Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ира үөрүүтэ (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ира үөрүүтэ (кэпсээн)
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
05.03.2022 13:57
Ира элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото буолан, кыра эрдэҕиттэн бэйэтин көрүнэ улааппыта. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэрэ, наар туйгун сыананы ылан, дьонун үөрдэрэ. Ийэлээх аҕата, урут тигинии-таҥыныы, үлэлии турбут сопхуостартан хаалбыт, билиҥҥинэн «КПН» диэн ааттанар тэрилтэҕэ сүөһү көрүүтүгэр уһун күнү быһа үлэлииллэрэ. Ол иһин кыра сурустарын, балтыларын бэйэтэ көрөн-истэн, улаатыннарбыта. Ираны кыра эрдэҕиттэн дьоно таптаан «Иика» диэн ааттыыллара. Иика оскуоланы бүтэрэн, аттестат ылан, Дьокуускайга үөрэнэ барбыта. Куоракка тиийэн Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар зоотехник идэтигэр үөрэнэ сылдьан, биир культура колледжыгар үөрэнэр Женя диэн уолу кытта билсибитэ. Женя сүрдээх тыыппалаах, ырыаҕа-тойукка бэрт сыстаҕас уол буолан биэрбитэ. Ира да хаалсыбата, үчүгэйдик үөрэнэрэ, үөрэҕин бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттара, курс старостата этэ. Дьыл-хонук ааһан испитэ. Иикалаах Женя үөрэхтэрин этэҥҥэ бүтэрэн, үлэһит буолан, бииргэ олорбуттара хас да сыл буолбута. Иика салгыы аспирантураҕа хаалан үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиирэ. Женя идэтинэн үлэ булбатаҕа. Кини куорат биир муннугар чааһынай устуудьуйп арынан үлэлээбитэ. Санааларыгар дьиэ-уот, үлэ-хамнас өттүнэн барыта табыллыбыт курдуга да, Иикаҕа бу сыллар тухары оҕо үөскээн биэрбэтэҕэ, ол иккиэннэрин хомоторо. Женя бииртэн биир саҥа ырыаһыттары таһааран, киэҥ эйгэҕэ биллэн барбыта, кэнники кэмҥэ улуустарынан гостуруолларга сүтэрэ элбээбитэ. Ону таһынан, араас ырыа куонкурустара, кэнсиэрдэр, репетициялар быстала суох тэриллэ тураллара. Уһун сылаалаах гостуруоллар, куонкурстар кэннилэриттэн Женя дьиэтигэр кэллэҕинэ, ас маанытын астаан, дьиэтин-уотун сууйан көрсөрө. Ол эрээри, Женя уруккутун курдук уораҕайыгар үөрэ-көтө кэлбэт буолбута, мэлдьи тугу эрэ толкуйдуу сылдьар курдуга, кыраттан дьаахханар идэлэммитэ. Иика буруйдаах киһи тугу утары этиэй? Саҥата суох бараахтыыра. Женя улам Иикаттан тэйдэр-тэйэн, күнүстэри-түүннэри үлэлиир аатыран, доҕотторугар хонор буолбута. Онтон биир киэһэ тиэтэл муҥунан кэлэн малын-салын хомунан, арахсарын туһунан тимир-тамыр этэн, тахсан барбыта… Иика соҕотох хаалан чуҥкуйара, муҥатыйара элбээн барбыта, үлэтигэр аат эрэ харата тиийэр буолбута. Ол сылдьан күһүөрү ыалдьан, балыыһаҕа киирбитэ. Балыыһаҕа сытан эмтэнэр кэмигэр Сергей Петрович диэн эдэр быраас кинини атын ыарыһахтартан ордук кыһаллан эмтээбитэ, ону ыарыһахтар сөбүлээбэт этилэр да, тастарыгар таһаарбаттара. Ый курдук эмтэммитин кэннэ, Иика үчүгэй буолбута, балыыһаттан тахсарыгар Сергей бэйэтин массыынатынан дьиэтигэр илдьэн биэрбитэ. Ол кэнниттэн Иикалаах Сергей мэлдьи көрсүһэр буолбуттара, хас күн аайы киэһээҥҥи куорат устун массыынанан хатааһылыыллара, киинэҕэ, эрэстэрээҥҥэ сылдьаллара. Сергей үрдүк көнө уҥуохтаах, сырдык хааннаах. Кини Иика кутун түргэнник туппута, биир күн Олунньу 14 күнүгэр тапталлаахтар күннэринэн, Сергей куолутунан кыыһы эрэстэрээҥҥэ ыҥырбыта. Аһыах иннинэ Сергей Иикаҕа: «Миэхэ кэргэн таҕыс», - диэн соһуччу көрдөһүү оҥорбута уонна күндү биһилэҕи утары ууммута. Иика мантан наһаа үөрбүтэ, килбигийэ кыбыстыбыта, сөбүлэҥин биэрбитэ. Итинник көр-нар аргыстаах үс сыл биллибэккэ ааһа охсубута. Ити сыллар тухары кыыска эмиэ оҕо үөскээн биэрбэтэҕэ, Сергей эмчит идэлээх буолан, куорат поликлиникаларын барытын кэрийтэрэн көрдөрө сатаабыта да, туһа тахсыбатаҕа. ”Барыта үчүгэй, кэтэһиҥ„ - диэн буолбута. Сергей Ииканы хайдах түргэнник абылаабытын курдук, улгумнук сыһыанын уларыппыта. Ол эрээри, Женя курдук кыраттан кыйыттыбат этэ, Иика кэпсэтэ сатаатаҕына, аат эрэ харата кэпсэппитэ буолара, биир үксүн хоһугар бүгэрэ. Иика Сергей көрбөтүгэр бэйэтин буруйданан, саҥата суох ытыыра. Итинник төһө өр олоруохтарай Сергей арахсан барбыта. Ити кэнниттэн Иика саталлаах санаата самнан, өркөн өйө өһүллэн, олох буорайбыта. Саҥата суох дьэбин уоһан хаалбыта, онтон кыралаан аһыы утахха умньаммыта. Үлэтигэр ол кыыбаҕатын билэннэр, биир биэс тыла суох устан кэбиспиттэрэ. Үлэтэ суох киһи ханна барыай? Дойдутугар барарга тиийбитэ. Төрөөбүт бөһүөлэгэр кэлбитэ ийэлээх аҕата сонуургуу көрсүбүттэрэ, ас астаан аһаппыттара, куорат олоҕун сураспыттара. Бииргэ төрөөбүттэрэ хайыы үйэҕэ улаатан ким үлэлии, ким үөрэххэ барбыттара. Иика үөрэнэ барыаҕыттан дойдутуттан тэйбэтэҕэ, сыл баһыгар атаҕар кэлэ-бара сылдьан, мэлдьи бииргэ төрөөбүттэригэр кыаҕа баарынан көмөлөһөрө, куруук бигэ тирэх буолара. Билигин бэйэтэ бу тус олоҕор табыллыбакка, дойдутугар тиийэн кэллэ. Кыра бөһүөлэккэ идэтинэн үлэ булбатаҕа, аны бөһүөлэк иһигэр кини төрөөбөтө, аһыы утахха умньаммыт сураҕа туолбут этэ. Ол иһин дьонтон саатан, иэримэ дьиэтигэр бүкпүтэ. Ити олордоҕуна, аҕатын кытта бииргэ Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаабыт табаарыһа ыраах хоту улууска зоотехник миэстэтэ баар диэн ыҥырбытын уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, аҥардас дьон саҥатыттан куотаары, сөбүлэспитэ. Иика хоту үлэлии бараары, бэрт улгумнук таҥаһын-сабын, малын хомуммута. Итини көрөн ийэлээх аҕата кыыстара наһаа ыраах тымныы дойдуга баран эрэриттэн истэригэр саарыы санаабыттара да, хайыахтарай? Хаста даҕаны «барыма» диэн этэн көрбүттэрэ да, кыыстара ылымматаҕа. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олордохторуна, эбээлэрэ, 90 саастаах кырдьаҕас, сиэн кыыһа ыраах үлэлии баран эрэрин истэн, киирэн кэлбитэ. Дьиэлээхтэр күүтүллүбэтэх ыалдьыт киирэн кэлбититтэн соһуйа көрсүбүттэрэ, тута остуолга ыҥырбыттара. Эмээхсин таҥаһын устан, оргууй остуолга кэлэн олорбута. Миин куппуттарын соччо испэтэҕэ, аатыгар эрэ аһаабыта буолбута. Биир үксүн сиэнигэр тугу эрэ этиэҕин баҕарардыы одуулуура, онтон өр өтөр буолбакка, сиэниттэн ыйыппыта. - Хоту үлэлии баран эрэҕин дуо? - Аа, оннук, - диэн Иика хап-сабар хоруйдаабыта. - Ыраах дойдуга баран эрэр эбиккин! - Оннук диэн уҥуоҕа суохтук хардарбыта. - Чэ, быһаарыммыт буоллаххына, хайыахпытый? Барар буоллаҕыҥ. Ол дойдуга тиийэҥҥин үчүгэйдик үлэлээ, киһи-хара буол, - диэн эмээхсин сиэбиттэн үрүҥ төгүрүк тааска маҕан сылгы сиэлинэн төгүрүччү өрүллэн оһуордаммыт ымыыны утары ууммута. Эбээлэриттэн тугу да күүппэккэ аһыы олорбут дьон харахтара ымыы диэки хатана түспүтэ. Иика ымыытын ылан эргим ургум көрбүтэ уонна: - Бу туох оһуорай? - диэн ыйыппыта. - Ити дьахтар дьолун ымыыта, - диэбитэ, онтон аны ийэлээх аҕата көрдөөн, болҕойон, уларсыһа сылдьан, көрбүттэрэ. Ол кэннэ аҕалара саҥарбыта. - Маны хантан ыллыҥ? - Ити мин бу дойдуга кийиит буолан кэлэрбэр, ийэм оҥорон биэрбитэ, хараҕым харатын курдук харыстаан, кимиэхэ да көрдөрбөккө, илдьэ сылдьыбытым… - диэтэ. Ол кэннэ сиэнигэр туһаайан: «Эн эмиэ кимиэхэ да көрдөрбөккө илдьэ сырыт». Аҕалара ону истэн баран, бэккиһээбитэ. —Дьэ, киһи эҥин эҥини кырдьаҕас дьонтон истэр ээ, - диэн баран аҕалара күлэн ылбыта, - уонна туох өссө кистэлэҥнээххин?" - салгыы ыйыппыта. Oну эрэ күүппэккэ олорбут дьон бары күлэн тоҕо барбыттара. Кыыс унаар-манаар туундаралаах, Таас Дьааҥы хайалардаах, кылайа кылыгырыы устар үрэхтэрдээх уһук хоту сиргэ айан бөҕөнү айаннаан, тиийэн кэлбитэ. Кыһын ортото кэлбит киһиэхэ бэлэм дьиэ суох буолан биэрбитэ. Хата, тоҥ турбут кирпииччэ оһохтоох дьиэни булан, олохтоох дьон эрдэ оттон бэлэмнээбиттэр этэ. Иика кэллэ кэлээт, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Дьиэтигэр киэһэ хойут биирдэ кэлэрэ, уораҕайыгар кэлэн, аны ас астанар, маһын кыстыыр мууһун киллэрэр буолан, соҕотох кыыска туспа ыарахаттардааҕа. Бу дойдуга кэлэн, КП-га бухгалтерынан үлэлиир Галя диэн кыыһы кытта доҕордоспута. Биир өрөбүл күн дьиэтигэр олордоҕуна, киниэхэ киирэн кэлбитэ. Иика күүтүллүбэтэх ыалдьыттан соһуйбута. - Хайа!? - диэн баран, күлэн ылбыта- Киир- киир - ”Туохха кэллиҥ?"- диэбитэ. - Ээ, маҕаһыынтан кэлэн иһэн, таарыйарга сананным, - диэбитэ. - Ээ, сөп-сөп, - диэбитэ. Иика дьиэлээх киһи быһыытынан, саха сиэринэн остуолун тардаары гыммыта, аһа бэлэмэ суох буолан биэрбитэ. Ону билэ охсон, анараа дьүөгэтэ: - Ээ, тоҥ күндүөпкэтэ кыс,- диэбитэ. - Баар эрээри сии үөрүйэҕим суох буолан, сиэбэппин ээ, тоҥнуу, сатаан да кыспаппын. Онуоха кыыһа соһуйбута: -Бай! Сии иликкин дуо?! Аҕал эрэ балыккын, билигин кыһан көрдөрүөм! Наһаа минньигэс буолар, хата боруобалаар, - дии түспүтэ. Иика таһырдьаттан балыгын киллэрэн, туттаран кэбиспитэ. Кыыһа кыһыахча гынан иһэн: ”Тоҥ эбит, кыратык ирэ түстүн„ - диэбитэ. Онтон кэпсэтии аска эргиллибитэ. - Эн тоҥ аһы олох сиэбэккин ду? - Суох ээ, кыра сылдьан аҕам тоҥ сылгы этин кыратык сиэтэрин өйдүүбүн, уонна сиэччибит суох. - Ээ, биһиги манна наар сиибит, тоҥ балык, тоҥ сылгы этэ, тоҥ чоҥку, бу астар киһи доруобуйатыгар туһалаахтар үһү. Ордук төрөөбөт дьахталларга туһалаах эбиттэр, - диэбитэ. Иика ону иһигэр сонуургуу истибитэ да, таһыгар таһаарбатаҕа. Өр соҕус саҥата суох икки дьүөгэлиилэр олоро түспүттэрэ, онтон дьү6гэтэ өй ылан: ”Балыкпыт сөп буолта буолуо„ – диэт, балыгын ылан көрбүтэ, онтукалара кыһылларга сөп буола охсубут этэ. Хоту дойду кыыһа саха быһаҕын көрдөөн ылан, бэрт үөрүйэхтик балыгын кутуругуттан умса тутан туран, хатырыгын сулуйан ылан, кыһа охсон кэбиспитэ. Тэриэлкэ көрдөөн ылан, остуолга уурбута уонна ”ужин подан„ диэн баран, күлэн ылбыта. Иика биир кыһыы балыгы кыратык туустаан амсайан көрбүтэ, кырдьык минньигэс этэ: ”Мм, кырдьык минньигэс эбит,"- дии-дии, биир-биир ылан сиэн киирэн барбыта. Кыыһа күлбүтэ. - Хайа? Минньигэс да? - Наһаа минньигэс. - Аны итинник сиир буол! диэн баран күлбүтэ. - Киһи аһы да астанан, бириэмэтин бараабакка, маннык аһыыһы, - диэн баран, күлэн ылбыта. - Хайаан оннук буолуой? Кыра кыратык аччыктаабыт кэмҥэр сиир буоллаҕыҥ! Кэлин киһилии астанан аһыыр буоллаҕыҥ! - Оннук. Ээ, дьээбэлэнэбин, - диэн баран, күлэн ылбыта. Ити икки ардыгар балыга бүтэ охсон хаалбыта , ону көрөн дьүөгэтэ - Хайа? Бу кыыс омунун, бүтэрэн кэбистин дуу? - диэтэ, онтон иккиэн күлсүбүттэрэ. Ити кэнниттэн киэһэ үлэтиттэн кэлээт, наар тоҥ балык, тоҥ эт сиир буолбута, хоргуйбут куртах кыра да астан уоскуйар идэлээх. Быстах кэмҥэ ас буһарбакка, сииргэ олус табыгастаах астар этилэр. Биирдэ ыстаадаҕа табалар туруктарын көрөн кэлэр кэм тирээбитэ. Онно табаһыттар биригэдьиирдэрэ илдьэ барыах буолбута. Сарсыарда эрдэттэн хомунан, бураан көлөнөн биригэдьиир уол "Ураһалаах" диэн сиргэ илдьэ барбыта. Сүрдээх ыраах сир буолан, тиийиэхтээх сирдэригэр тиийиэхчэ тиийбэтэхтэрэ, аны Бураан көлө аһара сахсыйар тэрил буолан биэрбитэ, кыыс үнтү сахсыллан, сөп буолбута. Онтон эмискэ бэрт туруору түһүүлэр- тахсыылар кэлитэлээн барбыттара, биир ханнык эрэ тахсыыга бураан сыарҕата сытар дүлүҥтэн иҥнэн, өрө ойон тахсыытыгар кыыс эһиллэн хаалбыта. Уола ону билбэтэ быһыылаах, туох да буолбатаҕын курдук бара турбута. Иика оргууй туран, хаарын тэбэнэн, чөҥөчөх үрдүн хаарын ыраастаан олоро түспүтэ. Иһигэр: "Киһим кэлэр ини,"- дии санаабыта да, киһитэ кэлэн быстыбатаҕа, дьиксинэ санаабыта. Онтон тоҥон бараары гыммытыгар, туран бураан суолун устун батыһан, хаама турбута. Хоту дойду кылгас кыһыҥҥы күнэ түргэн үлүгэрдик хараҥаран бараары гыммытыгар, кыыс наһаа куттаммыта. Иһиллээбит курдук, чуумпуну иһиллии иһиллии, баран истэҕинэ, бураан тыаһа иһиллэргэ дылы гыммыта. Үчүгэйдик тохтоон чуҥнаабытыгар, эмискэ бу орулаан, уота сандааран, бураан тиийэн кэлбитэ. Уола утары астаран кэлэн, көлөтүн умуруорбута: - Хайа? Түһэн хаалбыккын, билбэтэхпин дии...бураан тыаһыгар, туоххун да өлөрбөтүҥ дуо? - Хайдах итинник түргэнник көтүтэҕин? Киһини сэрэниэххин? Хайдах бачча өр киһи суоҕун билбэккин? Кэннигин хайыһан көрүөххүн? - диэн куолаһын сонотон, Иика кыыһырбыта. - Чэ, олор барыахха, оччоҕо бытааннык барыахпыт, киэһэ тиийэ охсоору, ыксаан көтүппүтүм, тиийбэт буоллубут, халлаан хараҥарда. Аара Тоҥус балаҕаныгар хонуохпут,"- диэн хоту хоһуун уола кыраттан ымытта барбакка, быһааран биэрбитэ. Өр айаннаабакка, балаҕаннарыгар кэлбиттэрэ. Оһохторун оттон, чаанньыктарын хаартан уулаан, кыынньара оһоххо ууран, эт буһарыммыттара. Өр-өтөр буолбакка, чаанньыктара оргуйан, астара буһан, киэһээҥҥилэрин аһаабыттара. Иика кыыһырбыта ааһан, уолуттан ыйыппыта - Күндүөпкэ баар дуо? - диэн ыйыппыта. Онуоха биригэдьиир уол: - Суох, чыыр эрэ баар диэбитэ. Ол балык кыһыллан сиэниллэр дуо? - Сиэниллэр бөҕө буоллаҕа! - диэн баран, күлбүтэ. - Сиэххин баҕардыҥ дуо?.. Билигин киллэриэм, табаһыттарга куул аҥарын илдьэн испитим. Ындыыбыттан хостуурум баар ээ ... - диэн, сүрэҕэлдьээбиттии саҥаран баран, тилир гынан хаалбыта. Чочумча буолаат, уол балыгын киллэрэн, оһох иннигэр ириэрэ түһэн баран, үөрүйэх илиитинэн кыһа охсон кэбиспитэ. - Мэ, сиэ, - диэн баран, остуолга миискэ булан уурбута. Кыыс сүргэтэ көтөҕүллэ охсон, сиэн барбыта. Уол кыыһын үөрэтэрдии, сытыы хараҕынан көрө түһэн баран: - Балыгы сөбүлүүгүн дуу? - Сөбүлээн. Онтон уол өй ылан: - Билсэн кэбиһиэххэ эрэ, - диэбитэ. - Иика диэммин. - Кеша диэммин. - Хонон баран дорообо диэбит курдук дуу? - диэн баран, Иика күлэн ылбыта. - Оннук, - диэн баран, уол эмиэ мүчүк гыммыта. Ити сырыы кэннэ, Ииканы Кеша дөрүн-дөрүн көрүстэр эрэ, кэпсэтэ сатыыра. Хоту сир аҕыйах нэһилиэнньэлээх дьонугар эдэр ыччат аҕыйах курдуга. Кеша бэрт чобуо киирбит-тахсыбыт, бэрт элбэх кэпсээннээх сайаҕас уол буолан биэрбитэ, бииргэ үлэлиир кэллэктиибин дьоно: "Ити уолу кытта билис, үчүгэй уол," - дииллэрэ. Ол эрээри, Иика бэйэтин билинэр буолан, уолу соччо чугаһаппатаҕа. Биирдэ сааһыары кыра бөһүөлэги дьулаан сурах тинийэ көппүтэ: "Кыһын саҥа үлэлии кэлбит зоотехник кыыс, дьиэтигэр оһоҕун буруотугар угаардаан, өйө суох дьиэтин аанын боруогар сытарын, бухгалтер дьүөгэтэ Галя булбут үһү", - диэн буолбута. Быраас бөһүөлэккэ суох буолан, биэлсэр Натааһа ыксаан, санрейс ыҥыртаран, улуус киинигэр ыыппыттара. Бөртөлүөккэ балыыһаҕа арыаллааччы көмөтө тирээбитигэр, чугас кимэ да суох буолан, Кеша барсыбыта. Балыыһаҕа ыарахан туруктаах кэлбит ыарыһаҕы тутатына көрөн-истэн бараннар, реанимацияҕа укпуттара. Арыалдьыты онно чугаһаппатахтара. Кеша иэнэ кэдэҥнээн, утуйар уута көппүтэ. Күннэри-түүннэри маныыра, быраастартан кыыһын туругун ыйытара да, туох да диэн хоруйу биэрбэттэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс уонча хонугунан кыыс өйүн булбута, медсестра тутатына бырааһы ыҥырбыта, быраас киирэн ыарыһахха туох буолбутун барытын быһаарбыта. Онтон быраас эппитэ: - Доҕоргун киллэрэбит да? Эн тускар долгуйар. - Кимий ол? - диэн соһуйбута. - Оттон Кеша. - Аа, (толкуйдуу түһэн баран) киирдин, - диэбитэ сэниэтэ суохтук. Быраас тахсан ыҥырбыта, Кеша сэрэнэн киирбитэ. - Хайдаххыный? - Син. Төһө өр сыттым? - Уонча хонук, - диэбитэ оргууй. - Ээ, сөп-сөп, - салгыы саҥарбыта. - Чэ, мин сыта түһүөм, - диэбитэ иһиллэр иһиллибэттик, сэниэтэ суохтук. - Ээ, сөп. Туох нааданый? - диэн, сэрэнэн ыйыппыта. - Ээ, суох...— диэн хоруйдаабыта. Аҕыйах хонугунан, кыыһы уопсай палатаҕа таһаарбыттара. Иика син кыралаан аһыыр буолбута. Балыыһа аһа олох мөлтөх этэ. Иика бастакы көрдөһүүтэ балык этэ: ”Күндүөпкэтэ кыһан аҕалаар эрэ,"— диэбитэ. Кеша: «Аҕалан бөҕө буоллаҕа», - диэбитэ. Ол кэннэ сыыйа ас көрдөөн барбыта. Уол чугастааҕы күөлгэ илим түһэрэн, балыктаан, тыаҕа тахсан курупааскылаан, хата, сибиэһэй ас бөҕөтүн таһан абыраабыта. Балыыһаҕа бииргэ сытар ыарыһахтара кыыс аһаабакка хаалларбыт аһын көрдөөн аһыыр буолбуттара. Ыарыһахтар: «Үчүгэй да уол! Маннык уоллаах киһи» - диэн хайгыыллара, ол аайы кыыс иһигэр астына саныыра. Сотору кэминэн, кини балыыһаттан үчүгэй буолан тахсыбыта. Кеша массыына кэпсэтэн, дойдуларыгар барбыттара. Итинтэн ыла Иикалаах Кеша лаппа чугасаһыспыттара. Бииргэ үлэлиир кэллэктиибин ахсыытынан уонна Кеша көрдөспүтэ бэрдиттэн, кыыс кэргэн тахсар сөбүлэҥин биэрбитэ. Бииргэ олорон саҕалаан барбыттара. Кеша үөрүүтэ муҥура суоҕа, булт бөҕөтүн бултаан аҕалара, Иика үлэтигэр үрдэппиттэрэ. Дьиэлэрин иһэ бэркэ сэргэхсийбит курдуга. Өр өтөр буолбатаҕа, Иика ыарахан буолбутун билэн, үөрүүтүттэн көтүөн кыната эрэ суох буолбута. Аан бастаан, эркин курдук эрэллээх доҕоругар Кешаҕа эппитэ, онтон дьонугар төлөпүөннээн биллэрбитэ. Дьоно бэйэтин кытта үөрүүтүн үллэстэн, эҕэрдэлээн, элэ-была тылларын эппиттэрэ. Сотору Иика оҕоломмута, ыал ийэтэ буолан олорон элбэҕи саныыр буолбута. Кини оҕолоноругар балык туһалаабыта дуу... эбэтэр алгыстаах ымыыта дуу... Петр Ефимов
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан