Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыытылба тыҥырах эһэ туһунан

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыытылба тыҥырах эһэ туһунан

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
20.07.2023 16:10
Эһэ – Саха сирин тыатын биир дьиктилээх кыыла. Кини манна айылҕаҕа баар адьырҕалартан саамай бөдөҥнөрө. Эһэни ханна үөскүүрүттэн, ол дойду айылҕатыттан, кыылыттан-сүөлүттэн, үүнээйититтэн көрөн, сэттэ көрүҥҥэ араараллар. Ол эрээри, төһө да уратылаахтарын иһин, чинчийээччилэр этэллэринэн, бу кыыл аһа-үөлэ, олоҕо-дьаһаҕа, майгыта-сигилитэ, туттан-хаптан сылдьара үксүгэр биир. Бу кыыл саамай улахана үс миэтэрэ усталаах, үс сүүстэн тахса киилэ ыйааһыннаах. Оттон Саха сирин эһэтэ икки миэтэрэ кэриҥэ усталаах, 150-тан тахса киилэ ыйааһыннаах.      Эһэ үксүгэр өрүс сүнньүнэн, үгүс күөллээх алаас-тайҕа сирдэринэн ордууланар. Киһи сөҕөрө баар: тоҕо эрэ бу кыыллар бэйэ-бэйэлэриттэн көҥөнсүбүттүү ыраах-ыраах ыырданаллар эбит. Ол курдук, күннээҕи олохторугар үөрдээн сылдьалларын көрбүт-истибит да суоҕун кэриэтэ. Арай сүүлэ киирэр кэмигэр үөрдэһэрин уонна ийэ кыыл оҕолорун батыһыннаран мочоохтоһорун туһунан истибит, аахпыт да элбэх.    Эһэ арҕаҕын түҥ тыаҕа, үксүгэр сиҥнибит лааҥкы анныгар оҥостор. Сайын устата баараҕадыйан баадаҥнаабыт бэйэтигэр сөп гына хаһыллыбыт арҕах, холлороон курдук баран иһэн, утуйар сиринэн миэтэрэ кэриҥэ кэтириир. Утуйар өттүгэр сэбирдэҕи, от-мас лабаатын, иирэ талаҕы хомуйан сымнаҕас тэллэх оҥостор. Оттон арҕаҕын үрдэ тыына тахсарын курдук чараас буолар. Онто кырыаран, ардыгар булчуттар хаар анныгар иһийбит эһэни муус кыаһаан буолбут мас лабааларынан сирдэтэн булаллар.    Ол эрээри кыыл эмиэ харыстанар дьоҕурдаах. Биллэрин курдук, киһи да, кыыл да айылҕаҕа дьүөрэлэһэрэ үгүс. Онон хара тыа хаһаайынын ардыгар киһититэн өйдөөһүн эмиэ тоҕоостоох. Холобур, утуйуу араас көрүҥүн ылар буоллахха, утуктааһын, нухарыйыы, нуктааһын, сылык уу, сылам уу, түмэн уу киһиэхэ эрэ буолбакка, кыылга-сүөлгэ, чуолаан, эһэҕэ эмиэ баар диэччилэр. Ол тыйыс айылҕалаах кыыл эйгэтигэр тыыннаах ордуу иһин дьоҕурга кубулуйбут үөрүйэх буолара саарбаҕа суох. Кыыл ону күннээҕи олоҕор, бэл, арҕаҕар утуйа сытан туһана үөрэммит. Биир ахтыыга суруйалларынан, булчуттар сааһыары кыһын кыыл баар сибикитин билэн, анаан-минээн тэринэн кэлбиттэрэ, тыатааҕы обургу дьон сытын 40-ча миэтэрэ сиртэн ылан, онно эрэ оҥойон хаалбыт, отоойкоҕо олордуталаабыт. Оттон киһини чуо арҕаҕар чугаһатар түгэннэрэ куттал суоһаабат диэбит түҥ тайҕатыгар, этэргэ дылы, түмэн уутугар баттата сытарын туоһулуон эрэ сөп. Кыыл аата кыыл, киһи кыаҕын толору өйдөөн суоттаммат, ол да иһин ардыгар соһуччу киирэн биэрэн быстарар буоллаҕа.    Кэтэнэ-манана үөрүйэх баабый кыыл кыстыгар бүтэһиктээхтик киириэн иннинэ, тулатын сылыктаан көрүнэ, суолун оһорунаары маҥнайгы хаары мээнэҕэ кэтэһиэ дуо? Сол курдук сэргэх! Ардыгар киирээт аанын (онтун бэйэтигэр тардан аһар) тиит чөҥөчөгүнэн лип гына сабынан кэбиһээт муохтуур уонна муспут сэппэрээктэринэн суорҕанныы бүрүнэр.    Кыһын. Санаан кэллэххэ, кыылларга, кырдьык да, дьулаан кэм. Хаҕыс халлаан тыына оту-маһы, өрүһү-күөлү ньимиччи тоҥорор, кыыл-сүөл туймаарыйа иһийэн, ойуур көтөрө-сүүрэрэ биллэрдик сэдэхсийэр. Аһылык кэмчи. Ол эрээри айылҕа мээнэҕэ үтүмэн үгүс кыылы-сүөлү айбатах, кинилэргэ чысхаан кыһыны туоруулларыгар дьикти албаһы – утуйуу ньыматын түстээбит. Чинчийээччилэр этэллэринэн, бытархай харамайдар кыһыҥҥы ууларыгар эттэрэ-хааннара тулалыыр эйгэ суоһугар тэҥнэһэ сыһан, сүрэхтэрин тэбиитэ уон төгүл аччыыр. Оттон тыатааҕы сыата оһох суоһунуу сылытан, ол суотугар амырыын тымныыны этэҥҥэ туоруур. Улуктуйбут уутуттан уһуктарыгар онто (үс илии халыҥ сыата) көҕөрүөр диэри чарааһыыр үһү. Чысхаан тымныыга биэс ыйы быһа хорҕойон, тугу да аһаабакка-сиэбэккэ, хойуу-убаҕас таһаарбакка иһийии – улахан кыахтан тахсар! Ити эмиэ айылҕа биир дьиктитэ. Бу холоон көрүүгэ эһэ этин-сиинин эрдэттэн бэлэмниир. Ол курдук, арҕаҕар киириэн иннинэ сайын устата сыатын мунньунан, өлгөмнүк эгэлгэ сир аһын: отону, сугуну, тэллэйи, көтөр сымыытын, кыыл этин сиир. Охтубут маһы сыҕарытан чиэрбэни булар, сыалаах мастар туораахтарын итигэстиир, кымырдаҕас уйатын тарыйан иҥсэлээхтик салыыр.  Итии дойдуларга мүөттээх ыҥырыа уйатын хасыһарын, балыктыырын сөбүлүүр. Дыыгынас ыҥырыалары иһиллээн булаат, ыҥырыа уйатыттан мүөтүн таҥас курдук имигэс уһун тылынан чупчуруйан оборон ылар. Ол сылдьан ардыгар алҕаһыыр: тэлэгэрээп куугунас боруобатын ыҥырыаҕа күтүрээн, остуолбаҕа хатаастан тахсан уот боробулуохатын салаан улаханнык ороскуотуруон сөп. Ким эрэ уурбут туутун буллаҕына балыгын сүөкээт, туутун төттөрү илдьэн угар, онон тугу гыммытын билэр өйдөөх. Кэпсииллэринэн, туу тылбыытын кыайан туура тардыбатаҕына эһэ хаһыырбат, арай, эдэр эһэ кыйаханан тууну үлтү тэпсиэн сөп үһү. Үгүс киһи кэпсээниттэн сирдэттэххэ, балыктаах күөлгэ эһэ саҕа булчут суох. Кыстыыр “оттугун” булунар кыһалҕатыттан тыатааҕы араас албаһы туттар. Ол курдук, ыам саҕана күөл кытыытыгар кутаны тимирчи баттаан, көмүс хатырыктааҕы кэтээн хамсаабакка олорор. Кута үрдүгэр балык муһуннаҕына, сылбырҕатык кытыыга ыстанар, оччоҕо уу баран, кута үөһэ дагдайан, балык барахсан барар-кэлэр кыаҕын сүтэрэн кутуругунан оту таһыйа хаалар. Ону тыатааҕы иккистээн киирэн дэгиэ тыҥырахтарынан иилэ хабан итигэстээн сиир диэн “Эһэ туһунан” кинигэҕэ суруллар. Дьэ, ол сылдьан кыстыыр сыатын мунньунар, онто быһа холуйан 40-тан тахса киилэ буолар. Оттон кыайан дьаһамматах өттө, торҕон аатыран, аһылык көрдөөн арҕахха кыайан киирбэккэ, көрсүбүт кыылга-сүөлгэ, киһиэхэ да улахан кутталы үөскэтэн, үксүгэр сонорго түбэһэн өлөр.    Биллиилээх суруналыыс, айылҕаны кэтээн көрөөччү В.Песков суруйуутунан, арҕаҕар киириэ ый аҥаарын иннинэ кыыл аҥаардас мутугунан, мас силиһинэн аһылыктанан, онто мастыйан оһоҕоһун бүөлээн, кыһын устата кини этиттэн-хааныттан туох да тахсыбат. Салыҥа куртаҕын баттаан, эһэ аска наадыйбакка, тот курдук сананар. Салыҥа аҕыйаатаҕына кыыл ытыһын салаан ааспытын-туорбутун аһарар диэн зоологтар чинчийиилэригэр олоҕуран В.Песков суруйар. Ол курдук чысхаан кыһыны туорууругар үйэлэр тухары этэ-хаана туруулаһа, эрчиллэ, эһэ кыыл быһыытынан эстибэккэ күн бүгүнүгэр диэри сылдьар.    Оттон кыыл киһиттэн туох сүрүн уратылааҕый? Сорохтор эһэни айылҕаттан ылар эрэ айылгылаах дэһэллэр, оттон икки атахтааҕы айар дьоҕурдааҕынан кыыл эйгэтиттэн лаппа чорботоллор. Кырдьык да, киһи өйүнэн айан ордугу ыла сатыыр буоллаҕа! Айар дьоҕурдааҕын иһин таҥара киниэхэ элбэҕи көҥүллээбит диэн уос номоҕо буолар.    Ити эрээри, ама, эһэ (атын да кыыл-сүөл) ылар эрэ айылгылаах буоллаҕай? Былыр-былыргыттан киһи кыылы кэтээн көрөн элбэҕи толкуйдуу үөрэммит, билбит буолуон сөп. Ону биһиги үгүс үһүйээннэргэ, номохторго, остуоруйаларга көрөбүт.    Аны “Ыт уонна эһэ” диэн саха былыргы остуоруйатын ылан көрүөҕүҥ. Таҥара аан бастаан ыты, онтон эһэни айбыт. Ыты мөлтөх гынан баран өйдөөх, эһэни күүстээх гынан баран өйүнэн мөлтөх оҥорбут. Эһэ төһө да күүстээҕин иһин кыайбата, саллара элбэх эбит. Тугу барытын туура-хайа тутуох бэйэтэ эрбэҕэ суох буолан сарбыллыбыт. Ол иһин биирдэ таҥараттан эрбэх биэрэригэр көрдөспүт. Онуоха ыт: “Эһэҕэ эрбэх биэрэр буоллаххына, миэхэ саата аҕал”, — диэбит. Таҥара толкуйдуур: эһэ эрбэхтэннэҕинэ аан дойдуну алдьатыыһы, ыт сааланнаҕына хамсыыры-харамайы эһииһи. Итинник толкуйдаан баран эрбэх да, саа да биэрбэтэх. Дьиҥэр, бу остуоруйа ыт да, эһэ да туһунан буолбатах, бу кэпсэнэр кыыллар олоҕу өйдүүрбүтүгэр биһиэхэ төрүөт эрэ буолбуттар. Остуоруйаҕа киһи толкуйдаан баран, өйү талбытын туһунан этиллэр диэтэххэ, ким да омнуолуо суоҕа.    Ити курдук, үйэлэр тухары кыыл аймах, чуолаан, аар тайҕабыт тойонноотор тойоно эһэкээн барахсан баара киһи аймахха сүҥкэн суолталаах. Тарҕат:
kyym.ru сайтан