Кэпсээ
Войти
Регистрация
Маҥнайгы тапталлар ханна тиийдилэр?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Маҥнайгы тапталлар ханна тиийдилэр?
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
24.02.2020 16:02
Киһи аймах бу сиргэ төрөөн-үөскээн олоруоҕуттан таптал диэн сүдү күүһү итэҕэйэр. Маҥнайгы таптал киһиэхэ барытыгар кэлэн ааһар. “Онтон киһи олоҕо улахан тутулуктаах буолар” дииллэрэ кырдьык. Маҥнайгы таптал киһиэхэ ханнык иэйиини биэрбитинэн, үөрүүнү дуу, хомолтону дуу амсаппытыттан киһи майгыта кытары уларыйар, эллэнэр үһү. Ол гынан баран, хомойуох иһин, маҥнайгы тапталынан олохторун тухары дьоллоохтук олорбут тыһыынчаттан биир эрэ түбэлтэ буолуо. Бүгүн кэпсэппит дьонум эмиэ хаһан эрэ кими эрэ таптыы сылдьыбыттар, ол эрээри табыллыбатахтар. Аркадий, 57 саастаах: — Биһиги Шуралыын биир кылааска үөрэммиппит. Кини кылааспыт саамай кырасыабай кыыһа. Дьэ туран, мин санаабар, кини бүтүн нэһилиэк үрдүнэн саамай кырасыабайдара. Чоҕулуччу көрбүт киэҥ хараҕын, икки гына өрүммүт хара суһуоҕун, толору түөһүн, бэйэтин уратытын билинэн атаахтаабыт курдук мичээрдии сылдьар мөссүөнүн билигин да умнубаппын. Оччотооҕуга оскуола оҕолоро сиэттиһэн хаамыстахтарына, тапталга билиниилээх суруктарын алҕас ким эрэ көрдөҕүнэ, улахан саат-суут быһыытынан ааҕыллара. Ол курдук Шурабын сэмээр уоран көрө-көрө оскуолабын бүтэрэн кэбистим. Шура икки сыл дайааркалыы хаалбыта. Мин аармыйаҕа сылдьан Шурабар иккитэ сурук ыыппытым. Кини өр соҕус буолан баран эппиэттээбитэ, күүтэрин, ахтарын туһунан сэмээр таайтаран суруйбут этэ. Көрсүһүүбүт туолаахтаабатаҕа. Мин аармыйаттан кэлэрбэр Шура үөрэх туттарса Ньурбаттан Дьокуускайга кэлэн хаалбыта, оттон мин ол күһүн Хабаровскайга тутааччы үөрэҕэр туттарса көппүтүм. Иккис кууруска сылдьан украинка кыыһы кэргэн ылбытым. Үөрэхпитин бүтэрэн баран, өссө хас да сыл Хабаровскайга олорбуппут, икки оҕоломмуппут. Онтон Дьокуускайга көһөн кэлбиппит, билигин да манна олоробут. Уларыта тутуу сылларыгар урукку «Буратино» маҕаһыынтан оҕолорбор мармалаат атыылаһаары, уочаракка туран биир бэрэдэбиэһи, арай, ханна эрэ көрбүт курдукпун. Чочумча толкуйдуу түһэн баран өйдөөн кэллим: мин Шурам эбит. Кини дуу, кини буолбатах дуу диэн мунааран баран, туохпун сүтэриэхпиний, ыйыттым: — Эн Александра Гаврильевна диэн буолбатаххын дуо? — Александра Гаврильевнабын. Тугуй? Ээ, Аркаадьыйгын дуо? — диэн баран, дьахтар ыйытардыы көрдө. Оо, ол онно мин урукку Шурам барахсан биллэ сааһыран, бөгүүрэтэ модьураан, хара хараҕа халыҥ таастаах ачыкы курдат кылайаахтаан, быыкаа түөһүн дуомун мөтөччү туттан бу мэлтэйэн тураахтыыр эбит. Хайдах эрэ испэр санаам оонньоото, туохтан эрэ кэлэйбит, оонньуута суох, сирэйгэ силлэппит саҕа сананным. Ол да буоллар бииргэ улааппыт, үөрэммит үөлээннээхтэр сиэрдэринэн туора баран, түннүк анныгар туран, кыратык сэлэһэ түспүппүт. Шура оскуоланы бүтэрэн, дайааркалаан баран, бэрэдэбиэс үөрэҕин бүтэрбит эбит. Иккитэ кэргэн тахса сылдьыбыт да, эрдэрэ иһэллэрэ бэрдиттэн арахсыбыт. Үс оҕолоох, аҕыйах сыллааҕыта куоракка көһөн кэлэн Сайсары уокуругар былыргы мас дьиэҕэ кыбартыыра атыыласпыт. Оҕолоро улаатан эрэллэр, кинилэр тустарыгар күнү-түүнү билиммэккэ үлэлииртэн илистэрин туһунан аҕыйах тылы быһыта-орута быраҕан кэпсээтэ. Онуоха мин тугу киһиргэнэ туруохпунуй, бэйэм эмиэ кылгастык кэргэннээҕим, оҕолордооҕум, ыарахан үлэлээҕим туһунан, оҕолор улаатан эрэллэрин эҥин кэпсээтим быһыылааҕа. Ол кэнниттэн Шураны көрбөтөҕүм. Кинини
урукку сэбэрэтин быдан үчүгэйдик өйдүүбүн. Оннук өлүөхпэр диэри илдьэ сылдьыаҕым дии саныыбын. Били, ырыаҕа курдук: Сыл-хонук түргэнник аастаҕын аайытын Сааһырыы боруогар чугаһаан иһэбин. Онтон эн, онтон эн мин ырыам чыычааҕа Куруутун эдэркээн кыысчааҥҥа маарынныаҥ! Шура оттон ханна эрэ олороро буолуо, биэнсийэҕэ да таҕыстаҕа. Хата, маны аахтаҕына, өһүргэнэр дуу, хайыыр? Тоойуом, Алла, ааттарбытын уларытаар эрэ, – диэн, Аркадий барахсан тапталын туһунан кэпсээнин түмүктээбитэ. *** Уйбаан сааһа түөрт уон үһэ үһү. Эдэр сылдьан элэгэлдьитэн уол оҕото быһыылаах. Сыныйан одуулаатахха, аарыма тиит маһы санатар уһун уҥуоҕа, толору этэ-сиинэ, быыппастыгас быччыҥа, элэккэй хараҕа, чупчугур уһуктаах уоһа ону туоһулууллар. Ол гынан баран... диирбитигэр тиийэбит — Уйбааммыт холуочук олорор. Маҥнайгы тапталын туһунан бэрт уһуннук, ырааҕынан эргитэн-урбатан, энэлийэн-онолуйан туран кэпсээбититтэн өйдөөн хаалбыппын кылгатан суруйабын. Уйбаан уон үстээх уол сылдьан сайыҥҥы үрүҥ түүн үөһэ титиик кэтэҕэр дьахтар уохтаах тапталын аан бастаан “амсайбыт”. Онтон ыла төһөлөөх кыыс хоонньугар хоммутун, төһөлөөх дьахтар кистэлэҥ баҕатын ханнарбытын аахтахха, төбөлөөҕүнэн биир улахан баай күөл соботун саҕа элбэх үһү. Ол булкуллуу-тэккилии быыһыгар Уйбааммыт биирдэ улаханнык таптаабыт. Таптала Жанна Даниловнаны, райком сэкирэтээрин кыыһын, сырсан-сырсан үһүс сылыгар биирдэ ситэн, ойох ылан, биир оҕону төрөтөн олорон испиттэрэ баара да... Дьахтарымсах дьахтарымсаҕа өтөн, суотчут Суоппуйалыын хоспох остуолун анныгар дьүһүлэнэ сытан тутуллан, саакка-суукка киирэн, кэргэниттэн үүрүллэр. Жанна барахсан, уруккуттан да өһөс майгыта баһыйан, атаҕастаммыт санаата арахсан биэрбэккэ, төрүт бырастыы гымматах. Саҥата суох тахсар аан диэки ыйан баран, Уйбаан муҥнаах икки бакыат таҥаһын сэмнэҕин таһырдьа элээрдибит. Ойдуо дуу, быстыа дуу — Уйбаан оройуон кииниттэн куоракка көһөн киирэр, сылы быһа быстах-остох үлэҕэ сылдьар. Ити быыһыгар дойдутугар тахсан Жаннатын ааттаһан көрөр — туһа тахсыбат. Балтараа сыл буолан баран, Жанна Даниловна атын киһиэхэ эргэ тахсар. Дьоллоох баҕайытык олороллорун туһунан кэпсээни истэ-истэ Уйбаан тууһугуран туран арыгылыыр. Ити сылдьан киһини улаханнык кырбаан хаайыыга киирэр. Хаайыыттан босхолонон баран, түптээх үлэни үлэлээбэккэ, дьиэ-уот тэриммэккэ билигин даҕаны ускул-тэскил сылдьар. Түбэһиэх сэлээрчэхтэри кытта булсар. — Па, кинилэри ойох ылыам дуо? Арыгыһыт дьахтар хаһан да эйэлээх дьиэ кэргэн ийэтэ буолар кыаҕа суох. Мин Жаннам баар этэ, улахан тапталым, билигин да кинини эрэ таптыыбын...– диир ол быыһыгар. Киһи наадыйдаҕына, муҥнааҕы биир эмэ үтүө дьахтар көрөн-харайан, сууйан-тараан, саҥа таҥас кэтэрдэн, тойон эр оҥостон олорбот буоллаҕа. Уонна баран эр киһи ахсаана тиийбэт диэхтэрэ. *** Павлик уол эдэр, сүүрбэ түөртээх эрэ. Кини сааһынан төһө да олох эдэр дьон ахсааныгар кииристэр, олоххо, тапталга улахан уопуттаах, сүрэх баастаах дьонтон биирдэстэрэ буолан сылдьар. Кинилэри түүҥҥү Дьокуускай билиһиннэртээбитэ. Роза, киһи хараҕар улаханнык быраҕыллыбат, кыра уҥуохтаах, сырдык хааннаах, төп-төгүрүк мурун оҕото дуомнаах, хоту улуустан төрүттээх, иккис кууруска үөрэнэр кыысчаан
этэ. Кини уураһардааҕар буолуох, хаһан даҕаны куустара илик буолан, эмискэччи күөрэс гыммыт Павлик уол тапталыгар ис сүрэҕиттэн хардарбыта. Тапталлаахтар дьоллоох суоллара устунан ыал буолар тэлгэһэҕэ көнөтүк тиэрдэн испитэ баара... — Роза кэргэн тахсаары сылдьар. Биллэн турар, барытыгар бэйэм буруйдаахпын. Үс аҥаар сылы быһа сылдьан баран, арахсан хааллыбыт. Үчүгэй да этэ ол кэм, билигин санаатахха. Маҥнайгы түүммүт. Аан маҥнай Розаҕа бэйэм романтическай уусун бэлэмнээбитим. Былырыын дьоммун кытта билиһиннэрбитим, дойдубар илдьэ тахса сылдьыбытым, кини дьонун кытта эмиэ билсиспитим. Ол гынан баран Розабын элбэхтэ кэлэтэн, күнүүлээн, ыыстаан, ытатан турардаахпын. Арахсыбыппыт сыл аҥаара да буола илигинэ атын уоллана охсубут этэ. Туох да киргэ-хоххо сыстыбатах боростуой кыысчааҥҥа таптал имэҥин аан бастаан мин иҥэрбитим, дьиҥнээх дьахтар оҥорон таһаарбытым. Эһиги көрүөххүт этэ, билигин кини хайдах курдук кэрэтин... Ол иһин мин Розаны бэйэм үүннэрбит сибэкким кэриэтэ саныырым. Тоҕо эрэ наар “бэйэм бас билиим, миигиттэн ханна да барыа суоҕа, бардаҕына даҕаны миигинэ суох кини ким да буолбатах” диэн бигэ эрэллээҕим. Барыта ааспытын кэннэ кэмсинэн туһа суох. Мин кэрэ сибэккибин атын киһи үргээн илдьэ барбыта кыһыытыан! Кини эмиэ санаата уларыйа охсубута, атын киһини түргэнник таптаабыта куһаҕан. Билигин кинини төнүннэрэр санаам суох. Атын киһи анала буола оҕустаҕа, туора киһини миигиттэн ордорон бардаҕа. Ол аата — бүттэ. “Тапталгытын харыстааҥ, мин курдук сыыһаны оҥорумаҥ” диэм этэ. *** Марина, 25 саастаах: — Мин бастакы тапталым Андрей диэн. Ыалым уола этэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан иккис кылааска кинини оҕолуу ыраас сүрэхпинэн таптаабытым. Кини миигиттэн икки сыл аҕа этэ. Уол суоҕа бэрдэ дуу, нэһилиэкпит оччо кырата дуу, устудьуоннуу барыахпар диэри күнүм-ыйым барыта киниттэн эрэ тахсара. Устудьуоҥка буолан баран, кинини көрөрүм да ахсааннааҕа. Үгүс уол сырсыбыта, мин кими да чугаһаппатаҕым. Санаабар, бүтүн бэйэбин тапталбар «уурар, хаһаанар» курдук сананарым. “Кини хаһан эрэ миэхэ кэлиэҕэ, миигин таптыаҕа” диэн бигэ санаалааҕым, бэл, таҥараттан мэлдьи көрдөһөрүм. Үһүс кууруһу бүтэрбит сайыммар Андрей сыбаайбалаан эрэрин туһунан сонуну истибитим. Өссө кэргэнэ хат сурахтааҕа. Төһө да хоргуттарбын, туттунан сылдьыбытым. “Сайын кыыс дойдутугар сыбаайбалаабыттар үһү” диэн баара. Хайдах эрэ аһардым. Онтон күһүөрү доҕотторум сыбаайбаларыгар ыҥырыллан баран «дьолу баҕар да баҕар» буолбуттарыгар, «кинилэргэ эмиэ маннык алгыһы, үтүө тыллары эппиттэрэ буолуо» диэн, дэлби күнүүлээн, мустубут ыар санаабын барытын тоҕо тэбээн, эбиитин “кыраадыстааҕы” иһэн буолуо, биһирэм түүнүгэр ханнык эрэ улахан баҕайы ороҥҥо төкүнүйэ сылдьан уйа-хайа суох ытаабытым. Сарсыныгар саҥаттан төрөөбүт курдук олус чэпчээбитим. Туох да санаа-оноо суоҕа. Билиҥҥэ диэри. Хата, билигин күлэ саныыбын. Бэтэрээнэн да соҕус уолтан итиччэ сордоммут эбиппин диэн. Алҕаска көрсө түстэхпинэ, биир даҕаны тымырым «дьир» гыммат. Ол гынан баран Андрей кэнниттэн кими да оччо күүстээхтик таптыы иликпин.
Алла Черемкина.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан