Фойеҕа киирээт, кэлбиппин эппиппэр, сонно тута иккис этээскэ Аалла иһэрэ көстүбүтэ. Тиэтэлинэн кирилиэһинэн түһэн иһэрин, тоҕо эрэ ити түгэни үйэм тухары харахпар хатаан кэбиһиэхтии, кини кэрэ таһаатын одуулуу, саҥа көрбүттүү умсугуйа, ымманыйа турбутум. Тупсубут даҕаны-ы! Киһиҥ өссө бюстгалтера суох чинчилээх. Онтон атын көхсүн аһаҕаһынан көстүө этэ. Алдьаммыт колгуокка “стрелката” хайа сиринэн тиийбитин өйбөр оҥорон көрөөт, хайдах эрэ... эмискэ баҕаран кэлбитим. – Дьэ, улахан диэн махтал! Кыбыстыылаах суолтан быыһаабыт үтүөҕүн хайдах төлөһүөм эбитэ буолла?
Миигин манна кэтэс, – диэт, бакыаты эһэ тардан ылаат, “дьахтар хоһун” диэки түргэн-түргэнник тоһугуруу турбута. Соҕотох хаалан баран, си буолуохтааҕар сигэриэтэ ылан уматтыбытым. Аалла ситэ буспут вишня курдук обуйук уоһа миэхэ аргыый чугаһаан иһэрин харахпар оҥорон көрө-көрө, долгуйарбыттан дириҥник соппойбохтообутум. “Махтал диэ”, – диэт, Аалла сып-сылааһынан илгийэр уоттаах уоһа түөһүм, иһим түгэҕин диэкинэн аллара диэки түһэн иһэрин харахпар бэрт омуннаахтык, бэл, содурдук да диэххэ, ойуулаан көрө охсубуппуттан, бэйэм да сонньуйбутум. Буруо быыһынан көрдөхпүнэ, аан кыратык сэгэйбит. Ол иһиттэн Аалла миигин ыҥырарга дылы. Төһө да мантан тэйиччитин иһин ааппын чуолкайдык истээт, саҥа хоту тиийэ оҕустум. Иһигэр киирэн, кабинканы аспытым, дьахтарым кэннинэн туран, колгуоккатын уларыттаары былаачыйатын өрө тардыммыт. Хап-хара синньигэс стрингэ сыыһа сылдьыахтаах сиринэн киирэн, мээнэ киһиэхэ көрдөрбөт ураты кэрэ миэстэтэ субу хараҕым иннигэр туналыйар. Омунум дэлэ дуо, иннин диэкинэн бөлтөркөйгө үүммүт будьурхай баттахтары кытта көрөргө дылыбын. Турбут быһыытын уларыппакка туран, мин диэки хайыһан, кыбыста быһыытыйаат, күлүм аллайда: – Мин эйигин иитиилээх киһинэн сыаналыыр этим... Дьоҕойон тоҥсуйбаккын да дуу. Чэ, бачча киирбиччэ, охтубатым курдук өйүү тут, – диир. Мин өс хоту чугаһаан кэлэн, синньигэс биилиттэн туттум. Онуоха кини хаҥас атаҕын өрө көтөҕөн, колгуоккатын сототун устан барда. Барыта кыл түгэнэ буолуо да, бириэмэ биллэ уһаабыт курдук. Ол тухары хайабыт да саҥарбат. Алдьаммытын устан, саҥа упаковканы аһа сатыы турар кэмигэр мин уҥа илиим бэйэбиттэн тутулуга суох, Аалла иһин түгэҕэр тиийэ оҕуста. Онуоха кини таалбыт курдук, тохтоон хаалла уонна: – Нахал, ити аата эн тугу гынаҕын ээ?! – мунааран хаалбыт куолаһынан ыйытта. Кытаран да көрбөккө хоруйдуубун: – Эн эппитиҥ курдук, эйигин өйүүбүн. Эр хааммын киллэрэн, стрингэ сыыһын силэйэ охсон, орто тарбаҕым иһирдьэ киирэ охсор. Сэрэнэ соҕус бигээн, оргууй-оргууйдук хамсатан барабын. Ып-ыраастык хоруллубут ырай хонуутугар күүлэйдээн, эбиитин сэмээр эр киһи эрэйбит, күүппүт туругун биллэрэбин...Өр-өтөр буолбат, кини да тыыннаах киһи хайыай, баҕара охсон, аргыый сиигирэр, илийэр аатыгар барар... Биһиги дьолбутугар, ким да манна суох. Арааһа, бары үөһэ этээскэ үөрүүлээх тэрээһин арыллыытыгар кулгаах-харах буолан олордохторо. Оттон биһиэхэ манна туһунан бырааһынньык, аан бастакы чугасыһыы омуна-төлөнө кутааланар. Ааллам барахсан төһө да туттуна сатаатар, астыныыттан тахсар ынчыга, өрүтэ тыыныыта бүтүн хоһу ылан кэбиһэр. Мин да ким да киирдин, тохтуур санаа киириэ суох чинчилэнэбин... Оҥорон көрүү омун дойдутугар турбут киһи иннибэр: “Чэ, мин бүттүм. Киирдибит”, – диэн саҥа эмискэ иһиллибитигэр, соһуйан, мэктиэтигэр дьигис гынным бадахтаах. Хаһан мин биир табаҕы тардан бүтэриэхпэр диэри дьахтарым хайыы-сахха колгуоккатын уларыттан кэлэ охсубут! Бырааһынньык бэркэ ааспыта. Мин хайдах эрэ түүл-бит курдук сылдьыбытым. Санаабар барыта – Аалла, Аалла, өссө төгүл Аалла этэ. Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ, ол сыл миэхэ
кэлэн, эчи уһаабытын. Бу акаарыҥ биэчэр кэнниттэн саатар атаарбатаҕым даҕаны. Атын кэллиэгэлэрин кытта такси ыҥыран баран эрэллэрин, бэрт ыраах сиртэн ымсыыра, сайыһа хаалбыппын өйдүүбүн. Үлэ күнэ кэмниэ кэнэҕэс син кэлбитэ. Кини, мин саныахпар, бэрт тоҥуйдук дорооболоспута. Били, колгуокка аҕалан абыраабыт түгэммин умнубут курдуга. Оттон мин киниэхэ тардыһыым, баҕам хас күн аайы улаатан иһэрэ. Үлэбэр хаһааҥҥытааҕар да ыксыы-саарайа барар, үлэ күнүн олус кэтэһэр буолан барбытым. Аалла остуолга үлэлииригэр сото кээһэн олорорун сөбүлүүрэ. Аҥаар түүппүлэтин устан, онтун улахан тарбаҕар иилэн баран, эйэҥэлэтэ оонньуурун сөбүлүүрэ. Таҥара анаан-минээн чочуйан оҥорбут курдук чочуонай атаҕа хоппуруон чулку курдары хайа да бэйэлээх эр бэрдин ыҥыра-угуйа тардыах курдуга. Куударалаах баттаҕын уһун синньигэс, французскай маникюрдаах тарбаҕын төбөтүнэн сотору-сотору көннөрө, имэрийэ таарыйан ааһара кытта олус күндүркэйэр этэ. Боччумуран олорон, хараҕын монитортан араарбакка эрэ, клавиатуратын олус имигэстик, пианиноҕа оонньоон эрэр курдук, тылыгыратара. Ардыгар обуйук уостара суруйбут тиэкиһин, суоттабылын ааҕан буоллаҕа, биллэр-биллибэттик чорбоҥолоон ылара. Биирдэ кини принтерэ үлэлээн тигинэтэ туран, хам баран хаалла. Оттон кини бүгүн элбэҕи принтердиэхтээҕэ. Маннык түгэҥҥэ буоларын курдук админы ыҥыран көрбүтэ да, баччаҕа диэри ол бэдик олорботоҕо чуолкай. Киэһэ 8 чаас буолбут этэ. Баҕар, тугунан эмэ көмөлөһөөйөбүн диэн, баран хаһыспытынан барбытым. Сунуура туох буолла дуу диэн, чохчойон олорон, компик базовайын көрбөхтөөн баран, өрө көрбүтүм били чочуонай сотото, тобуга хараҕым субу иннигэр оруобуна сөп түбэспит. Мин акаары, хайдах да туттунар кыаҕым этэ, баҕалаах тобукпар чугаһаан, ууран “чоп” гыннарбыппын бэйэм да билбэккэ хааллым. – Миигин баҕарбытыҥ өр буолла дуу? – ыйытан, күүппэтэх өттүбүттэн реакция буолла. Өс хоту: – Саҥа дьыл корпоративыттан, – дии охсобун. – Таптаатыҥ дуо? – Оннук. – Дьахтардааҕыҥ буолуо ээ? – Суох. Кимим да суох. – Дуо-а? Оттон... тыыра тэбэр доҕоргун хайдах дьоллуугун? – Саҥата суох. Аалла ити этиим кэнниттэн саҥата суох устуулуттан турбута. Түннүккэ тиийэн балачча турбахтаабыта. Мин сүр кыбыстыылаах түгэн бүрүүкээбититтэн долгуйан, миэстэбэр баран олоруммутум. “Бырастыы көрдөһүөх баҕайым дуу”, – диэн эрдэхпинэ, Аалла турбут сириттэн аан диэки сорунуулаахтык хааман кэлэн, иһиттэн хатаан “лас” гыннарбыта. Эмиэ саҥата суох кириэһилэтигэр тиийэн олоруммута. Мин “сыҥааҕым аллара түһэн баран”, салгыы туох буоларын кэтэһэн иһийэн олорбутум. Аалла: – Миэхэ кэлэ эрэ, – сымнаҕас куолаһынан ыҥырбыта, – эн ол онанируйдуургар хараххар кими көрөҕүн? Миигин? – Биллэн турар, – хардарбытым мин. – Мин оннук гынаргын көрүөхпүн баҕардым. Көрдөр, аа? Ити этииттэн мин букатын да “күүрэн” турбутум. Ыстааммын сулбуруппутунан, саатарбын таһыччы умнан, киниэхэ ынан тиийбитим. Аалла туох да кыбыстыыта суох тиирэ тэппит баҕайыбын сыныйан одууласпыта. Ол кэнниттэн олоппоһугар табыгастаах миэстэни көрдүүрдүү, биллэрдик мөхсөн ылбыта. Идэтинэн сото кэбиһээт, атахтарын кыпчытыаҕынан кыпчыйбыта. Тыҥаабыт көрүүтэ сымнаан,
сыыйа ууллан барбыта... Барыта бүппүтүн кэннэ дьиэтигэр атаарбытым. Хайабыт да олус дьолломмут туруктааҕа. Киирэн итии кофе иһэрдэргэ тылламмыта. Абыраллаах таптаһыы астык амтанын билбит дьон кофенан эрэ муҥурдамматахпытын сэрэйэр инигит. Хоно хаалбытым. Сарсыныгар эмиэ кэлбитим. Сыыйа иккиэйэҕин суксуруһарбыт элбээн барбыта. Имэҥҥэ-дьалыҥҥа эрэ буолбакка, барытыгар даҕаны, олоҕу көрүүгэ, туох эрэ түгэҥҥэ сыана быһыыга иккиэммит киэнэ дьүөрэ буолан, өссө табыллыбыппыт. Кэллиэгэлэрбит биһиги чугасыһыыбытыттан бэйэбитинээҕэр үөрбүт курдуктара. Өр-өтөр буолбатахпыт, хайа мэлдьи тус-туһунан олоруохпутуй, сокуонунан эр-ойох буолбуппут. Билигин уол оҕолоохпут. Хойутаан да буоллар, дьылҕа хааным дьиҥ таптыыр киһибин булларбытыгар, таптал уонна таптатыы дьолун бэлэхтээбитигэр махтанабын. Эр киһи ойоҕун салайыытыгар үлэлиирэ соччото суох диэн, атын үлэ булуммутум. Онон, доҕоттор, ардыгар, бэл, алдьаммыт колгуокка дьону холбооттуур диэм этэ. Аата суох айымньыттан көҥүл тылбаас. Тапталина.
kyym.ru сайтан