Кэпсээ
Войти Регистрация

Имэҥ – саха литэрэтиирэтигэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Имэҥ – саха литэрэтиирэтигэр

K
09.04.2020 17:25
Аан дойду литэрэтиирэтигэр тапталы, имэҥи хоһуйуу үгүс. Айымньы баһыйар аҥаарын ис тутула тапталтан саҕыллар айылгылаах, сүрүн мөккүөр таптал тула үһүллэр үгэстээх. Сүүһүнэн сыллар усталарыгар төһөлөөх уран тыл уустара тыл сүмэтин сүүмэрдээн, этии эгэлгэтин тиһэн хоһуйбуттара буолуой бу иэйии үрдүк чыпчаалын. Оттон саха хаһан баҕарар таптал таҕылын таайтарыылаахтык, имэҥи сэмэйдик хоһуйар идэлээх. Саха уус-уран литэрэтиирэтигэр, чуолаан проза жанрыгар, имэҥи аһаҕастык хоһуйуу сэдэх да буоллар, баар. Олортон кэрчик-кэрчик быһа тутан бэчээттиибит. Федот ЗАХАРОВ. «Быыйа» ... Быыйа утуйан эрдэҕинэ аан тыаһаата. Ийэтэ киирдэҕэ. Киирбит киһи аан таһыгар иһиллээн турбахтаата. Им-дьим. Хараҥа. Бэркэ сэрэнэн, тыаһаппакка, аан ис олуурун сапта. Кыыс нухарыйан эрдэҕинэ, ким эрэ сибигинэйэн аатын ыҥырарга дылы. Эмиэ ыҥырда. Билбэт саҥата. Кыыс эргиллэ түстэ. — Кимҥиний?! .. — Мин. Чороох Ньукулайбын. — Тоҕо кэллиҥ?! Бар!!! — Кэпсэтээри киирдим. Быыйаа, соһуйума. Мин... Кыыс суорҕанын бүрүммүтүнэн олоро биэрдэ: — Киэр бар!!! Таҕыс!!! Таҥаһын ылан кэтээри хачыгыраан эрдэҕинэ, эмискэ киһи кыыһы тиэрэ баттаата. Суорҕанын саралыы тарта. Тилигирии, мөхсүү буола түстэ. Кыыс тыынын былдьаһан мөхсө сытан, киһини сирэйгэ оҕуста. Киһитэ өрө чинэйбит кэмигэр түбэһиннэрэн, түүрүллэ түһэн баран, икки атаҕынан тэптэ. Босхолоноот, ойон туран, куотан, ааҥҥа ойон кэллэ. Аан аһыллыбата. — Ийээ-ээ, ийээ-ээ! — кыыс ааны дирбийэ-дирбийэ хаһыытаата. Онтон өй ылан, аан олуурун аһан халыгыратта. Ити икки ардыгар, киһитэ кэнниттэн кэлэн ыбылы харбаан ылла. Айаҕын саба тутан, мөҕүһүннэрбитинэн оронугар илдьэн тиэрэ баттаата. Түөһүнэн ыга түстэ. Кыыс туох баарынан балык курдук мөҕүстэ. Төбөтүн охсуолаан баран, ыксаан баттаҕар түстэ. Киһи кыыс илиитин ылан олуйа баттаан эрдэҕинэ, аан хаахыначчы тыаһаан аһылынна. Сырдык толбоно киирдэ. Дьэбдьиэ аан боруогун атыллаан киирдэ. Аан аһаҕас хаалла. Киһи ону көрөөт, күүркэйбит санаата өһүллэн, кыыһын ыһыктан, туран кэллэ. Кыыс ойон туран ийэтигэр кэлэн саба түстэ. Тыынын ыла-ыла, оҕолуу ытаан барда. ДАЛАН. «Тыгын Дархан» ... Батас син биир кыайан утуйбатын билбитэ, аргыый аҕай туран кэлбитэ. Чаҕардар олорор хара дьиэлэригэр хабыс-хараҥа, ип-итии этэ. Уол балачча өр туран иһиллээбитэ. Арай дьиэ кэтэҕэриин, уҥа-хаҥас оронноругар күнүскү күүстээх үлэттэн сылайбыт дьон муннуларын тыаһа көхтөөхтүк баччыгыныыра. Утуппатах ынырык күлүктэри баһыйан, оннооҕор ордук күүстээх иэйии — Үйэн кыыс уон уоттаах оронун тардыыта эдэр уол уутун эбии киэр кыйдаабыта, сүрэҕэ уолугунан тахсыахча бүөлүү биэрбитэ, сүһүөхтэрэ үктэнэр-үктэммэт өрө мөҥөн ылбыттара. Хараҥаҕа ордук хойдубукка дылы буолбут чабычахтары, кытахтары, кытыйалары-хамыйахтары сымсатык тумнан, кыратык да тыаһаппакка, бытаһыкка үөмэр саһыллыы сыбдыйан тиийэн, үрүҥ дьиэҕэ тахсар аан тутааҕын харбаабыта. Биллибэтинэн эрдэттэн хоргунунан оҕунуохтаммыт үрүҥ дьиэ халҕана тыаһа-ууһа суох аһыллыбыта. Үрүҥ Үйэн сытар хаппахчытын дьиэлэ, күүтэн турбуттуу, бэйэтэ тэлэллибитэ. Сып-сылаас, сымнаҕас илиилэр уолу моонньуттан ыга кууспуттара, уоттаах уостар уол долгуйуутуттан куурбут уостарын
уотунан хаарыйбыттара, хаһан даҕаны арахсыбаттык хам сыстыбыттара. Уохтаах таптал улуу күүһэ өлүү-сүтүү хара күлүгүн баһыйан киэр үүрбүтүн, арай, сэрэйбит буоллаҕына куруутун сэргэхтик утуйааччы эдьиийдэрэ Тыаһааны сэрэйдэҕэ. Оттон Аабый Дархан билбэтэҕэ чахчы. ... Лөкөй аһыыр санаата суоҕа, олус сылайбыт этэ. Сүөм кэтит, кыалыктаах, инньэликтээх, үс салаа тиил тиэрбэстээх түнэ курун сүөрэн ылан көхөҕө иилбитэ. Даххан олоххо тас таҥаһын ньылбырыта биэрээт, дьахтар хаппахчытын ойуулаах-мандардаах аанын аргыый сэгэтэн, киирэн кэлбитэ. Сөп-сөрүүн, хабыс-хараҥа хаппахчы иһигэр дьахтар чэпчэки-чэпчэкитик тыынан утуйа сытара. Лөкөй, эдэр дьахтары соһутумаары, киис суорҕаны аргыый арыйан, дьахтар сып-сылаас саннын таарыйбыта. — Сыччыый, бу мин кэллим, уһугун, — диэбитэ хаһан да намыыннык саҥарбат бэйэтэ бэрт симиктик. Дьахтар эргичис гынан уһукта биэрбитэ уонна эр киһиэхэ оннун биэрээри дуу, биитэр куотардыы дуу, улаҕа диэки сыҕарыс гыммыта. Лөкөй сып-сылаас дьахтар хоонньугар киирээт, эт-этэ бүтүннүү минньигэс сылаанньыйыы иэйиитинэн туолбута, уһун айантан сылайбыта, түүҥҥү сииктэн дьагдьайбыта, кыыһырбыта барыта ханна эрэ суй гынан, сүтэн-иҥэн хаалбыттара. Арай, киниэхэ ыга сыстыбыт ип-итии, сып-сымнаҕас ахтыбыт эдэр дьахтар этэ-сиинэ эрэ баара. — Һыччыай, аҕынныҥ дуо миигин? — таптыырын быыһыгар Лөкөй сибигинэйбитэ. — Ахтымына, — кыыс-дьахтар эр киһи кэтит түөһүгэр төбөтүн кистээбитэ. Лөкөй бастакы уоҕа харыыта, сүүскэ бэрдэрбит атыыр оҕус курдук, сэниэтэ суох тиэрэ түспүтэ. — Атахпын туппахтаа...— диэн арыычча ыган таһаарбыта кини. Ити Лөкөй үгэһэ этэ: ойохторо киэһэ аайы тойон атаҕын туппахтыыллара, имэрийэллэрэ. Ол оннук сытан кини утуйара. Боттоко имигэс баҕайытык эрин бакыр-такыр тарбахтардаах, чэрдийбит, таас курдук кытаанах уллуҥахтаах, улахан, халыҥ атаҕын баппаҕайын туппахтаабытынан барбыта. Лөкөй сымнаҕас, үөрүйэх илиилэртэн атаҕын уллуҥаҕыттан уҕарыйар-утуйар уоскулаҥ долгуна тарҕанан, халтаһалара улам ыараан, сабыллан испиттэрэ. Минньигэс уу кыната кинини сабыыта, сытымсах муннугар туох эрэ биллибитэ, атын, туспа сыт баар диэх курдук саныы сытан, нухарыйан барбыта. Сытар оронун анныгар, аллара туох эрэ тыас тыаһаабытыгар Лөкөй хараҕын көрөн кэлбитэ. — Ити тугуй? Туох тыаһыыр? — кини уутун быыһынан бүтэҥитик ыйыппыта. — Кутуйах ини...— дьахтар саҥата ыраахтан иһиллэргэ дылы гыммыта. Тиэрэ түһэн сытан, ыараханнык баччыгынаан, Лөкөй тойон утуйбута. * * * Орон анныгар тыаһааччы ханнык да кутуйах буолбатах этэ, өлөрдүү куттаммыт Дьорҕоот уол, кини иһин тыаһа этэ. Боттоко уонна Дьорҕоот иккиэн Сыҥаах Абыйакаан аҕатын ууһуттан төрүттээх, алта уон алта арыы хатыҥнаах бороҕоттор Батама диэн аатырбыт биир сайылыктарын оҕолоро этилэр. Олус кэрэ кыыска уолаттар куттанан чугаһаабаттарын курдук, Дьорҕоот эмиэ Боттоко кыыс эрдэҕинэ таһыттан, ыраахтан эрэ ымсыыра баҕарара. Чаҕылыма Чаҕылыттаҕа Боттоко Лөкөй тойон иичим ойоҕо буолбутун кэннэ көссүүлэһиэҕиттэн ыла Лөкөй суоҕар уол куруутун кэлэн хонон барара. Тугу да билбэт уу туҥуй уолу дьахтар хоонньоһорго аан бастаан үөрэтиэҕиттэн, дьоллоох даҕаны түүннэри кини билбитэ! Уол
ону куруутун, кыһынын-сайынын саныыра. Сайын төһө да ыраах сиргэ от оттоотор, Лөкөй ырааппыт сураҕын иһиттэр эрэ, атын харыстаабакка тибилиннэрэн кэлэн, түүн кистээн таптаһан барара. Маахылла эмээхсин сэрэйэр быһыылааҕа. Бэйэлэрин кытта бииргэ үлэлэһэр, букатын даҕаны кинилэри мөхпөт-эппэт эдэр, эйэҕэс хотуннарын хамначчыттар бары аһыналлара, ким да, тугу да саҥарбат этэ. Ол гынан баран, бу түүн Дьорҕоот табыллыбатаҕа — өлөр куттал киниэхэ илэ бэйэтинэн суоһаабыта. Киһини үксүгэр олус үлүһүйүү иэдэтэр буоллаҕа — сэрэх сүтэр, куттал умнуллар. Дьорҕооттоох Боттоко күүстэрэ эстиэр диэри таптаһан баран, уол оронугар төннөрүн сүрэҕэлдьээн, утуйан оҥторон хаалбыт этэ. Тойонноро Маахыллалыын кэпсэтэр саҥатыттан Боттоко бастаан уһуктубута: туох да саҥата суох уутугар аҥаарыйа сылдьар уолу оронун анныгар симпитэ (онтон атын барыах-кэлиэх сир суоҕа) уонна бэйэтэ утуйбута буолан кубулуммута. Дьолго, ол барыта табылларга дылы гыммыта — олус сылайан-илистэн кэлбит эрэ, Лөкөй, аһыыр-сиир кыаҕа суох, баҕатын эрэ ханнараат, утуйан хаалбыта. Эр киһи утуйарын кытары, дьахтар кутталыттан сыалдьатыгар холлубут уолу хаппахчытын оронун анныттан таһаарбыта. Уол таһырдьа тахсаат, хоту тыаҕа кистээн бааллан турар атыгар ыстаммыта. Тыаҕа, дьэ, арыый холкутуйан, дүөдэҕэ таҥаһын эҥин суунан баран, аны иккиһин эргийбэ-тэрбин диэн санаалаах, туос бөтөрөҥүнэн дойдутун диэки көтүппүтэ. Сороҕор суоһар суоллар ол курдук этэҥҥэ ааһаллар. Николай ЗАБОЛОЦКАЙ-ЧЫСХААН. «Мааппа» ... Кыыс саҥата суох буугунаспахтаата, тыынарын да, сыгынньахтанарын да киһи кулгааҕа сатаан араарбат курдук, ис иһиттэн чэпчэки нарын тыастар суугунастылар, онтон им-ньим баран хаалла. Иккитэ-биирдэ өрө тыыммытын эрэ киһи чуолкайдык иһиттэ. «Ити аата бүттэҕэ дуу?» — дии санаата кини. Кырдьык, утаакы буолбата, сэмэй илии суорҕаны улаҕа диэки өттүттэн аргыый аҕай илибирэттэ, аргыый аҕай сэгэтэн киирэн, киһиэхэ көхсүнэн буолан токуйан сытан кэбистэ. Бу тириппитэ, титирэстээбитэ сүрүккэтин, Ылдьаа көхсүгэр уоттуу суоһаата. Киһи эргиллэ түспүтэ. Кыыһа соһуйбуттуу, таба куустарбакка, халбарытына, аһарына, илиитин, акымалын дуомунан үтэйсэ сатаан көрдө... Ылдьаа илиитэ, үлэҕэ үөрэммит баҕайы, тимир курдук этэ. — Туох буолаҕын, сатаатар, ааппын-суолбун, киммин ыйыт — диэн ааттаһардыы саҥарбыта, кыыс кэнники үтэйсэрэ мөлтөөн иһэн. — Чэ, бэйи, ону хойут! — диэбитэ киһи... Уот имик-самык умуллан барда. Кыыс аргыый ытаан сыҥсыйбыта хайыы-үйэҕэ ааһан, нус-хас буолла. Күүскэ тартаран утуйан эрэр киһи, утуйан эрэринээҕэр өссө минньигэстик: «Кини миэнэ... миэнэ... миэнэ...» — диир санаата эрэ ыраахха, дириҥҥэ, саамай кичэллээх сиргэ — итии сүрэх хаанын кытта тиийэн булаһар, иҥэр быһыылааҕа. Ол курдук иккиэн дьоллоохтук куустуспутунан утуйан буккураан хаалбыттара. Чох умуллан, хараҥа түүн били күөрэ-лаҥкы төрөөн сытар өтөх иһин, куустуһан сытар дьону уонна кинилэр киэннэрин эрэйдэрин-дьоллорун холбуу сабан, барытын бүрүйэн кэбиспитэ... Леонид ПОПОВ. «Тоҕой Сэлэ» ... Тороев испиискэни умаппытыгар хатырыктаах үөл мас үрүттээх уонна эркиннэрдээх, муостата суох киэҥ-куоҥ үүтээн иһэ элэҥнээн көһүннэ. Наара ороннор,
үөл мастан суоран оҥоһуллубут уп-уһун остуол көстөөт, хараҥаҕа тимирэн хааллылар. Тороев испиискэни иккиһин уматта. Ону Чуура саба үрэн кэбистэ да, Тороевка моонньугар ыйааста түстэ, уһун-уһуннук уураамахтаата, онтон им-балайы ортотунан кини Тороевы наара ороннорго сиэтэн илтэ. Тугут дуу, чубуку дуу тириитэ тэллэҕи Чуура илиитин иминэн тэниччи тарта уонна Тороевка сибиэннээхтик сибигинэйдэ: — Доҕорум оҕотоо, сыгынньахтана оҕус. — Чүмэчи баар дуо?— титирэстээбит куолаһынан Тороев ыйытта. — Ыһыырынньык баар буолуохтаах этэ да, тугун уотай, хараҥата үчүгэй. Эн биһикки ибис-иккиэйэхпит, кэрэһитэ суох. Оттон сырдыкка дьоҥҥо көстөргө дылыбыт. Чэ... Чуура имэҥирбит ип-итии, сыгынньах, чэгиэн түөһүнэн Тороевка саба түстэ уонна уоттаах ибигирэс уоһунан кини уоһун, муннун, иэдэһин, сүүһүн уураабытынан барда. — Сүрдээххин даҕаны, маннык дьахтарга мин түбэһэ илигим, — диэтэ Тороев кэһиэҕирбит куолаһынан. — Дьэ түбэстэҕиҥ дии... — Чуура чачыгыраччы күллэ. Кинилэр үүтээҥҥэ хоммуттара.
kyym.ru сайтан