Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оҕо абааһыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оҕо абааһыта
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
28.07.2023 13:29
Бааһынай хаһаайыстыбалаах ыаллар эбии сүөһүлэнэн хотоннорун кэҥэттибиттэр. Биир киэһэ дьахтар ынаҕын ыы олорон ким эрэ кинини тонолуппакка одуулуурун көхсүнэн сэрэйбит. Эргиллэн көрбүтэ – сып-сыгынньах оҕо долборукка сыҥааҕын икки илиитигэр ууран кыҥастаһа олорор эбит. Көрбүттэрин билээт, төттөрү түһэн хаалбыт. Дьахтар дьиэтигэр сүүрэн киирэр, эр киһи тахсан көрүтэлиир — тугу да булбат. Сотору ол оҕону аны эр киһи саах күрдьэ сылдьан көрөр. Ынах аннынан кинини одуулуу олороругар кэтиллэн, күрдьэҕин быраҕан, сүүрэн тахсар. «Чөчүөккэ буулаатаҕа», — диэн буолар. Дьиибэтэ диэн, ынахтар үргүбэттэр. Мантан ыла хаһаайыттар хотонноругар иккиэн тахсар буолаллар. Ону да тоҕус кутталынан. Бэрт сотору улуус кииниттэн оскуола оҕолорун бэрэбиэркэлии диэн быраастар тахса сылдьаннар, соһуйуохтарын иһин, эһиил оскуоланы бүтэриэхтээх кыыстарын «соторутааҕыта оҕоломмут» диэн быһаараллар. Ол эрэ туһунан толкуйдаабакка сылдьыбыт дьон уйаларыгар уу киирэр. Нэһилиэги ааһан улуус үрдүнэн улахан айдаан буолар. Кэргэнниилэр кыыстарын ааттаһан-көрдөһөн, ыган-түүрэн кырдьыгы, дьэ, билэллэр. Кыра эрдэҕиттэн саҥата-иҥэтэ суох кыыстара бу сайын кылгас кэмҥэ үлэлии кэлэ сылдьыбыт киинэ көрдөрөр уолу кытта биир киэһэ чугасаһыытыттан ыарахан буолбут. Дьонугар куттанан кэпсээбэккэ, иһин баана сылдьан баран болдьоҕо кэлбитигэр түүн хотоҥҥо тахсыбыт, өлбүт оҕо төрөөбүтүн муннукка ходуул анныгар кистээбит. Милиисcийэттэн, оҕо комиссиятыттан кэлэннэр, хотоҥҥо тахсан кыыс ыйбыт сириттэн оҕо өлүгүн булан ылаллар. Кыыһы оскуолаттан уһулаллар, төрөппүттэригэр саат-суут бөҕөтө буоллаҕа дии. Кыыс аҕата хайыай? Күн сирин киһилии көрбөтөх сиэнин кистээбит. Онтон ыла хотоҥҥо оҕону көрбөт буолбуттар. Ол эрээри аньыырҕааннар, эһиилигэр атын хотону туттарга күһэллибиттэр. Бүлүүһэ сүүрдээччилэрэ Дэриэбинэ оҕолоро таҥха киэһэ хонтуора дьиэтин аанын аллараа өттүн аппатан киирэн, мунньахтыыр саалаҕа уоран бүлүүһэ сүүрдэргэ санаммыттар. Түмсэр сирдэрэ суох буолан, мэлдьи манна мусталлар. Хата, ким да тута илик. Туох наадалааҕын эрдэттэн тэринэн, саҕалаары гыммыттар. Бүлүүһэ сүүрдүүтүгэр арыычча уопуттаахтара Куочаампый аан бастаан өлбүт киһини ыҥырар наадатын эппит. Ким даҕаны бокуонньук аатын ааттаан быстыбатаҕын иһин: «Билигин утуйа сытар кырдьаҕас дьонтон эмиэ ыҥырыахха сөп ээ», — диэччи буолбут. «Сүөдэр утуйбут буолуохтаах» дэһии буолбут. Куочаампый кырдьык-хордьук дьоһуннаах аҕайдык туттан, оҕонньордорун аат ааттаан ыҥыран, бүлүүһэ иһигэр «хаайбыт». Онтон ыйытыы биэрэн, бүлүүһэлэрин илиилэрин иминэн бигээн сыҕарытан истэхтэринэ ааҥҥа утары олорбут Сибиэтэлэрэ ах баран сирэйэ уһуу түспүт. Бары эргиллэ биэрбиттэрэ: Сүөдэрдэрэ бу киирэн турар эбит! Оҕолор ыһыы-хаһыы буолан үрүө-тараа бытарыйбыттар. «Абааһыны көрбүт дьоҥҥо дылы дьаабыланнахтара сүрүн! Тугу гына сылдьаҕытый?» — диэн оҕонньор хаһыыра хаалбыт. Дьиҥинэн, кини манна хачыгаардыыр эбит. Төрүт да утуйар санаата суох хачыгаар чүмэчи уотун көрөн киирбит. Оҕонньор үтүө кырдьаҕас этэ. Хонтуораҕа уоран киирбит оҕолору үүртэлээн кэбиспэккэ, бэрт элбэх интэриэһинэйи кэпсээн, кимнээҕэр сэргэхситэн ыыталаабыта. Хаатыҥкатын сүтэрбит абааһы Таҥха киэһэ оҕолор араас түбэлтэни кэпсэтэн баран тарҕаспыттар. Дьээбэлээх Сардаана кыыс аргыстаһан кэлбит убайын кэтэспэккэ эрэ эрдэ элэс гынан хаалбыт. Уол хааман истэҕинэ, арай, балбаахтар диэкиттэн күлүү, орулааһын аҥаардаах куһаҕан баҕайы саҥа иһиллибит. Бэйэтэ да куттанан нэһиилэ иһэр уол хаамыытын түргэтэтэн биэрбит. Сотору абааһыта төрүт да кэнниттэн кэлэн сонун тэллэҕиттэн тардыспыт. Тугу гынарын быһаарбат буола куттаммыт уол хаһыыра түһээт абааһыны тиэрэ биэрэн түһэрбит уонна муҥ кыраадыһынан дьиэтин диэки тэбиммит. Ол истэҕинэ, арай, абааһыта ытыыр үһү. Тохтоон эргиллэн көрбүтэ – аҥаар атаҕар ыстаҥалыы сылдьар абааһы хайдах эрэ балтыгар Сардаанаҕа майгынныыр. Убайын дьээбэлээри муннун тоҕо оҕустарбыт кыыс ыраах эһиллэн хаалбыт хаатыҥкатын көрдөөн букунаһа сылдьар эбит. Оксана ЖИРКОВА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан