Кэпсээ
Войти Регистрация

70-гар диэри сыллаһары билбэтэх Охонооско

Главная / Кэпсээн арааһа / 70-гар диэри сыллаһары билбэтэх Охонооско

K
13.03.2020 17:05
Суруллубукка эргиллэн «Кыым» хаһыат 37 №-гэр Өймөкөөн Төрүтүттэн Охоноос суруга баар: « ... былыргы өбүгэлэрбит сыллаһар этилэрэ дуу» диэн ыйытыахпын баҕарабын. Эбэтэр атын омуктан «өтөн киирбит култуура дуу?» — диэбит. Дьиҥэр, Охоноос, саха сиэринэн син сыллаһан кэллэҕиҥ. Бастаан кыыһы, онтон дьахтары кытта. Билигин даҕаны сиэннэргин сырылаччы сыллаан эрдэҕиҥ. Ол эрэн “тоҕо сыллыырын билбэт дуу” диэн, бэйэм кыахпынан хоруйдаһарга сананным. Аан дойду дьонун шедеврэ (chef d,xuvre диэн француз омук тылыттан – айымньы, айан оҥоруу муҥутуура-чыпчаала) буолбут олоҥхобутугар, «алын уоһуттан алта хамыйах, үрүт уоһуттан үс хамыйах хаан оборуллан кэлиэр диэри уураата» диэн элбэхтик этиллэр. Олоҥхо омуннаах, эппэтэххэ, дарбаппатахха, кэрэтин ситэри кэпсээбэккин. Хайа да киһи буор кутугар уйан сирдэрдээх, а.э. таарыйтардаҕына, имэҥэ-дьалыҥа киирэр. Куустуһан турар дьон сонно таарыйсар сирдэрэ уостара буолар. Дьэ, ол иһин айылгылара көбөн, уостарыттан уураһан бараллар. Омук барыта уураһар быһыылаах. Уураһыы арай Индияҕа бобуулаах үһү. Буолумуна, таптал куттаах, уохтаах имэҥнээх Индия дьоно, баҕар, уураһалларын тулуйбакка уҥан тараһан хаалаллара буолуо. Ол эрээри хайа баҕарар омукка киһи аата киһи — сороххо ол уостарын кычыгылатар килиэккэлэрэ кэмчи, сороххо үгүөрү буолар. Сексологтар кэтээн көрүүлэринэн, имэҥ килиэккэлэрэ ордук болтоҕор уостаах дьоҥҥо дэлэй үһү. Олоҥхобутугар уураһыыны сэргэ сыллаһыы эмиэ баар. Онон сыллаһыы «омуктан өтөн киирбит култуура» буолбатах. Саатар, ону үтүктүбэтибит ини. П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» алтыс томун (1960 с. Дь.), арыйталаан көрөбүн. 52-с сирэйгэ Үрүҥ Уолан Туйаарыма Куону кытта сиэкистииллэригэр иҥнэ түһэбин. Онно «... сытыахха тиийбэтилэр, сыллаһа оҕустулар...» диэн баар. Мин билэрбинэн (билэрим аҕыйаҕа чахчы), биһиги — саха омук эрэ сыллаһабыт. Ол курдук урукку өрөспүүбүлүкэлэр түмсүүлэрин киэҥ хоннохторугар сылдьан омук кыргыттарын сыллаатахха, «че, ты меня нюхаешь» буолааччылар. Билбэттэр. Уолаттарыттан кинилэргэ сыллаһыы баарын-суоҕун ыйыталастахха, эмиэ өйдөөбөттөр этэ. Тоҕо сыллаһабыт? Бастатан, туох барыта, ханнык баҕарар сэбдьи сыт таһаарар. Өссө тыынар тыыннаах таптал сытын таһаарар айылгылаах. Эһиги өрүс уҥуор тыалы утары лыах ыксаан аҕай тэлимнээн иһэрин көрбүт буолуохтааххыт. Ол бэтэрээ кытылга аһылыга нектар бүтэн, өрүһү туораан эрэйдэммэт. Уҥуоргу кытылга имэҥэ киирбит тыһы лыах сыта тыал устун кэлбитин сытырҕаан, атыыр лыах ким хайа иннинэ тиийэн удьуорун хааллараары тиэтэйэн иһэрин көрөҕүт. Харамайдар тапталларын сэбдьитин сытын феромоннар дииллэр. Бу сыты сорох харамай, ол иһигэр лыах, хас да биэрэстэттэн ылыан сөп. Оттон атыыр оҕус ынах орбоҥун (пахайбын даа!) тоҕо оҥосто-сылласта сыллыырын билэр инигит?... Киһи таптал сытын билэр дьоҕурун сүтэрбит быһыылаах. Онтон үөрэргитин-хомойоргутун билбэппин. Ол эрэн эйигин таптыыр киһиҥ сыта сүрэххин уулларан, туймаардан киирэрин билэн эрдэҕиҥ. Ону көлөһүн, хотон, хачыгаарка, бэл, холоҥсо сыта баһыйбат. Омуктар таптал сытын эндэппэттэр быһыылаах. Дэлэҕэ “француз духуута ордук” диэхтэрэ дуо. Ол духууга сүүлэ киирбит бүүчээн, мэнчикээт, солоҥдотуҥулар сүүлэр
ыыларын булкуйаллар. Онон ол духуунан атыттары көҕүтээри уонна имэҥирдээри соттоллор диэтэххэ олуона буолбат. Иккиһинэн, эппитим курдук, төһө да көлөһүн, хотон уо.д.а. сыттаах кыыһы, дьахтары эр киһи сыллаатаҕына, эбэтэр көлөһүн, көрүүчэй сыттаах эр киһини дьахтар сыллаатаҕына сүрэхтэрэ сылаанньыйар. Онуоха киһи бэйэтин сыта баһыйар буоллаҕына, генетика (грек genetikos – удьуордааһын) өттүнэн чопчу сөп түбэһэр киһи буолар. Таптал сытыгар оннук сөп түбэһэр дьонтон үөскээбит оҕолор бары өттүнэн ордук буолаллар. Билигин «брак по расчету» ыал буолааччылар маны өйдүөхтээхтэр. Олох (histori) көрдөрөрүнэн баайдарынан, дуоһунастарынан туһанан таптаабат кыыһы күүстэринэн ойох оҥостубут дьон удьуордара үөтэлээбэт. Хата, көссүү оҕото ордук буолар. Хайыай, дьиҥ таптал, дьиҥ сөп түбэһии буоллаҕа дии. Оттон Охоноос, оҕону, сиэни, урууну сыллаан сүрэҕи сылаанньытарбыт, манньытарбыт өйдөнөр буоллаҕа дии. Дэлэҕэ «бэйэ киэнэ минньигэс» диэн этии баар буолуо дуо?! Ити удьуорбут, а.э. ДНК сөп түбэсиһиитэ буолар. Аймахтыылар ДНК-лара майгыннаһар, онон биир сыты таһаарар. Мин ытым оҕото аан бастаан Тамалакааҥҥа тиийэн муммута. Онтон билбэтэр да, чопчу кыра быраатым дьиэтигэр тиийбит этэ. Бука, ол дьиэттэн хайалара эрэ ааспыт суолугар кэтилиннэҕэ. Күндү сахам дьоно, удьуору кэскиллиир, үтүө оҥорор сатабылбытын — сыллаһары — үйэлэргэ илдьэ сылдьыаҕыҥ. Оттон уураһыы имэҥҥэ көҕүйүү көрүҥэ эрэ буоллаҕа. Сырылаччы сыллаһыҥ, сүрэххитин сылаанньытыҥ! Дом! Үөһээ Бүлүүттэн Миитэрэй БаппаЎай.
kyym.ru сайтан