Кэпсээ
Войти Регистрация

Өһүөннээх кыыл

Главная / Кэпсээн арааһа / Өһүөннээх кыыл

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
14.07.2023 09:49
   Билигин бөрөнү бөртөлүөтүнэн сылдьан үөһэттэн туох да кыһалҕата суох ытыалыылларын тэлэбиисэргэ көрө-көрө улаханнык атыҥырыыбын. Айылҕа оҕото барахсан бу курдук тэҥэ суох күрэхтэһиигэ, тыыннаах хаалбата көстөн турар балаһыанньаҕа түбэһэн баран куота сатаан сордонорун көрө-көрө аһынабын. Ити сүрэ бэрт, киһилии буолбатах. Биирдэ итинник «булка» сылдьыбыт уол кэпсээн турардаах, бөрөлөр эрэйдээхтэр бөртөлүөттэн куота сатаан баран сааҕа ытыллымаары үүнэн турар маска илин атахтарынан тайанан баран бөртөлүөт эргийдэҕин аайы эргийсэн биэрэн маска хаххаланан саһа сатыыллар үһү.        Мин дойдубар кырдьаҕастар бөрөнү убаастыыллар. Адьас буулаатаҕына, туох эрэ буруйу оҥордоҕуна, ол аата дьиэ сүөһүтүн, табаны тартаҕына эрэ бултууллар. Эйиэхэ туох да куһаҕаны оҥорбокко, оҥорор да былаана суох ааһан иһэр көс бөрөлөрү моһуоктаспаттар. Бөрө да өй хаата, ону билэр.   *  *  *    Биирдэ күтүөтүм Бүөккэ кыһын тырахтарыыс уолаттары кытта күһүн бултаабыт тайахтарын этин тиэйэ сылдьан биир бөрөнү өлөрөн аҕалбыта. Бүөккэ кэпсээнинэн, эттэрин араҥастаабыт сирдэрин буулаабыт бөрөнү улахан толоон ортотугар турарын ытан ылбыт. Бултаабыт бөрөлөрүн дьиэбитигэр аҕалбыттарын бу баар курдук өйдүүбүн. Дьиэҕэ баар дьон саастаах өттө тоҥон адаарыйа сытар бөрөнү көрө-көрө «бөрө киэнэ саамай адьырҕата эбит, аҥаар харахтаах, тыһы, эбиитин бөртөлөөх» дэһэллэрин өйдүүбүн. Мин өйдөөбүппүнэн, ол бөрө кытарымтыйан көстөр кылааннаах түүлээҕэ, сототун илин өттүнэн хара сурааһыннааҕа, икки ойоҕоһунааҕы куоһаахтарыгар түүтэ саба түһэн хара дьураа буолан көстөрө. Дьонум «сыанаҕа барыыһы» диэн бэркэ өрө көтөҕүллэн кэпсэтэр кэмнэригэр эһэм тугу да саҥарбатын, үөрбэтин өйдүүбүн.   *  *  *    Ол күһүнүгэр эһэм күтүөппүнүүн эмиэ тайахтыы тахсыбыттара. Кинилэр бултуур сирдэрэ бөһүөлэктэн 7-8 көстөөх сиргэ баар.    Бултуур сирдэригэр тиийээт да булчуттар сибиэркээбиттэр. Ол курдук, ыырдарыттан имириир тыыннаах барыта күрэнэн хаалбытын курдук буолбут, киһи кулгааҕа чуҥкунуур чуумпута үһү. Дьөрү, чыычаах-тураах да суох буолбут.    Үүтээннэрин тула чээччэйэ сылдьан, ыттара-аттара дук-дах тутталларын, сүргэлэрэ тостубутун бэлиэтии көрөн, бөрө буулаабытын сэрэйбиттэр. Бастакы киэһэлэригэр оҕонньор тахсан бөрөлүү улуйбутугар, адьас чугас, үс өттүттэн бөрөлөр хардарбыттар, онолуйуу кытаанаҕа үһү. Дьиксинии буолбут. Аттарын үүтээн айаҕар баайан, тула уот оттон, ыттарын иһирдьэ киллэрэн хонон дуомнаммыттар. Киһи утуйуох да буолбатах үһү. Нухарыйан бардылар да үүтээннэрин таһыгар аҕыйах хаамыылаах сиргэ бөрө улуйан тоҕо барар. Ол курдук, уһун түүнү быһа аттарын уоскута, уоту отто хоммуттар.    Бачча ыраах тэринэн кэлбит аакка сытыллыа дуо диэн, сарсыныгар туран эмиэ тыа устун хааман көрбүттэр. Ыттыын-аттыын бары ыга анньыһан баран уку-суку хааман иһэн дөрүн-дөрүн оҕонньор бөрөлүү улуйан көрдөҕүнэ, тула өттүттэн үс сиринэн хоруйдууллар эбит. Иннилэригэр уонна икки кытыыларыгар. Ити курдук, ханна да тиийбиттэрин иһин бэрээдэктэрин уларыппакка, батыһа сылдьыбыттар. Күтүөтүм дэлби кыйаханар, ньиэрбинэйдиир эбит эрээри — харахха көстүбэккэ саһа сылдьар өстөөҕү хайыыр да кыаҕыҥ суох. Түүн эмиэ утуппатахтар. Оҕонньор бөрө буулааһынын төрүөтүнэн туох да саарбаҕа суох бу кыһын өлөрүллүбүт адьырҕаны аахпыт. Ону аахсаары, ситиһээри сылдьаллар диэн өйдөөбүт.    Үһүс күннэригэр хайдах да бултуур кыах суоҕун билэн булчуттар дьиэлэригэр төннөргө быһаарыммыттар. Малларын-салларын хомунан баран хоҥнубуттар. Үүтээннэриттэн түөрт-биэс көс холобурдааҕы барбыттарын эрэ кэннэ көтөр-сүүрэр, хамсыыр-харамай сибикитэ биллэн барбыт.  Арыый холкутуйбуттар. Улуйдахтарына да бөрө хоруйдаабат буолбут. Ыттара да хааман-сиимэн, дьонтон тэйэр буолан барбыттар.    Хас да көс усталаах, бөһүөлэккэ тиийэ сыһар улахан толоону кыйа баран истэхтэринэ Сордоҥ диэн улахан булчут буолар чинчилээх, быйыл саҥа тыаҕа тахсыспыт аҕыс ыйдаах ыттарын оҕото үрэр саҥата иһиллибит. Толоон уҥуор. «Тайаҕы туруорда, хайыыбыт» дэһэ-дэһэ толоон уҥуорун кыҥастаһа турдахтарына, ыттарын оҕото тыаттан күүһэ-кыаҕа баарынан сулбу ыстанан тахсыбыт. Хара туочука кэнниттэн биэс сиэрэй күлүк тилэх баттаһан ыстаҥалаһан тахсыбыттар. Булчуттар хаһыы-ыһыы бөҕөтүн түһэрбиттэр, куттаары саанан салгыҥҥа ытыалаабыттар да бөрөлөрө тохтооботохтор. Сордоҥу хаста да сиирэ-халты хабан төкүнүҥнэппиттэр да, ыт оҕото күүһэ баарынан сарылыы-сарылыы дьонун диэки талаһарын кубулуппатах. Дьиҥинэн, бөрөлөр ыт оҕотун сыыһын начаас хам баттыахтара эбитэ буолуо эрээри, саа тыаһа, хаһыы мэһэйдэстэҕэ диэн сэрэйиллэр. Сотору кэминэн ииримтийэ куттаммыт Сордоҥ дьонун тастарынан буулдьа курдук ыйылаан тохтообокко эрэ тыа диэки ааһа көппүт. Аттаах дьон тастарыгар куттанан ыйылыы турбут ыттар Сордоҥ кэнниттэн тыаҕа түһүспүттэр. Сырсан кэлбит бөрөлөр туох да сааппыт-кыбыстыбыт, толлубут сибикини биллэрбэккэ дьонтон сүүрбэччэ миэтэрэлээх сиргэ кэлэн аа-дьуо тохтообуттар. Булчуттар сиргэнэн өрө мөҕө сылдьар аттарыттан ыстаҥалаһан түспүттэр. Ол кэмҥэ тыаҕа түспүт ыттара барбыттарынааҕар түргэнник тыаттан төттөрү ыстаҥалаһан тахсан ат туйаҕын анныгар сөрүөстүбүттэр. Тиэрэ өттүлэригэр, тыа иһинэн бөрөлөр иккис тоһуурдара саһан испит эбит. Отучча хаамыылаах сиргэ, тыа быыһынан күлүгүлдьүһэн баалларын биллэрбиттэр. Итиччэ чугастан киһи сыыспат, күтүөтүм толооҥҥо сылдьар бөрөлөрү кыҥыы-кыҥыы ытыалыан баҕарбыт да, эһэм кыккыраччы боппут. Ыт ыйылыырын, ат хаһыҥырыырын быыһыгар «биир эмэ бөрөнү өлөрүөҥ-бааһырдыаҥ да, бырастыы гыныахтара суоҕа. Хааны хаанынан иэстэһиэхтэрэ» диэн тохтоппут. Үрдүлэринэн, атахтарын аннынан саанан ытыалыыллар үһү да, бөрөлөрө букатын наадыйбатахтар. Кэрээнэ суох, өһүөннээх харахтарынан сүүстэрин аннынан кылатан көрө-көрө субу суксуруһа сылдьыбыттар, сорохторо олорунан, сытынан кэбиспиттэр. Биир эдэр бөрө, «хайа, хайыыгыт?» диэбиттии уонча хаамыы чугаһаан кэлэн илин-кэлин атахтарынан хардарыта тэбинэн өрүтэ ойуолуу оонньообут. Эһэм да, күтүөтүм да кэлин кэпсииллэрэ, бөрөлөр «боруобалаан ытан көрүҥ эрэ, тугу көрдөрөр эбиппит!» диэн собус-соруйан ыттара сатыыр курдук дьүһүлэммиттэр. Этиллибитин курдук, биир бөлөх толоон уҥуоруттан кэлэн толоонунан куотар сирдэрин быһан турар, тыаҕа биир бөлөх манаан сылдьар, өссө биир бөлөх ханан күүтэ сытарын ким да билбэт. Быһата, кими да ханна да куоттарбаттыы тэринэр-дьаһанар кыыллар эбит. Маны тэҥэ, инники күннэргэ ханна баалларын биллэрэн улуйар эбит буоллахтарына, кэлин «барбыттар» дэттэрээри саҥата суох дьылыйан, манаан испиттэр. Ол курдук уонча мүнүүтэ ыбылы куттаан, куттарын-сүрдэрин тоһутан баран бөрөлөр баран хаалбыттар.    Күтүөтүм кэлин мэлдьи да кэпсиирэ, ити тэлэбиисэргэ көрдөрөр соҕурууҥҥу бөрөлөрө биһиги бөрөлөрбүт аҥаардарын эрэ саҕалар. Оттон оҕуругунан, өһүөннээҕинэн, уодаһынынан биһиги бөрөбүт атын дойду бөрөлөрүн бука барыларын таһыччы сабырыйар диэн. Кини кэлин билиммитэ. Били бөртөлөөх бөрөнү кини булт араҥаһын таһыттан буолбакка, атын сиртэн өлөрбүт этэ. Атыннык эттэххэ, кини иннигэр туох да буруйа суох бөрөнү. Бөрөлөр ону санаппыт буолуохтаахтар. Ити быһылаан кэнниттэн күтүөтүм өр бултаабыта эрээри, бөрөттөн улаханнык баһыйтарар, толлор буолбута. Түбэстэҕинэ да өлөрбөт быһыылаах этэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан