Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыыс иннин ылыы — булт кэриэтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыыс иннин ылыы — булт кэриэтэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
07.02.2020 17:13
Максим, сахаҕа көстүүлээх уол, киһи эркин курдук эрэнэр киһилээхпин диир киһитэ. Күнэ-ыйа тахсар, бэйэтэ этэринии, кыталык курдук кэргэннээх, өссө үс оҕо тапталлаах аҕата. Манна диэн эттэххэ, Максим кэргэнин кытта холбоһоругар суруксут табаарыһа быһаччы кімілііх эбит. Ол кэм туһунан «Кыымҥа» эрэ үллэстэр сөбүлэҥин биэрдэ. — Хаһыакка хаһан да интервью биэрбэтэх киһибин. Чэ, саҕалыым. Кыргыттары кулгаахтарынан таптыыллар дииллэр, — диир Максим туох кистэлэҥ баарын туһунан ыйыппыппар. — Кыыс иннин ылыы диэн булт абылаҥын тэҥэ. Төһөнөн эккирэтэн, араас ньыманы туттаҕын, онуоха кыыһыҥ төһөнөн ыраата-ыраата чугаһыыр да, соччонон күндү, минньигэс. Кэргэммин устудьуоннуу сылдьан аан бастаан көрбүтүм. Көрсүбүт күммүттэн, били, “утуйар уу уу буолбат, аһыыр ас ас буолбат” диэннэрин, дьэ, эттиин-хаанныын билэн турабын. Кини мин диэки, саатар, быыкаатык көрөн ыларын туһугар тугу-тугу гымматаҕым баарай. Иэдэс биэрэн кэбистэҕинэ, уу, бу кыһыыккатын! Аттыбынан көрө-көрө көрбөтөҕө буолан, куба курдук устан аастаҕына, тыыммакка да турар буоларым. Маҥнай хартыына курдук туораттан эрэ көрө сылдьар этим. Онтон, сэрэйбит сэрэх, устунан баҕа санаа улааттар улаатан истэҕэ дии. Туох баар талааммын, дьоҕурбун, өйбүн-санаабын түмэн, кинини кытта ыкса доҕордоһор санаа көөнньөн кэлбитэ. Уһун кыламаннарын тырымнатан, хараҕын кырыытынан барбах да көрөн аастаҕына, сүрэҕим барахсан эппэҥнии-эппэҥнии толугуруу мөхсөрө. Кыргыттарга «успех» бөҕө киһи, киниэхэ кэлэн, тылбыттан маппытым. Туох буолбуппун бэйэм да сатаан быһаарбатаҕым. Тапталлара диэн ити буоллаҕа диэн, эрэйи көрдүм да этэ (күлэр). Ол эрээри, билигин санаатахха, туох да куһаҕана суох, дьоллоох дьон оннук иэйиини билэн эрдэхтэрэ. Онтон, быстыам дуу, ойдуом дуу, саатар, сатаан саҥарбат буоллахпына, суругунан кэпсэтиим диэн толкуйдаатым. Оскуолаҕа үөрэнэрбэр тэтэрээттэн уста эрэ сылдьыбыт киһи, биир-икки тылы сатаан холбооботум сонно тута көстүбүтэ. Оо, дьэ, ыксал буоллаҕа, хайыамый, кыра хачаайы көрүҥнээх эрээри устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах билэр уолбуттан “сурукта суруйан кулу” диэн көрдөстүм. Киһим бэрт түргэнник, «ааһан иһэн» суруйа охсон биэрдэ. Кыталык кыыспар долгуйуу улаханын долгуйан ыыттым. Эппиэти, санаабар, уһуннук да күүппүтүм. Кэтэһии муҥар ылларан, киһи хаҕа эрэ сылдьар кэммэр, дьэ, хоруйа субу тиийэн кэллэ. Суруйсуу абытайа саҕаланна. Онтон ыла сурук суруйааччы уолум “балаһыанньалана” түстэ. Ытыс үрдүгэр сылдьар буолла. Урут мин кэннибиттэн хаамар эбит буоллаҕына, хата, бэйэм кини сирэйин-хараҕын маныыбын. Уолум суруйан субурутар, ол аайы мин бэйэм буочарбынан кичэйэн устан, ыытан иһэбин. Уопсайынан, тактикатын сатыахха наада. Кыргыттар тугу баҕаралларын эттэххэ, үөрэн умайыктана түһэллэр дииллэрэ кырдьык. Сурукпут кэлэрэ-барара сыыдамсыйан истэҕин аайы кыталыгым көрөрө-истэрэ көрдөрбүтүнэн сымнаан барбыта. Ити курдук билсэн барбыппыт. Кэргэним миэхэ аан бастаан бэлиэтии көрбүт хаачыстыбата – ыраас, киэҥ дууһалаах диэн. Ити хаачыстыбаны, биллэн турар, кыыс сүрэҕин долгутар суруктарбыттан аахпыт. Тыый, оччону истэн баран, бачча улахан киһи сүрэҕим сэлибириэр диэри үөрбүтүм. Онтон кэлин кини миигиттэн
тутуһан, Ленин бэрэспиэгинэн сэгэлдьийэн иһэр түгэнигэр дьолломмут сирэйбин көрүөҥ этэ. Олимпиада чөмпүйүөннэрэ эрэ итинник кыайыы-хотуу өрөгөйүн билэллэрэ буолуо диэн сүрэҕим сэрэйээхтиир. Кылаабынайа, аан бастакы түһүмэххин «кырасыабайдык» ааһыаххын наада. Ол кэннэ, кыайыы-хотуу абын биллиҥ да, бэйэҕэр эрэнэр санааҥ халлааҥҥа харбаһар саҕа улаатар. Чэ, итинник кэргэн ылан турардаахпын. «Имэҥ» балаһаҕа тахсар диэтиҥ дуу? Кэргэммин кытта иккиэн сөбүлээн ааҕар балаһабыт.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан