Кэпсээ
Войти Регистрация

Сырдыкка талаһыы

Главная / Кэпсээн арааһа / Сырдыкка талаһыы

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.08.2023 15:51
   Мичил бүгүн эмиэ оскуолаттан санаата тууйуллан, сүөм түһэн  кэллэ. Кинини оҕо барыта сэнээбиттии, туората көрөрүгэр үөрэммитэ ыраатта. Чэ, алтыспатыннар, кэпсэппэтиннэр даҕаны, аһаҕастык күлүү-элэк гыналлара баар ээ, кыһыылааҕа. Кини кими да мэһэйдээбэт, кими да кытта сыҥаланан туран бодоруһа сатаабат, тыыппатыннар эрэ диэбиттии дьалты туттар. Ону да сүгүн сырытыннарбакка охсон-тэбэн, хаадьылаан күнү быһа ыстыыр ыас оҥостоллор. Кимнээх буолан кимэ көмүскэһиэй. Учууталлар да көрө сылдьар курдуктар, ол эрээри билбэтэҕэ буолаллар.        Мичил күөмэйин бүөлүү турбут хомуогу ыйыста сатаан  сымыһаҕын быһа ытырда. Субу иэдэс устун халыйыахтыы бычалыйа ууламмыт хараҕынан истиэнэҕэ ыйанан турар чаһы диэки көрөн ылла. Ийэтэ кэлиэ өссө да ыраах. Соҕотох ийэ оҕолорбун аһаттарбын диэн сиһин көннөрбөккө үлэлээн киэһэ утуйарыгар эрэ дьиэтин булааччы. Эбии гынаары оскуолаҕа остуорастыыр. Мичил аҕата суох ыал улахан оҕото, эбиитин дьиэҕэ соҕотох эр киһи буолан, кыра эрдэҕиттэн дьиэ ис-тас үлэтигэр миккиллибитэ. Ийэтэ оҕотун төһө да аһыммытын иһин хайыай, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн олордохторуна эрэ икки кырачааннарын киһи-хара гыныахтара турдаҕа. Балтылара Мичилгэ ийэтиттэн ураты бу орто дойдуга баар саамай күндү дьоно. Мичил аҕата кини кыра эрдэҕинэ араҕан барбыт. Сураҕа, хоту олохсуйбут, саҥа кэргэннэммит. Дьоно туох төрүөттэн арахсыбыттарын билбэт. Ийэтэ да ол туһунан кэпсээбэт. Аҕатын дьонун кытта ыкса сибээстэрэ суох, сурах хоту эрэ билсэллэр. Ону да ийэтэ соччо биһирээбэт. Оттон балтыларын аҕатыныын ийэтэ кыһалҕаттан бииргэ олорбута. Ыарахан олохпор көмө-тирэх буолуо диэхтээтэҕэ. Онтуката баара төттөрүтүн «дьаакыр» буолар табаарыс түбэспит этэ, күнү-күннээн арыгылыыртан орпото. Атын киһи оҕотун, Мичили, «туора урдустан» атыннык ааттаабат, наар мөҕө-этэ, охсо-тэбэ сылдьара. Ийэтэ тулуйа сатаан баран арахсарга күһэллибитэ. Киһитэ аанньанан арахпакка гынан баран, син, ханна эрэ дьүгэлийдэ ээ.    Мичил ити курдук саныы-саныы оһоҕун отто олордо. Кини быйыл оскуоланы бүтэрэр сыла. Уһулуччу үчүгэйдик үөрэммэтэр да, ортону үөһэнэн барбахтаһар. Мичил инники олоҕун туһунан саныыра кэлиҥҥи кэмҥэ чаастатыйан иһэр. Буолумуна да, оскуола кэнниттэн ханна барарын, хайдах буоларын быһаарына илик. Манна түҥкэтэх дэриэбинэҕэ хаалан үчүгэйи көрбөтүн бэркэ билэр. Дьон сэнээбиттэрин курдук сэнии, атаҕастаабыттарын курдук атаҕастыы сылдьыахтара турдаҕа. Үөрэххэ туттарсыан хантан кэлбит харчытынан ийэтэ кинини үөрэттэрэ ыытыай. Дьонтон умналаан ыытыан киин сиргэ кимэ да суох. Ааспыкка Мичил ийэтин докумуоннарын быыһыттан аҕатын быраатын урукку куораттааҕы аадырыһын булбута. Араастаан кэтэмэҕэйдээн баран синэ биир диэн ол аадырыска сурук суруйбута. Аҕыйах кэмҥэ оннун булуор диэри көмөлөһөллөрүгэр көрдөспүтэ. Суругу ыыппакка илдьэ сылдьан баран бүгүн Махсыым Андреев тылыттан кыһыйан-абаран кэлэн иһэн буоста дьааһыгар уган кэбиспитэ. Мааҕыын кылаас  учуутала Варвара Петровна хараастыбыт куолаһынан, үгэһинэн тииһин быыһынан сыыйан: «Эһиги оскуоланы бүтэрэн бардаххытына, бу кылааска киирдэхпинэ эһигини суохтуурум буолуо»,— диэбитэ. Махсыым ону иилэ хабан ылан: «Кылаас тоҕо кураанах буолуой Мичил кэлэн олоруо буоллаҕа дии. Кини син биир ханна да барбат. Мааматын кытта муоста сууйса оскуолаҕа күн аайы кэлиминэ ханна барыай»,— диэн халы-мааргытык тылласпытыгар кылаас  оҕото бары күлэн тоҕо барбыта. Варвара Петровна күлэрин кыатана сатыы-сатыы Махсыымы буойдаҕа буолбута. * * *    Ылааҥы киэһэлэрдээх ыам ыйа бүтэн, кэҕэ саҥатын сэргэ оскуолаҕа тиһэх чуораан лыҥкынаабыта.  Алын кылаастар үөрэ-көтө сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар тарҕаспыттара. Уон биирис кылаастар сылы быһа хаҥаппыт билиилэрин бэрэбиэркэлиир эппиэтинэстээх эксээмэннэр буолбуттара. Мичил барытын үһэ суох туттартаан сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар. Бүгүн оскуоланы кытта быраһаайдаһар тиһэх күннэрэ. Банкекка кыргыттар, уолаттар бары ытыахтарыгар диэри ыга киэргэнэн, ситии-хотуу аттестатын ылаары долгуйан аҕай сылдьаллар. Буолумуна, олохторугар бастакы сүҥкэн ситиһиилэрэ, иннилэригэр күүтэр үрдүкү чыпчаалга ытталларыгар бастакы үктэл буоллаҕа. Мичил эмиэ күүтүүлээх түгэнтэн үөрэн, долгуйан сүргэтэ көтөҕүллэр. Кини арай бииртэн санааргыыр: аймахтарыттан эппиэт сурук суох. Ол аата кини үрдүккэ талаһар кирилиэһэ оскуола кэнниттэн сарбылларыгар тиийэр. Чэ, инньэ диэн хайыай, хата, манна ийэтигэр көмө, тирэх киһи буолуо. Онтон кэлин барыта көстөн иһиэ буоллаҕа.    Оскуола дириэктэрэ оҕолору биир-биир ыҥыран аттестат туттартаан барда. Төрөппүттэр үөрэн оҕолорун кууһаллар, эҕэрдэлииллэр. Мичил ийэтэ бүгүн уочараттаах дьуһуурустубата буолан, солбуйар киһи көстүмүнэ кэлбэтэҕэ. Оҕото оскуоланы бүтэрэр банкетыгар сылдьар кыаҕа суоҕуттан төһө эрэ хомойоохтоото. Бу түгэни өр да кэтэспитэ эбээт! Ол онтон Мичил бастаан соччо санаарҕаабатаҕа. Оттон бүгүн хайдах эрэ тулаайахсыйбыт, манна баар дьонтон атарахсытыллыбыт курдук санаата уонна онтун аһарынаары аргыый өрө тыынна. Санаатыгар баһыйтаран дириэктэр кини аатын ааттаабытыгар биирдэ өйдөнөн, хайдах эрэ соһуйан ходьох гынна. Ытыс тыаһа арыалдьыттаах трибунаҕа ойон таҕыста. Сааһыра барбыт, бар дьон ытыктабылын ылбыт Семен Николаевич илиититтэн уон биир сылы быһа үөрэппит билиитин туоһутун, аттестаты, аҕам киһи алгыһын кытта тутта. Кылааһын оҕолоругар төннөн иһэн көрбүтэ дьон кэннигэр, тэйиччи ийэтэ кэлэн үөрүүтүттэн ууламмыт харахтарынан уолун диэки киэн туттубуттуу көрөн тураахтыыр эбит. Мичил үөрүүтүттэн ийэтигэр сүүрэн тиийдэ, ийэ уолун сып-сылаастык сыллаан ылла, чэрдийбит илиитинэн төбөтүттэн имэрийдэ.    Оскуоланы бүтэрээччилэр сайыҥҥы үрүҥ түүнү хатыҥ чараҥнаах алааска бииргэ атаардылар. Бары даҕаны хайдах эрэ саҥа суолга үктэнэн эрэллэриттэн үөрбүт, эмиэ да оскуоланы, учууталларын, доҕотторун кытта арахсалларыттан хараастыбыт, боччумурбут көрүҥнээхтэр. Мичил соһуйуон иһин, биир да хаарыйар тылы оҕолортон истибэтэ, тэҥҥэ үөрдэ-көттө. Кыра кылааска сылдьан мэниктииллэрин курдук оонньоотулар-көрүлээтилэр. Тарҕаһалларыгар бары да уку-суку буолан саҥа-иҥэ суох буолла. Бэҕэһээҥҥэ диэри күлэн-оонньоон, мэниктээн айдаарса сылдьыбыт оҕолор биир күн иһигэр улааппыт курдук оттомуран, куоракка тиийэн көрсүөх буолан сарсыарданан эрэ тарҕастылар.    * * *    От ыйын сырылас куйаас күннэрэ сатыылаабыттара. Дэриэбинэ иһигэр дьон аҕыйаабыт курдуга. Ким эрэ сайылыгар тахсыбыта, ким эрэ үөрэххэ туттарсар оҕотун кытта куораттаабыта. Быйыл оскуоланы бүтэрбиттэртэн Мичил эрэ ханна да барбакка, аҕыйах кэмҥэ да буоллар, мас кэрдээччилэргэ наймылаһан үлэлии сылдьыбыта. Күһүн харчыланнар эрэ улуус киинигэр биир сыллаах суоппар идэтигэр үөрэнэ киирэр былааннаах. Мичил ип-итии күн буһарга-хатарга  төһө да үөрэннэр, оҕо киһи этэ-сиинэ илистэр үлэтиттэн дэлби сылайан киэһэ дьиэтигэр кэлэн аһаат, утуйан хаалар. Сарсыныгар дэлби көһүйбүт киһи ыарахан үлэҕэ хат умса түһэр. Ийэтэ уолун аһынан уурай диэн көрбүтэ да Мичил туох да иһин буолуммат.    Биир маннык киэһэ Мичил үлэлээн бүтэн арыый да эрдэ кэллэ. Ийэтэ кэлэ илик эбит. Балтылара аһылык бэлэмнээбиттэрин сып-сап аһаат Мичил өрүскэ сөтүөлүү киирдэ. Тула уу чуумпу. Арай эбэ долгуна биэрэккэ сааллар тыаһа дөрүн-дөрүн иһиллэр. Үчүгэй да үүт тураан халлаан. Мичил өрүскэ киирдэҕинэ хайдах эрэ санаата сайҕаммыкка, этэ-сиинэ чэбдигирбиккэ дылы буолар эбээт! Эбэ сөрүүн салгынын тыастаахтык эҕирийээт Мичил дьэҥкир ууга умса оонньоото.    Сөтүөлээн бүтэн дьиэтигэр кэлбитэ балтылара оонньуу ойбуттар быһыылаах, суохтар. Ийэтэ кэлэн итии чэйи сыпсырыйа-сыпсырыйа тугу эрэ ааҕа олорор. Мичил киирбитигэр өндөс гынан уолун субу көрбүттүү саҥата суох тонолуппакка одуулаата. Мичил ийэтин таайтарыылаах көрүүтүттэн буруйдаммыттыы умса көрдө. Саҥардыыта аһыллыбыт кэмбиэрдээх суругу ийэтэ ууммутун сэрэнэн, алдьаныа диэбиттии, илиитигэр ылла. Кэмбиэр таһын аахпыта сурук иккиэннэригэр аадырыстаммыт буолан биэрдэ. Кимтэн кэлбитэ ыйыллыбатах. Мичил муодарҕаан ийэтин диэки көрбүтүгэр ийэтэ аах диирдии кэҕис гынна. Сурук дьоҕус да буоллар сүҥкэн суолталаах, Мичилгэ туһаайыллыбыт ис хоһоонноох буолла. «Надежда Петровна, Мичил дорооболоруҥ!    Бу куораттан Мичил таайыҥ Захар суруйабын. Суруккун туппутум. Быраат, оскуоланы бүтэрэргин истэн олус соһуйдум. Адьас соторутааҕыта курдук өйдүүбүн, кып-кыракый киһи саҥардыы хааман эрэриҥ. Кэм-кэрдии ааһара түргэн да буолар эбит. Бу кэлиҥҥи сылларга билсибэтэхпит кыһыылаах. Онно буруйдаах хайабыт да буоллаҕа. Чэ, туох буолуой, бэйэ-бэйэбитин аны булустахпыт дии. Мичил олох долгуйума, куоракка бу күннэргэ кэл. Үөрэххэ киирэргэр көмөлөһүөхпүт. Оннук гынан хаан аймахпытын умнубут буруйбутун боруостаабатарбыт да, син көмөлөстүбүт диэ этибит. Надежда Петровна, уолгар кыыһырыма, эдэр киһи олоҕо оскуоланан эрэ муҥурданара сыыһа буоллаҕа. Мичил үрдүккэ талаһара хайҕаллаах суол. Инникитин да билсэ туруохпут, туох кыалларынан көмөлөһүөхпүт. Бары үчүгэйи кытта Захар.»    Суругу ааҕан баран Мичил хайдах эрэ дөйүөрбүт курдук турда. Онтон ийэтин диэки буруйдаммыттыы сэрэнэн көрбүтэ ийэтэ ис-иһиттэн сырдаан, манньыйан, барытыгар сөбүлэһэрин биллэрэн Мичили кууһан ылла.    Сарсыныгар аҕыйах күн үлэлээбит хамнаһын аахсан, ботуччу харчыланна. Өйүүнүгэр Мичил сээкэйин хомуна охсоот, бэрт ыксалынан, хата, билиэт көстө охсон, дьоллоох Дьокуускай куоракка, хаһан да харахтаан көрбөтөх таайыгар, үөрэххэ киирдэрбин диэн ыралаах көттө. Кинини ийэтэ атаара, алгыы хаалла.    Мичил, иннигэр үөрэх, билии киэҥ суола аһыллыахтын! Баҕа санааҕын толорон, талбыт үөрэххин бүтэрэн, дойдугар этэҥҥэ идэлээх киһи буолан төннөөр дуу...     М.Иванова. Тарҕат:
kyym.ru сайтан