Кэпсээ
Войти Регистрация

Эбэм барахсаны санаан кэлэбин

Главная / Кэпсээн арааһа / Эбэм барахсаны санаан кэлэбин

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
08.07.2021 16:24
Мин куукунаҕа түбүгүрэбин, эбиэтим эрдэ буһан бэлэм буолуохтаах. Сиэним кыыс үөрэҕин быыһыгар киирэн аһаан барыахтаах. Сиэннэрим барахсаттар – олохпун толору дьоллуур дьонум, кырдьар сааһым дуоһуйуута буоллахтара. Сотору-сотору көрбөтөхпүнэ, сүрдээҕин суохтуубун, ахтабын. Төрөппүттэрэ оҕо иитиитигэр олус кичэллээхтик сыһыаннаһаллар, хонтуруол кытаанаҕа. Билиҥҥи уустук кэми аахсар буоллахха, ол сөп даҕаны.      Оттон биһиги, аһаҕас хонууга быкпыт от кэриэтэ, биир үксүн айылҕа төһөнү-хаччаны биэрбитинэн, олоххо тардыһыы күүһүнэн, үчүгэйи-куһаҕаны бэйэбит хайдах өйдүүрбүтүнэн, аҕа саастаах дьон үтүө сүбэтин сороҕун ылынан, сороҕун долоҕойбутугар туппакка сыыһаны-халтаны оҥорон, сирэлийэн-бурулуйан улааппыппыт.    Миигин уонна ийэм убайын уоллаах кыыһын (эдьиийдээх убайбын) эбэбит көрөрө-истэрэ. Кинилэр ийэлэрэ ыалдьан өлбүтэ, оттон миигин, биир ыйдаах кыыһы, төрөппүттэрим хаалларан, хомсомуол ыҥырыытынан хоту дойдуга үлэлии барбыттара. Онон эбэбит 60 сааһыгар үс оҕолоох хаалбыта. Үһүөн алтабытыгар диэри саастаахпыт. Ону таһынан кэргэннэнэ илик кыра уола уонна тулаайахтарын аҕата – улахан уола бааллара. Ол курдук, сүөһү-ас, оҕо-уруу, дьиэ көрүүтэ -- барыта эбэбит дьарамай санныгар сүктэриллибитэ. Төһө да кыра буолларбын, ол өрдөөҕү кэми чуолкайдык өйдүүр курдукпун. Ону, кырам бэрт буолан, өйбүнэн буолбакка, “эппэр-хааммар, дууһабар иҥэн хаалбыт өйдөбүлбүнэн” диэн сылыктыыбын.    Биһиги чугас ыал оҕолоруттан итэҕэстик санаммакка, көҥүллүк улааппыппыт. Оҕо оҕо курдук кыраттан үөрэн, кыраттан хомойон. Эбэбит мөҕөн, накаастаан эрэрэ өйбөр ончу суох. Баар да буоллаҕына, ону өйдөөбөт эбиппин. Ол да буоллар биһигини хаһан да тараҥнаппата, убайдаах таайым буойдахтарына, утары саҥарбата. Утуйар саҕана эбэбит хоонньугар, атаҕар сытар улахан үөрүү буолара. Наһаа үчүгэйдик, киһи тэҥэ суох дьоллоохтук сананан эбэм хоонньугар киирэрбин бу баардыы өйдүүбүн. Дьэ, ол буолар – эбэбит барахсан сөҕүрүйбэт өйдөбүлү хаалларбыт таптала. Эдьиийим этэринэн, оннук “поблажканан” үксүн кыра киһи, мин, туһанар үһүбүн.    Киэһэ аайы эбэбит ынаҕын ыы таҕыстаҕына, биһиги оттулла турар оһох иннигэр ыскаамыйаҕа кэккэлэһэ олорон, эбэбитин күүтэрбит, ким да саҥарбат этэ. Киирдэҕинэ, икки өттүттэн үөрүү: эбэбит – оҕолоро этэҥҥэ олороллоруттан, биһиги – эбэбит киирэн үөрэриттэн. Сэлиэнэйдэргэ кутуллубут ыаммытынан сылаас үүтү ыймахтыырбыт. Онтон дьоммут үлэлээн кэллэхтэринэ, алтан сылабаартан эбэбит минньигэстэн минньигэс үүттээх чэйин кутара. Сарсыарда эбэбит күөрчэх ытыйан, биһилэҕэ ытык тутааҕар охсуллар тыаһа билигин да кулгаахпар иһиллэргэ дылы.    Күнүс ыалларбыт оҕолорун кытта баҕарбыт тэлгэһэбитигэр оонньуурбут, ким да мөхпөт-эппэт этэ. Сайын мастар күлүктэриттэн сылтаан хаһан да сылыйбат үрэх уутугар уоспут көҕөрүөр диэри сөтүөлээн чомполонорбут. Ол быыһыгар, алтан сибэкки тулалаах төгүрүк күөлбүт далаһатыгар мундуускалары күөгүлүүбүт. “Бултаабыт” аспытын күөстэнэр дьиэҕэ арыылаах хобордооххо ыһаарылаан сырылатабыт. Сайын эрдэ күөх луук, кииһилэ, онтон хаптаҕас, сугун, отон хомуйуута кэлэр, олору тута айахпытыгар утаарабыт. Кыайарбытынан көмөлөһөбүт, ыаҕастарынан уу баһабыт, ынах хомуйабыт.    Көҥүл сылдьарбытын эбэбит бопсубат этэ. Кини буһарар лэппиэскэтин саҕа минньигэс аһы билиҥҥэ диэри амсайа иликпин. Билигин бэйэм оҥорбут лэппиэскэбин оҕолорум сөбүлээн сииллэр да, амтана эбэм киэнигэр тиийбэтин бэркэ билэбин.    Бу курдук оскуола иннинээҕи оҕо сааһым ааспыта. Эбэм кырдьыбыта. Убайдаах эдьиийбин аҕалара ылбыта. Миигин төрөппүттэрим ыла кэлбиттэрэ. Бу иннинэ сөмөлүөтү харахтаан да көрбөтөх эбэм биһигини кытта хоту дойдуга көтүспүтэ. Оҕолоро, аймахтара “кырдьаҕаскын, ыраах айаны уйуоҥ суоҕа” дииллэрин истибэтэҕэ. Бэйэлэрэ ииппэтэх, улаатыннарбатах оҕолорун төрөппүт ийэлээх аҕата атаҕастыахтара диэн барсыбытын мин, оннооҕор, оччолорго өйдөөбүтүм.    Эбэм ол дойдуга өр буолбатаҕа, килиимэтэ сөп түбэспэккэ, ыалдьан төннүбүтэ. Кини кэнники, биһиги суохпутуна, өлбүтэ. Аттыгар суохпутуттан эбитэ дуу, үһүскэ эрэ үөрэнэр кыра оҕо буоламмын дуу, хайдах киһини сүтэрбиппин анааран өйдөөбөтөҕүм.    Билигин эдьиийим – саамай чугас киһим, сааһырбыт “чүөчэни” билигин да такайар. “Оҕоҕун (ол аата миигин) өрүү көрө-истэ сылдьаар” диэн эбэм эппит кэриэһин толорор. Ити курдук, эбэм сылаас таптала олоҕум устата баарын биллэрэр. Киһи олоҕо эриэ-дэхси буолбатын курдук, мин да элбэх моһолу, ыараханы көрсүбүтүм, сороҕор киһи тулуйуо суох түгэннэрэ, сап саҕа көмө наадата тирээн кэлээччи. Оннук күннэр булгуччу үүнэллэрэ. Дьэ, онно билэрим – эбэм үйэ-саас тухары иҥэрэн ыыппыт көстүбэт күүстээх тапталын сылааһын. Оҕо сааспын, хаһан эрэ эбэм ыарытыйарын, сылайарын кэрэйбэккэ мин туспар сүрэҕэ ыалдьарын санаан кэлэрим. Ол миэхэ күүс угара, эбэм тапталын таҥнарбат туһугар саппаҕырбыт, санньыйбыт санааларбын антах кыйдыырым.    Эбээ, күндү киһим, барҕа махтал эйиэхэ, олохпор баар буола сылдьыбыккар. Баарым тухары эн биһигини, миигин кытта өрүү бииргэ буолуоҥ.
kyym.ru сайтан