Кэпсээ
Войти
Регистрация
Доҕорум олоҕун олорон
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Доҕорум олоҕун олорон
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
03.08.2023 15:29
Бадаҕа 4-5 сыллааҕыта этэ. Мииринэй куоракка олорор үөлээннээҕим олоҕун орто омурҕанын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр ыҥырбыта. Сөмөлүөт билиэтиттэн матан, сиринэн айанныыр «дьолломмутум». Хата, устудьуон аймах каникула саҕаланан, Бүлүүлүүр суолунан оптуобус хото сылдьара. Биир оннук оптуобуска удамыр соҕус сыанаҕа миэстэ булан айанныыр буолбутум. Айаннааччы үгүс өттө эдэр ыччат буолан, ырыа-тойук аргыстаах айаммыт саҕаланна. Мин онно орооспокко, саастаах киһи сиэринэн, бүгэн олорортон этим-сииним көһүйэн, хааным көймөстөн, атаҕым улук буолан, ыллыыр да кыаҕа суох нэһиилэ истим. Саатар, кэпсэтэн кэми билбэккэ аһарыахпын айах атан сэлэһэр атас суох буолан биэрдэ. Уум кэлбэккэ, ону-маны эргитэ саныы олорон аттыбар олорор аргыспын, дьэ, өйдөөн көрдүм. Мин аттыбар сааһыра барбыт, кэтит киппэ көрүҥнээх аҕам киһи олорор эбит. Кини харахтара дириҥ чүөмпэлии тугу эрэ киһи хаһан да таайбат кистэлэҥин кистииргэ дылылар. Ол курдук ырааҕы көрөллөр, өрдөөҕүтэ буолбуту одуулуур курдуктар. Аастыйбыт чанчыктара хаһан да суураллыбаттыы, сотуллубаттыы кырыарбыттар. Мин унньуктаах уһун айан тухары тэһийэн-тулуйан олоруо суохпун билэн, бу киһиэхэ чугаһаан кэпсэтиини саҕалыыбын: «Дьэ, уһун айан диэтэҕиҥ, сорох көһүйэн бараары гынна. Сэргэстэспиччэ билсэн кэбиһиэх. Ньукулай диэммин». Онуоха киһим ол ааспыт сыллар улаҕаларыттан бэттэх кэлэн соһуйбуттуу өрө көрдө. Онтон өй ылан: «Өндүрэйбин. Төрүт буорбар Ньурбаҕа баран иһэбин»,—диэн сөҥ куолаһынан эппиэттээтэ. Ити кэннэ хоммут уоспут хоҥнон, ырааҕы-чугаһы ырытыһан бардыбыт. Аргыһым киһи иһиттэр истэ олоруох бэрт элбэх кэпсээннээх буолан биэрдэ. Кэлин кэпсэтиибит сүнньэ иэҕиллэн «Дьылҕа», «Ыйаах» диэҥҥэ тиийдибит. Манна тиийэн мөккүһэн турдубут. Мин этэбин: «Киһи төрүөн инниттэн олоруохтаах олоҕо барыта «анараа» суруллан, бүтэн сытар буолар быһыылаах. Олохпут барыта үөһээттэн ыйаахтаах, онтон хайдах да туораабаккын». Онуоха Өндүрэйим балачча мөккүспэхтээн баран: «Дьэ, бэркэ мөккүстүбүт дии. Мин эйиэхэ бэйэм олохпун кэпсиим эрэ. Мин олорбут олоҕум, арааһа, мин олоруохтаах, миэхэ анаммыт олох буолбатах. Туора киһи дьылҕата... олох оонньуура дуу... » Мин, саатар эрэ, айан уһун дии санаан, кэҕис гынным. Өндүрэй кэпсээнэ Мин дьонум — төрүт ньурбалар. Кыра эрдэхпиттэн Бүлүү эбэ уутугар умсаахтаан, сайынын сырылас кумаҕар сыламнаан улааппытым. Оҕо эрдэхтэн эмиэ мин курдук Өндүрэй диэн ааттаах, убай кэриэтэ саныыр доҕордоох этим. Дьоммут аах кинини Улахан, миигин Кыра Өндүрэй диэн ааттыыллара. Иккиэн ыаллаһа олорор да буолан буолуо, туохха барытыгар бииргэ сылдьарбыт. Балыкка буоллун, куска буоллун — барытыгар кини үөрэппитэ. Атын оҕолор атаҕастаары гыннахтарына, миигин көмүскэһэн, охсуһан кулааппайдаһара. Улахан доҕордоох буолан, оскуоланы кимиэхэ да атаҕастаппакка бүтэрбитим. Улахан Өндүрэй оскуола кэнниттэн 2 сыл сопхуоска үлэлээбитэ. Мин бүтэрбит сылбар иккиэн Дьокуускайга үөрэххэ туттарса айаннаатыбыт. Ол сыл иккиэн медучилищеҕа үөрэнэ киирбиппит. Мин ийэ, аҕа кэтэбилиттэн тахсаат, били, үөрэххэ дьоҕурдаах киһилэрэ аанньа үөрэммэт буолан барбытым, кыһыҥҥы эксээмэннэри кыайан туттарбат туруктаммытым. Онно үүрүллүөхтээх киһини эмиэ доҕорум быыһаабыта. Кэниспиэк буоллун, лабораторнай буоллун — барытын оҥорон биэрэрэ. Күнү-күннээн, мөҕөн ыла-ыла, эксээмэҥҥэ бэлэмниирэ. Инньэ гынан кыл мүччү сиэссийэбин ааспытым. Саҥа дьыл күн хоспутугар иккиэн эрэ хаалбыппыт. Чугас дойдулаах оҕолор бары дьоннорун кытта саҥа сылы көрсө айаннаабыттара. Доҕорум ол күн кэргэн ылаары сылдьарын кэпсээбитэ. Саҥаһым кэриэтэ көрүөхтээх кыыһым эмиэ биһиги училищебытыгар үөрэнэрэ, Айта диэн ааттааҕа. Сэрбэйбит баттахтаах, оҕолуу ис киирбэх кыыһы көрөөт да биһирээбитим. Саҥа дьыл бастакы тоһун эдэр дьоҥҥо дьолу-согуну баҕаран көтөхпүппүт. Саҥа сыл саҥа саҕахтары арыйарын баҕарбыппыт... Кистээбэккэ эттэххэ, ол кэмҥэ мин кыралаан аһыы утаҕы амсайар кыдьыктаммытым. Хаста да алдьархайга түбэһиэх киһини доҕорум барахсан быыһаан турардаах. Биирдэ Маай саҕана эмиэ дэлби «бырааһынньыктаан», уопсайбар кэлэн аттынааҕы хоспутугар айдаан, араллаан бөҕөнү тарпыппын: түннүк үлтүрүйбүт, аан хайа охсуллубут. Уолаттардыын барытын самыы тутан кистээбиппит даҕаны комендаммыт барытын билэн аҕыс айдааны таһаарбыта. Буруйдааҕы булбакка, икки хос оҕотун барытын үөрэхпититтэн үүрдэриэх буолан сааммыта. Ол саҕана итинник быһыыланнахха, тута үүрүллүөххүн, кытаанах миэрэҕэ ылыллыаххын сөбө. Уолаттар уйаларыгар уу киирэн, буруйдааҕы миигин «билин» диэн ыххайбыттара, устунан кырбыах да курдук буолбуттара. Онно эмиэ Өндүрэй барахсан абыраабыта. Уолаттары уоскуталаан баран, тугу да эппэккэ тахсан барбыта. Күнүс, мин суох кэммэр кэлэн, сээкэйин хомунан, уопсайтан тахсан барбыт сураҕын истэн хаалбытым. Кэлин билбитим, буруйу барытын бэйэтигэр ылыммыт этэ. Мин доҕорбун куораты биир гына көрдөөн нэһиилэ булбутум. Мин төнүн, барытын дьиҥнээҕинэн кэпсиэх диирбин буолумматаҕа. «Үчүгэйдик үөрэн, мин быыс-хайаҕас булан сылдьыам» диэбитэ. Өндүрэй ол кэнниттэн өр буолбакка аармыйаҕа барбыта, биһиги ситиммит хайдах эрэ быстан хаалбыта. Арай доҕорбутун ахтан, Айтаны кытта кэпсэтэрбит, көрсүһэрбит элбээбитэ. Устунан уоттаах таптал кутаатыгар куустаран, чугастыы буолан хаалбыппытын билбэккэ да хаалбыппыт. Үөрэхпитин бүтэрэр сылбытыгар ыал буолбуппут. Билигин 5 оҕону атаҕар туруоран дьоллоох ыал ааттанан олоробут. Эһиилигэр доҕорум аармыйаттан кэлбитэ. Эмискэ кыракый хоспутугар (хантан булбута буолла) көтөн түспүтэ. Барытын истибит, билбит этэ. Ол эрэн биир да хомуруйар тылы эппэтэҕэ. Эмиэ уруккулуу истиҥ доҕордуу сыһыан күөрэйбитэ. Кэлин үлэ буларбар, дьиэ ыларбар барытыгар көмөлөспүтэ. Атаахтыы үөрэммит киһи ону омнуолаабат этим. Уонча сыллааҕыта эмиэ ситиммит быстан сүтэрсэн кэбиспиппит. Ханна эрэ хоту улууска олхсуйбутун кэлин истэрим да анаан-минээн көрдөөбөтөҕүм. Арай былырыын биир дойдулаахпыттан истибитим, доҕорум эрэйдээх сырдык тыына сэтинньи ый саҕана быстаахтаабыт. Өлүөн биир ый иннинэ дойдутугар олохсуйа диэн кэлбит. Кэргэнэ, оҕото суох сулумах сылдьара үһү. Ол сэтинньи ый дьыбардаах сарсыардатыгар Өндүрэй эрэйдээх эмиэ атын дьон олоҕун быыһаары бэйэтин тыынын толук уурбут. Өрүһү туораан иһэн, муус хайа барбытыгар ууга түһэн тыын былдьаһа сылдьар дьону быыһаары... Ол дьону быыһаабыт, бэйэтэ өрүһүммэккэ муус анныгар... Инньэ гынан уҥуоҕа да хараллыбакка анараа дойдуга бараахтаатаҕа... Мин кэлин саныыбын ээ, өскөтүн миигин ньээҥкэлэһэ сылдьыбатаҕа буоллар, баҕар, олоҕо отой атыннык салаллыа этэ. Мин кини үөрэниэхтээх миэстэтигэр үөрэнэн, кэргэн ылыахтаах кыыһыныын ыал буолан, оҕо төрөтөн... хайдах эрэ кини олоҕун уоран ылбыт курдукпун. * * * Аргыһым Өндүрэй хобдох сэһэнин истэн, уоскутан туһалаабаппын билэн саҥата суох утуйбута буолабын. Киһим ыалдьар сирин таарыйбыппын кэмсинэ саныыбын. Өндүрэй эмиэ улаҕа хайыһан утуйардыы оҥостор. Хайабыт да тыл быктаран кэпсэтиини салҕаабат. Өр-өтөр буолбат, Ньурба куорат уота-күөһэ күндээрэн тиийэн кэлэр. Аргыһым ахтылҕаннаах төрүт дойдутун көрөн, сирэйдиин-харахтыын сырдыыр. Түһүөхтээх сиригэр тиийэн илиибин ыга тутан, дьолу-соргуну баҕаран быраһаайдаһан тахсан барар. Биһиги унньуктаах уһун айаммыт салҕанар, олох эмиэ айан кэриэтэ иннин диэки салаллар. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан