Кэпсээ
Войти Регистрация

Көссүү оҕотун санаата

Главная / Кэпсээн арааһа / Көссүү оҕотун санаата

K
26.12.2019 16:17
Урут көссүүттэн төрөөбүт оҕону уопсастыбаҕа ылымматтара, туораталлара. Онуоха төһө баҕарар холобуру аҕалыахха сөп. Билиҥҥи ХХI үйэҕэ көссүү оҕото диэн туора көрбөттөр, ону болҕомтоҕо ылбаттар. Ол эрээри, аҕата суох аҥаардас ийэлээх оҕоҕо сыһыан син биир «атын» соҕус буолар. Бу оҕо иннин солоноругар син биир ордук ыарахан, ордук уустук соҕус балаһыанньаҕа сылдьарын бэлиэтиэххэ сөп. Кини тугу эрэ ситиһэригэр аҕалаах, атын оҕолортон ордук элбэх сыратын биэриэхтээҕэ көстөр диэн учуонайдар кытта бэлиэтииллэр. Биһиги хаһыаппытыгар көссүүлэһии туһунан бэрт эгэлгэ санаа тахсааччы. Бу сырыыга биир ааҕааччыбыт санаатын тиэрдэбит. Кини, этэргэ дылы, «көссүү оҕото» буоларынан, бу тиэмэни адьас «иһиттэн» билэр буолан, суруйбут... Сөбүлээн ааҕар «Кыым» хаһыаппытыгар кэмиттэн кэмигэр көтөҕүллэр «көссүүлэһэр сөп дуо? Сыыһа – содур быһыы дуу?» диэн боппуруоска санаабын биллэриэхпин уонна дьон санаатын өссө билиэхпин баҕаран, суруйарга сананным. Мин билигин 60-ча сааспар сылдьабын. Хара үлэни кыайар буолуохпуттан төрөөбүт дэриэбинэбиттэн ханна да барбакка сопхуоска оробуочайдаан, кадровай булчуттаан үйэбин моҥоон эрэбин. Былыргыттан, сэрии инниттэн, сахалар алаас-алаас аайы, үрэх бастарынан бытанан олороллорун саҕана ийэм ыал буолбут. Икки төгүл уол оҕолоно сылдьыбыта, онтулара утуу-субуу өлүтэлээн хаалбыттар. Онтон сэрии иннигэр хараҕынан көрбөт буолан хаалбыт. Кэргэнэ араҕан, атын дьахтары ойох ылбыт. Сэрии буолбутугар, онно барбыт уонна сураҕа суох сүппүт. Ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийдээх-убайдаах уонна балтылаах эбит. Ол саҕана ийэлэрэ баара. Ийэм көрбөт буолан, холкуоска үлэлиир кыаҕа суоҕа, онон дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөн ыалтан итэҕэһэ суох олорбуттар. Ол да саҕана, кистии-саба дьон ойууннары-удаҕаннары көрүүлэннэрэн бэйэлэрин дьылҕаларын билэ сатаахтыыллар эбит. Ол курдук, ийэм биирдэ көрүүлэнэр киһиэхэ билгэлэппит. Ол киһи көрүүлэнэн баран, «дьэ Маайа, хас да сыл буолан баран, уол оҕолонууһугун, ол уолуҥ сүрдээх хоһуун сырыылаах киһи буолсу, суола-ииһэ сүрдээх тырыкынайан олорор, аан дойдуну хастыыһы» диэбит үһү. Мин улааппытым кэннэ ийэм үөлээннээхтэригэр кэпсиирин истээччибин. Мин оскуоланы 1963 сыллаахха бүтэрбитим. Ийэм: «Хайа мэлдьи ыал оһоҕун сыҥааҕын кэтээн олоруохпутуй, туспа дьиэлээхпит буоллар», — диэччи. Ол саҕана үөрэҕэ да суох киһи хара үлэни үлэлээн, айаҕын ииттэр буолара, ол иһин үөрэнэ сатаабатаҕым. Ийэм баҕатын толорон, 24 сааспар дьиэ туттан, иккиэйэҕин олорбуппут. Кэлин ыал буолбутум, 2 кыыс, 1 уол оҕолонон ийэбэр сиэн көрдөрбүтүм. Ол бэйэтэ туһунан кэпсээн. Билигин көссүү сөбүн дуу, сөтөгөйүн дуу туһунан. Ханнык баҕарар боппуруос мөккүөрдээх буоллаҕына, сүнньүн булар. Биһиги өбүгэлэрбит көссүүлэһэри сүөргүлүүр, көссүүлэһэр дьону сиилиир-одуулуур этилэр. Көссүүттэн төрөөбүт оҕону күлүү-элэк оҥостоллоро. Оннук дьонтон атарахсыйбыт оҕону сорох биир саастыылаах оҕолоро куруук ыыстыы, тэбэн-охсон көрө сылдьаллара. Сахалар былыргыттан даҕаны тулаайахха, кыраҕа-кыаммакка соччо-бачча кыһаллыбаттара. Мин сорох дьон халы-мааргы, сэнэбиллээх толоос сыһыанын кыра оҕо сылдьыахпыттан эппинэн-хааммынан билбит киһи буолан этэбин. Уол оҕо борбуйун көтөхтөҕүнэ, син тэтиэнэх, бэйэтин көмүскэнэр эҥин буоллаҕа. Оттон
кыыс оҕоҕо итинник сыһыан төһө куһаҕанын, ыараханын сэрэйиэххэ эрэ сөп, кыыс айылҕаттан нарын-намчы эбээт. Сахаҕа «биир тулаайах кыыс маачаха дьоно атаҕастаабыттарыттан, ыйдаҥа түүн уу баһа киирэн баран, ыйы кытта кэпсэппит: «Эн эмиэ соҕотоххун, мин эмиэ соҕотохпун, иитэр дьонум атаҕастыыллара бэрт, онон миигин бэйэҕэр ыл», — диэн. Ый сөбүлэспит, кыыһы ылбыт. Ыйы көрөҕүт дии, онно оргуһуохтаах кыыс турарын» диэн, былыргы номох баар дии. Ханнык да норуокка соҕотох, тулаайах куруук атаҕастанарын туһунан кинигэҕэ да, киинэҕэ да суруллар-көстөр буолбат дуо? Онон көссүүнү аһара «аҕытаассыйалыыры» сөбүлээбэппин диэн этэбин. Аҥаардас ийэҕэ дуу, аҥаардас аҕаҕа дуу эрэ иитиллибит оҕо толору дьоллоохпун диэбэтэ буолуо. Мин оҕо сылдьан: «Олох тубустаҕына, сэрии бүттэҕинэ, тулаайах уонна көссүү оҕото диэн суох буолуо. Интэринээт, детдом эмиэ суох буолуо», — дии саныырым, онтум таҥнары буолан таҕыста. Киһи барыта көссүүлэһэр кыаҕа суох, онно эмиэ элбэх биричиинэ баар. Бэрээдэктээх, өйдөөх толкуйдаах, сүрэхтээх, үлэһит, бэйэ-бэйэлэрин убаастыыр кэргэнниилэр сахаҕа да элбэхтэр. Киһи дьылҕата барыта биир буолбатах. Биһиги өбүгэлэрбит Сэбиэскэй былаас иннинээҕи үйэлэргэ кыыска, дьахтарга хоччорхой соҕус сыһыаннаахтара. ОТтон олох-дьаһах ыарахан эрдэҕинэ, сэрии иннигэр-кэннигэр даҕаны иитэрэ-аһатара суох сулумах дьон иннилэрин толкуйдаан, кэннибэр кэнчээри ыччаты кээспит киһи диэн толкуйтан, көссүүлэһэр сааттааҕын да умнан туран, муҥнаммыттара буолуо дии саныыбын. Оттон билигин ааспыт үйэ 70-с, 80-с, 90-с, 2000 сылларыгар олох аһара тупсан, дьон элбээн дуу, тотон дуу, тугу да сыаналаабат, киһи киһиэхэ сыһыана ээл-дээл буолла. Көр-нар, арыгы-пиибэ иһиитэ аһара элбээтэ. Сорох дьон көрү-нары батыһар, сорох үлэни-үөрэҕи өрө тутар. Аны киһи элбээн дуу, сулумах дьон эмиэ олус үксээтэ. Үлэһит, үтүөкэн бэйэлээх дьон дьылҕаларын-аналларын кыайан булбакка, көрсүбэккэ, дьиэ-уот тэриммэккэ, иэримэ дьиэни иччилээбэккэ, төрүүр оҕону төлкөлөөбөккө, аҥаардас сылдьаллар. Маны сэргэ, кэлиҥҥинэн арыгыга олохторун сайҕаабыт дьон эбиллэн иһэриттэн мин, сааһырбыт киһи, дьиксинэ саныыбын. Сыл аайы биһиги кыра дэриэбинэбитигэр күүстэригэр-уохтарыгар сылдьар эдэр дьон, хастыы эмэ киһи арыгыттан суорума суолланар буоллулар. Онно ким да кыһаммат, дьону үчүгэй суолга өйдөтөр, иитэр киһи биир да суоҕа хомолтолоох... Нэһилиэк баһылыктара бэйэлэринэн: «Эр киһи иһиэхтээх», — диэн, мунньахха кытта тыл этэллэр. 60-с сыллар саҕаланыыларыгар, начаалынай кылааска үөрэнэ сылдьан, ыалга хоно сытан, дьон мин туспунан кэпсэтэллэрин истибиттээхпин, ону үйэм тухары умнубакка саныы сылдьабын. Онно дуоһунастаах биир киһи арай: «Ити уол — көссүү оҕото, аҕа ииппитэ диэни билбэт, онон өнүкүлээх киһи буолуо суоҕа, үөрэҕэр мөлтөх, киниттэн туох тахсар үһү, табахсыт, арыгыһыт, күлүгээн буолуо», — диэтэ. Ону истэн олорбут холкуостаах оҕонньор: «Суох, доҕор, ити уолуҥ барыга-бары тыыппалаах оҕо, үчүгэй үлэһит, дьон киһитэ буолуоҕа, үөрэҕи да ылбатаҕына, иннин солонуо», — диэн хардарда... Онтон бэттэх сорох дьон киһиэхэ куһаҕаны, оттон сорох дьон үчүгэйи баҕараллар эбит диэн
билбитим. Ол иһин «хайаан да үчүгэй киһи буолуохтаахпын» диэн, ончу оҕо сылдьан, сыал-сорук туруоруммутум, кыра төбөбөр толкуйдаабытым. Табаҕы тардыбатаҕым. Арыгыны батан испэккэ сылдьабын. Түмүктээн эттэххэ, сир үрдүгэр киһи буолан төрөөбүппүн кэмсиммэккэ сылдьабын, киһи төрөөн, олох олорон, кэргэннэнэн, оҕолонон дьоллоохтук олорон ааһара — дьол. Көссүүлэһии сир үрдүгэр киһи баарын тухары баар буолуо. Сорох бэйэтин кэннигэр ыччаты хаалларбыт киһи диэн санааттан, сорохтор көрүлээн, туох да сыала-соруга суох көссүүлэһэллэр. Оттон мин биири күүскэ өйдүүбүн. Сир үрдүгэр киһи буолан төрүүр – бу таҥара бэлэҕэ. Кимтэн да төрөө – дьолу-соргуну эйиэхэ ким да бэлэмнээн, аҕалан биэриэ суоҕа, олоххун бэйэҥ оҥостоҕун. Онон киһи олоҕу сыаналыахтаах, үчүгэйдик, дьоллоохтук, чиэһинэйдик, дьоҥҥо сирдэрбэт курдук олоро сатыахтаах. Н.Тихонов, Маалыкай, Ньурба.
kyym.ru сайтан