Кэпсээ
Войти
Регистрация
Арыгы тайаҕы абыраабыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Арыгы тайаҕы абыраабыта
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.08.2023 15:40
Оо, тайах барахсан! Ама, хайа бэйэлээх булчут киһи кини бэйэлээҕи илэ көрдөҕүнэ нохтолоох тойон болуо сүрэҕэ долгуйбата баарай! Бэл диэтэр, бултаабыттарын тухары сүөһүнү идэһэлэнэр кэриэтэ суулларан ылар байанайдаах булчуттар син биир бастаан көрбүт кэриэтэ сүрэхтэрэ сэлибирээн ылар үһү. Арааһа, кырдьык буолуо. Булда улуута бэрт буоллаҕа. 60-с сылларга билиҥҥи курдук кытаанах ирдэбил суох быһыылааҕа. Дьыл хайа да кэмигэр түбэһэ түһэн өлөрбүттэр кырдьык-хордьук кистээбитэ буолаллара да, сотору дэриэбинэ барыта билэрэ, күһүн лимиит диэни ылааччы ылара. Оттон ким эмэ тутуллан дьүүлгэ турбута суоҕа быһыылааҕа. Дьэ, кэпсээнтэн кэпсээн. Ол кэмнэргэ биир саас 4 эр бэрдэ дэриэбинэттэн көс кэриҥэ ыраах, киһи сатыы эрэ тиийэр уруккуттан кустуур күөллэригэр тиийдилэр. Манна диэн эттэххэ, уолаттар үгэс буолбут кыдьыктаахтар, арыгы диэн аһы өр быспат идэлээхтэр. Ол биир көстөөх дэриэбинэҕэ баар ларектан, баҕардылар эрэ 10 лиитэрэлээх канистраҕа кыһылы уочаратынан сүгэн кэлэллэр. Киэһэ дурдаҕа хоно киириэх иннинэ “тэп” гыннаран баран, биирдии бытыылкаҕа куттан “тоҥноххо иһиллиэ” диэн ааттаан илдьэ киирэллэр. Сааскы түүн сороҕор олус ичигэс буолааччы да, биһиги дьоммут син биир “тоҥмут” аатыран иһиттэрин кураанахтаан, дьиэ хонтуруолуттан босхоломмучча бэркэ көрүлээн-нарылаан, ыллаан-туойан төннөллөр. Дьэ, биир нуһараҥ, үчүгэйкээн киэһэ биһиги дьоммут киэһэ аһылыкка биллэ чэпчээн баран, үгэстэринэн биирдии бытыылка “ититэр” ыһык ылан дурдаларыгар тарҕастылар. Ньуукка — омуннаах соҕус киһи. Хагдаҥ от бүрүөһүннээх дурдатыгар киирэн чөкө олорунан кэбистэ. Эргэ нэк суорҕан элээмэтинэн тобугун саба быраҕынна. Сааскы күн барахсан арҕаа ойуур мастарын быыһынан кылахачыйан баран устунан сүттэ. Ньуукка олорбохтоото, кини этэринэн “бырынтаа” көтөрдөр айдааннарыттан ураты (тыыраахылары, чөкчөҥөнү, үгүрүөнү итинник ааттыыр) туох да биллибэт. “Ээ, таах олоруохтааҕар санааны көнньүөрдүөххэ” дии санаат ойоҕоһугар уурбут бытыылкалаах кыһылыттан куруускаҕа куттан иһэн киллиргэттэ. Утаакы буолбата, уруккутугар эбиллэн эгди буола түстэ. Ити кэмҥэ ууну кэһэр тыас иһилиннэ. Ньуукка аллар атаһын, киниттэн тэйиччи соҕус элгээҥҥэ олорор Өндүрэйин өйдүү биэрдэ, киһитэ бытыга умайдаҕына түптээн олорбот, арахсыбат адьынаттааҕын билбитэ ырааппыт дьыалата. “Көр эрэ, түөкүнү, өлүүтүн бүтэрэ охсоот, миэнин быһаҕастаһаары кэллэҕэ” диэн киһитин мөҥүттэ санаата. “Тохтуур инигин, кыһыл сыыһыттан кымаахтаһа кэлбит буола-буола”. Түргэн үлүгэрдик бытыылкатын куолайыттан айаҕар таҥнары кутта, онтон доҕоор... Мааны убаҕас таныытыгар киирэн, чачатан, тыынын ыла сатаан омурдубутун барытын тоҕо тибиирэн кэбистэ. Сөтөлүн быыһынан иһиттэҕинэ киһитэ тохтоон турда, чуумпурда. Ньуукка ыга кыыһыран, сирэйин-хараҕын сонун сиэҕинэн сотто-сотто суоһурҕанар быһыынан дурдатын сүгэ сыһан турбута, доҕоор, атын бэйэлээх аарыма лөкөй былыргы ампаар эркинин курдук харааран, сиртэн тахсан кэлбит адьарайы дьиктиргээн, чолойуоҕунан чолойон, түөрт атаҕар дьирэччи тэбинэн, көрүөҕүнэн көрөн адаарыйан турар эбит. Биһиги киһибит сөтөллө-сөтөллө: “Аа, аа-а”, — диэн туох да ис хоһооно суох саҥа таһаараат, сап-салыбырас илиитинэн батарантааһыттан соҕотох сүнньүөхтээҕин ылла. Икки уостаах саатын бүлгү тутаат доруоп иитиилээх ботуруонун илиитин таһынан илгээт, сүнньүөҕүн сыыһа-халты анньыалыы туран мүччү тутан кэбиспитэ ууга “чолк” гынан хаалла. Ол икки ардыгар мааны кыыл эмискэ тэһэ кэйдэрбиттии туора ойдо. “Чэ эрэ, доҕоор, түргэнник”,— диэбиттии тура түһээт, киһитин диэки эргиллэн көрдө уонна наҕыллык бэс чагда диэки атаралаата. Ньуукка аллайан тура түһээт, саалааҕын дьэ өйдөөбүттүү туһаайа тутаат ытан хабылыннарда, иккис чыыбыһын тардыбыта “чап” гынна. Онтон дьэ өй ылбыттыы, хаһыытаан тоҕо барда: “Уолаттаар, тайах бардаа-аа-аа! Тайах, тайах...” Уолаттар күөл уҥуордар, ыраахтар, оттон аар тайҕа маанылааҕа өстөөҕү көрөн туруо дуо, бардаҕа дии, халыҥ хаххатыгар, тыатыгар. Алексей Саввин. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан