Кэпсээ
Войти
Регистрация
Лүөҥкэ сырыылара
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Лүөҥкэ сырыылара
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
23.01.2020 13:03
Түүҥҥү симиэнэҕэ Буһурук да күннэр! Лүөҥ-кэлээх гимнастеркаларын устан, пилоткаларынан көлөһүннэрин ньикки соттон кэбиһэ-кэбиһэ үлэлээ да үлэлээ. Барыта – тутуу былдьаһыыта. Старшиналара ыыппыт эбиэтэ сойбута быданнаата. Хайыахтара баарай: аспаалы тиэммит массыына бииргэм субуллан олорор. Аһаан начыллана олорон аспаал курдук сыаналаах матырыйаалы самасыбаалга хатарыахтара дуо – бүттэхтэрэ ол дии! Хамандыырдара младшай сержант Кушнарь, уруккута хаайыылаах бэрдэ, маатыралаан субурутар уонна тииһин быыһынан «чыырк» гына силлии-силлии дьонун санаатын көтөҕө сатыыр: — Карифаннар, санааҕытын дуостал түһэримэҥ. Биһиги да уулуссабытыгар бырааһынньык үүнүө. Тулуйуҥ. Ийэ дойдубут умнуо суоҕа. Аны аҕыйах хонугунан хамнаспытын ылыахпыт уонна, дьэ, күүлэй көтүөхпүт. Оннук буолбат дуо, Нинуль? – уонна Кушнарь кытыыга олорор техник кыыска хараҕынан имнэнэр. Күн уота хараарчы сиэбит нуучча кыыһын аспаал ууралларын хонтуруоллуурга, ыйар-кэрдэр соруктаан хара сарсыардаттан бу отделениеҕа ыыппыттара. Тэйиччи соҕус буруус маска кумуччу туттан да олордор, кылгас былаачыйатыттан толору эттээх буута кылбайар. Ол аайы саллааттар буһуурҕаан, эр бэртэрин биллэрэ сатаан тылбай-өспөй буолаллар. Бу түҥ ойуур иһигэр байыаннай объегы туталлар. Тула өттүҥ – хатыылаах боробулуоха. Киирэргэ-тахсарга харабыыннаах харабыл толору. Объекка биир үксүн эписиэрдэр үлэлииллэр. Биллэн турар, Лүөҥкэлээх курдук көтөҕөр-сүгэр үлэҕэ буолбатах – араас прибору туруорарга эҥин, быһата, испэсэлиис эрэ сатыыр үлэтигэр. Гражданскай дьон лаппа аҕыйах. Балар эмиэ саллаат сатаабат үлэтигэр – сантехникаҕа, мантааска сылдьаллар. Нина эмиэ кинилэр курдук тутуу технигэ буолан, хантыраагынан сылдьар. Лүөҥкэ – отделениетыгар соҕотох саха, атыттара – нуучча уолаттара. Суох, өссө бүрээт Цыбиктаров баар эбит, ол эрээри эрдьигэниҥ киитэрэйэ сүрдээх: ыалдьар аатыран, наар санчаастан арахпат, онон үлэлээн абырыыра ахсааннаах. Интэриэһинэйэ диэн баар: бүрээттэр нууччалыы ыраас баҕайытык саҥараллар, Лүөҥкэ санаатыгар, хата, төрөөбүт тылларын билбэт курдуктар. Биирдэ эмэ бүрээттии кэпсэппиттэрин бачча тухары истэ илик. Туох быһа имнэммитэ буолла, онуоха холоотоххо, Цыбиктаровтара буллу-баллы буолан түһэн, дьэ, киһи оҕото! Биирдэ Кушнарь киниэхэ хочулуок туттаран баран: «Цыбик, бэрт түргэнник Нинуль техниккэ тэбинэн тиийэн менструацията аҕал. Ол-бу буолбатын, ити иһиккэ кутан ыыттын, онто суох үлэбит хайдах да сатаныа суох», – диэн, кырдьык-хордьук соруйда. Цыбиктаров, олус эппиэттээх сорудахха баран эрэр киһи быһыытынан, пилоткатын көннөрүнэн, гимнастеркатын тимэхтэнэн, хочулуогун туппутунан ыскылаакка тэбиммитэ... Мантыларыттан көнньүөрэн, аны Лүөҥкэни дьээбэлиэх-хаадьылыах курдук буолбуттарыгар, хата, бэйэлэрин маат ыыталаабыта. Нууччалыы саҥарарын быыһыгар саха тылын тиэрмин курдук кыбыталыыра. Оччоҕуна нэһиилэ аҕыс кылааһы бүтэрбит муор-туор уолаттар сирэй-сирэйдэрин эрэ көрсөн кэбиһэллэрэ уонна «бу уон кылаас үөрэхтээх саха, билэрэ-көрөрө бэрт буолан, күлүү-элэк оҥостор быһыылаах» диэн чаҕыйбыттара. Лүөҥкэ оскуолаҕа нуучча тылыгар приставка суолтатын үчүгэйдик билбитэ, дьэ, манна улаханнык туһалаабыта. Нуучча уолаттара сөбүлээн туттар «е...» маатыраларын тылыгар сөптөөх приставканы туруоруо эрэ кэрэх – ким барыта өйдүүр тиэрминэ бэлэм! Онон начаас ыккардыгар «бэйэ киһитэ» буола охсубута. * * *
«Аспаал үлэтэ доруобуйаҕа улахан буортулаах, онон биһиэхэ үүт бэриллиэхтээх» диэн, Кушнарь учаастак начаалынньыга капитан Гринбергэ киирэн куолулаата. Онуоха өс киирбэх, киһи баһыгар биэстии бааҥка сгущенканы биэрдилэр. Уолаттар ол биирдиитэ 25 солкуобайдаах бааҥкаларын буфекка кистии-саба туттаран 10-нуу солкуобайы уу харчынан ыллылар. Лүөҥкэ, арыгы ылаары гыналларын сэрэйдэр даҕаны быстыа дуо, өрүсүһэн биир бааҥканы начаас ыккардыгар иһэн кэбистэ, атыттарын биэрдэ. Дойдутугар сгущенканы төрүт да ахсарбат бэйэтэ, манна кимнээҕэр үчүгэйдик мэлиттэҕэ ити. Өссө да сиэх эбит. Барахсан, минньигэһин эриэхсит! *** «Түүҥҥү симиэнэҕэ үргүлдьү хаалабыт» диэн, Кушнарь взводтарын хамандыыра Пончигы сэрэттэ. Онон объекка хоно хаалар буоллулар. Хаһан эбитэ буолла – кимнээх эрэ дэриэбинэҕэ элэстэнэ охсон хас да бытыылка буокканы аҕалбыттар. Ампаалыктаһыы сүрдээх. Били, техник Нинуль эмиэ баар. Куруускаларга халыгыраччы кута охсон «сотору диэмбил туһугар» диэн хантатыы буолла. Нинуль да хаалсыбат, халбаһы тооромоһун муннугар даҕайа-даҕайа куппуттарын «ыытан» иһэр. Арай Лүөҥкэҕэ ити «астара» кыайан киирбэт, чачайаары гынар. Ол аайы дьоно күлсэн ньиргиһэллэр. Нинуль да бэркэ көнньүөрбүт: Кушнарь кэтит ытыһын ньилбэгэр ууран өрө имэрийэн таһаарарын да аахайбат. Сотору соҕус буолан баран, үстүрүмүөн уурар кыладыапкаҕа киирэн сүттүлэр. Лүөҥкэ арыгы оннугар, хата, сокуускаларын «кэһэттэ»: аска өс суох. Өссө, били, сгущенката баара буоллар! Эмискэччи Кушнарь, хаһан кэлбитэ буолла, төбөтүн кыладыапка диэки кыҥнах гыннарда уонна «тоҕо олороҕун, аны эн уочаратыҥ» диэтэ. Лүөҥкэ хаһан «ыых-ээх» диирин кэтэспэккэ, ааны аһан иһирдьэ анньан кээстилэр. – Хайа, солдатик, тоҕо тураҕын, бэттэх кэл, – муннуктан Нинуль саҥата иһиллэр. Лүөҥкэ, хаһан да манныкка түбэһэн көрбөтөх киһи, сирэйэ итийбэхтии-итийбэхтии чугаһаан кэллэ. Ким эрэ эргэ синиэлин үрдүгэр кыыс кус сыгынньах налыйан сытар. Тобуктара өрө көтөҕүллэн, икки аҥыы нэлэйбит. Лүөҥкэ икки чабырҕайа кэйиэлээн тулуппата, кыыс аттыгар кэлэн уҥуоҕа салҕалыы-салҕалыы, бэлэмнэнэр киэбинэн тобуктаата. Арай, доҕоор, хаһан да харахтыы илик, өйүгэр эрэ оҥорон көрөр баҕалаах сэбистирээнньэтин көрбүтэ – куп-кугас түү сэрбэйэр, ол быыһа бииргэм, били, кини амтаһыйар сгущенката тохтон халыйбытын курдук. Кыыс сытан эрэ, дөйүөрэн олорор уол уҥа илиитин харбаан ылаат, «били сиригэр» сыһыары тутта. Пахыый! Лүөҥкэ салыҥ курдугу таарыйаат, ойон турда, аҕынньыта төллөн таһырдьаны былдьаста... Аармыйаҕа сылдьан итиниэхэ маарынныыр хас да түгэҥҥэ түбэспитэ эрээри, Лүөҥкэ букатын кыттыспатаҕа. Сороҕор «онно боруобалаабытым да буоллар, туох куһаҕана кэлиэх этэй» диэн кэмсинэ саныыра. Ол эрээри ротатыгар хас да уол сиипилискэ сыстыбытын кэннэ итинник саныыра тохтообута. Эксээмэн саҕана Лүөҥкэ аармыйаттан этэҥҥэ эргиллибитэ. Дойдутугар араас бытархай үлэҕэ сылдьыбыта, онтон сааһыары үөрэх туттарса Дьокуускайдыыр буолбута. Бөһүөлэк үгүс ыччата ханнык үөрэххэ туттарсарын дириҥник ырыта барбакка, хайдах эмэ гынан бу дойдуттан эрэ тэскилиэххэ диэн, киин куораты былдьаһара. Түптээх үлэ суох, кулууп сабыллан турбута хас эмэ үйэ буолла. Хайыаххыный? Дьокуускайга эдьиийэ аах
даачаларыгар эбиттэр. «Хата, дьиэбитин харабыллыыр эрэбил киһи көстүбүт» диэн үөрдүлэр. Кыбартыыраларын икки хоһун хатаатылар, онон Лүөҥкэ саалаҕа олохсуйда. СГУ баараҕай дьиэтэ УЛК-ҕа докумуон туталлар. Төрөппүтүн, уруутун-аймаҕын кытта сылдьар тыа оҕото толору. Үтүктүспүт курдук, күн уотугар хараарчы сиэппиттэр, дьэ, килэриһии-молоруһуу, тыкаарайданыы. Лүөҥкэ аттестата кырылас «4» сыана да, чопчу бу биридимиэккэ үчүгэйбин диир кыаҕа суох. Онон «саатар, саха тылыгар туттарсан көрүөххэ» диэн санааланна. Ону баара, тургутук диэн кытаанаҕа эбит. Дьэ, араас ырытыы: лексическэй, фонетическай, морфологическай, синтаксическай – ыы-быччары! Итини барытын хантан билээхтиэй?! Оскуолаҕа да итинниккэ үөрэппиттэрин өйдөөбөт. Хата, эрэпэтиитэр биллэриитэ толору. Дуоһунастарын, ааттарын-суолларын толору суруйан дьэрэлитэллэр эбит. Сураҕа, чааһыгар 150-нуу солкуобай үһү. Лүөҥкэ ити үлүгэрдээх ааттаах-суоллаах дьоҥҥо – учуонайдарга тиийиэн салынна. Хата, «уопуттаах эрэпэтиитэр» диэн, кимэ биллибэт илии баттааһыннаах аадырыһы сурунна. Ол аадырыһын ирдэһэн Студгородок биир хоһугар тиийбитэ, кырасыабай дьүһүннээх, 25-26 саастаах кыыс үөрэ-көтө көрүстэ. Сардаана аспирант эбит. Лүөҥкэ маҥнай толло санаабыта мэлис гынна. Кыыһа, эчи, аламаҕайын! Адьас тэҥнээҕин курдук кэпсэтэр. Түргэн үлүгэрдик дьоҕус остуолга кэлэн дьарыктаныы буолла. Оскуола учуобунньуга, араас босуобуйа толору. Сардаана, кырдьык, балайда уопуттаах буолан, урукку эксээмэннэр сорудахтарын барытын уура сылдьар эбит. Үлэ ол хайысханан барда. Лүөҥкэ мунаардаҕына (дьиҥэр, билэрэ да быыкайкаа), кыыс адьас аттыгар кэлэн, үрдүгэр нөрүйэн туран өйдөтө сатыыр. Ол аайы киһи туохха да холуон билбэт имэҥнээх минньигэс сыта охсуллар, уол этэ-сиинэ итийбэлиир, бу бүүс-бүтүннүү курдаттыы көстө сыһар чараас былаачыйалаах кыыһы ыга кууһуон баҕарталыыр. Өйө-санаата араас «даҕааһын», «дьөһүөл», «сыһыат» диэннэртэн букатын ыраатта. Оттон кыыһа сылаас иэдэһин Лүөҥкэҕэ даҕайан туран уол суруйан дуомнаабытын кыһыл уруучукатынан көннөрө-көннөрө тохтоло суох быһаарар. Биһиги киһибит, били, аармыйаҕа аспаал тэлгэтэн көлөһүн-балаһын алларын курдук тириттэ, адьас буорайда. «Ыы, Билбэтчэй, дьэ, оччоҕо тугу сатыыр уолгунуй?» – диэт, кэтэххэ тыкта. Онуоха Лүөҥкэ олорон эрэ эргиллэ биэрдэ уонна кыыһы атаҕыттан бобо кууһан, көтөҕөн таһаарда. Сардаана утарсыбатаҕыттан эрдийэн, устунан дьыбааҥҥа сытыарда. Уохтаах уураһыы быыһыгар былаачыйатын арыйан, суолтатыгар эрэ хаххалыыр стрингэтин ньылбы тардан ылла. «Тохтоо, Лёня, маны кэтэрдиим», – диэт, кыыс түргэн үлүгэрдик дьикти баҕайы моһуоннаах, бытык курдук салбырҕастардаах кылабачыгас эрэһиинэни кими да билиммэт буола тыҥаабыт тэрилигэр сыралаһан кэтэртэ. Маны барытын нэһииччэ тулуйан сыппыт эр бэрдэ, өрө уһуутаан кэбиһээт, таптал дириҥ далайыгар умсан хаалла... Барыта ким эрэ эрдэттэн былааннаабытын курдук соһуччу буолла. Түргэнэ да бэрт. Чыпчылыйыах түгэнэ. Сардаана, уол маҥнайгы уоҕа таҕыстар даҕаны сыллыы-ууруу, нарын тарбахтарын төбөтүнэн уйан сирдэрин таарыйан дьигиҥнэтэ, имэрийэ-томоруйа, таптыы сытта. Начаас ыккардыгар уол этэ-сиинэ күүрэн, бүтүннүү тыҥ курдук кытаатан кэллэ. Быыппастыгас быччыҥа сүүрэлээтэ, кыыһы тыына хаайтара сыһыар диэри бобута кууспахтаата, омурҕаннаах түһүнүү кытаанаҕа буолла. Лүөҥкэ өйүгэр «даҕааһын – даҕайсыы», «сыһыат – сыстыһыы», «туохтуур – хайааһын»,
о.д.а. тиэрмин тыллар хантан эрэ үөһэттэн кутуллан истилэр, ону чиҥэтэрдии үөһэ-аллара хамсааһын өссө күүһүрдэ... Бутукай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан