Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүгүннээбэтэх хаһаайын
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүгүннээбэтэх хаһаайын
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
03.08.2023 15:23
Ыал буолуохтарыттан ыла дьиэ куортамнahан олорбут эдэр дьон кирэдьиит ылан, саҥатык соҕус дьиэни атыыласпыттар. Хаһаайка, огдообо дьахтар, иһэ-таһа барыта олохтоохтук оҥоһуллубут дьиэтин улаханнык харыһыйа-харыһыйа атыылаабытын биллэрбит. Харчыларыгар кыһалҕалаах эдэр ыал малааһыннаан мачайдаспатахтар, көннөрү алаадьы, саламаат оҥорон уоттарын аһаппыттар. Сотору баччаҕа диэри олус эйэлээхтик олорбут дьон кыыһырсар, этиһэр буолан барбыттар. Эр киһи атын хоско сытан наар баттатар эбит. Сотору кини кэтэхтэн үөрэҕэр куораттаабыт, онон дьахтарга доҕор буола диэн кырдьаҕас эдьиийэ кэлбит. Уол үөрэҕин быыһыгар кэлэ сырыттаҕына эмээхсин кинини ыҥыран тугу эмэ көрөрүн, истэрин ыйыталаһа сатаабыт. Саҥа дьиэлэммит киһи ону өһүргэнэ истибит. Эдэр ыаллар сааһыары улаханнык кыыһырсан, төрүт да кэпсэппэт буолбуттар, уол түүн аайы аанньа утуйбакка ньиэрбинэйдиир, эбиитин иһэр буолбут. Кэргэнэ хас эмэ хонукка сүтэр кэмигэр кыыс дьиэтин атыылаан баран дьонугар көспүт. Ол олордоҕуна били эдьиийэ эмээхсин ыалдьыттыы кэлбит уонна кинилэргэ хоно сытан түүн аайы хара бэкир киһи кини таһынан кэлэн ааһарын эппит. «Тоойуом, кэргэниҥ киниттэн эрэйдэммитэ буолуо. Чуолкай туох эрэ баар. Хаһаайын хайдах өлбүтүн билбиккит дуо?» — диэбит. Кыыс итини истэн, дьэ, өй ылан туох дьиэҕэ олоро сылдьыбытын туоһуласпыт. Били хаһаайка кэргэнэ туох баары барытын умнан, дууһатын ууран туттубут дьиэтэ эбит. Бэл, ас уурар оҥкучаҕын тутааҕар, оһоҕун булкуйар үөттүрэҕэр тиийэ эриэккэстээн оҥорбут. Быһата, саҥа туттубут дьиэтигэр аһара убаммыт. Онтон биир күн куска сыта киирэн баран, тоҕо эбитэ буолла, бэйэтигэр тиийиммит. Ону истэн кырдьаҕас эмээхсин: «Ол иһин даа... Нуустатын наһаа уурбут дьиэтэ буоллаҕа. Бэйэтин бэйэтэ дьаһаммыт киһи үөр буолан, кэлэ сылдьар эбит», — диэн тойоннообут. Ити кэннэ кыыс арахсыы биричиинэтэ атыҥҥа буоларын таайан, киһитин булан, онтон ыла этэҥҥэ олорбуттар. Өтөх иччитин иэстэһиитэ 80-90-с сылларга тыа сирин оҕолоро сайынын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарынан тарҕаһан үлэлииллэрэ. Ким от звенотугар, кирпииччэ биригээдэтигэр, оҕуруот аһын олордуутугар, сайылыкка араас үлэлэргэ сылдьан, оскуолаҕа кэтэр таҥастарын булунан үөрэх дьылын көрсөллөрө. Бу түбэлтэ ыанньыксыт кыргыттар, бостуук уолаттар түмсэн үлэлиир сайылыктарыгар буолбута. Билигин ферма сайылыга буолан турар дьикти үчүгэй айылҕалаах сиргэ былыр кимнээх олоро сылдьыбыттарын олохтоохтортон ким да чопчу билбэт. Дэриэбинэ мантан балай да тэйиччи баар. Арай күөл нөҥүө турар былыргы балаҕантан дьон бары дьалты хаамаллар. Кэпсииллэрин итэҕэйдэххэ, бу балаҕан былыргы мала-сала хайдах баарынан тыытыллыбакка турар үһү. «Туох эрэ ыарыыттан эмискэ суох буоллахтара...» — диэн сэрэнэн кэпсэтэллэр. Балаҕан таһыгар бэл сүөһү кытта чугаһаабат. Дьиэ үрдүгэр сытар сылабаардартан, алтан иһиттэртэн сылыктаатахха, олохтоохтор сэниэ ыал буолуохтарын сөп. Ферма үлэһиттэрэ көмүлүөк оһохтоох, хас да хостоох, хаппахчылаах, кэҥэс соҕус дьиэҕэ олорбуттар. Дьэ, бу сайылыкка улахан кылаас кыргыттара иккилии буолан пааралаһан үлэлии тахсыбыттар. Үлэлэрин кэннэ учуотчут кыыстан икки холуоҥкалаах магнитофонун уларсан үҥкүүлүүллэр эбит. Үүт тутар дьиэ аһара кыараҕаһын иһин таһырдьа таһааран, муусукаларын тыа баһа сатарыар диэри тардар буолбуттар. Онно эбии мэнигинэн баппат Настаака кыыс часкыйан ыла-ыла иэрийэр күлүүтэ наһаалаабыт. Настаабынньык дьахтар хаста да буойан көрбүт эрээри, улахан дьайыыны оҥорботох. Ити курдук үлэлии сырыттахтарына биир сарсыарда Настаака учуотчут кыыстыын этиһэн тиниктэһэн турбуттар. Ол төрүөтэ маннык эбит: Настаака балтыныын биир паара буолан үлэлииллэр, сарсыарда ыабыт үүттэрин үүт дьиэтигэр илдьэн туттаран баран тахсан барбыттар. Учуотчут кыыс үүттэри тута мээрэйдээри гыммыта солууртан иэдьэгэй түһэн кэлбит. Бэркэ диэн муодарҕаан атын солуурдары көрбүтэ – эмиэ иирэн хаалбыт үүт буолбут. Кыргыттары ыҥырталыыр, анарааҥылара мэлдьэһэллэр. «Үүт мээрэйдиир иһиккин сууйбакка гынан бараҥҥын биһиэхэ балыйаҕын», — диэн буолбут. Айдаан дириҥээбит, настаабынньык кэлбит, этиһиигэ кыргыттар бостуук убайдара кыттыспыт, устунан аймаҕынан «киирсии» саҕаламмыт. Хапсыһыы түмүгэр ким буруйдааҕа кыайан быһаарыллыбатах. Ол түмүгэр учуотчут кыыс үлэтиттэн уурайан, дэриэбинэлээн хаалбыт. Күһүн буолан, халлаан хараҥаран кыргыттар таһырдьа аһара мэниктииллэрэ тохтообут, киэһэтин түбэлтэ кэпсэтэр буолбуттар. Биир оннук киэһэҕэ настаабынньык дьахтар киирэн кыттыспыт. Оппуруоһа чүмэчи уотугар муннута-уоһа кырыыланан, хараҕа уоттанан олорон кэпсиириттэн кыргыттар иэннэрэ кэдэҥэлиир. Биирдэ: «Эһиги эмиэ биир түбэлтэ кылаабынай дьоруойдара олороҕут ээ, — диэн турда. – Настаака туох да наһаа наһаалаабытыҥ. Киһи тылын истибэтэххит. Сылайыаххытыгар диэри мэниктээн баран киирэн утуйан хаалаххытына, дьиэ үрдүгэр киһи атаҕын тыаһын мэлдьи истэр этим. Иһийэн турар өтөх сиргэ чуумпутук сылдьар баҕайыта. Сир иччитэ иэстэһэн үүккүтүн ииртэҕэ, ону эһиги, тыллаах муҥнаахтар, Араайаны ити үүрдэрдигит», — диэн үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн тиэмэни көтөхтө. Ити кэнниттэн кыргыттар ороннорун таһырдьа таһаартаан, утуйар таҥастарын сиргэ быраҕан, бары бииргэ утуйар буолбуттар. Кытыыга ким да түбэһиэн баҕарбатын иһин сүбэлэһэн баран иһити, муостаны сууйар дьуһуурунай сыттын диэн быһаарбыттар. Ким да ити кэннэ тугу да көрбөтөҕө эрээри, Настаака улаханнык дьүдьэйбитэ. Эһиилигэр кыргыттар бары былдьаһыгынан кирпииччэ үктүүр атын биригээдэҕэ көспүттэрэ. Эргэ өтөх Үрдүк үөрэххэ саҥа киирбит устудьуоннар дэриэбинэҕэ дуогабар быһыытынан үлэлии тахсыбыттар. Дьон олорботоҕо ырааппыт дэриэбинэтин сөргүтүү үлэтэ бара турар эбит. Хас эмэ өтөхсүйэн хаалбыт дьиэлээх кыракый учаастакка саҥа дьиэ туттан, сорохтор өтөҕү сөргүтэн, дьон саҥа кэлитэлээбиттэр. Оҕолору икки эргэ дьиэҕэ олохтообуттар, наһаа айдаарбакка сэмэйдик сылдьарга сүбэлээбиттэр. Саха оҕолоро буоллахтара, бары да маннык сиргэ сүгүн буолуохтаахтарын билэллэр, онон күнүһүн үлэлээн, киэһэтин арааһы кэпсэтэн, күннэрин этэҥҥэ атааран испиттэр. Устудьуоннар саҥа хотон тутуутугар үлэлээбиттэр. Тутуллан иһэр истиэнэлэри кыргыттар тута сыбаан иһэллэр. Биир эҥээригэр сыһыары турар эргэ дьиэ мэһэйдээн, Дунялара сыбыырыгар эрэйдэнэрин эппит. Былыр ким олоро сылдьыбыта биллибэт, элбэҕи «билбит-көрбүт» дьиэни көтүрэн аньыыга киириэн баҕалаах киһи көстүбэтэх. Олохтоохтортон ким да буолуммакка, тыраахтарга үлэлиир нууччаны көрдөспүттэр. Киһилэрэ кэлэрин кэлбит да, биир сырыыга тыраахтара алдьанан, онтон эмиэ туох эрэ мэһэйдээн, аҥаарыгар эрэ диэри көтүрбүт. Онтон сотору Дуня ыттан турбут кирилиэһэ сууллан, сиһин тоһутан, бөртөлүөтүнэн куораттаабыт. Ити кэмтэн саҕалаан оҕолор дэлби баттатан, куттанан эрэй бөҕөтүн көрөн барбыттар. Бэрт сотору кэминэн салайааччы уол ыарытыйан, дьүдьэйэн, эмиэ куораттаабыт. Биир киэһэ икки кыыс хойутаан кэлэн «саамай кутталлаах» аатырар оһох кэннинээҕи ороҥҥо киирэн олорбуттар. Ол олорон биирдэстэрэ «ким эрэ атахпыттан харбаата» диэн хаһыытаан барыларын куттарын куоттартаабыт. Бу барыта хотоҥҥо сыһыары турбут дьиэни көтүрүүттэн буолуон сөбө. Эргэ дьиэни көтүрэргэ этии киллэрбит Дуня сааһын тухары инбэлиит буолар дьылҕаламмыта, кини этиитин өйөөбүт салайааччылара сүрэх ыарыһах буолбута дьикти этэ. Оксана Жиркова. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан