Кэпсээ
Войти Регистрация

Хара бэкир

Главная / Кэпсээн арааһа / Хара бэкир

K
14.07.2023 09:51
   Оччолорго бу үрэххэ булчуттар эрэ хам-түм охсуллар буоланнар булт-алт өлгөмнүк үөскүүрэ. Балачча бултуйбут Бүөччээн оҕонньор дьиэтигэр өйүө ыла киирбит кэмэ эбит. Саарбалаахап кыттыгас киһитэ барбытын кэннэ, халлаан саҥа суһуктуйан эрдэҕинэ, булдун сэптэрин көрө барбыт. Үрэх мырааныттан алта тииҥи өлөрөн баран төннөн иһэн бэҕэһээ тайахха ииппит айатыгар кэлбитэ, арай, айата өс киирбэх эстэн буралла сытар эбит. Биир ыҥаах кэлэн айаны эһэн баран мырааны таҥнары түһэ турбут. Хаан-сиин соччо биллибэт. Суоллаан сүүсчэкэ саһааны бараат  үрэх саҕатыгар ыҥааҕа сүрэҕэр таптаран өлө сытарын булбут.        Киэһэриитэ ыҥааҕын астаан бүтэрэн баран, сарсыарда сииргэ анаан быарыттан, бүөрүттэн, сүрэҕиттэн сүгэн, үүтээнигэр эргиллибит. Бултаабыт киһи сиэринэн куруҥах хардаҕаһынан көмүлүөгүн толору оттубут, Байанайын, сирин-дойдутун алҕаабыт. Тото-хана аһаан баран сарсыҥҥы күннээҕи былаанын сыымайдыы сытан устунан утуйан хаалбыт.    Арай, эмискэ аан аһылларга дылы гыммыт да, таһыттан хара бэкир киһи киирэн кинини атаҕыттан сиргэ соһон түһэрбит. Уһуктан кэлбитэ — үүтээн буор муостатыгар сытар. Киһи улаханнык соһуйбут, муодарҕаабыт. Туран анаан оҥоһуллубут олуур маһынан аанын олуйбут. Кыыннаах быһаҕын остуолтан ылан тэллэҕин анныгар уктубут уонна утуйаары сыппыт. Өр-өтөр буолбатах, хатыылаах аан эмиэ аһылларга дылы гыммыт.  Хара бэкир киһи киирэн атаҕыттан тардыалаан эрдэҕинэ бэлэм сыппыт Саарбалаахап быһаҕынан быраҕан саайбыт. Быһах ааҥҥа охсуллар тыаһа иһиллибит. Туран көрбүтэ, ким да суох үһү. Аанын олуура түһэн хаалбыт. Саарбалаахап адьас улаханнык куттаммыт, түүн үөһэ диэбэккэ уотун оттубут, аанын олуурун иккистээн кичэйэн олуйбут. Били бырахпыт быһаҕын уот өттүгэр, субуйааҥкы саатын улаҕатыгар уктан баран сыппыт, устунан хараҕын симэн утуйан барбыт...    Төһө өр сыппытын билбэккэ хаалбыт, аана өрө дьигиһийэ түспүт да хара бэкир киһи киирэн кэлэн, куолутунан, суорҕаныттан соһон барбыт. Саарбалаахап уһукта биэрбит. Бэрт куһаҕан сыттаах түүлээх илии кинини баттаҕыттан ылан сиргэ соһон түһэрбит. Саарбалаахап да бэриммэтэх. Тобуктуу сылдьан баччыктаһыы, тардыалаһыы кытаанаҕа буолбут. Ол сылдьан биһиги киһибит хара бэкири баттаҕыттан харбаан ылан сиргэ лигийбит. Чочумча тилигирэһэн  баран өйдөнөн кэлбитэ, кураанах сири лигийэ турар эбит. Тарбахтарын быыһыгар баттах сүүмэхтэрэ хаалбыт. Киһи саҥата “сиэн-аһаан барыахпын, Айыы тойон таҥараттан толору оҥоһуулаах буолаҥҥын тыыннаах ордон хааллыҥ” диэн абатыйбыт.    Ити кэнниттэн, Саарбалаахап сибиэн буулаабытыттан өлөрдүү куттанан, хараҥа түүн балтараа көстөөх Сууллар ферматыгар тиийбит. Ол үүтээнигэр хаһан да төннүбэтэх. Бу буолбут быһылаан туһунан үөлээннээхтэригэр кэпсээбитэ өссө сүрдэнэн, өссө кутталланан оройуону тилийэ көппүт. Ити кэнниттэн Саарбалаахабы, абааһыны-таҥараны итэҕэйэҕин, сымыйа кэпсээни тарҕатан дьон өйүн-санаатын булкуйаҕын диэн дьүүллээн баартыйатыттан устубуттара үһү.    Үөһээ дойдуттан ыалдьыттар      Додор кулуба аатыран, күннээн-күөнэхтээн олорор кэмигэр, үөһээ дойду кыыһын ойох ылыан санаабыт. Кини баҕатын ойууттар эрэ кыайан толуйар кыахтаахтара. Дьэ, ол иһин чугас-ыраах ойууттары ыҥыртаран аҕала-аҕала “туох иһин ойуун аатыраҕыт, миэхэ үөһээ дойду кыыһын сүгүннэрэн киллэриҥ, киллэрбэт буоллаххытына итии хобордооххо олордобун” диэн суоһурҕаммыт. Элбэх ойуун кини сорудаҕын кыайан толорбокко итии хобордооххо хооруллубут.    Арай биирдэ Додор чаҕардара аата-суола ааттаммат,  бүрэ баҕайы таҥастаах-саптаах эрээри олус уоттаах харахтаах ойууну аҕалбыттар. Додор обургу аакка-суолга киирбит аарыма улахан балаҕаныгар эһэ тэллэххэ, биллэрик ороҥҥо өттүгэстээн сытан ойууну сэнээбиттии көрсүбүт уонна сорудаҕын хатылаан эппит. Онуоха ойуун сорудах олус уустугун санатан баран үөһээ дойдуттан түспүт “дьон” төннөллөрүгэр энньэтэ-ситиитэ суох барбаттарын, атах соболоҥноох төннөллөрүн, бу дьыала сэттээх-сэлээннээх буоларын эппит. Додор улаханнык уордайбыт, “өссө куттуурдааххын-баҕастааххын” диэбитинэн олоро биэрбит. Ойуун “модьуйар буоллаххына, эрэйдэнэн көрөрбөр тиийэбин, үс түүннээх күн аһыыр аспын остуолга бэлэмнээҥ” диэбит. Кутуруксут уолугар таҥаһын-сабын киллэртэрбит, сорукка-илдьиккэ сылдьар соноҕоһун – дүҥүрүн ириэртэрбит... Ааттаммат кырдьаҕас кыырарын көрөөрү чугастан-ыраахтан кэлбит дьон балаҕаҥҥа лыык курдук симиллибиттэр. Ойуун кыырар саҥата, дүҥүрүн тыаһа көмүлүөк оһох үөлэһинэн иһиллэрэ улам-улам ыраатан испитэ үһү. Тэриэлкэҕэ ууруллубут байтаһын ынах ньамынньыара, кытыйаҕа кутуллубут миинэ кураанахтанан испиттэр.    Кыырыы саҕаламмыта үс түүннээх күнүн томтойо туолуута, түүн үөһүн саҕана, хантан кэлбитэ биллибэккэ дүҥүрдүүн, таҥастыын-саптыын муус кыаһаан буолбут ойуун оһох иннигэр биирдэ баар буола түспүт уонна Додорго туһаайан эппит:    — Дьэ, кырдьаҕас, туһааннаах хотуҥҥун сүгүннэрэн киллэрдим, тахсан тэһииннэ тут, көрүс...    Додор обургу итэҕэйбэтэхтии багдайан туран аанын өҥөйөн көрбүтэ: тэлгэһэтин иһэ сып-сырдык буолбут, хара маҥаас ыҥыыр аттаах, саҕынньахтаах дьон тэлгэһэ муҥунан адаарыҥнаһаллар. Додор куттанан уҥан хаалбытын уокка ас биэрэн, кэҥэрдии сыллатан тилиннэрбиттэр. Додор киһи эрэ буоллар сүргэтэ тостон, улаханнык уйадыйан, ойуунуттан “ыалдьыттары” төттөрү дойдуларыгар үтэйэригэр көрдөспүт.    Ити курдук, ойуун кыырыан иннинэ сэрэппитинии Додор кулуба тоҕус ынах сүөһүтэ, тоҕус сылгыта хотоҥҥо-толооҥҥо дыгдайбыттар, оонньуу-күлэ олорбут үс саастаах уол оҕото күн тахсыыта тыына быстыбыт.    Итинтэн ыла Додор кулуба сүөһүтэ-аһа кэхтибитэ, бэйэтэ эстибитэ үһү. Билигин кини баараҕай тииттэри силистэри түөрдэрэн туруортарбыт аарыма балаҕанын баҕаналара эрэ ордон күлүгүрэн тураллар дииллэр.   Егор Федоров “Хара бэкир” кинигэтиттэн. Тарҕат:
kyym.ru сайтан