Кэпсээ
Войти Регистрация

Бастакы тапталлар ханна тиийдилэр?

Главная / Кэпсээн арааһа / Бастакы тапталлар ханна тиийдилэр?

K
05.03.2020 17:54
Татыйаана, 27 саастаах: – Биһиги куорат оскуолатыгар биир кылааска үөрэммиппит. Володя кылааспыт баар-суох кырасаапчыга буолан, кыыс үксэ кистээн таптыыра. Кинини тохсус кылааска тахсан баран, дьэ, олох атыннык бэлиэтии көрбүтүм. Сайыҥҥы сынньалаҥ иһигэр эт туппут, оттомурбут Володяны кытта аны охсуспат, саатар, дьээбэлэспэт-хаадьыласпат да буолан хаалбыппыт. Хата, онтон сылтаан үөрэхпэр наһаа кыһалларым, бастыҥ үөрэнээччи кэккэтигэр киирэ сатыырым. Володяны физикаҕа, математикаҕа куоһарааччы аҕыйах этэ. Олимпиадаларга кини наар бастыыра. Дьэ, ол иһин Володяттан хаалымаары үөрэнэ сатыырым, кини сылдьар сиэксийэлэригэр: саахымакка, дуобакка, волейболга суруйтарбытым. Биирдэ эмэ: «Бөтүрүөбээ!» — диэн миигин үөгүлээн ыҥырдаҕына, испэр олус долгуйарым, бэл, салыбырыы түһэргэ дылы буоларым. Кыра эрдэхпиттэн кимиэхэ да кистэлэҥмин кэпсии үөрэммэтэх, наар бэйэбэр бүгэ сылдьар буоламмын, Володяны таптаабыппын ким даҕаны уорбалаабатаҕа. Оннук үөрэнэн бүттэхпит дии. Оҕолор бары атын-атын үөрэххэ туттарсан, ким ыал буолан суолбут тус-туһунан салаллыбыта. Володя Новосибирскайга экэнэмиис үөрэҕэр киирбитэ, онтун бүтэрэн кэлэн өрөспүүбүлүкэҕэ тос курдук тэрилтэҕэ үлэлиир сурахтааҕа. Арай быйыл сайын “кылааһынан көрсөбүт” диэн буолла. Оччотооҕу орой-мэник сааспыт, оскуолабыт сыллара ааһа охсубуттара номнуо уон сылын туолбут эбит. Мин симик тапталым күн-дьыл күүгэнигэр кубулуйан туманныра быһыытыйбыт. Туолбатах ыра санааларбыттан кыра хомолто күлүгэ сүрэхпэр хоммут курдуга. Ол иһин да буолуо, бу көрсүһүүттэн олохпор улахан уларыйыыны күүппэтэҕим. Сыччах кыргыттарбын кытта көрсөөрү, кинилэр хайдах уларыйбыттарын олус интэриэһиргиирбиттэн бу көрсүһүүгэ барарга санаммытым. Куорат дьахтара буоллаҕым дии, онон кыргыттар киэргэнэн аҕай кэлэллэрэ буолуо дии санаан, саҥа былаачыйа атыыластым. Парикмахерскайга сылдьан баран, уон сыллааҕыта бэркэ билэр оскуолам тимир киппэ аанын тэлэччи астым. Киһи бөҕө мустубут, кэккэлэһэ кылаас оҕолоро эмиэ кэлбиттэр. Кылааспыт оҕотун улахан аҥаара кэлбит эрээри, Володя тоҕо эрэ көстүбэт. Чэ, мин улаханнык онтон хомойо барбатым. Кэмниэ кэнэҕэс Натааны, Оляны, Маринаны көрүстүм, уубутугар-хаарбытыгар киирэн кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буоллубут. Илиибэр бакааллаах сампааны тутан туран, хайа эрэ түгэҥҥэ кэннибин хайыспытым, Володя турар эбит. Бакаалбын чуут, ыһыкта сыстым. Олус да тупсубут, кини... Хайдах эрэ долгуйдум, төҥкөх гынан «дорооболоһорбун» биллэрдим уонна, айабыын, төттөрү хайыстым. Киһим биһиги аттыбытыгар субу ойон кэллэ. — Привет, Таня! Эн олох уларыйбатаххын дии, өссө эбии тупсубуккун, — диэтэҕэ үһү. — Оо, привет, эн эмиэ тубустар-тупсан иһэр эбиккин... — диэн кэбистим, эбиитин, хантан киирбит сытыым эбитэ буолла, – бүгүн Мариналаах даачаларыгар барсаҕын дуо? — диэн чап гыннардым. — Барыахпын соччо баҕарбатаҕым, билигин эн кэлбитиҥ иһин барсарга сананным, — диэн соһуппута. Ол күн Володялыын аан бастаан умуллубут кутааны күөдьүтэн биэрэ-биэрэ сарсыардааҥҥа диэри кэпсэтэ олорбуппут. Билигин буола турар түгэни итэҕэйбэппин. Арааһа, “мүөттээх кэрчик” диэн маны этэллэр быһыылаах. Дьүөгэлэрим «сотору ааһыа» дииллэр да. Мин саамай дьоллоох Татыйааналартан биирдэстэрэ буолабын. Урут сүтэрбит тапталбын саҥа кэлэн көрсүбүт курдукпун. Мин кинини олох
билбэт эбиппин, көмүспүн, чыычаахпын, Володябын... Маша, 25 саастаах: — Соһуйума, сөп дуо: миэхэ бастакы тапталым суох ээ. Быһата, хаһан да кими да таптаан көрө иликпин. Тоҕо диэтэххэ, олоҕу хайдах баарынан ылынабын. Чэ, ол эрээри сөбүлүү көрөрүм да ханна барыай. Ол гынан баран сөбүлээбит киһим икки-үс хонугунан көннөрү киһиэхэ кубулуйар. Кини эмиэ атын дьон курдук үгүс кыһалҕалааҕын, туспа олохтооҕун, аһыырын, сылайан, айаҕын атан баран, утуйан хааларын биллим да интэриэһим мэлис гынар. Тоҕо оннугун билбэппин. Арай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биир уолу астына көрөрүм эрээри, таптаан эрэйдэммиппин, күнүүлээбиппин төрүт өйдөөбөппүн. Билигин кими таптыахпыный. Үлэ — дьиэ, үлэ — дьиэ. Бииргэ алтыһар доҕотторум, үөлээннээхтэрим, кэллиэгэлэрим олус чуҥ-куктар. Дьиэбэр эр киһини ыҥыран арамаантыкалаан, эрэстэрээннээн күүлэйдиэм кэриэтин ванналанан баран, суорҕаҥҥа ыга суууланан тэлэбиисэр иннигэр олорон аһаабытым көнө. Игорь, 21 саастаах. — Мин элбэх кыыһы таптаан эрэйдэммит киһибин. Сылга, кырата, иккитэ күүстээх иэйиигэ ылларан утуйар уум көтөр, тапталлаахпар харчы бөҕөтүн матайдыыбын. Тоҕо эрэ бастайааннайа суохпун. Онтубуттан бэйэм да улахан эрэйи көрөбүн. Саҥаттан саҥа, кэрэттэн кэрэ. «Бу хайатааҕар атын хайа үрдүк», — дииллэр буолбат дуо, син ол кэриэтэ. Тапталым арыт табыллар, арыт «кэннигэ тэбиллэбин». Улааппыт нэһилиэкпэр сыалай 4 тапталлаахпын. Арай биирдэ Үөһээ Бүлүүттэн сылдьар кыыһы таптаан кэбистим. Онтум оруобуна мин дэриэбинэбиттэн сылдьар кыыһы кытта бииргэ үөрэнэр буолан биэрдэ. Үөһээ Бүлүү кырасаабыссата ол кыыстан мин туспунан ыйытааччы буолбут. Анарааҥҥыта: «Ээ, пахай, баабынньык, наадыйыма, начаас ыккардыгар туһанан баран быраҕыаҕа» диэн харахтарыыстыкалаабыт этэ. Бүттэхпит ол. Ол гынан баран бэйэбин алдьархайдаах «мачо» тэҥэ сананабын. Биирдэ биир көрбүөччү этэн турардаах: «Эн улахан уйулҕа охсуутун ылбыт эбиккин. Оҕо сырыттаххына, ким эрэ улаханнык атаҕастаабыта дуо? Кыргыттары тоҕо бэрчээккиҥ курдук уларытаҕын?» —диэбиттээх. Ол кэннэ толкуйдаан көрдөхпүнэ, кырдьык, охсууну ылбыт буолуохпун сөп эбит. Оскуолаҕа сылдьан учууталбын таптаабытым. Екатерина Александровна биһиэхэ математиканы үөрэтэ кэлбитэ. Дэриэбинэ уһугар турар кыракый дьиэҕэ олохсуйбута. Оскуолаҕа араастаан эрийсэ сатаан баран, биир үтүө күн куобах кэһиилээх дьиэтигэр тиийбитим. Оннук кыһыны быһа тиийэр буолбутум. Аан бастаан кинилиин утуйбутум. Өссө оскуолабын бүтэрдэхпинэ кэргэн ылыах буоларым. Бу сыһыаммытын кимиэхэ да эппэккэ чып кистиирбит. Биирдэ саас кустуу киирэн баран, санаам буолбакка, ахтан аҕай киниэхэ тиийбитим — аармыйаттан саҥа кэлбит Торопуун ааны аспыта. Курданарыгар диэри сыгынньах этэ. Ханна эрэ дьиэ түгэҕиттэн Катя: «Ааны кимиэхэ астыҥ?» — диэн сөбүлээбэтэх саҥата ньааҕынаабыта. Ол дьиэттэн хайдах тахсыбыппын өйдөөбөппүн, аара суолга баран иһэн тыа быыһыгар киирэн ытынан кэбиһиэхпин баҕарбытым. Дьиҥэр, Торопууну ытыахтааҕым эбитэ буолуо. Хата, киһи буолар быабар, оннук гымматах эбиппин. Катя икки эрэ сыл үлэлээн баран, кирдээх, күүлэйдьит дьахтар аатыран, саакка-суукка, кэпсэлгэ киирэн нэһилиэкпититтэн барбыт этэ. Ханна эрэ ойох тахсан олорор дииллэр.
Оҕоломмут эҥин үһү. Стелла, 41 саастаах: — Бастакы таптал саамай күүстээх дииллэр. Кырдьык, оннук быһыылаах, хаһан да ааспат... Мин, баҕар, олохпун бэйэм алдьаппытым буолуо диэн, кэлин саныыр буоллум ээ. Баччааҥҥа диэри кэргэнэ суох сылдьабын, аҥаардас-тыы биир киһини таптыыбын. Хаһааҥҥыттан таптаабыппын чуолкайдык этэр кыаҕым суох. Дьиҥэр, хойутуу таптаабытым, үөрэхпин бүтэрэн баран. Уруккуттан билэр киһибин. Кини миигин таах туһанарын билэ-билэбин. Акаарыбар, хаһан эмэ арахсыа дии санаабытым. Стас кэргэннээх, икки уол оҕолоох. Сүүрбэччэ сылы быһа ыйга иккитэ-үстэ көрсөбүт, көннөрү күҥҥэ таах төлөпүөнүнэн кэпсэтэбит. Маҥнай ол да миэхэ сөп курдуга. Арай оҕолоннохпуна, кини миэхэ баайыллыа диэн санааттан 29 саастаахпар уол оҕоломмутум. Оҕолонноҕум утаа киһим төрүт да сүтэн хаалбыта. Онтон сыл аҥаарынан биирдэ итирик тиийэн кэлбитэ. Владик оскуолаҕа үөрэнэр. Аҕата улаханнык наадыйбат, «уолбар» диэн биирдэ эмэ, саатар, биэс солкуобайы «дук» гына илик. Хата, үлэтиттэн хойутаан Хатаска айаннаабатах күнүгэр миэхэ хонор. Аны туран, атын эр киһини туох да иһин чугаһаппат. Дьүөгэлэрим бары миигин акаарыгын дииллэр. Ол гынан баран биирдэ эмэ кэлэн барара ордук курдук, туох да атын кыһалҕа суох, барыта судургу. Кинини иитэн, таҥыннаран, тулуйан олорор буолбатахпын. Ардыгар мин эмиэ туспа дьиэлээх, элбэх оҕолоох, испэт-аһаабат, чиэһинэй үлэһит эрдээх буолуохпун баҕарабын. Дьүөгэлэрим сорохторо сиэннээхтэр, хаһан да чуҥкуйбаттар, кими да кэтэспэттэр. Ону туораттан ымсыыра көрөбүн, хайыыр да кыаҕым суох буолаахтаатаҕа. Игнат, 67 саастаах: — Маҥнайгы таптал диэни билигин эйиэхэ «маннык этэ» диэн кэпсиир, өйдүүр кыахпыттан тахсыбыппын. Олохпор баар-суох соҕотох тапталым – кэргэним Ааныска этэ. Үс сыллааҕыта өлөөхтөөбүтэ. Тапталы көннөрү үөрэнсэн хаалыы, убаастабыл диэн этээччилэр. Ол гынан баран мин итиннэ отой сөпсөспөппүн. Төттөрүтүн, таптал олорон истэх аайы ордук арыллан, күүһүрэн иһэргэ дылы. Санаан көр, сарсыарда, күнүс, киэһэ эн аттыгар сылдьар аҥаарыҥ — номнуо бэйэҥ кэриэтэ буолбут чугас киһиҥ аны суох... Аанысканы көрөн эрэ буолбатах, санаалыын курдаттыы тардыһан таптыырым. Кини бүтүн бэйэтигэр суураллан хаалбыппын, кини санаатынан саныыр, олох туһунан толкуйдуур буолбуппун. Киһи өллөҕүнэ сүтэр, буорга көмүллэр. Оттон истиҥ таптал хаһан да сүппэт эбит. Күннэтэ оҕолорум, сиэннэрим кыра ситиһиилэринэн үөрэбин, дьоллонобун. Ону Ааныскам эмиэ билэр дии саныыбын, мин санаабытым, астыммытым киниэхэ эмиэ тиксэр, бэриллэр, тиийэр дии саныыбын. “Ааныскам баара буоллар, маны гыныахпыт этэ, ону гыныахпыт этэ” диэн толкуйдуу олорон, соһуйан, туран кэлээччибин. Өссө да уһуннук олоруох кэриҥнээхпин, Ааныскам барытын көрө сылдьара буолуо. Саас харалдьык таҕыста да, халдьаайыга тахсан кинини кытта кэпсэтэбин, кыһыны хайдах туораабыппытын, сүөһүлэрбитин, сиэннэр эксээмэҥҥэ хас сыананы ылбыттарын. Оннук сайыны быһа. Оттоон кэлэн иһэн эҥин. Бэл, оҕолорум: «Бу оҕонньор, кылабыыһаҕа туох айылааҕын тиэстэн хааллыҥ, сирдээҕи олоҕуҥ сарыытын алдьатаҥҥын», — диэн аньыыргыыллар. Чэ-чэ, ити курдук... Алла ЧЕРЕМКИНА.
kyym.ru сайтан