Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыһыахха этэ дии

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыһыахха этэ дии

K
17.01.2020 16:35
Маай бырааһынньыктарын кэнниттэн тыаҕа дьон-сэргэ саамай долгуйа күүтэр бырааһынньыга – ыһыах. Былыр-былыргыттан. Олоххо эмиэ биир кэрдиис кэм. Кырдьаҕас өттө кытаанах кыстыгы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэммиччэ, үөлээннээхтэрин көрсөн күө-дьаа буолар, уруккуну-хойуккуну сэлэһэр. Олох эриирин-мускуурун эрдээхтик тулуйан кэлбит дьон быһыытынан, мындыр толкуйдарынан инники олохторун анааран көрөллөр. Ким билиэй – эһиил баччаҕа тиийэллэр эрэ, суох эрэ? Бэл, бэҕэһээҥҥэ диэри муннулара да тыбыыран көрбөккө сылдьыбыт эр бэртэрэ «анараа дойдуга аттаммыт» буолаллар. Уопсайынан, үйэ сайдан, барыга-бары былдьаһык, харбыалаһыы, тиэтэл-саарал, оттон күн-дьыл элэҥнэс. Кырдьаҕастарыҥ холку-киэҥ көҕүстээхтэр: өлөртөн дьөрү куттамматтар, «ыйаахпыт оннук буоллаҕа» диэхтэрэ. Оһуокайга илэмэ-салама түһэн, астына-дуоһуйа үҥкүүлээн тыыннарын таһаарыахтара. Сылайан бэрт, хата, ордук тэптэн күүс-сэниэ ылар курдуктар. «Оһуокай эмтээх» дииллэрэ кырдьык. Ыһыахха биир ураты сыһыаннаах дьон баар. Ол – хаартыһыттар. Ыраахтан-чугастан кэлбит дьэссиик бэртэрэ «кинигэ ааҕабыт» диэн, дьылыччы соҕус сиргэ түмсэн хаартылаан өрүкүнэһиэхтэрэ. Ким эрэ санаата бэркэ көтөҕүллэн, оттон ким эрэ алдьанан, сир-буор сирэйдэнэн барыаҕа. Ыччат өттө мааны таҥаһын кэтэн, киэһэлик билсии-көрсүү түһүлгэтигэр – үҥкүүлүүр сиргэ — мустар. Дьэ, манна буолар билсиһии араас ньымата: үҥкүүгэ ыҥырыы, нарын тарбах таарыйыыта, таайтарыылаах көрүү, имэҥнээх мичээр... *** Дьөгүөр, сааһыран эрэр киһи сиэринэн, эмиэ олоҕу араастаан бөлүһүөктүүр идэлээх. Дьэ, бу ыһыаҕы да ылан көрүөххэ. Туох да диэтэргин, саха маннык үтүө бырааһынньыга суох адьас сатаммат. Төрдүн-төбөтүн түөрэ сатыыр наадата суох. Дьон өрө көтөҕүллэр, олоххо дьулуура күүһүрэр кэмэ. Онто да суох кыһарҕаннаах олоҕу умна түһэр үтүө бырааһынньык – ыһыах. Дьөгүөр үйэтигэр ыһыах арааһын көрдө-биллэ ини да, онтон салгыбыта эбэтэр «сыл аайы наар биир көстүү» диэн кэлэйбитэ суох. Сэбиэскэй кэмҥэ, инньэ, сэрии кэннинэ төрөөбүт буолан, оччотооҕу тыын дириҥник иҥмит киһитэ. Ол саҕана кырдьаҕастар кини саастыылаахтарын «аныгы дьоллоох олоххо төрөөн, туох да кыһалҕаны билбэккэ улаатан эрэҕит» диэн кыайа-хото саҥараллара. Дьөгүөрдээх хаһан да боруостаммат оннук «буруйдаах» буолан, тугу да утары саҥарар кыахтара суоҕа. Киһи да күлэр, билигин Дьөгүөр бэйэтэ эдэрдэри инньэ диир кэмэ кэллэ. Көлүөнэ барыта тус көрүүлээх, туох эрэ дьулуһуулаах, баҕалаах. Төһө да олох араас очура-чочура, кыһарҕана кэллэр, киһи барахсан хайаан да туохтан эрэ үөрэр, дьоллонор. Дьиҥэр, иэгэйэр икки атахтаахха кыра да наада буоллаҕа эбээт. Оҕо эрдэҕинэ ыһыах эт сиир, быырпах иһэр үтүө күн быһыытынан биллэрэ. Нэһилиэк салайааччылара хайаан даҕаны дьон «хараны» амсайарыгар уһулуччу болҕомтолорун уураллара: дайааркалары эт хоторуллар кэмигэр массыынанан аҕалан туспа олохтууллара. Үксүгэр сүүрүҥүй эти ыстаан ыллаҥната, онон-манан уобалыы түспэхтээбиттэрин, тардыйа быһыытыйбыт быырпаҕы аатыгар испиттэрин кэннэ пиэрмэлэригэр төттөрү илдьэллэрэ. Ыраах сиртэн айгыстан кэлбит дайааркалар син ыһыахха сылдьыбыт саҕа сананаллара. Оттон туох эрэ биричиинэнэн мантан маппыт биир эмэ дайаарка биитэр бостуук биригэдьиири, бирэбилээссэйи сылы быһа ыстыыр ыас оҥосторо. Дьөгүөр, төһө да сааһыра
быһыытыйдар, эр киһи кэхтэ илик айылҕата тардан, бу үтүө бырааһынньыгы долгуйа кэтэһэр. Кыргыттар барахсаттар кылбаа маҥан ырбаахыларын кэтэн, аттынан туналыһан аастахтарына, сүрэҕэ битиргии тэбэрэ күүһүрэр. Барахсаттары даа, хаарыаны, эдэр буолан баран тэбис-тэҥҥэ сиэттиһэ сылдьыбыт киһи баар ини! Эчикийэ, кырасыабайдарын эриэхсит! Урут кыргыттар итинник кэрэ быһыылаах-таһаалаах буолалларын Дьөгүөр, кырдьыга баара, өйдөөбөт. Баҕар, билигин кэсмиэтикэ эгэлгэтэ дэлэйэн итинниктэрэ эбитэ дуу? Чэ, ол эрээри урут да кырааска өлүү тута сиэбит барахсаттара син бааллара. Били, сиэстэрэ Биэрискэни да саныах... Кырдьык даҕаны, ол ыһыахха этэ дии. *** Хоптолоох алааска, үс нэһилиэк быысаһар сиригэр, ыһыах күнэ тиийэн кэлбитэ. Ыһыахтыах диэтэххэ, кырдьык, кэрэ көстүүлээх сир этэ. Налыы хонуутугар сибэкки арааһа үүнэрэ, алаадьы төгүрүк күөлүн кыламаныгар күп-күөх бэрдьигэс долгуннурара. Тула хатыҥ чараҥ, бэс чагда, эмиэ да харыйа сиикээн, лиҥкинэс тэҥкэ тииттэрэ «талбытыҥ барыта баар» диэбиттии лаглаһан тураллара. Куочаны (Дьөгүөр оҕо эрдэҕинээҕи таптал аата) ийэтэ «ыһыах саҕаланыытыгар бастыҥ үлэһиттэргэ кыраамата туттарбыттарын кэннэ кымыс иһэрдиэхтэрэ, бука диэн, ол кэмҥэ инники соҕус олороор» диэн сүбэлээн атаарбыта. Куочалаах, хата, туспа былааннаах этилэр. Эрдэттэн үлэх быһыытынан сэриилэһэ оонньуохтаахтара. Ыкса табаарыһа Архан хас эмэ күнү быһа харыйа сахсайа хаппыт туорааҕын уулаах баалынайга кутан бэлэмнэммитэ ыраатта. Ол «буулдьалара», маҕыйа түһэн баран бырахтаҕына, чыһыыран түһэн сүрдээх этилэр. Таптардаххына баҕас, кэһэйэҕин, ытаабатаххар баһыыба. Уолаттар уончалыы буолан икки хамаандаҕа арахсан «сэриилэһэн» бардылар. Куоча табаарыстарыттан тэйэн, хойуу кытыан быыһыгар саһа сытан талыы «буулдьалаах» Арханы «бултаһарга» сананна. Онон сэрэниин-сэрэнэн үктэнэн ыллык омоонун устун сүүрэн истэ. Кумаара сүрдэммит. Бииргэм дып-дыыгынас үлүгэр. Кэбис, кытыан быыһыгар саһа сытан таах сибиэ кумаар аһылыга буолсу. Хата, мантан чугас өтөх баар буолуохтаах, онно тэбиниэххэ, сөрүүнэ эҥин ааттаах буолуо. Ыраас сиргэ тахсан биэрбит «өстөөҕү» өмүтүннэрэн сонно «өлөрүллүө». Итинник саныы-саныы сыбдыгырайан иһэн табаарыстара Архан «буулдьатыгар» таптаран айакалыыр саҥаларын иһиттэ. Эргэ өтөх үрдэ самнан хаалбыт, аҕыйах баҕана эрэ иҥнэйэн тураахтыыр, хата, тыа саҕатыгар быыкаа ампаар сиҥнэллэн көстөр. Балачча чугаһаан иһэн тохтуу биэрдэ. Ампаарга кимнээх эрэ бааллар! Мөхсөр тыас уонна дьахтар ытамньыйар саҥата иһиллэр. «Өссө боруобалаан көрүүй, баҕар, кэлээрэй» диэн дьахтар саҥарар. «Оо, дьэ, сатаммат ээ, мааҕыҥҥыттан ыла сатыыбын да» диэн, эр киһи абаламмыт саҥата иһиллэр. Куоча бэркэ билэр куолаһа. Тыый, туох иэдээнэ буоллаҕай? Аны кимнээх эрэ кэлгийэн баран сытыарар дьоно буолуо! Ол ыккардыгар кини кэлбитин биллилэр быһыылаах: саҥа-иҥэ тохтоото. Куоча барыах-кэлиэх сирин билбэккэ турдаҕына, ампаар аана кыыкыр гынна. Көрбүтэ – сиэстэрэ Биэрискэ Маппыйдыын сыталлар эбит. Куоча бокуойа суох кэннин диэки тэбиннэ. Кэнниттэн: — Нохоо, тохтоо! – диэн хаһыы иһилиннэ. — Куочаа, тоойуом, куотума, бэттэх кэл, — диэн, аны Биэрискэ көрдөстө. Куоча арыый уоскуйа быһыытыйан тохтоото уонна аргыый аҕай ампаарга
чугаһаата. «Киир» диэбиттэригэр сэрэнэн, өҥөйөн көрдө. Кимнээх эрэ кур оту тэлгэппиттэригэр Биэрискэлээх сыталлар эбит. Маппый өссө бинсээгин тэлгээбит, оттон бүрүүкэтэ сулбуруйан, киһи кыбыстыах, кэннэ кылбайбыт аҕай. Кумаар да бэркэ «ыаллаабыт»: онон-манан сиэбитэ лөппөрүһэн тахсыбыт. Биэрискэ аллара эмиэ сыгынньах кэриэтэ сытар, былаачыйата үөһэ арыллан хаалбыт. Аҥаар чулкута, күөх туруусуга муннук диэки эһиллибит. Иккиэн хам сыстыһан баран сыталлар. Куоча, хаһан да көрбөтөҕүн көрөн, куттаныан дуу, кыбыстыан дуу билиминэ киэр хайыһан турда. — Куочаа, мантан чугас маар баар, онно тиийэн бу маайканы илитэн аҕал, – диэн Биэрискэ көрдөстө уонна аллара сытан эрэ Маппый маайкатын уунна. — Нохоо, дьоҥҥо этиэҥ да сэрэн! – Маппый сутуругун көрдөрдө. — Ээ, оҕону куттаама, тоҕо этиэҕэй, Куоча өйдөөх уол. Оннук буолбат дуо? – Биэрискэ аргыый аҕай саҥарда. Куоча иһиттим-истибэтим диэбиттии, маайканы ылаат, маар диэки тэбиннэ. Хата, чугас эбит. Маайканы дэлби илитэн баран, ампаарыгар кэлэн Биэрискэҕэ уунна. — Тоойуом, тахса түс, ыҥырдахпына киирээр, ханна да барыма. — Мэ, Куоча, маны уктан кэбис, наада буолуо, – диэн Маппый сүүрбэ биэстиилээх икки кумааҕы харчыны уунна. – Эр киһи буоллаҕыҥ дии, өйдүөҥ. Куоча хап-сабар сиэбигэр укта оҕуста. Үйэтигэр итиччэ харчыны туппатаҕа. Тахсан, таһырдьа турбахтаата. Чочумча Биэрискэ ыҥырда. – Куочаа, бу маайканан Маппыйы сискэ охсоор, ол гынан баран күүскэ, – диэтэ. Куоча ибис-инчэҕэй маайканы илиитигэр эрийэ тутан баран, Маппый сиһин курбуулаата. «Өссө-өссө күүскэ» диэн буолла. Хаста да маҕыйа-маҕыйа сырбатта да, Маппый көхсө кытарар эрэ. Туох да уларыйыы тахсыбата. «Аны миигин» диэн Биэрискэ Маппый үрдүгэр буолла. Куоча сирэйэ итийбэхтээтэ. Дьахтар быһыыта-таһаата кулууп бибилэтиэкэтигэр баар өҥнөөх сурунаалга курдук умсугутуулаах буолан биэрдэ. Эбиитин былаачыйатын өссө үөһэ арынна. «Чэ, Куоча, хайдах этигиний, сырбаат!» Куоча санаата баран охсубата. Хата, имэрий диирэ буоллар, төһө баҕарар имэрийиэх-томоруйуох эбит. Хайдах эрэ аһына санаата. Оттон Маппыйы баҕас, төһө баҕарар сырбаталыах эбит! Дьиҥэр, Биэрискэни да иһигэр киллэрбэт этэ. Урут кутургуйа өлүү буулаан балыыһаҕа тиийбиттээх. Киһи кыбыстыах, онто оруобуна атаҕын икки ардыгар тахсыбыт этэ. Хайыай, «туруусуккун сулбурут» диэбитигэр толорорго эрэ тиийдэҕэ дии. Астыйбытын дэлби ыган арыый да аматыйбыта, ол эрээри күн аайы кэлэн бэрэбээскэлэтэр буолбута. Биирдэ эмиэ сулбуруттан баран ыскаамыйаҕа сыттаҕына Биэрискэ «ыы, бу уол тээһэҥкэтэ икки вишня саҕа буолбут дии, оттон «чыычааҕа» уһуктанан түһэн, тугун сүрэй» диэн күлбүттээх. Уонна ол «чыычааҕын» сөлүөҥкэнэн биһиэм диэн, сэрэнэн биир диэки хайыһыннарбытыгар кыбыс-кытаанах буола тыҥаабытыгар Биэрискэ бэйэтэ да соһуйбута быһыылааҕа. Онтон бэттэх Куоча кинини көрдөҕүнэ, кыбыстан хайыан да булбат этэ. Оттон ол дьиҥнээх вишняны хаһан да харахтыы илик буолан, Биэрискэ кини тээһэҥкэтин кыра диэн мыыммытын дуу, биитэр улахан диэн сөхпүтүн дуу өйдөөбөтөҕө. — Хайа, Куочаа, охсууй, тоҕо
тураҕын? – диэн дьахтар хамаандалаата. Куоча хаста да сырбатта да, эмиэ туох да уларыйыы тахсыбата. «Дьэ, кытаанахтык да сыстыспыттар, аны өлөн хаалыахтара» диэн, улам куттанан барда. — Сатамматыбыт. Чэ, Куоча, тоойуом, түһүлгэҕэ тиийэн акушерка Зояны аҕаллаххына эрэ сатанар буолла. Дьон истибэтигэр этээр, – Биэрискэ киэр хайыһан сытан уйадыйбыт куолаһынан саҥарда. Акушерка Зоя, Маппый кэргэнэ, Биэрискэ ыкса дьүөгэтэ этэ. – Чэ, тоойуом, үчүгэйдик сырыт дуу, сэрэнээр, – диэн баран, Биэрискэ Куочаны сүүһүттэн сыллаан ылбыта. Маннык эппиэттээх сорудаҕы толоро Куоча буута быстарынан ыһыахтыыр сир диэки тэбиммитэ. Балачча өр мучумааннанан акушерка Зояны нэһииччэ көрдөөн булбута. Төһө өр эрэйдэммиттэрин Куоча билбэт. Арай ый курдугунан сиэстэрэ Биэрискэ атын сиргэ көспүтэ, оттон Маппыйдаах Зоя төһө да саҥардыы дьиэ туттан киирдэллэр, арахсыбыттара. Бутукай.
kyym.ru сайтан