Кэпсээ
Войти Регистрация

Түүҥҥү ойох

Главная / Кэпсээн арааһа / Түүҥҥү ойох

K
17.04.2020 16:11
Ыарытыйан, балыыһаҕа киирэн сытан эрэ эмтэнэр буоллум. Биэс киһи сытар балаататыгар түбэстим. Онтубут көрүдүөр хаҥас уһугар баар. “3-с нүөмэрдээх балаата” дэнэр. Хата, бары да тура сылдьар ыарыһахтарбыт. Улаханнык ыалдьар ыарыһах, этэҥҥэ, суох. Саамай саастаахпыт Борокуоппай диэн. Сэттэ уончатын лаппа ааспыт, уруккута сибээс үлэһитэ киһи. Эдэригэр соҕуруунан-хотунан сылдьымахтаабыт, элбэҕи билбит-көрбүт кырдьаҕас. Уоннааҕылар, миигиттэн уратылар, балыс саастаах, биэнсийэҕэ тахса-тахсымына сылдьар эдэрчи дьон. Ол иһигэр охсор охсубут, тыына хаайтаран ыалдьыбыт, онтон арыый үтүө соҕус буолан, кыраҕа да үөрэр-көтөр дьоммут. Кыра да интэриэһинэй сэһэни сэргииллэр, күө бааччы күлүү-салыы бөҕө буолабыт. Борокуоппай ордук элбэх кэпсээннээх, бүтэн быстыбат сэһэннээх киһи диэтэҕиҥ. Даланы кытта бииргэ эрэйи-муҥу көрбүтүн, Хаандыга суолугар үлэлиэр диэри кэми кэпсээтэҕинэ, туоххун да умнан туран истэҕин. Ыарыыгын кытта умнубут курдук буолаҕын, баҕар, эмтэнэн, арыый үтүө буоларбыт эбитэ дуу. Туох кэлиэй, ол быыһыгар ыарыһах дьон кэпсээнэ-ипсээнэ, сүрүннээн, бөлүүн ким хайдах утуйбутун, тугу түһээбитин туһунан буолар. Борокуоппай, көрдөххө, эрэйдэнэн бөҕө утуйар. Кыһалҕаттан олорон эрэ утуйа сатыыра эмиэ баар буолар. Арыт сөтөллөн уһуктаахтыыр, арыт бэйэтэ уһуктубут буолар. Быһата, олус эрэйдэнэр. Урут, эдэр эрдэҕинэ, арыт түһүү-түһүү утуй да утуй буоларын сөбүлүүрүн саныыр. Биирдэ арай этэр: – ¤э-һэ-һэ, Эдэр эрдэхпинэ түһээн түүн аайы дьахтары кытта эрийсэн тахсар этим. Онтум олох илэ курдук буолара. Ууруугун-сыллыыгын, бииргэ сытаҕын! Арыт күүлэйдии сылдьар буолаҕын. Күнүскү курдук кэпсэтэ-ипсэтэ. Билигин да ардыгар оннук буолар. Эдэр баҕайы курдук сананаҕын. Билиҥҥиҥ курдук буолбатаххын, онон бэрт баҕайы. Уһуктан баран, хайдах эрэ хомойо саныыгын. Ол түүлгэр көрөр дьахтарыҥ ардыгар бастакы тапталыҥ эҥин буолар. Саҥарара-иҥэрэрэ, күлэрэ-салара илэ бааччы, кырдьык-хордьук курдук. Бэл, туттардыын-хаптардыын, дьүһүннүүн-бодолуун. Дьэ, оннук буолан хаалааччы. Дьикти. Ардыгар, эмээхсиним тыыннаах эрдэҕинэ, киниэхэ кэпсиир буоларым. Ол түүлүм туһунан. Биллэн турар, дьахтарбын ууруубун-сыллыыбын диэбэппин. Үрдүнэн соҕус этэбин. Онуоха кини: “Киһи өллөҕүнэ, ол дойдуга эмиэ олох олорорун туһунан кэпсииллэр буолбат дуо. Онтуктара, арааһа, кырдьык быһыылаах. Күнүс тугу гынаргын, тугу саныыргын, баҕараргын түүлгэр көрөҕүн. Арыт түүлгэр көтө сылдьар курдук чэпчэкитик сылдьаҕын, үлэлиигин эҥин. Оонньуугун-көрүлүүгүн. Эр дьон итинник курдук, дьахтардыын оонньоһоллорун түһүүллэр үһү ээ. Ханнык эрэ сөбүлүүр дьахталларын кытта күнүскү курдук, илэ кэриэтэ таптаһалларын эҥин туһунан кэпсииллэр эбит, иһиттэххэ. Ол түүҥҥү тапталы, дьахтары көрүү диэн, санаа күүһэ буоллаҕа дии. Эйиэхэ кэлэн, хонон ааһар, “түүҥҥү дьахтар”, “түүҥҥү ойох” диэбит курдук буолар буоллаҕа”, — диэн, бэрт холкутук тойоннуур буолаахтыыра бокуонньугум барахсан. Бөлүүн эмиэ Маайа диэн кыыһы кытта сылдьабын диэн түһээтим. Бу дойдуга кэлэн баран билсибит кыыһым этэ. Борокуоппай бэрт сирэйэ сырдаан олорон сэһэргиир. Биһиги сэҥээрии бөҕөбүт. Онуоха аан диэки сытааччыбыт өссө тэптэрэн биэрэр: – Боруонньа, маладьыас да маладьыас! Дьахтар көстөрө туох куһаҕаннаах буолуой?! Бэрт буоллаҕа. Мин туһахтыыр
эрдэхпинэ, түһээн дьахтары көрөрүм. Оччоҕуна ол күн хайаан да туһахпар куобах иҥнибит буолааччы. Кэй Чуор.
kyym.ru сайтан