Кэпсээ
Войти Регистрация

Күүлэй

Главная / Кэпсээн арааһа / Күүлэй

K
20.12.2019 16:54
Куорат дьиэтин болкуонуттан туран көрдөххө, уулусса барыта быылы бүрүнэн, хаһан да уостар санаата суох оргуйан олороро. Катя үлэтиттэн саҥа кэллэ. Мааҕын сарсыарда сууйбут таҥастарын тутан көрбүтэ, өссө да сииктээх тураллар. Бэҕэһээ дьүөгэтэ Анялыын күүлэйдии барыах буолан үлэспиттэрэ. Онон джинсы бүрүүкэтин инчэҕэйдии быаттан уһулу тардан ылан өтүүктүүр остуолга бырахта. Суунна-тараанна, кырааскаланна, аһаары гынан баран сүрэҕэлдьээтэ. Өйдөөн кэлбитэ, халадьыынньыкка сытар тоҥ кууруссаттан атын туох да аһа суох эбит. Катя — каадыр отделыгар испэсэлиис. Үлэҕэ соторутааҕыта эрэ киирбитэ. Ол иннинэ биир тэрилтэҕэ сэкирэтээрдээбитэ. Тойоно — сааһыра барбыт Баһылай Мэхээйилэбис диэн, чиэһинэй, көнө үлэһит тута өйдөөбөт ураты сүөргү майгылаах киһитэ этэ. Дэлби иҥээҥнээн, сүгүн үлэлэппэтэҕэ. Чугаһыы-хайыы, сылтах була-була онно-манна илдьэ сатыыра. Сыл аҥаара курдук тулуйан баран, кыыс үлэтиттэн барарга быһаарыммыта. Онтон бу саҥа үлэтигэр кини иннинэ үлэлии сылдьыбыт испэсэлиистэр кэмэ суох уларыйан, дуоннаах туох да докумуон туолбатах. Үлэтин ис хоһоонун өссө да үчүгэйдик өйдүү илик Катя дьарамай санныгар хас да дьааһык муҥунан дьүүлэ-дьаабыта биллибэт докумуон сүктэрилиннэ. Ол да буоллар кыыс урукку үлэтиттэн уурайбытыттан, Баһылай Мэхээйилэбистэн куоппутуттан, килиэккэҕэ хааллан баран босхоломмут сылгы чыычааҕын курдук сананар. Ити икки ардыгар суотабай төлөпүөн бэһиэлэй муусуката өрө күүгүнүү түстэ: Аня эрийэр эбит. — Привет, дьүөгээ! Хайа бүгүҥҥү былааммытын олоххо киллэрэбит дуо? — Оо, привет. Бу үлэбиттэн саҥа кэллим, сорох кумааҕыбын илдьэ. Хайыыбытый? Дьиэбэр кыратык кумааҕы бэрийээри гыммытым. Саатар, джинсым куурбатах ээ. — Эс, Качикуо, бэҕэһээ барыахпыт диэбиппит да барабыт. Үлэни үлэ чааһыгар миэстэтигэр үлэлэниэхтээх, сынньалаҥы — сынньалаҥ чааһыгар. Өйдөөтүҥ дуо? Мин дьиэбиттэн тахсан эрэбин, сибилигин чаас аҥаарынан эйигин ылан ааһыам, — диэт, Аня дьүөгэтин толкуйдатар бокуойа суох төлөпүөнүн арааран кэбистэ. *** Дискотекаҕа тиийдилэр. Остуол булан олордулар. Киһи аҕыйах соҕус да буоллар, манна бэһиэлэй эбит. Биирдии бытыылка пиибэ ыллылар. — Катя, эн суһаллык табаарыс булунуоххун наада. Бачча үчүгэй, бачча кырасаабысса, бачча өйдөөх кыыс собус-соҕотоҕун сылдьарыҥ табыллыбат. — Ким да суох ээ, уолаттар бары дэриэбинэҕэ оттуу барбыттар быһыылаах. ¤а-һа. — Эс, куорат уола бүтүннүү дэриэбинэҕэ бардаҕай? Син үлэлиир эҥин дьон хааллахтара дии. Хата, ыксыахха. Күһүн устудьуоҥкалар кэллэхтэринэ, биһиги шанспыт өссө кыччаан биэрэр. Билигин туттуммахтаан хаалыахха наада. Эн олорон-олорон баран «старая дева» буолбуккун бэйэҥ да өйдөөбөккө хаалыаххын сөп. Дабаай, бүгүн уолаттары кытта билсиһиэххэ. — Оо, дьэ, Аанчык, мин кыбыстабын аҕай. Пиибэлии түһүөххэ, онтон билсиэхпит, сөө-өп? — Көр даа, ол утары сиэрэй ырбаахылаах симпатичнай баҕайы уол олорор. Чуур, мин кинини кытары билсиһэбин. Оттон эн кини табаарыстарыттан бэйэҥ талаар. Сөп? — диэн баран, Аня бытыылкалаах пиибэтин трубочканан иһэ олордо. Чочумча буолан баран, били сиэрэй ырбаахылаах уоллара кыргыттар остуолларыгар илэ бэйэтинэн кэлэн олорунан кэбистэ. Витя
диэн эбит. Табаарыстарын батыһан анараа остуолтан өссө икки уол кэллэ. Билсиһии буолла. Биирдэстэрэ Александрбын диэтэ, биирдэстэрэ Миша диэн эбит. Уолаттар имнэнсэ-имнэнсэ кыргыттарга эбии пиибэ ыллылар. — Кыргыттар, мантан киэһэ туох былааннааххыт? — Витя ыйытар. — Билбэппит ээ, туох да былааммыт суох быһыылаах, — дии оҕуста Аня. *** Сол курдук барыахтарын дуу, кэлиэхтэрин дуу билиминэ олордохторуна, Витяны табаарыһа таһырдьа ыҥыран таһаарда. — Көрбөккүн дуо, ити кыргыттар биһигини кытта таах барсыахтара, көстөр буолбат дуо «снимайся» гына кэлбиттэрэ. Эн хайыталаһан ис. Харчыны бараабакка түргэнник дьиэҕэ бара охсуохха. *** Уолаттар үҥкүү буола турар сиригэр киирэн кэллилэр. Ону эрэ кэтэһэ олорбут Аня: — Чэ, барбаппыт дуо, дьиэлээх үһүгүт буолбат дуо, эһиэхэ барыаххайыҥ ээ, — диэн ньааҕыныы тоһуйда. Атырдьах ыйын саҥатынааҕы уу чуумпу, хараҥа, сылаас түүн. Уолаттартан биирдэстэрэ — Александр массыыналаах буолан биэрдэ. Күйүөскэттэн эбии пиибэ ылан баран, икки этээстээх улахан чааһынай дьиэҕэ тиийдилэр. Бу — Витя убайын дьиэтэ үһү. Дьиэ таһыгар сыапка апчаарка баайыллан сытар. Үрбэт даҕаны, хайа муҥун, хаһаайынын түүҥҥү сырыылаах быраатын кэлэригэр-барарыгар үөрэнэн хаалбыт муҥа буоллаҕа. Кыргыттар истэригэр: «Кыахтаах баҕайы аймахтардаах уол быһыылаах», — диэн астына санаатылар. Киэҥ саала ортотугар кыракый өстүөкүлэ остуол тула икки тирии дьыбаан утарыта тураллар. Витя: — Чэ, киирэн олорунан кэбиһиҥ. Мантан киэһэ үчүгэйдик ирэ-хоро кэпсэтиэҕиҥ, билсиһиэҕиҥ. Утуктаатаххытына, утуйар хос иккис этээскэ буолунай. Талбыт сиргитигэр, талбыт ороҥҥутугар утуйуоххутун сөп, — диэн таайтара соҕус эттэ. Катя пиибэлии сатаан баран, утуктаан киирэн барда. Хата, сарсын өрөбүл күн, онон үчүгэй. Сарсыарда төбөтө ыалдьара буолуо, туох хара накааһыгар манна кэлбитэ буолла? “Ээ, чэ. Олох биирдэ бэриллэр, эдэр саас биирдэ бэриллэр. Дьон маннааҕар буолуох сылдьаллар ини” дии санаата. Миша диэн уоллара олоро сатаан баран: — Мин утуйа бардым, — диэт, хоско тахсан хаалла. Арааһа, дьарамай, арыый бүрэ дьүһүннээҕин билинэр буолан, син биир туохха да тиксибэппин диэтэҕэ. Ити быыһыгар Александрдаах Аня бииргэ буола түспүттэр. Ыксары куустуспуттар, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ сүрдээх. Катя мэйиитэ эргийдэ, наһаа сылайда, бэл, таас остуол уһаан, синньээн, ньаппайан көстөр буолла. — Чыычаах, эн наһаа сылайбыккын быһыылаах. Орон оҥорон биэрэбин дуо? Киирэн сынньан ээ, — диэтэ Витя ньылаархай куолаһынан. Катя сөбүлэстэ. *** Катя уһуктан кэлбитэ, төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкыйар. Кини аттыгар кус сыгынньах Витя тыылыы тэбэн утуйа сытар. Катя туох буолбутун түүл-бит курдук өйдүүр. Бэҕэһээ бу хоско киирэн эрэллэрэ баара да... Кыыс аргыый туран таҥна сырыттаҕына Витя уһуктан кэллэ. — Хайа, чыычаах, төһө бэркэ утуйдуҥ? — Үчүгэй, аһа... — Катя кылгастык хардарда. Кыыс таҥнан аллараа этээскэ түспүтэ, дьүөгэтэ Аанчык — дьыбааҥҥа, Александр муостаҕа охтон утуйа сыталлар. Катя Аняны тардыалаата. — Дьиэлээбэппит дуо? — Аа,
хас чаас буолла? — Аня төбөтүн нэһиилэ өндөттө. *** — Аллё, привет, хайа хайдаххыный? — Аня куолаһа туруупка анараа өттүгэр бэрт сэргэхтик эйээрэр. — Ээ, нармаалына. Күнү быһа утуйан абыранным. — Даа, бүгүн Александрдаах «шашлыктыы барабыт дуо» диэн ыйыттараллар. Витя эйигинэ суох барбат үһү. — Даа, хайыырым буолла... Сарсын үлэлиибин дии. — Эрдэ соҕус кэлиэхпит буоллаҕа дии. Бэҕэһээ сылдьыбыппытын кэмсинэ-ҕин дуо? Эбэтэр Витяны сөбүлээбэтиҥ дуу? — Суох, кэмсиммэппин. Барыахха. Мин билигин туруом, туох өйүө ылабытый? — Оччоҕуна, уолаттары кытта кэпсэтэн баран эйиэхэ эрийиэм. “Барсар буоллубут” диэм сөп!!! — Аня төлөпүөнүн уурда. Эдэр саас, эдэр саас... Акаары кыыс баара, уолу кытта сонно билсээт утуйар кыыһы Витя туох дии саныыра биллэр буоллаҕа... Ол гынан баран, билигин ким итинник былыргы өйдөбүлүнэн сирдэтинэр үһү. Баҕар, Витя мин аналым сылдьара буолуо. Эс, аньыы даҕаны... — диэн саныы-саныы Катя оронуттан туруон сүрэҕэлдьии сытта. Алла Черемкина.
kyym.ru сайтан