Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаарыан сугун

Главная / Кэпсээн арааһа / Хаарыан сугун

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
28.07.2023 13:18
   Бу туһунан ким кэпсээбитин чопчу өйдөөбөппүн.        Биэс-алта сыллааҕыта бу кэпсээбит киһим тыаҕа сугуннуу тахсыбыт. Ол кэмҥэ ойуур уотуттан куотан бу эргин тыатааҕы мэнээктээбит кэмэ эбит. Онон, төһө да булт көҥүллэнэ илигин үрдүнэн, карабинын кыбынан барбыт, ардах түһэр буолан плащ кэппит.    Саалаах плаһа сугуннуурга олус мэһэйдиир эбит. Онон, чаас аҥаарын кэриҥэ сордоно сатаан баран, карабинын туора ууран баран салгыы отоннуу сылдьыбыт. Арай, биир солуурун толорон баран иккиһин ылаары гыммыта, кэннигэр ким эрэ тыынар үһү. Сэрэнэн-сэрэнэн хайыспыта, тыатааҕы бу багдаллан турар эбит! Оттон саата бүтүн уонча хаамыы ыраах хаалбыт. Хаһыытыы түһэн баран куота сатаабыт да — тыатааҕыта ситэн кэлэн сонун тэллэҕиттэн харбаабыт. Биһиги киһибит ыксаан убаҕаһын-хойуутун барытын ыстааныгар ыһыктан кэбиспит.    Арай, ол өлөр-тиллэр икки ардынан турукка киирэн туран хараҕын кырыытынан көрбүтэ, ким да кинини туппат, соно мутукка иҥнэн хаалбыт. Оттон ол улуу дьаалы кини толорбут солууруттан сугунун ытыһан ыла-ыла сиэн молоорута олорор эбит. Сыт-сымар, ыстаанын иһэ “уу-хаар” бөҕө буолбут киһи хайдах да хамсыыр кыаҕа суох дөйбүтүнэн туран хаалбыт. Тыатааҕыта аһаан бүтэн баран аргыый аҕай туора хаампыт. Өссө эргиллэн туох эрэ диэн бэйэтин тылынан муннун анныгар киҥинэйэн бордурҕаабыт. Бадаҕа, махтаннаҕа буолуо.   Эһэни өлөрдүм!      Биирдэ күһүн булчуттар хаһыа да буолан бөртөлүөтүнэн ыраах тайҕаҕа бырахтарбыттар. Онно үүтээҥҥэ сытан ый кэриҥэ бултуохтаахтар эбит. Булчуттартан биирдэрэ уон түөртээх уолун булка-алка уһуйаары илдьэ барбыт. Аан бастаан бөдөҥ булка барсыбыт уолчаан, хайыай, туруох-олоруох сирин булбакка, биир кэм өрө көтө сылдьар. Оттон кырдьаҕастара Баай Байанайы күндүлүүргэ, көрдөһөргө быһаарынан, аһыырдыы оҥостубуттар. Онон уолларыгар туоһапканы туттаран, туох баар сиэри-туому тутуһан алҕаан баран, “ол-бу бытархай тииҥи-эҥини бултаа” диэн ойуурга утаарбыттар.    Саҥардыы аһаан эрдэхтэринэ уоллара уолугунан көрбүтүнэн, өрүтэ уһуутаабытынан аҕылаан-мэҕилээн тиийэн кэлбит: “Эһэни өлөрдүм!” Бытархай саанан тыатааҕытааҕар буолуох куобаҕы да хотутар уустугун билэр дьон, уолларын күлүү гыммыттар. Уоллара буоллаҕына кырдьыгын дакаастаһа сатыыр, ытаары гынар. Төһө да итэҕэйбэтэллэр, дьон сааларын ылан, бэркэ сөбүлээбэккэ гына-гына остуолларын хаалларан уолларын батыһаллар. Арай, уоллара ыйбыт сиригэр тиийэн талаҕы арыйан көрбүттэрэ, бу сытар эбит. Кырдьык, тыатааҕы! Уу чуумпу буолар. Оттон уон түөртээх уол сыыйа түөһэ мөтөйбүтүнэн барар.    Арыый уоскуйан баран сураспыттара, уол тиит төргүү мутугар ыттан олорор эһэни көрөн ыппыт эбит. Салгыы сирийэн үөрэтии буолар. Ол түмүгэр манныгы чуолкайдаабыттар: Уол ыппытыгар аар тайҕа хаһаайына соһуйан дуу, хайаан дуу мастан сууллан түспүт. Өлүү болдьохтоох диэххэ дуу, дьолго диэххэ дуу — ыарахан ыйааһыннаах баараҕай “кырдьаҕас” үөһэттэн таҥхалыйан түһэн иһэн тиит анныгар синньигэс мас чөҥөчөгө хоройон турарыгар кэлэн үөлүллэн хаалбыт.    Ити кэмтэн ыла ол уолу кырдьык да байанайдаах, баартаах булчутунан ааҕаллар. Арба, туоһапкатын буулдьата тыатааҕы тириитин да алдьаппакка түүтүн быыһыгар иҥнэн хаалбытын булбуттара үһү.   “Sakhaohota.ru” интэриниэт-сайтан. Тарҕат:
kyym.ru сайтан