Кэпсээ
Войти Регистрация

БИҺИЭХЭ, ДЬОКУУСКАЙГА ДА…

Главная / Кэпсээн арааһа / БИҺИЭХЭ, ДЬОКУУСКАЙГА ДА…

K
edersaas.ru Категорията суох
02.03.2022 19:00
Курдары үрэр хаҕыс тыалтан хаххаланан, эт сыыһа, хортуоппуй тутуурдаах илиилэрбин сынньатаары туох эрэ хаппыт карбанаат дэнэр матырыйаалынан эргитиллибит, бүрүллүбүт оптуобус тохтобулугар ыскаамыйаҕа олордум. Бүтэй аата бүтэй, хаһан ыллаан-туойан кэлэр оптуобуһу кэтэһэргэ быһаарынным. Мин да иллэҥ, ханна да ыксаабат оҕонньорбун. Уҥуоҕа-иҥиэҕэ суох сыалаах кырбас эт, Чурапчыттан үһү, аны Өлүөхүмэ киэнэ дииллэр, лоһугурас кып-кыһыл хортуоппуйу атыылаһан санаам көнньүөрэн тулабын элээр-мэлээр одуулаһабын, төттөрү-таары элэстэнэр, кэлэр-барар дьону кытта эйэргэһиэхпин, дорооболоһон-дыраастыйдаһан хаалыахпын баҕарталыыбын. Хараҕым сырдаабыкка, тыынарым кэҥээбиккэ дылы. Аттыбар үрүсээктэрин тэскэччи сүгэ сылдьаахтыыр моторуспут-мэтэриспит оҕолор барахсаттар, кэпсэтэн-күлсэн бычыгыраһа-бычыгыраһа чипсэ дэнэр аныгы үйэ аһылыгын – тууһаммыт, хатарыллыбыт хортуоппуйу сиэн хачыгыраталлар. Тура түстүлэр, аһылыктарын бүтэрдилэр быһыылаах. Кураанах бакыаттарын сыаллаах-соруктаах баҕайытык уурунаҕа түһэрэн, үрүсээктэрин өрө тардынан өндөҥөлөһөн ыла-ыла күлсэн чачыгыраһа, бара турдулар. Барахсаттар, көр, мээнэ тамнааттаан кэбиспэтилэр ээ, диэн сэргии, хайгыы хааллым. Остонуопка кэтэҕинэн хара ачыкы курдат хантаарыҥнаан иһэр быһа холуйан балтараа саһааннаах, баскетболист, волейболист бэрдэ буолуох нуучча ыччата табаахтаары, «кулгаахтара испиттэрэ» сүрдээх быһыылаах, бүтэһик сигэриэтэтин ороон баран, ол-бу диэки көрүөлээт, кум-хам туппут паапчыкатын үс миэтэрэ курдук сиртэн уурунаҕа чопчу түһэрэн сөхтөрдө! «Очукуо!» — диэбиппин бэйэм да өйдөөмүнэ хааллым. Киһим далбаатыы-далбаатыы хороҕолдьуйа турда. Аны уулусса икки өттүнэн куул соспут дьоннор дөрүн-дөрүн төҥкөҥнөһөннөр бөҕү-сыыһы ылгаан, хомуйсан аастылар. Бөх дьааһыгын хасыһар, тиҥсирийэр бичтэр буолбатах, куорат иһин, уулуссаны хомуйар, ыраастыыр үлэһиттэр! Ээ, ол да иһин, эргиччи ыраастан, сырдыктан, дьон-сэргэ майгыта уларыйбытыттан сэргэхсийбит эбиппин. «Тугун бэрдэй, үчүгэйэй, тапталлаах Дьокуускай куоратым!» диэн ыллыахпын баҕарталаатым. Үлэһит эрдэхпинэ, ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Латвия өрөспүүбүлүкэтигэр командировкаҕа сылдьан турардаахпын. Кырдьаҕас Рига куорат хайдах курдук ырааһын, чэбдигин, рижаннар оптуобустарын билиэтин уурунаҕа быраҕан ааһалларын бэркиһии, ордугургуу, ымсыыра көрбүппүн умнубаппын. Хор, биһиэхэ, Дьокуускайга да, оннук буолан эрэр эбит ээ… Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан