Кэпсээ
Войти Регистрация

АБААҺЫЛААХ МИИТЭРЭЙ

Главная / Кэпсээн арааһа / АБААҺЫЛААХ МИИТЭРЭЙ

K
edersaas.ru Категорията суох
09.03.2022 20:20
Былыр Уордаах Кылыкынай кулуба күннээн-күөнэхтээн олорбут кэмигэр, Тулуна сиригэр-уотугар, дьон-сэргэ бэйэлэрин бэркэ кыанан олорбуттара үһү. Тулунаттан көстөн ордук сиргэ Хайыыка Эбэ барахсан көмүс хатырыктааҕынан, оттонор киэҥ алааһынан аатыран, үрүҥ илгэнэн үрүйэлии устара. Хайыыка Эбэ тула уонча ыал дьиэ-уот туттан, оҕо-уруу төрөтөн, сылгы-сүөһү ииттэн «Һай-һат»диэн, курааны билиммэккэ ньирилээн олорбуттара. «Сыа быыһыгар быччаххай кыбылларыныы» бу ыаллар ортолоругар, алаас куулатыгар «Дьон хараҕар таба көстүбэтэрбин» диэбиттии иҥнэри барбыт сэргэлээх, чороҥ соҕотох балаҕан атын кыбыы, дал тутуута суох, сааһыгар ойохтоммотох, оҕо-уруу төрөппөтөх, сылгы-сүөһү ииттибэтэх Миитээ диэн киһи олорбут. Бу киһи оччотооҕу кэмҥэ бэрт дьикти дьарыгынан номоххо киирбит. Былыр да түөкүннээн, уоран айахтарын булунар мондоҕой дьон ала-тала бааллара. Биир оннук киһинэн Миитэрэй буолар. Бу киһини түөкүнүн билэллэр эбит даҕаны, үйэлээх-сааһыгар харытыттан харбаппатах, олох салыҥнаах балык курдук үһү. Дьэ, ити кэмҥэ таһыырынан, кырыктааҕынан аатырбыт Уордаах Кылыкынай кулуба Тулунаттан сорук-боллур дьоннорунан илдьит ыытар. Кэлэн ыалдьыттаан барарыгар. Миитээ билбэтэ кэлиэ дуо, Улуу Дьаалы Кылыкынай си дьүгээр арахсыбатын, тараах иэннээн чэгиэн этин сэймэктиэхтээҕин. Онон: – Кырдьаҕаска этиҥ, киэһэ күн тиит саҕатыгар олоруута тиийиэм, – диэбит. * * * Миитэрэй Өнөр Эбэни аа-дьуо тыынан туораан, Тулунаҕа Уордаах Кылыкынай олоҕор тиийэр. Кулуба киэҥ уораҕайыгар куду киириэн куттанан, халдьаайы үрдүк мындаатыттан, быардыы түһэ сытан маныыр. Миитэрэй сэрэйбитин курдук, кинини туттараары киһи бөҕө муспут. Киирии-тахсыы, тула олоотооһун кытаанаҕа. Биһи түөкүммүт маннык, халлаан хараҥарыар диэри сытар. Харабыллар да хараҥарда диэн тохтообокко, туос уматан сырдатыналлар. Дьэ, биир сытыы харахтаахтара: – Ол халдьаайыга туох эрэ хамсыыр баар, – диэбит. Оччону истибит дьон, түрбэ туостарын умаппытынан халдьаайыга ыстаналлар. Ситэ тиийбэккэ туостара умуллан хаалар. Тула им-балай хараҥа сабардыыр. «Туос бүттэ! Туоста уматыҥ!» – дэһэ-дэһэ төттөрү сырсаллар. Миитэрэй түгэнинэн туһанан, хараҥанан күлүктэнэн балаҕаҥҥа киирэн, наара орон анныгар саһан хаалар. Харабыллар барахсаттар, туос умата-умата түөкүнү көрдүү тилэхтэрэ эрэ хараарар. Харабыллар түөкүнү тутаары, түүннэри төһө да сүүрэкэлэстэллэр, эт киһи элэйэн, сыа киһи сындалыйан утуйар аакка бараллар. Күн илин саҕахтан айа кылыытыныы кылбайа тахсыыта, уоруйахпыт наара анныттан сыбдыйан тахсан, Улуу киһи Кылыкынай бастыҥ ампаарыгар киирэн, туох баар уһааттаах тардарын, тиэргэни биир гына иҥнэртээн кэбиһэр, онно сөп буолбакка булуустан ампаарга хаайан, түөрт сыл курулатан өлөрбүт кур оҕуһун икки буутун сүгэн илдьэ баран хаалар. * * * Соҕотох киһи ханна ыксыай? Уорбут этин эттээн күөстэнэр, дьэ, аһаары-сиэри оҥостон эрдэҕинэ, Кылыкынай кулуба сорук-боллурдара тиийэн кэлэллэр уонна: – Миитэрээй, тойон тыла-өһө сымнаҕас, онон бара сылдьарыҥ ордук буолуо, – дииллэр. Миитээ хаһан да хайыай, акка мэҥэстэн барсар. Таһыырынан аатырбыт Уордаах Кылыкынай кулуба киэҥ уораҕайыгар бастыҥ нааратыгар, эһэ тэллэххэ, иһэ ынайан кэтэх тардыстан сытар эбит. Сандалыга, били, кини уорбут оҕуһун 7-8 ойоҕоһо чааҥҥа буһан, сыата-арыыта чаалыйан: «Мэ, сиэ», – диэбиттии бидилийэр. Онуоха тойон киһи маннык саҥалаах буолбут: – Дьэ, бу эн түөкүн, кур оҕуһум бууттарын көрдөрбүтүнэн уоран бардыҥ! Аны кистэл суох, туох баарынан кэпсээ! Миитээ көстөн турары туох диэн мэлдьэһиэй: – Харабылларыҥ миигин хараҥаҕа көрдүүллэригэр, туостара умуллубутугар, кинилэри кытта холбуу киирсэн, наара орон анныгар саспытым. Утуйбуттарын кэннэ туран, ыттаргар бүлтэс уҥуох быраҕаттаан, айахтарын бүөлээбитим, уоннааҕытын дьэ, бэйэҥ билэҕин, – диир, кулуба тойону утары көрөн олорон. Кылыкынай төһө да кыһыйдар, Миитэрэй үрдүгэр саба түспэтэх. Уоруйах толлубакка көрөр уоттаах хараҕыттан, сүгэр күүһүттэн толлубут. Ол да буоллар, өссө үтэн-анньан көрөргө санаммыт: – Дьэ, нойоон! Киһи мондоҕойо эбиккин! Уорбут бууккун сиэ! Аны ити кыра күөс оҕото буһардым. Эн бэйэлээх төһөнү сиир эбиккин, дьэ, сиэн көрөөхтөө! Ол гынан эрдэ сэрэтэбин, ситэ сиэбэт түгэҥҥэр, тараах иэнниэм! – Кылыкынай санаата кэлбит кэмигэр, араастаан киһи үөйбэтэҕинэн дьээбэлэнэр идэлээх эбит. Онтукайа табылыннаҕына, мэктиэтигэр ытыһын таһына-таһына үөрэрэ үһү. Табыллыбатаҕына, тугу булан ылыаххыный, таһыллан иэнин хастанар эбит. Дьэ, Миитэрэй сандалыга олорон, этэрбэһиттэн харыстаах сахатын быһаҕын субуйа тардаат, сиэн-аһаан кимириппитинэн, икки дьабалдьытынан сыа-арыы саккыраабытынан барбыт. Маны барытын Кылыкынай тойон өһөхтөөх хараҕынан көрө сыппыт. Миитэрэй киһи дуу, кии дуу буоларын өйдөөтөҕө. Турунан олорон аһаан мииннэри, эттэри олоччу охсон кэбиһэн баран, чааны өҥөҥнүү олорорун көрөн, Кылыкынай киһи эрэ буоллар, улаханнык саллан саҥа аллайбыта үһү: – Арах-арах! Бу киһи буолбатах, абааһылаах киһи эбит,–диэн. Ама доҕор, кулуба айаҕыттан тахсыбыт тыл симэлийиэ дуо? Отчут-масчыт дьон сүһэн ылан, онтон ылата Миитэрэйгэ «Абааһылаах Миитэрэй» диэн хос аат иҥмитэ үһү. – Нойоон! Өй, күүс, аһас да баар киһитэ эбиккин. Аатырыаххын аатырбыккын! Онно мөккүөр суох. Мин миинэр миҥэ бастыҥын, толору симэхтээн биэрэбин, эбиитин тарбыйахтаах ынаҕы сэтиилэнэн бар. Өссө күһүн идэһэҕэ анаан кур оҕуһу өлүүлүүбүн. Ол оннугар, эн миигин хаһан да тыытыам суоҕа диэн тылгын биэриэхтээххин, — диэбит. Кырдьык, Абааһылаах Миитэрэй тылыгар туран, Кылыкынай кулуба суолун туора хаампатаҕа үһү. Уордаах Кылыкынай кулубаттан ылбыт тураҕас атынан хоннохтоохтук сылдьан, илин улуустарынан таба туттарбакка сааһын моҥоон өлбүтэ. Абааһылаах Миитэрэй атын сэргэҕэ хантаччы баайан турарын көрдөхтөрүнэ, дьоннор: – Ок-сиэ, дьөһөгөй оҕото барахсан, ыраах сындалҕаннаах айаҥҥа бэлэмнэниллэн хатарылла баайыллыбыт, – диэн эмиэ да сөҕөн, эмиэ да кэлэйэн этэллэрэ үһү. Дьэ, ити гынан, Амма, Таатта, Мэҥэ сылгыларын Намҥа түһэрэрэ, ол оннугар Намтан атын үөрү үүрбэлэнэн кэлэрэ үһү. Аныгылыы эттэххэ, бартердаһан эрдэҕэ. Оччолорго да түөкүттэргэ сибээс баар буоллаҕа. Хаартыска: kommersant.ru ылылынна
edersaas.ru сайтан