Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бааскайдаан бултуур ньымалара
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бааскайдаан бултуур ньымалара
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.08.2023 15:42
Норуодунай суруйааччы Далан «Аар тайҕа суугуна» диэн бэртээхэй кинигэтигэр Бааскайдаан диэн бэрдэ суох герой баар. Кинигэ былаһын тухары бу киһи «бултуур» ньымаларын киһиргээн кэпсиир. Биллэн турар, туох да бэрдэ суох кыыллыы ньымалары. Онон биһиги ортобутугар бу курдук кэрээнэ суох «булчуттар» баалларын билиэх, учуоттуох уонна сэрэниэх тустаахпыт. Онон, Бааска кэпсээнин истэбит: — Мотуоркалаах буоллар! Мин Сангаарга мотористыы сырыттахпына, саас мотуорканан бултуурбут. Дьэ, онно баара кус диэн. Кус саас ледоходу кытта кэлэр. Ону биһиги муус быыһынан сылдьан бултуубут. Мин Юрка уонна Тимка диэн табаарыстардааҕым. Кинилэр «Казанка» куорпустаах «Вихрь» мотуордаахтар. Биһиги ледоход бара турдаҕына муус быыһынан киирэбит. Мууска олорсон иһэр кустарга ыкса тиийэбит уонна тирээн туран ытыалыыбыт. Луодкабыт түгэҕин сабар куһу өлөрөбүт, так за раз штук 100-150. Көҥүлтэн иҥниэхпит дуо? На всякий случай, луодкабытыгар иккис «Вихри» илдьэ сылдьабыт. Тутаары гыннахтарына иккис мотуору туруоран баран, ручкой помашем: «Приветик! Чао!»... * * * Хараҥаран хаалан таҕыстым. Саа сыала көстүбэт. О, прожектордаах эбитэ буоллар. Саатар, манна китайскай фонардааҕым буоллар. Хас да фонары холбоон уһатаҕын, күүһүрдэҕин уонна элбэх вольтаах лаампаны олордоҕун. Сааҕа холбуу баайаҕын. Кус кэлэн түстэр эрэ сырдатаҕын уонна көтө илигинэ успейдаан ытаҕын. Метров на 30-40 буоллаҕына вполне достаточно. Мончуугу эмиэ сырдатааччылар. Быраҕыллыбыт бакен батареяларын ылаҕын уонна холбоон прожектор оҥороҕун. Оччоҕо кус кэлэн түһэ турар. Ону мин боруобалаабатаҕым, ол оннугар Баатаҕайга суоппардыы сылдьан массыына хараҕын уотунан ууну сырдатан балыктыыр этибит. Ууга чугас, өрүс кытыытыгар (онно таас үрэхтэр) массыынаҕын аҕалан туруораҕын, фараҕын умаппытынан. Онно сырдыкка балыктар мусталлар. Ону детонаторынан дэлби тэптэрэҕин. Дьэ ол саамай боростуой балыктааһын. Много ли нам надо на уху? Миин баар буолла да хватит. * * * Мин биирдэ биир ытыынан уон биир көҕөнү түһэрбитим. Чахчы! Арай биирдэ кустуу сырыттым. Дьокуускай куораттан алта уон километры бардахха хомустаах уһун элгээн күөллэр бааллар. Онно куруутун көҕөн баар буолааччы. Мин саабын сэрэнэн бэлэмнии тутан күөл кытыытынан хааман истим. Ол истэхпинэ анныбыттан арай биир көҕөн маатырҕаабытынан көтөн таҕыста. Чугастан тахсыбыт куһу сыыһыам дуо, түҥнэрэн түһэрдэҕим дии. Тыһы көҕөн. Оччоҕо кэргэннэнэ иликпин, онон дьиэбитигэр кус сүгэн испэт дьон этибит. Бултаабыппытын тута сонно үөлэн сиэн кэбиһэбит. Арай, үөлээри иһин хайытан көрбүппүт көҕөммүт уон сымыыттаах буолан биэрбитэ. Уон сымыыт уонна бэйэтэ – уон биир көҕөн тахсыбат дуо? Куһу саас да өлөрөр, күһүн да өлөрөр – хайата да син биир, мин итиннэ туох да разницаны көрбөппүн. * * * Бааска Сангаарга дуу, Баатаҕайга дуу үлэлии сылдьан саас хайдах балыктаабытын кэпсиирин өйдүү түһэбин. Мехколонна массыынатын кэбиинэтигэр суоппардыын үһүө буолан олорон тахсан уон көстөөх сиргэ куйуурдаабыттар. Иккигэ чугаһыыр миэтэрэ халыҥнаах мууһу массыына түөрт уон сантиметр диаметрдаах буору үүттүүр сэбирилиэгэ мүнүүтэҕэ тириэрдибэккэ тэһэр үһү. Оннук күөл ортотугар уонна түөрт өттүгэр ойбоннору көрүөх бэтэрээ өттүгэр тэспиттэр. Киин ойбоннорун кытыы ойбоннору кытта уу сүүрэр ханаабаларынан холбообуттар. Массыыналарын ортоку ойбоҥҥо туруоран баран ууну харса суох ытыйтаран кулугураппыттар. Күөл уутун ортоку ойбонунан бур оборон ылан таһырдьа куппут. Күөлтэн тахсыбыт уу били оҥоһуллубут ханаабаларынан кытыы ойбоннорго төттөрү сүүрүгүрбүт. Ууну кытта күөл сааскы талбаарбыт балыга барыта оборуллан тахсан мууска тохтубут. Бааскалаах начаас икки ардыгар бөдөҥүн талан биирдии куулу хомуйан баран дьиэлээбиттэр. «Баҕарбыппыт буоллар, күөл үөнүн барытын оботторон ылан таһырдьа быраҕыа эбиппит» диэбитэ Бааска. * * * Вообще, техника үйэтигэр булка техниканы туһаныллыахтаах. Ат диэн – примитив... Мин былырыын Санькалыын бултаабытым. Өйүөнү үчүгэйдик тэриннибит, ас навалом: халбаһы, балык, консерва, араас ас. Биллэн турар, бытыылка. Мин биир дьааһыгы ыллым. Аһаа да аһыырдыы аһыахха, бултаа да бултуурдуу бултуохха диэн буолла. Как подобает мужчинам. Өрүһү киэһээҥҥи паромунан туораатыбыт. Ханна барыахха? Иккиэн сирин билбэппит. Күһүҥҥү түүн хараҥа, ол гынан баран ичигэс. Биһиэхэ ыал, дэриэбинэ наадата суох, палаткалаахпыт. Ханна таптаабыт сирбитигэр хонуохпутун сөп, «газик» туохтан да иҥнибэт. Одним словом, казацкая вольница. Санька молодец, кыһаммат, ыытан иһэр. Тула өттүбүтүгэр туох да көстүбэт, фара уота эрэ уулусса курдук ол хараҥаны сырдатар. Арай иннибитигэр куобах ыстанна. «Сань, куобах!» диибин киһибэр уонна саабын харбыыбын. Итии буолан «газик» инники тааһын аһан иһэрбит. Киһим «дабаай» диир уонна прожекторын уматар, запасливый парень, киниэхэ барыта бэлэм. Сырдык уоттан куобах туораабат. Онтон олорон биэрбитин ытан кэбистэҕим дии. Дьэ ол кэнниттэн биһиги кинилэри лупи гына олор ээ. Хардарыта ыытабыт, хардарыта ытабыт. Биир түүн устата 50 штуканы лэһиргэттибит. Притом полный комфорт! Мягкай сидениеҕэ олорон иһэн ытабыт, харыс да сири хаампакка. Ол курдук сүрэҕэлдьээбэтэх түүммүтүгэр 40-нууну-50-нууну өлөрөбүт. Кэнникинэн куһаҕанын, кыратын быраҕан истибит, массыынабыт кыайыа суох. * * * Биһиги авиатордары кытта иллэрээ сыл хаастыы сылдьыбыппыт. Дьэ ол баара — булт диэн. Биирдии күн биирдии куул хааһы үллэстэрбит. Вертолет түргэнинэн хааһы тулуппат эбит. Туундараҕа хаар түһэн хаас киирэр кэмин талбыттар этэ. Хаас үөрүн көрдөрбүт эрэ эккирэтэбит. Начаас ситэ баттаан, үөһэ өттүлэрин былдьыыбыт. Оччоҕо хаастар биир сиргэ мусталлар, хонууга олорунан кэбиһэллэр. Ону таах хомуйан ылабыт. Өссө тайаҕы бултуулларын көрүөҥ... Вертолет үрдүттэн туох барыта бу баардыы көстөр. Тайҕаҕа туох кыыл баарын барытын ааҕыахха сөп. Тыа ойоҕоһуттан көрдөххө хойуу, оттон үөһэттэн сэдэх. Тайах, вообще, тыа кыыла вертолет үрдүгэр бу тиийэн кэллэҕинэ маҥнай куотан көрөр, онтон кыайан куоппатын биллэҕинэ туран биэрэр. Тайаҕы ханнык эмэ полянаҕа киллэрэн баран тирээн туран ытан ылаҕын. Вертолеккуттан түһэн астаан этин тиэйэн кэбиһэҕин. Потрогын кыыллар начаас суох гыналлар. Туох да суол-иис хаалбат. Чэйдиигин, кыратык үрүүмкэ иһэҕин. Бүттэҕэ ол. * * * Соҕуруу Японияҕа, Китайга куһу холбуу-холбуу пушканан тоҕо тэптэрэн ылаллар, — Бааска кэпсиир, — Америкаҕа прожекторынан бултууллар. Күһүҥҥү хараҥаҕа хаастары күүстээх прожектор уотунан тыктаран кыайан көрбөт оҥороллор. Оччоҕо хаастар уокка утары көтөллөр. Оннук хаастары үөрү үөрүнэн электрическэй сеткаҕа түһэрэн ылаллар уонна тута консервнай фабрикаҕа ыыталлар. * * * Халыма булчута Лааһар кэпсиир: Борокуоппайап саҕана «Аллараа сиэҥҥэ» кустууллар. Лаайдаҕа үрэх уута тахсан тохтоон хаалыыта кыната суох сара чандыбаны (моонньоҕону) бултууллар. Сүүрбэччэ тыылаах киһи уоннуу буолан икки аҥыы хайдабыт. Талах иһинэн ыттары ыытабыт. Тыылаах дьон субуруһа талах саҕатынан бараллар. Ыттан үргүбүт моонньоҕоннор ууга киирэллэр. Тыылаах дьон кинилэри лаайда ортотугар чөмөхтүүллэр. Оҕонньоттор ыһыытыыллар: «Ньукулачаан! Эллэчээн! Мөрөһөнү тутуҥ!» Мөрөһө илиминэн туу сүрэҕин курдук баайыллар. Хас да мөрөһөнү, ийэлээх муҥханы үрэҕи бата тардаллар. Муҥханы сүүрбэ-отут ураҕаска тиирэллэр уонна бигэ буоллун диэн тирбэҕэнэн наарбайаллар. Дьиэ айаҕын курдук аанныыллар. Наҥнаһынынан, сир кырсынан боруок оҥороллор. Ол оҥорор кэмнэригэр сүүрбэ тыылаах киһи кустары хаайа сылдьар. Сотору кытыыттан «дьэ бүттүбүт, ыттарбытын баайдыбыт» диэн хаһыытыыллар. Оччоҕо били тыылаах дьон аргыый аҕай тэҥник үүрэн таһаараллар. Биир кус боруок айаҕын курдук кирилиэһи тахсан муҥха ийэтин иһигэр түһэр. Биир кус түстүн да, кинини батыһан кус барыта тахсан түһэр. Бары киирэн бүппүттэрин кэннэ ааннарын тыынан уонна муҥханан сабан кэбиһэллэр. Ол кэнниттэн дьэ холкутуйуу буолар. Тыһыынчанан кус хаайтаран сытар. Чэ, ким өлөрүөн баҕалаах баарый диэн буолар. Маҥнай ким да буолбат, бэркиһииллэр, аһыналлар. Хайдах эрэ илии барбат. Онтон хайыаххыный, өлөрөргөр тиийэр буоллаҕыҥ. Куһу моонньун булгу эрийэ-эрийэ мөрөһө иһигэр быраҕан иһэҕин. Уолаттар өлөрө сатаан баран сылайан төннөн тахсаллар уонна сынньанан баран эмиэ киирэн өлөрөллөр. Өлөрүү бүтэр. Бу куһу аны булуустуохха наада. Тута уурар сатаммат. Итии куһу уурдахха сытыйан хаалар. Өлбүт кустары уоннуу гына-гына талаҕы эрийэн чөмөхтүүбүт. Онтон өрөҕөтүнэн ууга быраҕабыт. Ол аата сойутабыт. Нөҥүө күнүгэр булгунньах үрдүгэр оҥхой сири буламмыт, мууһун сүгэнэн суорабыт, үрдүн диэки нэлэгэр, аннын диэки суптугур гына. Онно куһу моонньун кынатын иһигэр кыбыта-кыбыта төттөрү-таары кыстаан иһэбит. Кус үрдүгэр мааҕын суоран таһаарбыт мууһу кутуллар уонна көппөх муоҕунан сабыллар. Ол үрдүнэн наҥнаһыннанар. Ити үрдүнэн үрүҥ даасканы мунньан өссө сабыллар. Сыта кэлбэт, туох да тыыппат гына. Кырсаттан ордук куттанабыт. Ураҕас анньан баран бэйэҥ бэлиэҕин туруораҕын, кэрдииһи. Бултаабыт сиргэр ол курдук гына-гына баран иһиллэр. Куһу кэнники ылыллар. Биһиги оннук бултаан биир дьыл уонтан тахса тыһыынча куһу өлөрөн турардаахпыт. Аны ону буойаллар. — Дьэ бу булт! – диир Бааска, кини көтөх сирэйэ сырдыы түһэргэ дылы гынар. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан