Кэпсээ
Войти Регистрация

Абыраллаах «Абрамовна»

Главная / Кэпсээн арааһа / Абыраллаах «Абрамовна»

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
14.07.2023 09:52
   Бүлүү хайысхатынан айанныыр трассаєє 38 килэмиэтиригэр, айанньыт үксэ билэр, ытыктыыр кырдьаҕаспыт, лесник идэлээх Верхоянскайтан төрүттээх Иннокентий Горохов, бары таптаан ааттыыр дьээдьэ Кешабыт, олохсуйан олорор. Кэлэр-барар суоппардар хонон-өрөөн, тиэхиньикэлэрин оҥостон, сынньанан, тыын ылан ааһаллар. Куорат дьоно киниэхэ билэрдиин-билбэттиин  сир астыы, тэллэйдии,  бултуу тахсаллар, сорохтор айылҕаҕа сынньана, бары да абыранан  дьээдьэ Кешаҕа махталлара муҥура суох.        Мин эмиэ, «быйыл отон маска эрэ үүммэтэх» дииллэрин истэн, чугастыы киниэхэ таҕыстым. Ханан да кир-хох сыстыбатах, барыта чөп-чөкө дьаарыстаммыт, хонуу сибэккилэринэн симэммит күөх тэлгэһэҕэ биһигини маҥан өҥнөөх тэллэх ыта сиэх-аһыах курдук   чап-чардырҕас саҥатынан үрэ көрүстэ. Хаһаайынын диэки харахтарын быччаччы көрө-көрө төттөрү-таары сүүрэкэлээн бөҕө буолла. Дьээдьэ Кеша салгын ачыкылаах утары оргууй аҕай хааман кэллэ. Биһиги: «Ыккын тут, сатана сиэри гынна», – диэн куттанан массыынаттан тахсыбакка олорон хаһыытастыбыт. Онуоха ыттаах хаһаайын: «Дорооболоруҥ, бээ эрэ,  Абрамовна, тохтоо эрэ, доҕор, туох үлүгэрэй», – диэн киһилии кэпсэппитигэр, анарааҥҥыта уоскуйан, биһиги диэки уорбалаабыт, сэрэммит харахтарынан төбөтүн кыҥнатан одууласта. Дьэ, харабылыҥ да куттала бэрт эбит диэн күлсэ-күлсэ олбуор иһигэр киирдибит. Дьээдьэ Кеша, кимҥитий-туоххутуй диэн ыаһыйаласпакка, саха киһитин сиэринэн сылабаарын өрбүтүнэн, ыскаатардаах остуолун тардыбытынан  барда.    Миигин, оҕо эрдэхпинэ убайдарым аһата сатаан баран «дьэ, аһаабатаххына ыран охтуоҥ уонна төбөҕүн тэллэх ыттара «чаапалар» кирэн кырдырҕатыахтара» диэн наар куттуу үөрэтэн кэбиһэннэр, баччааҥҥа диэри ыттан олус куттанабын. Аһыы олорон дьээдьэ Кеша ыта чугаһаата да албыннаһан аспыттан бэрсэн иһэбин. Онуоха, хаһаайын, сибилигин аһаан баран тугу көрдүү олороҕун диэн ытын саатырдан киэр үүрдэ. Миигин, куттаныма, куттанаргын биллэҕинэ эйигин «рэкеттиэ» дии-дии күллэ, аатынан ааттаатаххына уонна чугаһыа суоҕа диэн миигин уоскутта. Аата да бэрт дьикти — «Сара Абрамовна» диэн, биһиги күлсэн бөҕө буоллубут, онтукабыт ыты биэрбит хаһаайка аатынан хаалбыт эбит. Дьээдьэ Кешаҕа номнуо сэттэ-аҕыс сыл сулууспалаан Абрамовна элбэх киһи итэҕэлин ылбыт үһү.    Мин ойуурга олус мунаах буоламмын Даарыйа диэн бу сири-уоту, отон ханна үүммүтүн үчүгэйдик билэр бииргэ отоннуур сирдьиттэнэн олус үөрэн-көтөн, икки-үс күн дьээдьэ Кеша бэлэмнээбит чэйин, минньигэс аһылыгын аһаан, ыраас салгыҥҥа, айылҕаҕа сэргэхсийэн олус диэн абырана сырыттым. Биир сарсыарда Даарыйа дьоно массыынанан кэлэн куораттаһан хаалла, киэһэ кэлиэх буолла, миигин «отоннуургар Абрамовналыын бараар» диэн холку баҕайытык этэн кэбистэ. Хайыахпыный, үрүсээкпин сүгэн, ыппын сирдьит оҥостон, чугас эргин суол кытыытынан сылдьыам диэн дьээдьэ Кешаҕа сир каартатын уруһуйдатан испэр сэрэхэдийэ санаатарбын даҕаны, ойуурбутугар таҕыстыбыт. Суол устун баран иһэммин, сүбэни ылынан, ханна туораабыт сирбинэн, маска туора мутугу бэлиэ хаалларан истим. Ыппын албыннаһан илдьэ сылдьыам диэммин, сиэппэр толору кэмпиэт хааламмытым. Испэр  ытым миигин быраҕан дьиэтигэр төттөрү ыстанара буолуо дии саныыбын. Балайда барбахтаан истэхпитинэ, иннибэр суол ортотугар УАЗик массыына турар, үс эр киһи суол кытыытыгар аһыы олороллор, саҥалара-иҥэлэрэ кус-хаас тойугун курдук, ойуур иһэ доргуйан олорор. Онон сэрэхэдийэн, суолтан туораан, ойуурунан тумнан бардыбыт, хата, ытым ол дьону үрбэтэ, аймаабата.  Онтон суолбар киирээри, хаҥас диэки халыйан бардым, суолум кэлбэт да кэлбэт, аны отонноох баҕайы сиргэ түбэстим, ити эргин төгүрүччү отонноотум. Сотору-сотору ыппын ыҥырабын, баарын-суоҕун бэрэбиэркэлиибин, сүүрэн кэлэр, манньатын кэмпиэтин уобар да туора ыстанар, мин тоҕо киһи көрөрүгэр сиэбэт баҕайыный диэн батыстым, ытым сири хаһан кэмпиэтин көмө турар, саппааһырар дьүһүнэ эбит. Абрамовна маладьыас диэн хайгыыбын, ытым махтаммыт харахтарынан көрөр, кутуругун куймаҥнатар. Биэдэрэбин толорон, аны тоҕо түһэрэн кэбиһиэм диэммин, үрүсээгим иһигэр уган кэбистим, сүгэ сылдьар ордук. Абрамовнабар, чэ дьиэбитигэр барыахха диэтим. Арай, ытым мин көрдөхпүнэ, олох да атын сир диэки барар курдук. Төттөрүтүн, мин батыһыннарар санаалаах, дьиэбит бу диэки буолуохтаах диэбит хайысхабынан аа-дьуо хааман истим. Абрамовна бастаан дьиэбитигэр диэн тылы истэн эккэлээн бөҕө, онтон баран истэхпитинэ, кэннибэр хаалар уонна өөр баҕайы миигин өйдөөх харахтарынан быччаччы көрөн турар. Ону мин дьээбэлэнэммин мас кэннигэр саһан хаалабын, оччоҕуна сүр түргэнник сүүрэн  кэлэр, ыйылыыр, кутуругун куймаҥнатар, үрэр. Оччоҕо, кэмпиэт биэрэбин, Сара маладьыас диэн хайгыыбын, ытым эмиэ сиргэ көмөн кэбиһэр уонна төттөрү барар, иннибэр сүүрэкэлээбэт, эмиэ да хаалан хаалбат, син биир батыһан иһэр. Син балайда хааман баран, хайдах эрэ ойуурбун атыҥырыах санаа кэллэ, хатыҥнаах бэс чагдам улам-улам үксэ тиит мас буолла, мунаахсыйдым. Дэлби ыксаатым, каартабынан быһа холоон манан уот линията ЛЭП ааһар буолуохтаах дии санаатым уонна ыппар дьиэбитигэр барыах, дьиэбитигэр  дии-дии хаста да хатылаатым. Ытым мэктиэтигэр ыйылыы түстэ, кутуруга куймаҥнаан олорор уонна арҕаа диэки сүүрэн лэппэрдээтэ. Мин кинини батыһыннара көрөн турдум, онтум кыратык бара түһэн баран кэннин хайыһан миигин кэтэһэн турар, кэлэр дуу кэлбэт дуу диэбит курдук, онуоха, дьэ, батыһааччы аны мин буоллум. Үрүсээкпэр испиискэлээхпин, хараҥаҕа ыллардахпына уот оттуом диэн ылбытым. Инньэ диэн ону-маныы саныы иһэммин көрбүтүм, уот линиятыгар кэлэ охсубуппут. Бу тухары Абрамовна кыратык барар уонна тохтоон хайаан да мин диэки хайыһан батыһан иһэрбин бэрэбиэркэлиир, иһэр буоллахпына биирдэ барар. Дьэ ити курдук, Абрамовнаны сирдьит оҥостон чааһы кыайбатынан дьиэбитин буллубут, ытым тэлгэһэтигэр кэлэн баран биирдэ «моҥ» диэн үрдэ, ол аата аҕаллым диир дьүһүнэ үһү. Дядя Кеша хойутаатылар диэн таһырдьа кэтэһэн турар, мунуо суохтаахтар диэн ытыгар бүк эрэнэр эбит. Бу киэһэ мин ыппын хайгыырбыттан соло булбатым, Абрамовна курдук өйдөөх, эрэллээх  ыты көрсө иликпин, биир итэҕэстээх — саҥарбат эрэ.                                                            Далаана.   Тарҕат:
kyym.ru сайтан