Кэпсээ
Войти
Регистрация
Охсуулаах сибэниэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Охсуулаах сибэниэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
27.02.2020 11:37
Көмүс күһүн кэллэ. «Сир аһа быйыл хойуутук үүннэ» дэһэллэр. Оту да кыайбыттар. Биири дьиктиргиэххэ сөп: тыаҕа баччаларга ким да оттообот буолбут. Оттон урут, 70-с сыллар ортолорун диэки, тэрилтэлэртэн «ударнай сибэниэлэри» тэрийии, хаар түһүөр диэри оттотуу сүрдээх этэ. Бойобуой листок, үлэ хаамыытын туһунан чиҥ-чаҥ арааппар биир кэм ытыллан олороро. Адьас кыргыһыы субуоккатын биэрэр курдук араадьыйа-тэлэбиисэр хайда сыһара. Спорт кэмитиэт тэрилтэтиттэн алта киһини ыытар буолбуттара. Бары даҕаны оту-маһы тардан көрө сылдьар тэтиэнэх ыччаттар этэ. Тыаттан төрүттээх буолан, от үлэтэ диэни бэркэ билэллэрэ. Ону таһынан спорт үлэһитэ буолалларынан, от охсуутугар өрөспүүбүлүкэҕэ күрэхтэспит дьон кытта бааллара. Холобура, Оппуонньа, кырата, гааны охсорун киһи барыта билэр. Кэмитиэккэ өтөрдөөҕүтэ үлэҕэ киирбит хоту дойду Куочаанайа да сыстаҕас быһыылаах: хотуурун оҥостубута мааны. Биригэдьиирдэрэ Ньукулай, уруккута Сойууска бастыы сылдьыбыт тустуук, хара күүһүнэн биликтээн төһөнү баҕарар охсор кыахтаах. Арай Сэмэннээх Сэргэй араа-бараалар: оннук аһара гааһыт да аатырбаталлар, дойдуларыгар куһаҕана суох хотуурдьут этилэр. Этэрээккэ Лидия диэн түөрт уончатыгар чугаһаабыт, уруккута многоборьеҕа элбэх ситиһиилээх спортсменканы асчытынан анаатылар. Эрэ, оҕото суох, ылбычча киһиэхэ күүһүнэн кыайтарбат тэтиэнэх дьахтар. Кими баҕарар кытта уҥа-хаҥас дайбаһар кыахтаах. Бу сибэниэҕэ бэйэтэ тылланан анаттарбыта. Атаарыы саҕана горисполкомҥа ыҥыран приемнаатылар. Үрдүк сололоох тойоттор хас биирдиилэрин кытта илии тутуһа-тутуһа ситиһиини баҕардылар. Куораттан маннык уонча ударнай этэрээт тахсар эбит. Кыайбыт сибэниэҕэ миэбэл уонна ахсыларынан көбүөр пуондата тиксиэҕэ диэн эрэннэрдилэр. Икки нэдиэлэ оттуохтаахтар. Тэрилтэлэрин боропсойууһа кутугунайан, өйүө-тайаа тэрийдэ, сирдэрин-уоттарын аһатарга диэн, киһи мыыммат утаҕын мас таараҕа ыадатан аҕалан иннилэригэр уурда. * * * Өлүөнэ өрүс арыытыгар самоходканан мөлбөтөн таһаардылар. Сирдэрин үллэрдилэр. Сэргэйдээҕи кытта атах тэпсэ «Якутзолото» 6 киһитэ түстэ. Ол дьон син тойон-хаан көрүҥнээхтэр: астара-үөллэрэ да баһаам, спортарга тэҥнээх буолсу дуо – ырааҕынан баһыйар. «Кыраадыстаахтара» барыта – биэстии сулустаах ханньаак. Бу дьонуҥ кэпсэтиилэрэ диэн оһуобай быһыылаах: манна кэлсибит олохтоох сопхуос салайааччыларын кистии-саба биир кэм күндүлээ да күндүлээ буолаллар. – Дьуоскалары, көрбөккүт дуо, албыннаһан эрдэхтэрин! Сымыйанан оччону-баччаны оттоотубут диэн ыспыраапка ылар буоллулар, – Ньукулай, чахчы, абаламмыт куолаһынан быһыта-орута саҥарбахтаата. Оттуохтаах сирдэрэ, дьэ, үүммүт аҕай. Сэргэй маннык хойуу оту хаһан да харахтыы илик буолан, сөҕүү бөҕөнү сөхтө. Урут оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына, аҕата букатын да халтаҥ сири оҕустарар эбит. Оҕустаҕына, ото, мэктиэтигэр, хаптас гынан баран, сонно туран кэлэргэ дылы буолара. Эбиитин, сыппах хотуур буолан, эр сэнэҕэ эстэрэ. Аҕата да хайыай – сопхуос итинтэн атын сири биэрбэтин кэннэ. Икки балаакканы тартылар. Иккиэннэригэр тимир оһохтоох. Биирдэригэр бородуукталарын дьаарыстаатылар. Дьиҥэр, асчыт буолан, Лидия манна утуйуохтаах. Ол эрээри «телохранитель хайаан да наада, куттала бэрт, түүнүн таһыттан ким баҕарар кэлэн буоккабытыгар суудайыа» диэн, уочаратынан дьуһуурустуба олохтонно. Манна хоммут киһи сарсыарда эрдэ туран
уот оттуохтаах, үлэҕэ барыар диэри Лидияҕа көмө-имэ буолуохтаах. Киэһээҥҥи боруорга мас таараларын «остуол» гынан аһыырга тэриннилэр. Эрдэттэн сүбэ быһыытынан 2 бытыылка иһиллиэхтээх. Аал уоттарын биригэдьиирдэрэ Ньукулай алҕаан аһатта. Уот үөрбүт-көппүт курдук, үөр кыымын үөһэ диэки ыһан күдээриттэ. Күһүҥҥү хараҥаҕа, чугас эргин ким да суох сиригэр маннык олорор үчүгэй да эбит! Билэр ырыаларын тардан кэбистилэр. Бары да сахалыы ырыаны билбэхтэһэр эбиттэр, ыллыыллара да ааттаах. Кэмитиэккэ быйыл саҥа үлэлээн эрэр Сэргэй улаханнык сөхтө. Бэл, аҕа табаарыһа Оппуонньа ырыа абылаҥар ылларан хараҕа уоттаммыт. Оттон Лидия хайа ыккардыгар таҥаһын уларыттыбыта буолла: бүтүннүү ыга тута сылдьар спортивнай ыстааннаах, быһыы-таһаа мааны. Сэргэй барбах испит буокката бэлиэр төбөтүгэр тахсан, иэйиитэ киирэн, букатын атын эйгэҕэ тиийдэ. Устунан «Лидияҕа бүгүн миигин дьуһуурунайынан хоннороллоро буоллар» диэн санаталаата. Онто тулуппакка: — Дьэ, ким бу түүн астаах балааккаҕа харабыл буоларый? – диэн ыйытта. — Хайдах «ким» буолуой?! Биригэдьиир мин буоллаҕым дии, – тустуук Ньукулай тыыллаҥнаан, лачыгырас быччыҥнарын сүүрэлэттэ. Бары даҕаны саҥата суох бардылар. * * * – Чэ, гааһыттар, бастааҥ. Оол көстөр талах туһаайыытынан хайытан кунайдаабытынан барыҥ, – диэн биригэдьиир дьаһайда. Оппуонньалаах Куочаанай «иһиттибит-истибэтибит» диэбиттии, уҥа-хаҥас хоккуллан, дайбаабытынан бардылар. Бугуһуйбуттара сүрдээх. Хайдах курдук кыахтаахтарын көрдөрөр санаалара да баһыйар быһыылаах. Соҕотох дьахтар Лидия да истэригэр үчүгэй буолуо этэ эбээт. Күнүскү омурҕан кэнниттэн былаан уларыйда. Гааһыттар тус-туспа баран охсор буоллулар. Онон Ньукулай, Сэмэн, Сэргэй буолан бииргэ сылдьаллар, оттон Оппуонньалаах Куочаанай атын-атын сиргэ охсоллор. Бу – мындыр дьаһал буолла. Бэйэ-бэйэни сырса, күрэстэһэ сатаан эт быстыбат. Гааһыттар төһө да тус-туспа сырытталлар, харахтарын бэйэ-бэйэлэригэр кээһэ сылдьаллар. «Мөлтөөрү гынным» дии санаатахтарына, нэмийэн биэрэллэр, уохтара харыар диэри имиллэҥнии түһэллэр. Инньэ гынан балайда киэҥ сир дьэллэс гына түстэ. Маннык буоллаҕына, ходуһа нэлэйбэхтииһи. Уолаттар, бары да санаалара көнөн, туох да ордук хос саҥата суох киэһээҥҥэ диэри куһуйдулар. – Хайа, уолаттаар, аһыыр да санааҕыт суох дуу? – диэн Лидия саҥарбытыгар, дьэ биирдэ ходьох гыннылар. «Кырдьык даҕаны, оннуктаах этибит дуу» диэбиттии туттан, хотуурдарын сүгэн отууларын диэки хаамтылар. – Сэмэн, хотуургун аҕал эрэ, боруобалаан охсон көрүүм, – дьахтар уол хотуурун ылан хаптайа түһэн баран, охсон «сарр» гыннарда. – Тоҕо бэрдэй хоторо, дьэ, сытыы сэптээх эбиккин. – Сэрэн, хата, оһоллоно сытаайаҕын, сэбим барахсан үчүгэйэ кэмнээх буолуо дуо, – Сэмэн Лидияҕа хаадьыласта, устунан оонньообута буолан самыытыттан тутан ылла. Солуурга буспут тушенкалаах мокоруону уот иннигэр олорон тото-хана сиэтилэр, биир иһиттэрин – нуормаларын кыраны кыра курдук «тэп» гыннардылар. Күө-дьаа буолан, сэһэн-сэппэн ыраатта. Уоттара сөҕүрүйүүтэ утуйарга бардылар. Бу сырыыга Сэмэн «телохранителлиир» чиэскэ тигистэ. Сэргэй «мин уочаратым – саамай бүтэһик» диэн, бу тэрилтэҕэ саҥардыы киирбит киһи буолан тулуйарыгар тиийдэ. *
* * Үһүс күннэригэр мунньуу буолуохтааҕа. Былаан быһыытынан гааһыттар охсуохтаах, оттон Сэргэйдээх мунньуохтаах этилэр. Ол эрээри былаан уларыйда. Мотуорканан сопхуос дириэктэрэ кэллэ. Уолаттар охсубуттарын көрөн улаханнык сөхтө. «Эһиги наар охсуҥ, оккутун бөһүөлэктэн субуотунньук дьоно тиэллэн кэлэн мунньуохтара», – диэн этии киллэрдэ. Атын сибэниэлэр букатын өнүйбэтэхтэр, быһата, балыктаан эҥин тахсаллар үһү. Хата, атыттартан хаалсымаары, ыспыраапкаҕа «кэпсэтии» ыыта сатыыллара билиннэ. Сопхуос дириэктэрэ сарсын субуотунньук дьонунан эт, сүөгэй ыытыах буолла. «Бэйэҕит өссө туохха наадыйаҕыт?» – диэн, биригэдьиирдэрэ Ньукулай диэки көрөн кэбистэ. Салайааччылар түргэнник өйдөстүлэр быһыылаах, оттон Сэргэй биригэдьиирэ эбии тугу үлэспитин сол курдук өйдөөбөтө. Бу киэһэ – «Баанньык». Ньукулай быһаарыыта оннук. Кэлэллэригэр сыыҥкабай таастаах этилэр. Лидия ылларбыта. Уолаттар аһаан-сиэн баран, кутааларын күүскэ отуннулар уонна ол сырдыгар уочаратынан суунан чалбааттаныы буолла. Кэргэннэрин бэлиэр суохтаабыт уолаттар хаадьылара баһаамнаата. Лидияны «балааккаҕыттан быган сыгынньах киһини кыбыһыннарыма» диэн, Ньукулай дьарыйбыта буолла. Хата, Лидия онтон эрэ кыбыстыах буолбатах, киирэ-тахса сырытта, уокка сырана-сырана чырбаҥнаһар дьоҥҥо даарым да наадыйбата. Бу түүҥҥү харабыл, сэрэйбит курдук, Сэргэй буолла. Суунан, чэбдигирэн бородуукталаах балааккаҕа «харабыллар» сытар миэстэлэригэр оҥостон сытта. Сотору соҕус Лидия киирэн аттыгар «оронун» оҥоһунна. Хантан булбута буолла – таба тэллэхтээх. Дьахтар диэх курдук: сылаас суорҕана, сыттыга – барыта баар. Онуоха холоотоххо, Сэргэй чараас баата кукууллаах. Манна кэлэн баран аанньа утуйа да илик. Ордук сарсыарданан тымныы. Уол мукунуоҕунан-мукунан сытарын көрөн Лидия: «Серёжа, таҥаһыҥ олус да чараас эбит дии, тоҥмоккун дуо?» – диэтэ. – Тоҥмоппун ээ, маннык утуйарга үөрэнэн хаалбыппын, – диэн, сымыйалаан кубарыппытын өйдөөмүнэ да хаалла. «Оо, дьэ, киһи да бөҕөтөбүн, дьахтар итиччэ таайтаран эппитин кэннэ» диэн, ис-иһиттэн кыйытта сытта. Өр сыппата, аны хабаҕыран хаалла. Ол иһин да, дэлэ элбэх чаайы испэтэҕэ. Бачча хараҥаҕа таҥаһын көрдүү-хайыы барбакка, таһырдьа харбыалаһан таҕыста. Эчикийэ, хараҥаккатын, тымныытыкатын! Бэлиэр бабыгырас буола тоҥон, балааккатыгар аттаан киирбитэ – кукуула мэлигир! Хайдах-хайдах баҕайыный?! Тугу да гыныан билбэккэ мучумааннана олордоҕуна, дьахтар сылаас илиитэ иилии кууста. «Куттаныма, акаарычаан, манна сытыах», – Лидия сибигинэйэр, быыстала суох ууруур. Сэргэй, арыгы истэҕинэ, били, «кыыс хоонньугар сыппыт киһи баар ини» диэн ыралана саныыра ханна барбыта эбитэ буолла?! Дук-дах тутунна, эмискэччитэ бэрдиттэн хайдах да буолуон билбэтэ. Ол эрээри син эр киһи эр киһитэ өттө: сатаабатар да уураспыта буолан ньуххайданна, толоос баҕайытык бобута кууспахтаата. Хата, алларааҥҥы «эрэллээх табаарыһа» бэркэ тыҥаан, салгыы тугу гыныахтааҕын, ханан «айанныахтааҕын» бэйэтинэн сирдээтэ. Сэргэй урут дьахтар диэҥҥэ төрүт сыстыбатаҕын дьэ билэн, Лидия өссө сылаанньыйда, тэбиэһирдэ. Элбэҕи боруобалаабыт, элэйэ быһыытыйбыт эр киһи элээмэтин курдук буолуо дуо – сип-сибиэһэй үнүгэсчээн буолаахтаатаҕа уол оҕо барахсан. Үчүгэйин ньии! Сэргэй кэмитиэккэ маҥнай киирдэҕин утаа бу Лидияттан чаҕыйара. Үксүн нууччалыы саҥарар-иҥэрэр, курбалдьыйан,
дьаһайбыта-соруйбута эрэ баар дьахтар этэ эбээт. Төлөпүөнүнэн этэн субурутарын истиэҥ этэ! Ол бэйэтэ, дьэ, хайдах курдук таптыырый? Ама, Ньукулайдааҕы эмиэ маннык таптаабыта буолуо дуо?! Оннук буолбата ини. «Сааһынан лаппа аҕа да буоллар, туох буолуой, олус да сатаһыах эбиппит ээ. Таптал соһуччу кэлэр дииллэрэ кырдьык эбит дии» ити курдук Сэргэйгэ адьас атын санаа киирдэ. Бэйэтинээҕэр иҥиирдээх, уурбут-туппут курдук киппэ эттээх-сииннээх Лидия уол ити санаатын таайда эрэ, суох эрэ? Өтөр билбэтэх минньигэһигэр тиксэн, таалан, налыйан сытта, иһийдэ. Оо, ыас хара түүн барахсан хаһан да бүппэтэ буоллар ньии! Бутукай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан