Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өрөмүөн? Оо, үчүгэйиин!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өрөмүөн? Оо, үчүгэйиин!
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
09.01.2020 12:22
Тохсунньу 29 күнэ 2009 с. № 3 (21895) Өрөмүөн? Оо, үчүгэйиин! Маппыйдаах Халыматтан көһөн бу дьиэҕэ олохсуйбуттара оруобуна уон сыла буолла. Эттэххэ дөбөҥүн иһин, син балачча кэм ааспыт. Көр, маҥнай кэлбиттэригэр, аймахтара быһа хаайан, дьиэ малааһынын тэрийтэрбиттэрэ ээ. Ол хаартыскалара Халыматтан илдьэ кэлбит ыскааптарыгар бу кыбытыллан турар. Оо, онно баттаҕа букатын да хап-хара эбит дии! Бу дойдуга, өссө төрөөбүт сиригэр кэлэн баран, дьэ туох ааттаах туртайбытай?! Дьэ, Саҥа дьыл ыы муннуларыгар бу анньан кэллэ. Тоҕо да түргэнэй?! Ити курдук олохпут бүттэр-бүтэн, устунан кырдьан-бохтон иһэбит. Маппый былырыын биэнсийэҕэ тахсыбыта эрээри, «биэнсийэлээх оҕонньор» диэтэххэ, өһүргэнэн өттүгүн үлтү түһүөҕэ. «Кырыйдым» диэн санааҕа төрүт бэриммэт. Көр, 80-нун туолаары сылдьар Ньукулай Дьөгүөрэбис 55 сааһы «пахай, ити диэн саас буолуо дуо – оҕо оҥорор, сиэкистиир кэм саамай оройо» диэбиттээх. Ол кэннэ тугу диэҥий?! Кырдьык, эдэригэр Маппый да кыргыттарга сирдэрбэт уола-хаан этэ, билигин аҕырымныы быһыытыйбытын иһин. Хата, ол оннугар Сөдүөрэтэ, уонтан тахса сыл балыс да буоллар, орон дьыалатыгар «сөрүүдүйбүт». Кэнникинэн наар «айака, сүгүн утут» диэн эһиэлэнэр үгэстэннэ. Маппый, бүгүн үлэтиттэн арыый эрдэ кэлэн, аан кэннигэр турар кууллаах хортуоскатыттан ыраастыы сылдьан арааһы бары санаан аһарда. Сөдүөрэтэ туох ааттаах хойутаата? Ээ, арба, бүгүн оптуорунньук этэ дуу: «амбейдар» түмсэр, мунньахтыыр күннэрэ эбит. Дьэ, омук хапыталыыстара сатыыллар: «табаарбытын төһөнөн элбэхтик атыылыыгыт да, оччо-бачча кэрдиискэ тахсыаххыт, ый аайы сөҕүмэр элбэх харчыланыаххыт» диэн мончууктууллар. Ол аайы түһүн да түһүн. 90-с сылларга «Үп пирамидата» диэн сүүлүктүүр ньыма баара, онуоха наһаа маарынныыр. Ол гынан баран, хас да билэр дьоно бэлиэр ый аайы 60-ча тыһыынча солкуобайы биэнсийэ курдук ыла сыталлар. Бу дьонуҥ онон уонтан тахса тыһыынча хамнастаах үлэлэриттэн уурайбыттара ыраатта. Дьарыктара, саныыр санаалара – АМБЕЙ. Араас санаа ситимигэр сөрөнө сылдьан, Маппый Сөдүөрэтэ киирбитин билбэккэ да хаалла. – Дьэ, доҕоор, Маппый, Саҥа дьылга саҥа күтүөппүт кэлиэхтээх дии. Ону баара, көрбөккүн дуо, куукунабыт хайдах курдук ньүдьүрээн турарын? – Онон? – Маппый кэргэнэ эмиэ туох эрэ «идиэйэлээх» кэлбитин тута сэрэйэн, куһаахан буолла. – «Онон» эҥин диэмэ, өрөмүөннүөхпүт. Мин Тайыыса диэн түөтэни кытта хайыы-сахха кэпсэтэн кэллим. Түөрт тыһыынчаҕа оҥоруох буолла. Чэ, эн онно төрүт санаарҕаама, бэйэм оҥорсуом. Эн ону-маны сыҕарытарга, сүгэргэ-көтөҕөргө эрэ көмөлөһүөҥ, онон бүтэр. Оо, дьэ! Туох эрэ буолуохтааҕа ол иһин даҕаны сэрэйиллэр этэ. Сөдүөрэтэ сөп буола-буола «абааһы уйаламматын» диэн, булгуччу ыскаап, дьыбаан эҥин турар миэстэлэрин уларыттаҕына эрэ уоскуйааччы. Ол киэлитэ киирбит. * * * Тайыыса, түөрт уончалаах, кыра уҥуохтаах, сытыы-хотуу сирэйдээх дьахтар, болдьоспут кэмигэр субу баар буола түстэ. Үөрүйэх киһи быһыытынан таҥаһын уларытта охсон үлэлээбитинэн барда. Сөдүөрэ илии-атах буолар, ол быыһыгар Маппыйы ыҥыраллар. Дьахтар быһыта-орута саҥаран, дьэ хамаандалыах
барахсан. Маппый «маннык дьахтарга түбэспит киһи сору көрүүһү» диэн санаталаан ылла. Киэһээҥҥи чаайдарыгар үчүгэйдик билистилэр. Устудьуон кыыстаах, эриттэн арахсыбыт үһү. Кирэдьиитин төлүүр инниттэн түгэн эрэ көһүннэр, араас үлэни эбии булар мөккүөннээх. Ол быыһыгар оронтон турбат буолбут ыарыһахтары кытта харайсар. Күнүгэр 6 мөһөөҕү туттаран ыыталлар эбит, аһаппыттарын таһынан. Оттон өрөмүөн – саамай сөбүлүүр үлэтэ. Тайыыса саалаҕа кум гынан ыла-ыла сарсыардааҥҥа диэри үлэлиэх буолла. Тыаһа-ууһа суох үлэлиир, кими да мэһэйдээбэт үһү. Эмискэччи төлөпүөн тырылаата. Кэргэнэ хааман талырдаан тиийэн туруупканы ылла. Маппый иһиттэҕинэ, Сөдүөрэтин куолаһа уларыйбыт, чахчы, туох эрэ буолбут чинчилээх. – Дьэ, сатамматыбыт. Балтым балыыһаҕа киирбит. Оҕолоро бэйэлэринэн хаалбыттар. Онно тиийэн хонсор буоллум, – Сөдүөрэ сыыра-саары хомунан таксинан сус гыннаран хаалла. * * * – Кирилиэскит үрдүгэ бэрт. Түһэргэ-тахсарга эрэйдээх баҕайы. Матвей, миигин кыайарыҥ дуу, ити түннүк холуодатыгар көтөҕөн илдьэриҥ буоллар, онтон кирилиэскин эмиэ итиннэ сыҕарыт, – диэн Тайыыса көрдөстө. Маппый дьахтары атаҕыттан бүтүннүү кууһан ылбытыгар, туох эрэ дьикти иэйии билиннэ. Үчүгэйиин! – Хайа, итинник туруоҥ дуо, – үөһэттэн саҥа иһиллибитигэр, дьэ өйдөннө. Тэтиннэ. Маппый, үлэлиэх-хамсыах, элбэҕи кэпсэтиэх санаата киирбитин билбэккэ да хаалла. Тайыыса да хаалсыбат. Сэһэннэрэ-тэппэннэрэ ыраатта. Маппый киһилии маннык тэнийэн кэпсэппэтэҕэ ырааппыт да эбит! Олус да чэпчээтэ. Баччааҥҥа диэри муунтуйан сылдьыбытыан! Ол ыккардыгар испиэскэлээн бүппүттэр. Хата, хобдох баҕайы курдук буолла. – Чэ, Матвей, бүгүҥҥү үлэбит бүттэ. Сарсын үлэм кэнниттэн кэлиэҕим, билигин суунан-соттон баран дьиэлиэм, – диэт Тайыыса бааннайга киирдэ. Маппый, эмиэ урукку киэлитигэр киирэн, били тэттибитэ күүгэн курдук уостан хаалла, унньу-санньы туттан хоһун диэки налбыҥнаан истэҕинэ: «Матвей, баһаалыста, устуулга турар суумкабын уун эрэ», – диэн саҥа иһилиннэ. Маппый өс киирбэх маллаах эргэ суумканы туппутунан бааннаҕа киирдэ. Оо, бу тугуй! Илиитин сууна турара буолуо диэбитэ – дьахтара бааннаҕа кус сыгынньах турар эбит. Эр киһи хараҕа дьахтар аллараа өттүгэр – куп-кугас будьурхай түүгэ, ол аннынан суон харандааһынан соппут курдук туруору сурааһыҥҥа хатанна. Бөтө бэрдэрдэ, сирэйэ итийбэхтээтэ. – Сыгынньах дьахтары, дьэ көрөҕүн дуо, кыбыстыма, хата, иккиэн тэҥҥэ суунуох, – Тайыыса хамаандалаан барда. Маппый гипнозтаммыт киһи курдук дуҥ-даҥ буолла, хап-сабар сыгынньахтана охсоот дьахтары ыга кууста. Өрөмүөн эрэ, туох эрэ – барыта умнулунна. Сылаас баанна, күлүгүрбүт сиэркилэ хаһан да уостубат таптал уйата буолла. Олох диэн үчүгэй даҕаныы! Таптал иһин - үс солкуобай Кирииһэ ол кэми – отуттан тахса сыллааҕыны – хаһан да умнубат. Кини, оччолорго сүүрбэччэлээх уол, аан бастаан атын киһи ойоҕун, саастаах дьахтары кытта утуйан турбуттаах. Билигин сааһыран, хас эмэ сиэннэнэн да баран, ол кэмнээҕи «мүччүргэннээх» сырыыларыттан санаан кэллэҕинэ, адьас «кыым» буола түһэр. Бэл, Даарыйата «бу оҕонньор тугу сиэн итиччэ дьүһүлэнэр муҥай» диэн бэркэ
абаланар. Бэйэтэ солуобатыгар, киэр хайыһан сытан биэрэр уонна оҕонньоро бүттэҕинэ, сиргэммит курдук, туран суунан баран биирдэ сытар. Эмээхсинэ итиннигиттэн Кирииһэ бэйэтэ да киҥэ холлор. Хата, түргэнник утуйа охсон, түүлбэр урукку көссүүлэрбин кытары таптаһарым буоллар диэн санаалаах сытар идэлэммитэ балай эмэ буолла. Бэйи эрэ, ол Светлана Леонидовнаны саныахха эрэ, хайдах-хайдах этэй?! ...Кирииһэ ИДьМ үс ыйдаах кууруһугар үөрэнэрэ. Онно син биир аармыйаҕа курдук нэрээт, дьуһуурустуба диэн баара. Биирдэ кини субуотаҕа дьуһуурунайдыыр буолла. Туох да уустуга суох: төлөпүөн тыаһаатаҕына, эппиэттиигин, тастан киирэр дьону бэрэбиэркэлиигин. Арай түүн үөһэ төлөпүөн тыаһаата. Кирииһэ «бачча түүннэри хайалара бэһирдэҕэй» диэн, утуктуу олорон туруупканы ылбыта, хата, минньигэс баҕайы куоластаах кыыс саҥарар, күлэн лыҥкынатар, арааһы бары ыйытар. Маҥнай утаа нууччалыы кэпсэттилэр, онтон кыыс сахалыы ып-ыраастык саҥаран киирэн барда: Кирииһэ нууччалыыра эрэйэ бэрт быһыылаах. Светлана чугастааҕы оройуоҥҥа төлөпүөн ыстаансыйатыгар дьуһуурунайдыыр эбит, онон көҥүл кэпсэтэр. Кыратык тохтобул оҥоро-оҥоро сарсыардааҥҥа диэри кэпсэттилэр. Кирииһэ, оччолорго таптал туһунан хоһооно бэйэтинэн тахсан иһэр буолан, мааһа бэркэ табылынна. Бу эристииниҥ, оскуолаҕа сылдьан кэнсиэргэ куһаҕана суох ыллыыра эҥин өтөн, анараа кыыс иһиттэҕинэ, куолас диэн мааны быһыылаах: төлөпүөнүнэн тыастаахтык уураһыы сүрдэннэ. Бүтэһигэр Светлана аныгы нэдиэлэҕэ үс хонукка командировкаҕа кэлиэхтээҕин эттэ, кэллэҕинэ, ханна, хайдах көрсүөхтээхтэрин биллэриэх буолан араҕыстылар. * * * Кирииһэ, кэпсэтии быһыытынан, «Киин» кинотеатр афишатын таһыгар хаҥас илиитигэр «Кыым» хаһыаттаах туруохтаах. Светлана ону бэйэтэ көрөн кэлиэхтээх. Кирииһэ «бу кыыс буолаарай» диэн, чугас эргин сылдьар кыргыттары одуулаһартан соло буолбат. Суох, ким да киниэхэ чугаһыах чинчитэ биллибэт. Албыннаабыта буолуо дуо, ама? Итинник саныах курдук буолан эрдэҕинэ, хара саһыл бэргэһэлээх, истээх соно эмиэ саһыл саҕалаах, бэрт толуу көрүҥнээх, ньыламан маҥан сирэйдээх мааны дьахтар аттыгар кэлэн: – Здравствуйте, Гриша, – диэччи буолла уонна мичээрдээн арылыччы көрөн турда. Кирииһэ, омунугар, ходьох гынна, били төлөпүөнүнэн дьоруойдаабыта мэлис гынна, барыах-кэлиэх сирин булбата. Эчи, маанытын! Онуоха холоотоххо, кини туга кэлээхтиэй – убайа устудьуоннууругар кэппит эргэ дыраап сонноох уонна ийэтэ тикпит андаатар бэргэһэтин хаҥначчы кэппитэ эрэ буолаахтаатаҕа. Ити курдук мучумааннана турдаҕына, дьахтара Кирииһэни хонноҕуттан ылан аа-дьуо «Лена» гостиница диэки хаамтылар. Светлана икки миэстэлээх нүөмэргэ түспүт. Маннык гостиницаҕа хаһан да сылдьа илик буолан, Кирииһэ мах бэрдэрдэ, аар-маар да буола сыста. Хата, букатын буорайыах киһи, «табыллыбатахпына иһиэм» диэн хаһааммыт кыһыл арыгытын иһэн, добуочча сытыырхайда, бэйэтэ-бэйэтинэн буола түстэ. Ыкса киэһэ нүөмэргэ бииргэ сытар дьахтара – Мииринэй буҕаалтыра кэллэ. Кирииһэлээх оронун оҥостон сытарыгар мэһэйдээмээри, көрүдүөргэ тахса сырыттылар. Бириэмэ ыраатта, оптуобус сырыыта тохтоото. Кирииһэ манна хонор буолла. Светлана Леонидовна хараҥа хоско өссө тупсубут курдук буолла: уолтан биллэ саастааҕа көстүбэт, оттон куолаһа наһаа минньигэс, бииргэм имэҥи күөдьүтэр. Тохтоло суох уураһыы, куустуһуу кэнниттэн түргэн
үлүгэрдик сыгынньахтана охсон сыттылар. Уохтаах таптал диэн манна буолла, куба маҥан илии иилии ылыыта, аллараттан өрүтэ күөрэҥнээһин, туох да ис хоһооно суох минньигэс саҥа, кэрээнэ суох имэҥ... «Гриша, сэгэртэйим оҕотоо, эйигиттэн минньигэс ким да суох. Тоҕо да эрдэ көрсүбэтэхпитий?! Ама, бу түүнүнэн бүтүөхпүт дуо. Өссө таптаа, өссө! Бэйэҥ курдук уол оҕото оҥорон бэлэхтээ», – диэн Светлана ытамньыйан ыла-ыла бобута кууспахалаабыта. Кирииһэ бу иннинэ иккитэ кыыһы кытта утуйан турбуттааҕа. Ол кыргыттар Светланаҕа тэҥнээтэххэ, букатын да хаптаһын курдуктар эбит! Арай Светлананы кэргэн ылыахха?! Биэс саастаах кыыстааҕа диэн туох буолуой – олоруохтара! Ким да Кирииһэни маннык таптыы илик. Итинник саныы сытан Кирииһэ устунан утуйан хаалбыта. – Гриша, тура тарт, таҥна оҕус, тоҥсуйаллар! – Светлана уолу тардыалаан уһугуннарда. Ааны аспыттара – гостиница үлэһиттэрэ тураллар. Били, Мииринэй дьахтара тыллаан биэрбит. Хата, милииссийэни эҥин ыҥырбатахтара, 3 солкуобайы ыстараабыҥ диэн төлөппүттэрэ. Бутукай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан