Кэпсээ
Войти
Регистрация
Абыранабын диэн алдьана сыспыттаах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Абыранабын диэн алдьана сыспыттаах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
10.08.2023 15:36
Биһиги дэриэбинэбитигэр хаһан эрэ Уоһук диэн куттаһынан аатырбыт киһи олоро сылдьыбыта. Дьон кэпсииринэн, бу киһи, бэл иһэ тыаһаатаҕына, куттанан иэнэ кэдэҥниирэ үһү. Киэһэ халлаан хараҥардаҕына, убуорунайыгар тахсыан куттанан дьиэҕэ көҕүрэттэрэ диэн кэпсэл баар. Дьэ, биирдэ Уоһук аллар атаһыгар ыалдьыттыы тиийэн баран, хойукка диэри олорон хаалбыт. Дьиэлээри, ыалын кытта бакаалаһан тахсан барбыт. Өр-өтөр буолбатах, төттөрү күккүрээн киирбит. Ол киирэн киһилэрэ буолары-буолбаты аҕала сатыы-сатыы кэпсиир да кэпсиир, төрүт дьиэлиир санаата суох үһү. Тиһэҕэр, бу дьон утуйаары ыксаан ыалдьыттарын холдьоҕорго күһэллибиттэр. Хайыай, Уоһук эрэйдээх быстыа дуу, ойдуо дуу, бэркэ ыксаабыт сирэйдээх-харахтаах тахсан барбыт. Таһырдьа куттаммытын аһараары бэркэ ыгылыйбыт куолаһынан: «Широка-а страна-а майа-а араднаа-йа»— диэн ыллаабыта буола-буола, дьиэлиир суолунан куучугуруу турбутун дьиэлээхтэр истэн хаалбыттар. Уоһук кытыыбыттан кыймаҥнас абааһы кытаахтыа, кэннибиттэн үлүгэрдээх сибиэн үөрдээн эккирэтиэ диэбиттии, хаамар-сүүрэр ыккардынан дьүккүйэн испит. Ол иһэн ытыыра-ыллыыра биллибэт куолаһынан энэлгэн бөҕөнү түһэрэн, дэриэбинэ ытын бары аймаабыт. Илиитигэр ыалын тиэргэниттэн ылбыт эриллэҕэс хардаҕаһын тута сылдьара үһү. Бука, абааһы бу ырдьас гыннаҕына, көмүскэниэм диэбитэ буолуо. Өлүү болдьохтоох, ол кэмҥэ Оһохчут Охоноос уу тоҕо тахсан баран, олбуорун иннигэр табахтаан бусхата олорбут. Биһиги киһибит ону көрөөт, арааһа, абааһы атамаана соххор хараҕынан супту одуулуур диэтэҕэ, муҥ кыраайынан иһэн суол ортотугар хорус гыммыт. Охоноос оҕонньор ону көрөн Арыгыһыт Арамаан эмиэ «аһаан» сылдьар дии санаан: «Тууй-сиэ, баҕайыны...» — диэт, төбөтүн илгистибит. Анараа киһибит ону: «Тутан сиэм, баҕайыны» — диэн тиэрэ истээччи буолбут уонна били хардаҕаһынан оҕонньору быраҕан кыыратаат, тигиилээбит сүөһүлүү сүүрэн ходьороҥнуу турбут. Арай ол сүүрэн иһэн көрдөҕүнэ, хата, иннигэр киһи уҥуохтаах кырдал диэки биир киһи баран иһэр эбит. Уоһук көрдүм-көрбөтүм диэт: «Кэтээс, миигин кэтэс...» — дии-дии, сырса сатаабыт. Киһитэ киһи ыҥыраҕын ээ диэн, хаамыытын да бытаардыбатах. Биирбит ол аайы тэбиэһирэн туран сырса сатыыр. Арай киһи уҥуохтарын диэки тиийээт, били киһитэ көрдөрбүтүнэн туран, салгыҥҥа суураллан сүтэн хаалар! Уоһук муҥнаах илэ абааһыны бэйэтинэн эккирэппитин билэн, салгыы туох буолбутун өйдөөбөт гына куттанар. Ол да буоллар киһиҥ, хата, дьиэтин тиэргэнин син булан, күрдьүгүн кэйиэлии турарын оҕолоро булан киллэрбиттэр. Куттанан бабыгырас буолбут киһини ойоҕо Огдооччуйа арыычча бэттэх аҕалбыт. Сарсыныгар Уоһук мүччүргэннээх сырыыта дэриэбинэни толорбут. Айахтаах барыта Уоһук эрэйдээҕи күлүү гынартан соло булбатах. Охоноос оҕонньор хардаҕастан аһарабын диэн сиһэ быстан, Уоһукка саанар сураҕа онно эбиискэ буолбут. Дьэ, ити курдук куттас Уоһук бүдүгүрэ кырдьыбыт оҕонньортон быыһанаары дьиҥнээх абааһыны эккирэтэн иэдэйэ сыспыттаах. Дьааһык киэһэ Эһэм оҕо сылдьан биир дьиктини көрбүтүн кэпсээбиттээх. Бадаҕа, уончалаах уол эбитэ үһү. Сир тоҥуута, улуу добдурҕа саҕана, кыракый бөһүөлэктэригэр бэркэ ытыктанар кырдьаҕас олохтон туораабыт. Үтүө киһи өлбүтүгэр нэһилиэк кытта иһийбиккэ дылы буолбут. Өлбүттээхтэр дьиэлэригэр бокуонньугу билэр-билбэт үгүс дьон тиһэх суолугар атаараары мустубут. Эһэм дьоно өлүөхсүтү чугастык билэр буолан, үс күнү мэлдьи бокуонньугу харайыыга илии-атах буолан көмөлөспүттэр. Эһэбин кыра сорукка сырытыннарбыттар. Улахан дьон оҕолору киэһэ хараҥарыыта таһырдьа мэнээк таһаарбаттар, айдаардыбаттар эбит. Кырдьаҕас өлбүтэ иккис күнүгэр эһэм дьонун кытта өлбүттээхтэр дьиэлэригэр хонор буолбут. Улахан дьон түүн үөһүгэр диэри чүмэчи симик уотугар олорон отур-ботур ону-маны кэпсэппиттэр. Эһэм тымныы дьиэҕэ тоҥон, баҕар, өлбүт киһиттэн тэһииркээн да буолуо, уута кэлбэккэ сыппыт. Эбиитин дэлби хабаҕырбыт. Атын ыалга дьиэҕэ ииктиэ дуо, баҕарбатар да таһырдьа тахсарга күһэллибит. Толору ый дьэлтэйэн, тэлгэһэ бүтүннүү сырдаан көстөрүттэн эгди буолан, эһэм тэйиэс турар убуорунайга барбыт. Арай ол баран иһэн хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, дьиэ хаҥас ойоҕоһугар туох эрэ хамсыырга дылы гыммыт. Эһэм муодарҕаан одуулаабыта ол хамсыыр күлүк соҕотох буолбатах эбит. Хас даҕаны киһи омоонугар майгылыыр, балаҕан үрдүгүн саҕа күлүктэр барыҥнаһаллар эбит. Тугу эрэ быһаарсар, мөккүһэр курдук даллаҥнаһаллар, ол быыһыгар дьиэ эркинигэр сыстан сарай диэки сыбдыҥныыллар. Эһэм ыга куттанан, убуорунайга өр да өр кирийэн олорбут. Убайа Ыстапаан таһырдьа наадатыгар тахсыбытыгар эрэ, дьэ биирдэ дьиэҕэ киирбит. Улахан дьоҥҥо кэпсээбитигэр: «Саҥарба, дьааһык киэһэ хараҥаҕа мэнээк хаампат куолу», — диэн саба саҥарбыттар. Эһэм сааһын тухары элбэх киһини тиһэх суолугар атаарыыга сырыттаҕа буолуо да, хаһан даҕаны итинниги көрбөтөҕүм диир. Киһи үтүөтэ, талбата өллөҕүнэ, абааһылар мунньахтыыр идэлээхтэр быhыылаах диэн, боччумуран олорон кэпсээбитэ. Үөр буолбут сүөһүлэр Биир күһүн ынах сүөһү хотоҥҥо турар кэмэ кэлбитигэр субан сүөһүлэрбит сүтэн хааллылар. Биһиги сэмээр кэтэһэн көрөн баран, көрдүүр аакка түстүбүт. Ыраах-чугас алаастары эдьиийбиниин икки буолан уһаты-туора хаамтыбыт да мэлийдибит. Айаҕалыы сатаан, алаас хонноҕун-быттыгын барытын кэрийдибит. Биир күн ыаллар сайылыктаан олорор сыһыыларын кыйа хаама сырыттыбыт. Биир да сүөһүгэ майгынныыр көстүбэт. Арай харыйа, тиит анныгар тоҥмута быданнаабыт ынах саахтара хараарар. Биһиги халампааспытынан ону-маны көрдөҕө буола-буола аа-дьуо хаамабыт. Арай ол истэхпитинэ, ханна эрэ ойуур диэки, ыраах сүөһү маҥыраата. Биһиги оччону истээт, туруохпут дуо, ойуурга киирэн саҥа хоту хаамтыбыт. Чочумча буола-буола тохтоон иһиллиибит. Сүөһүбүт маҥыраабытын курдук маҥырыыр. Өр-өтөр буолбата, маар курдук быһыылаах дулҕалаах сиргэ тахсан кэллибит. Көрө сатаа. Сүөһүгэ маарынныыр туох да суох. Ол турдахпытына чугас баҕайы аны оҕус айаатаата. Биһиги талахтар кэннилэригэр буоллахтара диэн, маар кытыытыгар баар талахтар диэки хаамтыбыт. Тиийэн көрбүппүт, туох да суох. Ойуур иһигэр сырыттахтара диэн, аны ойуурга киирдибит. Онон-манан сирийэн, сүөһүлэрбитин ааттарынан ыҥыра-ыҥыра син барбахтаспыппыт кэннэ мас тостор тыаһа иһилиннэ. Биһиги сүөһүбүтүн булбут саҕа үөрэн, тыас хоту ыстанныбыт. Арай көрдөхпүтүнэ, мастар быыстарынан сүөһүлэр элэҥнэһэргэ дылылар. Биһиги сүүрэн бырдааттанан тиийбиппит, туох да суох буолан соһутта. Ити курдук бэрт өр сонордостубут да, сүөһүлэрбит көстө-көстө биһигиттэн куотар курдук, сүтэн истилэр. Саатар, өҥнөрө-дьүһүннэрэ чуолкай көстүбэт, баҕар, олох атын сүөһүлэр буолуо диэн, дьиэлээри гыннахпытына, чугас эмиэ ынах маҥырыыр, онтон мастар быыстарынан сүөһү үөрэ элэҥниир. Тиһэҕэр, сиппэккэ гынан баран, айыы сүөһүтэ буолбатахтарын сэрэйэн, бэл, дэлби илистибиппитин умнар гына куттанан атахха биллэрдибит. Туох муода сүөһүлэрэ биһигини сордообуттарын билбэтэхпит. Арай хаһан эрэ өрдөөҕүтэ, билигин ыал сайылыктаан олорор сыһыытыгар биир ыал сүөһүлүүн-таймалыын кыстаабыт. Көрөөччү дьалаҕайыттан дуу, туохтан эбитэ дуу, биир түүн хотон умайан күүдэпчилэммит. Сэлиэнньэттэн тэйиччи турар буолан, бэрт аҕыйах сүөһүнү быыһаабыттар этэ. Баҕар, ол сордоохтор үөрдэрэ сылдьара буолуо. Ону биһиги хаһыыбыт-ыһыыбыт аймаатаҕа. Кэлин бэйэбит сүөһүбүт, хата, көстөн абыраабыта. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан