Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хотоҥҥо
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хотоҥҥо
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
28.07.2023 13:15
(Ынахтар кэпсэтиилэриттэн) Сарсыардааҥҥы аһыыр отун хойутаппыттарыттан кыйыттан бэйэтэ да тэтиэ-тотуо турбут Маҥаачыйа Кунан Уйбаан эмискэ мөхсүбүтүгэр соһуйан, иккис күнүн иигэ, сааҕа ыраастаммах ханаабаҕа хаҥас атаҕын уган ылла. Онтуттан эбии тырыттан: — Уйбаан дьуолка, сүгүн да турбаккын! Саатар бу иччибит быыбарынан быһа иирэн, ханаабатын да ыраастаабат! Эгэ кэмигэр киирэн аһатыа дуо?! Абам да буолар эбит. Биһиги эрэ бу бүдүө-бадаа хараҥа хотоҥҥо күнү-күннүктээн хороччу баайыллан турдахпыт. Бааһынайдар ынахтара быйыл сабыс-саҥа кэҥэс хотоҥҥо киирэн, тото-хана аһаан баран, күн кыһалҕата суох кэбинэ турдахтара буолуо. Эчи хаарыаны! Онуоха инчэҕэй муннунан сүр тыастаахтык тыына-тыына Кунана хардарар: — Тулуй, Маҥаачыйа, быыбар баҕардах аайы буолбат. Баҕар, бастыҥ баартыйа туһа диэн икки иччибит ити айылаах тэҥинэн сүүрбүтүн үтүөтүгэр оттоох ходуһаны «дук» гыныахтара. Оччотугар, баҕар, биһиги испит көппөйөр иҥэмтэлээх аһа кэлиэ. Маҥаачыйа: — Ээ, ким билэн эрэ-эр. Истибэтэҕиҥ дуо, үнүрүүн таһаараа ыал дьахтара үүт бэриһиннэрэ сылдьан туох диэбитин? Быыбардара диэн суос-сымыйа үһү. Ким кыайыахтааҕа эрдэттэн быһаарыллыбыт, сорудахтаммыт дьыала дииллэр. Биһиги иччибит эрэйдээх баһылыкка албыннаһан куодарыспыта буолаахтыыр да, наадата тирээтэҕинэ, умнуллара буолуо. Урукку быыбарга “Аграрнай баартыйа” эҥин диэмэхтиир этэ, билигин “кинилэр эрэбил кыайаллар” диэн атыҥҥа көстө бадахтаах. Кунан Уйбаан: — Саҥарба. Наадалааҕын билэн сылдьара буолуо. Тыын тыыҥҥа харбас. Кыайыгастыын кыттыһыаҥ – кыайыылаах хаалыаҥ диэн баар. Хайа уонна киэҥ иһит салааһыннаах диэн буолар. Онон табылыннаҕына, көнөн туруохпут, аспыт тупсуо. Маҥаачыйа: — Дьон харчы туһа диэн харааччы иирээри гынна. Хаарыан тиҥэһэбитин “кыыспытын үөрэтэбит” диэн идэһэлээн кэбистилэр буолбат дуо! Итини санаатахпына, иирэн бараары гынабын, бу төрүөхтээх ньирэйбин да оҕус буолан хааллаҕына, соччо уһаппаттара буолуо. Оо, Ынахсыт Айыыһыт баар эрэ буолларгын, тыһы оҕото кулу даа. Баҕар, уһуо этэ! Кунан: — Буолбуту хайыахпыт баарай, Маҥаачый-аа. Биһиги иччилэрбит син эдэрчи буолан, хата, бу хообурҕаһа турабыт. Уулусса уҥуор хотонноох Эриэнчикэйдээх эрэйдээхтэр иччилэрэ үлэни кыайбат буолан, биир сыл иһинэн имири эстибиттэрэ. Аҥайан турар хотоннорун көрдөхпүнэ, сүрэҕим нүөлүйэр. Ама, биһигини эмиэ итинник дьылҕа күүтэр дуо? Уулуу сылдьан көрдөххө, биһиги үөлээннээхтэрбит ааҕа аҕыйаабыттар. Түөрт атахтаах муҥнаах бэйэтэ да кылгас үйэлэнэр аналлаах. Сиэдэрэйбит тыһаҕас буолан баран «барда». Син икки сай устата мүөттээх оту амсайыы, чөл салгынынан тыыныы дьолун биллэҕэ. Эн этэҕин, Дьөһөгөй Дьөгүөр «ойохторум оҕолоро убаһа буоллулар да, тос гыннара-гыннара куорат диэки киллэрэ турар, хараҕа туолбат» диэн иччитин мөҕүттэрэ. Кини кэпсииринэн, сэбиэскэй саҕана убаһаны итинник дэлэйдик өлөрбөттөр үһү. Ырыынак буолан наһаалыыллар курдук. Бэл, ити туһуттан учуонай дьон бүппэт мөккүөргэ киирбиттэр, онон баҕар тохтуо диэхтээбитэ. Маҥаачыйа: — Дьөһөгөй оҕолоро — көҥүл дьон. Биир сыллара биэскэ тэҥнэһэрэ чахчы. Сэрэйдэххэ, Көҥүл диэн туох да улуу дьыала буолуохтаах. Бэл, ити биһигини баҕарбыттарынан быһаарар икки атахтаахтар көҥүлбүт күөмчүлэнэр үйэтэ кэллэ, сүбэриньитиэппит сүттэ диэн сибигинэһэ былаастаах мөҕүттэллэр этэ. Итини иһиттим-истибэтим диэбиттии хаҥас муннукка баччааҥҥа диэри саҥата суох турбут быйыл эрэ саҥа аҕалыллыбыт Нуораҕана тыһаҕас кыттыһар: — Маҥаачыйа, таах сибиэ дьөһөгөйдөргө ымсыыраҕын. Олоруҥ хастыы да ойохтонууну өрө тутар дьон. Маҥаачыйа: — Хороҕор да муостаах буолан биир эри толору бас билэн толору дьолломмуппун билбэккэ турабын. Кунан Уйбаан бу кыратын-харатын көрүмэҥ, дэриэбинэҕэ хас да оҕолоох. Икки атахтаахтар оїҕуһу туппат буоллулар. Эн буоллаҕына букатын да, ханнык оҕус сиэмэтиттэн буоһанан тураргын билбэккин буолбат дуо?! Эрэйдээх саҥарыа да суох эбиккин. Нуораҕана: — Айаккабын, илэ таптаһыыттан оҕолонор дьахтар хайыаҥый, хабахха тыыннарарыҥ эрэ итээбит. Тохтууруҥ буолуо. Чуо кимиэнэ буоларын билбэтэҕим иһин, талыы боруода сүөһү буолара баҕас эрэбил. Ол да иһин миигин иччилэриҥ атыыласпыттара. Докумуоммар эбэм, эһэм хос-хос ааттара кытта баар. Онон оҕолорбун эйиэнин курдук кыдыйбаттара буолуо. Маҥаачыйа мэктиэтигэр өрө холоруктуу түстэ: — Мин Сиэдэрэйбин «сиэн» туран эйигин атыыласпыттара. Улаханы уулаах, боруода сүөһү буолан эйигин талбыттара. Дьэ, бэйиккэй. Төһө үүттээх барахсан буоларгын көрөн иһиэхпит. Холоон да буоллаххына көҥүлэ. Нуораҕана тииһин быыһынан сыыйан сыыбырҕыыр: — Кыраама, дьүөгэ. Эн харчыгар атыыласпатахтара. Лиизин нөҥүө кэлбитим. Миэнэ талыы ынах буолуо, буолар-буолбат кунаннартан булуммаппын. Маҥаачыйа: — Улаатымсыйан чоноҥноохтуугун ээ. Кэлбитиҥ толору үс ый буолбата да, дьүһүн-бодо буола охсон миигиттэн ордугуҥ суох. Бастаан сүрдээх этиҥ. Тьфу, эйиэхэ ити баар! Нуораҕана: — Дьүһүммүттэн иҥнэн да биэрэҕин. Үнүр уулуу киирбиппэр биир эмиэ саадьаҕай сүөһү бэрдин былдьаһан ойоҕоспун чуут тосту түһэ сыспыта. Ол мин диэхтээн. Төрүт ууһум маннааҕы буолбута ырааппыт барахсаммын. Дьэ, дьиҥнээх кыраһаабыссалар Ньармаанньыйа сириттэн аҕалыллыбыттар дииллэр. Көтөр аалынан бүтүн 16 чаас устата көтөн күүгүнэтэн кэлбиттэр үһү. Нам Модутугар кинилэргэ анаан аныгы технологияҕа эппиэттиир, бүтүннүү көмпүүтэр, даатчык буолбут коттедж-хотону тутан дьэндэппиттэр! Түннүктүүн-үөлэстиин ураты тутуу дииллэр. Бэйэлэрэ да тас дьүһүннүүн тупсаҕай, бөдөҥ-садаҥ сэмэнтээллэр диэн олохтоох ынахтар ордугургуу кэпсэтэллэрин аара истибитим. Оо, ол коттедж-хотоҥҥо саатар биир чаас киирэн тахсыбыт киһи ньии. Кэмсиммэккэ өлүө этим. От бастыҥа, сэнээс амтаннааҕа! Сибилигин умайыктанан турбут Маҥаачыйа дьахтар-дьахтара өтөн билиэх-көрүөх баҕата батарбакка аргыый ыйытар: — Ыраахтан да кэлбит барахсаттар эбит. Ол биһиги тымныы айылҕабытын тулуйаллара буолуо дуо? Нуораҕана өс-саҕа буолар: — Икки атах «харчы дии-дии харааччы иирбит» диигин дии, ночооттоохтук дьаһамматаҕа буолуо. Маҥаачыйа дириҥник үөһэ тыынна: — Билбэтиим-билбэтим... Сорох сороҕор биһигиннээҕэр муҥутах өйдөөхтөр дуу диибин. Бу бачча хоһуттан түмэ, кэпэрээссийэлэһэ сатыах аата, тоҕо да сопхуостары ыспыттарай? Ыйыы күүһүнэн ким хайа иннинэ ыһыыга-тоҕууга кыттыһан баран, билигин кэлэн сыыһа дьаһаныы буолбута диэн айаҕаланааччылар аҕыйах буолбатахтар үһү. Уос номоҕо кэпсииринэн, урут сүүһүнэн хороҕор муостаах тэҥинэн батан турар баараҕай тутуулара кытта баар буола сылдьыбыттара үһү. Соцкуоталаһыы, пуонда, ВДНХ дии-дии дайааркалар бары биир сиргэ түмсэн күргүөмүнэн олус эйэлээхтик үлэлээбиттэр, үүт үрүйэлии сүүрэрэ үһү. Сатабыллаах дуу, сатабыла суох дуу иччигэ түбэһэбин диэн дьаахханыы дуостал суох үһү. Көөнньөрбө, былах, сиилэс, сибиэһэй от. Өссө сүөһүлэриҥ аһара баран сириксэннии оонньууллар үһү. Нуораҕана: — Хайыы, эһиэхэ эбии ас диэн көрүллүбэт дуо ол? Сыаналаах үһү да-а? Маҥаачыйаа, төһө да кыыһырсыбыппыт иһин, биир өлүүгэ турар дьон буоллахпыт. Хата, оччоҕо... миигин эһиги иччигит атыылаһа киирбитигэр чэпчэтиилээх уотурбаҕа хапсар буоллугут диэбиттэрэ. Онтун сотору аҕалара буолуо. Быыкаата туох буолуой, бары уоспутунан үллэстэн сиэхпит. Кунан Уйбаан: — Хата, инньэ диэҥ. Икки тараҕай быттаспытыныы буолумуоҕуҥ. Биир ыал сүөһүлэрэбит, биир сүбэнэн сылдьыаҕыҥ. Мин үнүр биир дьиктини истибиппин кэпсээбэккэ сылдьабын ээ. Нуораҕаналаах Маҥаачыйа тэбис-тэҥҥэ: — Тыый, тугуй, ол? Итиччэ быктаран баран кэпсээн ис. Кунан: — Аны сайын атын ыал сүөһүтүн кытта холбоон эһигини Арыылаах сайылыгар таһаарыах курдуктар. Миигин да соҕотохтуу бөһүөлэккэ хаалларбаттар ини. Бааһынай удьуордара, кэтэх дьон сүөһүлэрэ этэ диэн араара барбакка холбуохтара. Онтуларын кэпэрээссийэлэһии дииллэр эбит. Дьэ, онно буолуо туоратыһыы, күн анныгар сырдык миэстэни була сатыыр уххана. Бэрт былдьаһыы. Онон хотуктар, бэйэ ыккардыгар эйэлээх буолуоҕуҥ. Маҥаачыйа: — Тугу тугу туойан бардыҥ? Ол «Илгэ» кэпэрэтиип сиригэр биһигини туох диэн киллэриэхтэрэй? Кунан Уйбаан: — Ынах өйө кутуругунааҕар кылгас дииллэрэ кырдьык. Кэпэрээссийэлэһии киирэн эрэр диибин буолбат дуо! Тоҕо иччибит кэлэрэ-барара элбээбитэ буолуо диигин? Быыбарынан туһанан ол дьыалатыгар киирсээри сүүрэр. «Быыбарга көмөлөстөхпүтүнэ өйүөх буолтара» диэн кэпсиирин алҕас истибитим. Сатаннаҕына Өрүөстээх, Саадьаҥкалаах иччилэрин кытта холбоһон кирэдьииккэ киирсэн, тиэхиньикэ, хотон маһа ылыахтара үһү. Онон хотуой, баҕар, биһиги да наһаа коттедж хотонноммотохпутун иһин, титиик даачаны билиэх курдукпут. ...Өскөтүн билиҥҥи бэлиитикэ салҕанан бардаҕына. Нуораҕана: — Бэрт да буолуо этэ. Баҕар, улуустааҕы дьүөгэлэрбин көрсүө-үөм, сэлэһиэм. Маҥаачыйа: — Мин өйдөөбүппүнэн, оччотугар иччибит аах хайаан да быыбарга кыайыахтарын наада эбит. Кырдьык! Бу кэпсэтии кэнниттэн хотон иһигэр баар хороҕор муостаахтар бары быыбар түмүгүн кэтэһэн бардылар. Куолас биэрэллэрэ буоллар ким хайа иннинэ сүүрүөх курдуктар. Ол быыһыгар ким эрэ көстүбэт таҥараҕа үҥэр саҥата иһиллэрэ: «Таҥара, абыраа, баар буолларгын абыраа, абыраллаах баартыйа кыайдын, иччибит былаана туоллун!». * * * Оттон дьиэ иһигэр кинилэр дьылҕаларын иччилэрэ букатын да атыннык быһаара олордулар. Уһун Ырбаахылааҕа эригэр чэй кута-кута: — Кистии-саба аҕытаассыйалыы олордум. Барыларын кэриэтэ тылбар киллэрдим. Баһылык муоҕа-чуоҕа суох Күөрэлээҕи бэрдэриэм диэтэ. — Дьэ, бэрт. Кунаннаах Маҥаачыйаны ыһыах иннинэ аҕай «тос» гыннардахха, эт ботуччу сыанаҕа былдьаһыгынан барыа. — Оннук. Хайа уонна эрэннэрии туолбатаҕына барыларын да эһэн баран, куораттыахпыт турдаҕа. Массыына ылан, куоракка көһүөххэ диэри таксистаан да аһаныллыа. Ылдьаа Саабынап. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан