Кэпсээ
🌙
Войти
Регистрация
Кыыстара ойуун уонна Көстөкүүн Чирков
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыыстара ойуун уонна Көстөкүүн Чирков
К
Кыым
Күлүк
07.08.2025 16:04
Көстөкүүн Чирков уонна Кыыстара Мэхээлэ Дьокуускайга бииргэ кыырбыттара биллэр. Көстөкүүнү Дьокуускайга көлөҕө олордубакка, үксүн сатыы үүрэн илдьибиттэр. Кэлин ону бэйэтэ “айаммар наһаа сылайан, ойуунум суола бүөлэммитэ, сабыллан хаалбытым. Ыт сиир киһитэ буоллаҕым дии санаабытым” диэн кэпсиирэ. Салгыы бэйэтэ бу курдук кэпсиир: – Куоракка тиийбитим кэннэ, хас да хонон баран, ГПУга элбэх ойууну муспуттара. Онно, Кыыстара Мэхээлэ баарын көрөн, сүрдээхтик үөрбүтүм. Урут Усуйаана диэки сылдьан, сирэй көрсүбүт, ойууннуу да сылдьан билсибит, абааһыларбыт да эйэлээх дьон буоллахпыт. Хардары-таары көмөлөсүһүөх буолан кэпсэппиппит. Дайдыттан улахан саха ойууннара бааллара. Биһигиттэн быдан аҕа Нам дуу, Чурапчы дуу улахан ойууна баара. ГПУ-ларга өтөрү-батары тыллаах киһи этэ. “Хомуһуну тугу этэҕит да, ону барытын көрдөрүөм” диэбитин мин улаханнык сүөргүлүү истибитим. Ону кини билбитэ... Күнүс, сырдык этэ. Миигин аан бастаан кыырдарарга быһаарбыттара. Дэпсэҕэ олорон, саҥалыы кутуран эрдэхпинэ, били дайды улахан ойууна дэпсэбэр хам этэн кэбиспитэ. Хамсыыр да кыаҕа суох буола түспүтүм. Ол кэмҥэ Кыыстара Мэхээлэ иһиирэн кыскырыппыта. Дүҥүрбүн аҕыйахтык охсорбун кытта, эриэн таба киирэн эккирээбитэ, тула сүүрбүтэ. Ити Кыыстара атыыр кыыла этэ. Дүҥүрбэр лабыктаны түһэрбитин мин ньэлбэнэн кэбиспитим. Дьэ, эбээт дуу! Ойуунум суола аһыллан, этим-хааным күүрэн кэлбитэ. Кыыстара “омуктуу кыыр” диир саҥатын истибитим. Мин омуктуу туойан куйуһутан барбытым. Дайды ойууна хам эппит дэпсэтин тоҕо тэппитим. ГПУ-лар миигин омуктуу кыырыа диэн күүппэтэх этилэр, соһуйбуттара. Дьиҥинэн, мин да, Мэхээлэ да сахалыы да, омуктуу да саҥаны билэр буоллахпыт. Мин хаардаах тобураҕы түһэрбитим, Кыыстара сур бөрөнү киллэрбитэ. Мин хагдаҥ эһэни киллэрбиппэр Кыыстара сахалыы кыыран үрүҥ эһэни киллэрбитэ, барыллыаны (боруллуо көтөрү) көтүппүтэ. Дайды ойуунун суолун бүөлээн кэбиспиппит. Дүҥүрүн туппутунан, дөйөн, олорон хаалбыта. Биир өлүүгэ өлө сылдьан, бэрт былдьаһан муокастаабыта кыһыыта-абата бэрдэ. Дьиҥинэн, кини да, биһиги да туос ама дьон буолбатахпытын билэр этэ. Биирбит – Дьааҥы эбэ хотун омугун аатырбыт ойууна, мин да Элгэс түҥкэтэх түбэтин дьэлтэйэр дьэтигэр сылдьар «түөкүн ойууна» буоллаҕым. ГПУ-лар тохтоппуттарын кэннэ, хаайыыга кэлэн үс хонукка кутурарбытын, туойарбытын тохтоппуппут. Оттон дайды атын ойууннара “биһигини моһуоктаамаҥ, биир өлүүгэ өлөн эрэбит” диэн илдьиттээбиттэрэ. Кинилэр баардарын барытын көрдөрбүттэрэ, оттон бэрт былдьаһан курсуйбут дайды улахан ойууна, хомуһуна боҕуллан, кыайан көрдөрбөккө хаалбыта. ГПУ-лар кинини кытаанахтык туппуттара. Кыыстара Мэхээлэ – миигиттэн үөһээ мутукка уйаланан иитиллибит улахан ойуун. Миигиттэн сааһынан да лаппа аҕа, – диэн Көстөкүүн Чирков кэпсиирэ. Оччолорго Кыыстара тыыннааҕа. Мин кинини элбэхтик көрөр да, истэр да этим. Николай АБЫЙЧАНИН “Олох олуктара” кинигэтиттэн. Ойуун эттэтиитэ Бүлүү улууһун II Күүлэтигэр төрөөн-үөскээн ааспыт Спиридон Герасимов-Испирдиэн ойуун туһунан уос номоҕо буолбут балачча кэпсээн баар. Бүгүн кини хайдах эттэммитин туһунан кэпсээнин
быһа тутан билиһиннэрэбит. – Күһүн биир сылаас күн табабын миинэн бултуу таҕыстым. Түүн буолан барда. Бу истэхпинэ, ким эрэ көхсүгэ оҕуста, ону кытта тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буоллум. Төбөбүн көтөҕөн өрө көрбүтүм: үс суор олорор. Биирэ – маҥан төбөлөөх, иккиһэ – ала, үсүһэ – хара. Олус соһуйан, көрө-көрө туран иһэн, мэйиим эргийэн, охтон түстүм. Бу сытан “били, көрдүүр киһибит бу сылдьар” диэн саҥаны иһиттим. Бэрт эрэйинэн туран, саабын ылан, дьиэбэр кэлэн сыттым. Төбөм туох да олус күүскэ ыалдьыбыт. Түүн түһээтэхпинэ, туох эрэ дьон кэллилэр. Улахан эт эттиир хаптаһыны киллэрэн дьиэ ортотугар уурдулар. Онтон атыыр оҕус төбөтүн саҕа, иһигэр туох эрэ убаҕас кутуллубут улахан хааһаҕын киллэрдилэр. Хааһаҕы хаптаһыҥҥа ууран баран, ортотунан хайа быспыттарыгар хаан халыс гынна. Киирбит дьонтон биирдэстэрэ ол хаанынан суунна. Мин эмиэ тоҕо эрэ ол хааҥҥа баҕаран кэллим. Ханнык эрэ бурдук куолаһынан эппин саба ыспыттарын курдук буолла. Мин били хааҥҥа иттэннэри түһэн, чачайан бардым. Онуоха били дьон, миигин таһырдьа көтөҕөн таһааран, туох эрэ хатырыгынан дуу, тимиринэн дуу таһыйан бардылар. Салгыы билбэт дьиэбэр киллэрэн, муостаҕа уурбуттарыгар уонча бөрө ойон кэлэн ытыра түстүлэр... Ити кэнниттэн мин букатын иирэн бардым. Онуоха дьонум тутан ылан, сэргэҕэ сэттэ күн устата кэлгийэн олортулар. Алтыс күнүгэр эмиэ тугу эрэ көрөр буоллум, “биһиги эйигин хотугуларга илдьиэхпит” диэн киһи саҥатын иһиттим... Ити кэннэ миигин кирдээх баҕайы хараҥа балаҕаҥҥа киллэрэн, эттээн бардылар. Төбөбүн быһаллара олус ыарыылаах эбит. Эппин уонна төбөбүн тимир иһиккэ укпуттарыгар, этим барыта сыстыһан, бэйэм-бэйэбинэн буоллум. Онтон туох эрэ уһуктааҕынан анньа-анньа, уҥуоҕум кырамталарын уонна этим сааһын барытын аахтылар. “Бу киһиэхэ биир уҥуох кырамтата уонна 3 ордук эт сааһа баар эбит” диэтилэр. Ити кэмҥэ хантан эрэ эһэҕэ маарынныыр киһи кэлэн түөрт кырыылаах алтан иһиккэ өһөҕүнэн кулгуйда. Миигин онно хаста да уган ыллылар. “Бу киһиэхэ аат биэриэххэ” дэстилэр. Туох диэн ааттаабыттарын кыайан истибэккэ хааллым. Онтон биир ыт сиэтиилээх дьахтар киирэн кэллэ. Ыт миигин сирэйбиттэн салаабытыгар уҥан хааллым. Били дьахтар миигин кыра оҕо курдук түһэҕэр олордон эмиийдии сатаата, ол кэннэ миэхэ анаан уйа бэлэмнииллэригэр соруйда. Ким эрэ мин уйам төгүрүмтэтэ түөрт арсыын, үрдүгэ үс алтан болгуоччулаах буоларын эттэ. Миигин ол уйаларыгар уган баран, оҕо курдук чороччу эрийэн кэбистилэр... Салгыы “бу, чахчы, кини эбит” диир саҥаны, хааннаах өрүстэри көрдүм. Миигин хаан өрүстэн кууһан ылан туох эрэ утаҕын иһэртилэр уонна чиэппэр үрдүктээх уһун иһиккэ уган олорон “эн хаан олбохтоох улуу ойуун буоллуҥ” диэтилэр. Сыттык саҕа хаан бөлөнөҕүн быраҕан биэрдилэр уонна онно үктэннэрэн туран “эн хаан олбохтоох абааһы ойууна, эһэ кыыл буоллуҥ” диэтилэр. Ити эппиттэрин мин тоҕо эрэ
хатылаатым. Онтон ханна эрэ илдьэн ыарахан баҕайы ойуун таҥаһын кэтэртилэр, илиибэр былаайах, дүҥүр биэрэн баран “уот кутуруктанныҥ эбээт, салгын тыыннанныҥ эбээт, истигэн кулгаахтанныҥ, сытыган эһэ сырайданныҥ эбээт, хардаҥ эһэ харахтанныҥ эбээт, кэҕэ чуор кулгаахтанныҥ эбээт” диэтилэр. Мин обургу эриэн өтүүнэн ойууннаан бардым. Онтон эмиэ өйдөнөн эрдэхпинэ, туох да киһи тулуйбат ыарыыта буолла. Ханнык эрэ билбэт дьон миигин дэлби кэбилии туран “ханна?” диэн ыйыталастылар. Онуоха кимнээх эрэ “Бадараан Дьуоҕамах, тоҕус тиэрбэс хайаҕастаах” дэстилэр. Миигин эмиэ ханна эрэ илдьэн, кыараҕас хайаҕаска уган кэбистилэр. Өйдөммүтүм, дьиэм анныгар баайыллан сытар эбиппин. Дьоммор этэн, быабын сүөрдэрэн баран, түүнү быһа илэ барар идэлэнним, оннук кэрийэ сылдьан өлөрбөр тиийдим. Бу сылдьан ыалдьар дьону көрдөхпүнэ, ойууннуохпун, киһини ыарыыттан быыһыахпын баҕарар буоллум. ВК “Ойууннааһын” бөлөх суруйуутуттан.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан