Кэпсээ
Войти Регистрация

Холорук моһуога

Главная / Кэпсээн арааһа / Холорук моһуога

K
20.07.2023 16:12
   Абааһы-иччи диэн өйдөбүл төрүкү умнуллубут сэбиэскэй кэмэ. Оччолорго, биллэрин курдук,  оҕолор, бэл, хаан уруу эһэлэрин Элиэнньин кэнниттэн иккис миэстэҕэ туруораллара. Ити аҕыйах, сүүрбэччэ сыллааҕыта...      Арыычча уһун алааһы өөр да өр хааман туораабыттар, тыа кэлбит, онтон эмиэ алаастара бу нэлэйэн сытар үһү. Бу суол устун хаста-сүүстэ айаннаабыттарай, алаастара тоҕо иккистээн кэлбитин сатаан өйдөөбөтөхтөр. «Эс, маны ааспыппыт буолбат дуо» дэспиттэр, онтон туруохтара дуо, эмиэ кэпсэтэ-кэпсэтэ алаастарын иккистээн туораабыттар. Эмиэ тыа кэлбит. Онтон алаастара бу нэлэйэн сытар үһү. Дьэ, ыксааһын-долгуйуу буолбут. «Акаары, тоҕо холоругу дьээбэлээбиккиний, эн буруйдааххын» диэн кырдьык-хордьук сэмэлээбиттэр. Хаачыккалара ытаабыт. Хайыахтарай, алаастарын үһүстээн туораабыттар, бу сырыыга күлүү-салыы, мэниктээһин мэлийбит. Кыргыттар истэригэр сурах хоту истэр таҥараларыгар үҥпүтэ эҥин буолбуттар. Арай били холорукка ыстана оонньообут сирдэригэр кэлбиттэригэр Хаачыккалара охтон түспүт. Түөрт атах буолан турбут уонна икки кэлин атахтарын өрө тэбиэлии-тэбиэлии туох эрэ диэн үлүгүнэйэр үһү. Дьүөгэлэрэ, куттанан, балай эмэ тэйэн баран эргиллэн кыыстарын көрөн турбуттар. Хаачыкка туран кэлбит уонна туох да буолбатаҕын курдук таҥаһын тэбэнэ-тэбэнэ: «Тоҕо итиччэ ыраах бардыгыт, кэлиҥ эрэ» — диэн үөгүлээ да үөгүлээ буолут. Кыргыттара киниттэн куттаммыт курдук тураллар, олох кэлбэттэр. Ол икки ардыгар, дьолго, кэлээскэ матасыыкыллаах билэр киһилэрэ элээрдэн кэлбит, кыргыттары олордубут. Хаачыккаттан кыргыттара тоҕо куоппуттарын ыйыта сатаабытыгар «Эйигиттэн куоппуппут, куһаҕан баҕайытык туох эрэ диэн саҥара-саҥара ыстаҥалаан бөҕө буолбутуҥ» дэспиттэр. Ити сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта буолбут түбэлтэни миэхэ соторутааҕыта Хаачыкка бэйэтэ кэпсээбитэ. Уонна ол түөрт атах буолан туран кэлин атахтарынан тэбиэлэммитин олох өйдөөбөтүн туһунан эппитэ. Быһата, холорук моһуоктаабыт буолан тахсар.   Ойуун кэһэппитэ      Сир-сир аайы былыр да, быйыл да иччи-абааһы баарын туһунан дьон-сэргэ элбэхтик кэпсэтэр. Ол сиэринэн биһиэхэ да ол туһунан үһүйээн, номох элбэх.    Бу суруйар үһүйээммин миэхэ, Тылгыны нэһилиэгэр ытыктанар кырдьаҕас, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, элбэх биллэр  ырыа автора, мелодист, сыана бэтэрээнэ, Борисов Павел Павлович кэпсээбитэ.    Биһиги нэһилиэкпитигэр киһи мээнэ саҥарбат улахан кырдьаҕастара сыталлар. Олортон биирдэстэрэ Болооччу ойуун буолар. Дьэ, бу сүдү кырдьаҕас туһунан үһүйээн элбэх. Урут холкуостар саҕана ферма хотонугар сүөһүнү манаан хотоҥҥо хонор харабыл баар буолара. Миитээ, хос аата Мээчик диэн эдэр, мэник-тэник уол онно үлэлиир эбит. Күһүн, биир күн күрэх муҥхатыгар сылдьан баран кэлэн иһэн ити кырдьаҕас уҥуоҕун, дьон буойа сатаабыттарын үрдүнэн, миинэн олорон: «Миигин улуу дьаалы бу киэһэ кэлэҥҥин сиэ»,— дии-дии талаҕынан таһыйбыт.    Киэһэтигэр хотон иһигэр муннукка от тэлгээн, тымтык уматан олорбут. Арай ол олордоҕуна хотон аанынан сарыы арбаҕаһын курдаммыт, маҥан бытыктаах, намыһах унуохтаах, хатыҥыр оҕонньор киирбит уонна чуо киниэхэ кэлэн: «Тукаам, тоҕо куһаҕаннык оонньуугун? Эн ыҥырбытыҥ, мин кэллим»,— диэбит. Киһи эрэ буоллар, Миитээ наһаа  куттаммыт, нөҥүө аанынан таһырдьа ыстаммыт. Уол ол кэннэ хотоҥҥо хонортон кыккыраччы аккаастаммыт, саҥата-иҥэтэ сүтэн, күлбэт-оонньообот буолбут. Устунан мөлтөөн-ахсаан, уҥуох-тирии буолан, быарынан ыалдьан сылдьарын ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар Байбал оҕо сылдьан көрөр эбит. Сиргэ-дойдуга киһи билбэт дьиктитэ элбэх буолар. Мээнэ айдаарар, сиэри-туому тутуспат буолуу, оруо маһы ортотунан тыллаһыы, тосту-туора быһыыланыы сэттээх-сэлээннээх буолар баҕайыта.  Дуня Иванова, Бүлүү улууһун Тылгыны орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ. 2007 с. Тарҕат:
kyym.ru сайтан