Кэпсээ
Войти Регистрация

Сандал саас кэлиитин айхаллыыр хоһооннор

Главная / Кэпсээн арааһа / Сандал саас кэлиитин айхаллыыр хоһооннор

K
kyym.ru сайтан Айымньы
03.03.2022 15:17
Сардаҥалаах сандал саас кэлиитин айхаллыыр хоһооннору ааҕыҥ, сэргээҥ.   Кулун тутар Күнүс күлэр сырдыгынан, Күлүбүрэс да тыалынан, Суолбар ситэн сэргэхситэр, Иэйии тылын кистээн этэр Кулун тутар, кулун тутар - Куппун тутар, куппун тутар!   Оҕо аймах үөрүүтүнэн, Ийэ истиҥ көрүүтүнэн, Күлүктэри кылгаталыыр, Күлэ-үөрэ хаары салыыр Кулун тутар, кулун тутар - Куппун тутар, куппун тутар!   Хоһоон тыла хойдуо ини, Ырыа буолан дайыа ини, Сылаас, сырдык кыайыа ини Сахам сирин кууһуо ини, Кулун тутар, кулун тутар- Куппун тутар, куппун тутар! Вячеслав Хон, 01.03.2022   Саас Саас бастыҥ күнүнэн бар дьонум, эҕэрдэ, Күөрэйдэ халлааҥҥа килэйэн күн бэрдэ, Үөрүөҕүҥ-көтүөҕүҥ, сааскыга, сэгэрдэр, Сылаас мүөт утаҕын, толору иһэрдэр...   Таһырдьа салгына хайыы сах сылыйан, Тумаммыт, дьыбарбыт тэскилиир налыйан, Тымныыбыт оҕуһа оҕутта сылайан, Эһиилгэ диэритин, бургутта утуйан...   Чаҕылхай сардаҥа куобахтыы ойуолуур, Сорсуннаах булчуттуу кыһыны сойуолуур, Тыа сылаас салгына, сирэйбин илгийэр, Мунчаарбыт дууһабын сөхсүтэн илбийэр...   Тоҕо да бэрдэй бу, сандал саас кэлиитэ, Киэҥ Сахам Сиринэн, тамайа сиэлиитэ, Дьыбардаах кыһыммыт күүтүүлээх бүтүүтэ, Сып-сырдык сардаҥа, тулабар үҥкүүтэ.   Мэник тый сиккиэрим былыты айааһыыр, Сылаарбыт салгыҥҥа халыҥ хаар чарааһыыр, Көтөрбүт кэлиитэ күн ахсын чугаһыыр, Бэлэмнэр, кусчуттар, киирээри, дьэ сааһыы...   Эдэрдиин, оҕолуун, аҕа саас дьоннордуун, Үөрүүбүт-көтүүбүт сааскыга үтүмэн, Үтүөкэн кэммитин айхаллыы уруйдуу, Иннибит диэки дьэ, иһиэҕиҥ дуу кимэн... Даҕанча Кулун тутар туруулаһар... Кубулҕаттаах Кулун тутарбыт, Дьахтар куттаах сааскы ыйбыт. Сылаастык имэрийэ туруоҕа Тыйыстык тыалыран ылыаҕа...   Ити Кулун тутар туруулаһар, Дьыбар түүннэри күннэтэ үтэйэр. Илинтэн сылаас илдьити илгийэр, Тымныы тыыны күрэтэ тыалырар.   Айылҕа барахсан уһуктан суугунуур, Хаардарын тэбэнэ сааһы уруйдуур. Тыллар тыыннаах тапталы уйалыыр, Халыҥ хаардары хамсата ойуулуур.   Кулун тутар ийэлии сипсийэр: «Саас кэллэ», - үөрүүтүн үллэстэр. Кэрэчээн дьүөгэтигэр Муус устарга, Тыллыахтаах кытыл уйгутун олохтуур.   Тыйыс түүн хаҕыстык хабырынар, Арҕааттан тыалыра сылааска бэринэр. «Саас кэллэ», - Кулун тутар сипсийэр, Сылаастык күн ийэлии мичээрдиир! Хоһуунай, Амма. СААСКЫ САНАА Күн аайы арыый да сылыйан, Күдэрик тымныыны сыҕайан Күүтүүлээх сааскы тыал илгийэр. Күн, күүлэй тэппиччэ, мичийэр.   Күрдьүккэ көмүрүө кыстык хаар Күндү таас курдук бу тырымнаан, Күүс эбэн эрчимниир кэриэтэ, Күлүмнүү оонньуура кэрэтэ!   Кыйаарым бэлэҕэ хаар тыына - Кыыс кэрэ номоҕон хартыына, Кылбаарар көрүҥэр кыттыһан Кырыымпа уһуктан ыллаһар.   Көнньүөрбүт санаабын айхаллаан, Көҕөрөр үрдүктэн киэҥ халлаан Көччүйүүй диэбиттии иэйдэҕиэн, Көй салгын тыыныахха чэбдигиэн! Калисфена, Дьокуускай куорат. СААС ИҺЭР Сааскы салгын Сайҕыы сайар Салгыныттан Самнаахтааннар, Санаам санньыар Сүүмэхтэрэ Симэлийэ Сүтээхтииллэр. Сөрүүн сиккиэр Сүүрээниттэн, Саһан сыппыт Сырдык иэйиим Симик, килбик Ситимнэрэ Сэргэхсийэн Сэҥээрдэллэр. Саҥа санаа Сааһыланан Саһарҕалыы Сандаарыйар, Салаҥ тылым Саталанан Силиктэрэ Силигириир. Сааскы күнүм Сарыалыттан Сүрэх ыллыыр Сылаанньыйан, Сиртэн-буортан Силис тарпыт Сибэккилии Сэниэлэнэн. Сарсыҥҥыбыт Саҕахтара Сарыалынан Сыдьаайаллар, Саргы-дьаалы Салаллыаҕын Сабаҕалаан Сандаараллар. Үчүгэйиэн, Үөһэ тыына, Үрүҥ күҥҥэ Үҥэ-сүктэ, Чэбдик салгын Чэлгиэниттэн Тэбэнэттик Тэптэн биэрэ Тэбиэһирэ Тойук туойар. Оһуохай Уола **** Сүрэҕи үөрдэр, Сүргэни көтөҕөр, Сүрү күүһүрдэр, Сүһүөҕү ириэрэр, Сүүнэ күүстээх Сүмэлээх салгын, Сүөгэй курдук Сүүрүгүрэн түһэрэ - Сүдү үөрүүтүөн! Сандал саас Салаллан иһэрэ, Саха куттааҕы, Санаатын кынаттаан, Саймаарда үөрдэрэ, Сайа тыыннарара - Саныахха кэрэтиэн! Күөх халлаан, Күннэтэ үрдээн, Күлэ турардыы Күлүмнүү сырдаан, Күүскэ күүс эбэн Күндээрэн турара - Күндүтүн эбитиэн! Саха барахсан, Саас иһэриттэн, Санаата көнөн, Салаҥнык үөрэн, Саргылааҕы санаан, Сайгыччы хааман, Саҕаһа уотунуу Сандаара мичээрэн, Сайаҕастык күлбүтэ- Саныахха астыгыан! Таптал Чагда ДЬЫЛ КЭРЭ АРЫТА Саха күүтэр сааскыта Ыалдьыттаата налыйан, Харалдьыгы батыһар Ньургуһуна наскыйан.   Уһуун-уһун уутуттан Айылҕабыт уһуктан, От-мас тыллан астынар. Саас сайынныын алтыһар.   Көтөр-сүүрэр таптаһар Доҕоругар талаһар. Бэл, күөх баҕа кылыйар, Көйүүр кытта дыгыйар.   Күн, күйгүөргэ кыттыһан, Күлүм сардаҥа ыһар, Күөх халлаанныын ыллаһа, Сардааналыын сыллаһа. Калисфена Дьокуускай куорат. Саас кэлиитэ кэрэтиэн Сандал сааспыт дьэ кэллэ, Тыынар салгын сылыйда, Таммах лыҥкыр тыаһаата, Суолга чалбах таҕыста. Көмүс күн чаҕылыйан Үчүгэйкээн да күннэр, Сыттыын тыаны тунуйан Үнүгэстэр быктылар. Сааскы дьылбыт кэрэтин Сүрэхтэргэ иҥэрдэ, Көтөр-сүүрэр ыллаата, Дэгэрэҥнии дайыста. Айылҕабыт тыллыытын Кутум үөрэ көрүстэ, Халлаан кытта дьэҥкэрэн Өйүм-санаам чэпчээтэ.   Розалия Павлова Өлөөн, 30.04.2021с. (Андрей Константинов хаартыската) Туундарабар саас кэллэ Туундарабар саас кэллэ, Сандаарыччы күн тыкта, Саһарҕатын ыһыахтыы Сылааһыгар угуйда.   Салгыммытын ыймахтыы Тото-хана тыыннарда, Үөрүү дьолун уунардыы Сүрэхтэри долгутта.   Көтөр-сүүрэр элбээтэ, Ырыалара дьиэрэйдэ, Саҥа-иҥэ чуумпуга Сэргэхситэн дуоһутта.   Хаарбыт ууллан тыллыаҕа Нарын-намчы киэргэлэ, Хоту дойдум симэҕэ - Ньургуһун сибэккитэ.   Туундарабыт биһиэнэ - Мааны кэрэ айылҕа, Табаһыкка олоҕо, Табаларын дойдута. Розалия Павлова Өлөөн, 24.02.2022с. Бастакы сааскы күн Бу күммүн бүгүн мин Чуумпутук атаардым, Сылайбыт бэйэбин Сытаммын сылбаартым.   Сылыйбыт халлааным Кыраһа тамнаабыт, Бу кэлбит мин сааскым Улук уу таайтарбыт.   Бу мантан ыла дьэ, Маннык күн элбиэҕэ, Буркуннаах силлиэҕэ Эрийэн эллиэҕэ.   Кыһыммыт дьыбарын Кыйдаабыт манньатын, Эргитэр тыалынан Сиидэлиэ хаарынан.   Сааскы кэм мэниккин, Сэллээбэт эрчимҥин. Айылҕам тиллэрин Илдьитэ эбиккин.   Салгыны хамсатан Дьэргэлгэн оонньотон, Дьиктилээх сытынан Эргиччи толорон,   Лыҥкынас иэйиинэн Сүрэхпэр биллэрэн, Күнтэн күн эбиллэн, Күллэриэҥ итиинэн.   Бу күммүн бүгүн мин Чуумпутук атаардым, Уһун кыс кэнчиэтин - Сылаабын таһаардым. Марта-Мария. 01.03.19. Сандал сааһы уруйдуубун Сандал сааһы уруйдуубун, Сайдар суолбун уруһуйдуубун, Саамай сөбүлүүр дьикти кэмим - Санааларбын сайҕыыр эмим.   Сандал сааһым иэйиитэ - Саҥа саҕахтарым иэнийиитэ, Сандаарыччы тыгар күнүм уота - Сардаҥатыттан ыһар кутаата.   Сандал сааһым, айылҕам - Сайа кууһар айылгым, Алтыһаммын уоскуйуум, Арылламмын уһуктуум.   Сандал сааспар тапталым- Саха куттаах мин ымыым... Саргын кыыһа Күннэй 24.03.2021 сыл. Нам с. (Андрей Константинов хаартыската) **** Сааспыт кэллэ доҕоттор Көрүҥ, көтөллөр туллуктар Күнтэн харах саатар Дууһам ыллаан дьиэрэтэр.   Сирбит харааран эрэр Чалбах эбиллэ тахсар, Таммах өрөсүһэ сүүрдэр Муус чопчуну үүннэрэр.   Оҕо саҥата хойдор Көр-күлүү дэлэйэр, Чыычаах үрдүккэ талаһар Сааһы уруйдуу чугдаарар.   Тыал сайа мэниктиир Тыа хаарын тэбиир, Дьиэ кыыла маҕарыыр Кини эмиэ сыламныыр.   Мантан санаа көнньүөрэр Бу көстүүттэн дьоллонор, Сандал сааһы уруйдуур Үтүө кэми саҕалыыр. Тыа Уола. Саккырыырга Саккырыырбар саас кэллэ Саҥа күммүт күөрэйдэ, Сааскы салгын илгийдэ, Сүлүөт күнэ дьэ үүннэ.   Сыарҕаларын көлүннүлэр, Сытыы табаһыт уолаттар. Сырсыалаһа сүүрдүлэр Сыыдам талыы табалар.   Саккырыырбар сааскы халлаан Сырдык күнэ күндээрдэ, Дойдум дьоно үөрэ-көтө Муһуннулар сүлүөккэ.   Көрсүстүлэр ыраах сиртэн Кэлбит мааны ыалдьыттар Көстөөх сиртэн киирдилэр Күндү дьоммут табаһыттар.   Манна күрэх ыытылынна Манна сээдьэ дьиэрэйдэ, Манна ырыа ылланна Манна үөрүү үксээтэ.   Андрей Константинов (ааптар хаартыската) Саас кэллэ Сааспыт кэллэ сандааран Сылаас салгын илгийдэ. Сайар күммүт күлүмнээн, Сырдык уотун түһэрдэ.   Кырыыһаттан кыллыгырыы Таммах түһэн кыырайда. Кылыһахтаах ырыатын Тоһугуруу дьиэрэттэ.   Топ-топ түһэр таммахтар, Тэйэ -тэйэ ойдулар. Тохтообокко үтүктүһэ Дьиэрэҥкэйдээн тэптилэр.   Туллук үөрэ кэллэ Тула көтөн сараҥнаата. Тоҥуу хаарга сатыылаата, Туойда көрдөөх тойугун.   Сааскы көрдөөх тойукка Сэргэх чыычаах кыттыста Чобуо чыып-чаап ырыата Чугдаара чуопчаарда. Андрей Константинов (ааптар хаартыската) Саас иһэр... Саҕахтан саҥа күн күөрэйдэ Сардаҥа дьиримин түһэрдэ, Илинтэн мэник тыал илгийдэ Ийэ сир уһуктан сэгэйдэ...   Сааскылыы ылааҥы эргийдэ Күн күлэн күлүмнүү мичийдэ, Күөх чээлэй халлааммыт былыта Куба түү былаатын кылбаарта...   Уу-чуумпу ойуурум көйгүөрдэ Сып-сылаас сыламтан көнньүөрдэ, Чычып-чаап чыычааҕа чуопчаарда Ырыатын ыллаһа чугдаарда…   Хатыҥым кыһынтан уһуктан Үрүҥ хаар үллүгүн тэбэннэ, Тулалыыр наҕылга кыттыһан Наскыйа сылааска бигэннэ...   Саас сылаас утаҕа сыдьаайа Көҥүлгэ көтүтэ көччүттэ, Уһун, киэҥ уутуттан тэбэнэ Уһуктан айылҕам дьэ, үөрдэ...    Ульяна Ива, 26.03.2018. Сэргэхсийиэх... Сааскы чаҕыл халлаанынан Сылам күнүн сыдьаайынан, Сайа охсор салгынынан Сэргэхсийиэх тахсан хаамсан...   Сындыыстаныах көтөр-дайар Саас илдьитэ туллуктардыын, Сылаас күнү көрсө үөрэр Сирилэһэр чыычаахтардыын...   Сарайдартан тэйэр-тэбэр Сырылаһар таммахтардыын, Сырсыаккалыыр чырылаһар Сыыйар ыраас сыккыстардыын...   Сэгэлдьиһиэх чурулаһар Сүүрэкэлиир үрүччэлиин, Сырса-сырса ситэн ааһар Сипсийбэхтиир сиккиэр тыаллыын....   Сандал сааспыт мичээринэн, Сүрэх иэйэр түгэнинэн Сарсыардаттан үөрэ туруох, Сырсыакалыы оһуор ойсуох... Ульяна Ива.
kyym.ru сайтан