Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өлөн баран тиллибит
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өлөн баран тиллибит
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
17.08.2023 15:49
Дьикти сурахтары истэбин. Саатар, кыһарыйбыт курдук, наар Чурапчыга диэн буолар. Чурапчыга биир да билэр киһим суох буолан ити сурахтар төһө оруннаахтарын тургутар кыаҕым суоҕун билбиттии. Хас да сыллааҕыта, Чурапчы ханнык эрэ нэһилиэгэр, эмээхсин өлбүт. Кэннибит уһаабыт, иннибит кылгаабыт дьон хайыахпытый, эмээхсин, оҕонньор өлөрө кэмнээх буолуо дуо — олох сокуона. Дьэ, бу түбэлтэ дьиктилээх буолбут. Эмээхсиннэрин үс хонук сытыарбыттар. Аймахтара, чугас эргин дьоно уку-сакы туттан тэлиэһэрин — бокуонньук түмүк аһын бэлэмнии сылдьыбыттар. Эр дьон буоругар үлэлээбиттэр. Үс толору хонук сытыаран баран көмөр күннэрэ үүммүт. Аймах-билэ дьонноро сыа-сым курдук тутан эмээхсиннэрин хоруобар сытыаран, чүмэчи туттаран, хаартыскалаан-таймалаан бырааһайдаһаары оҥостубуттар. Арай, тыл этиитэ саҕаланарын кытары бокуонньуктара куһаҕан-куһаҕаннык хардьыгынаан киирэн барбыт. Мустубут дьон соһуйуу бөҕөтүн соһуйан айахтарын атыаҕынан атан, харахтарын муҥунан көрөн турбуттар. Эмээхсиннэрэ буоллаҕына хардьыгынаан-хардьыгынаан баран хоруобугар олоро биэрбит, сыҥааҕын баайбыт быаларын тырыта тыытан уһулан ылан бырахпыт уонна маннык диэн саҥалаах буолбут: — Аччыктаатахпыы-ын, аччыктаатахпын! Нойоннор, хотуйдар көрөн аппайан туруоххут дуо, бу туох ааттаахха симпиккитий, ылыҥ хостооҥ! — диэн бэрт хатан куолаһынан хамаандалаабыт. Уолаттара, кыргыттара буолуохсуттар хап-сабар ийэлэрэ эмээхсини хоруобуттан хостоон, үс хонугу быһа чиккэллэ сыппыт эмээхсин бөһүйэн хаалбыт атаҕар кыайан уйуттубатын, окумалыттан өйөөн аан хоско таһаарбыттар. Бокуонньуктарын соһон тилигирэтэн таһаарбыттарын көрөн аан хоско сылдьар асчыт дьахталлар уҥара уҥан түспүт, сарылыыра куһаҕаннык сарылаабыт, быһый соҕуһа тахсар ааны былдьаспыт. Бырастыылаһа кэлбит дьон куһаҕан ньиэрбэлээхтэрэ бары бокуйбуттар. Онтон эмээхсиннэрэ итии чэй иһэн, алаадьы сиэн сэниэ киллэринэн баран, дьэ, кэпсээннээх буолбут: — Анараа дойдулар миигин көрөн-истэн баран сирдилэр — ылбатылар. Төттөрү бар диэн үүрдүлэр. Биһиэхэ сэрии буола турар, онон эдэр хотоойулаах дьон наада диэтилэр, — диэбит. Ити кэнниттэн үс эдэр киһи массыына саахалыгар түбэһэн суорума суолламмыттара үһү. Сымыйа дуу, кырдьык дуу, чурапчылар? Бука диэн миэхэ биллэрэргит эбитэ буоллар улаханнык абырыа этигит. Эмиэ итинник курдук кэпсээни урут биир киһиттэн истэн турабын ээ. Бу баҕас чуолкай буолбут түбэлтэ. Ийэлэрэ эмээхсин ыалдьыбыт. Быһата, өлөр охтуутугар охтубут. Онтон биир сарсыарда уһуктубатах. «Бараахтаабыт», — диэн буолбут. Кыра уоллара (миэхэ кэпсээбит киһи) лүөччүк эбит. Көтөр идэлээх киһи Маҕан авиаэтэрээтигэр үлэлиир эбит, кэлэрэ-барара нуомас буолбатах, ийэтэ быстыбыт күнүгэр эмиэ куолутунан ханна эрэ көппүт кэмэ үһү. Саамай ылгын уолларын, атаахтарын, муннуларын бүөтүн кэтэһиннэрбэккэ эрэ ийэлэрин көмүөхтэрэ дуо, кэлэрин кэтэспиттэр. Эмээхсин төрдүс сууккатыгар барбытын кэннэ уола дьэ кэлбит. Кэлэн ийэтин сыллаабыт-уураабыт, онто хайдах эрэ тыынар курдук үһү. Биллэр-биллибэттик. Сиэркилэ ылан таныытыгар даҕайбыт — сиигирбит! Онуоха айдаан бөҕөтүн тарпыт — тыыннаахтыы көмөөрү тиргиллибиттэр эбит! Түөрт суукканы быһа аһаабакка сытар киһи аччыктаан да быстыан сөп буоллаҕа дии. Уол ийэтин аһатаары айаҕын атыта сатаабыт да, сыҥаахтара хам сыстан хаалбыт эбиттэр. Ону кус куорсунунан, сиикэй сымыыкка ньалбыы-ньалбыы сотон нэһиилэ хоҥуннарбыт. Айаҕын атытан баран куурусса убаҕас миинин иһэрдэн, сыыйа аһатан, ийэтин тилиннэрбит. Эмээхсин кэлин мөҕүттэрэ үһү: «Ити баҕайылар (кыргыттарын) киһини тыыннаахтыы көмө сыстылар. Хата, оҕом кэлэн абыраатаҕыан», — диэн. Аны ол «өлбүтэ» буола сытан дьон саҥатын барытын истэ сыппыта үһү. Саҥарыаҕын сыҥааҕын хам баайан кэбиспиттэр, инньэ гынан тыынар-тыыммат икки ардынан сыппыт. «Оо, аччыктаабыппыан», — диэн кэпсиирэ дииллэр. Ити түбэлтэ кэнниттэн эмээхсин сэттэ хас сыл олорбута үһү. Тыыннаахтыы көмүү туһунан бэрт элбэх кэпсээн-ипсээн баар. Холобур, нуучча улуу суруйааччыта Николай Васильевич Гоголь тыыннаахтыы көмүллүөм диэн наар куттанара үһү. Кырдьык даҕаны, кэлин аныгы археологтар уҥуоҕун хаһан хоруобун аспыттарыгар умса сытара үһү. Ол аата «уһун уутуттан» уһуктан баран умса эргилиннэҕэ. «Летаргический сон» диэн дьикти көстүү баар. Киһи уһуннук — өлбүт курдук утуйан хаалар. Аныгы медицина сэбэ-сэбиргэлэ сайдыбыт үйэтигэр оннук утуйбут киһини аппараатынан көрөн быһаараллар быһыылаах. Аан дойдуга маннык кэпсэл баар. Биир кыыс үс саастааҕар оннук турукка түспүт. Уонна 10 сылы быһа утуйбут. Быраастар кинини тымырыгар убаҕас битэмииннэри кутан «аһата» сыппыттар. Кыыс 21 сааһыгар биирдэ уһуктубут. Ол гынан баран төһө да этэ-хаана улааттар, өйө-санаата үстээх оҕо таһымыгар хаалан хаалбыт. Эмиэ Чурапчыга, инньэ диирбэр тиийэбин. Бу, адьас соторутааҥҥы кэпсээн. Үс дьүөгэлиилэр өрөбүллэргэ куоракка киирбиттэр. Айаннаан истэхтэринэ биирдэрин суотабай төлөпүөнэ тырылаабыт. Ылан көрбүтэ соторутааҕыта аҕай өлбүт киһи нүөмэрэ тахсан кэлбит. Кыыс дьиксиммит. Онтон, баҕар, төлөпүөнүн оҕото дуу, ойоҕо дуу илдьэ хаалбыта буолуо диэн ылбыт. Онтуката доҕор, били өлбүт киһитин куолаһа сүр ыксаабыт чинчилээх хаһыытыы былаастаан: «Туох ааттаахха симэн кэбистигит?!» — диэн аймаммыт. Кыыс кутталыттан туох да баттаҕа маҥхайа сыспыт. Дьүөгэлэригэр эппитин «ким эрэ дьээбэлэннэ ини» диэн аахайбатахтар. Өрөбүллэр тухары ол кыыс санаатыттан били киһи куолаһа араҕан биэрбэтэх. Онтон бэнидиэнньиккэ Чурапчытыгар төннөн баран, били сүтүктээх ыалыгар тиийэн кэпсээбит. Онуоха бокуонньук ойоҕо: «Төлөпүөнүн хоруобугар укпутум ээ», — диэн эппит. Өлбүт киһи уҥуоҕун сүргэйэр айыыта бэрт буоллаҕа эрээри, санаалара батарбакка баран хаспыттар. Хоруобун хостообуттар, аспыттара — киһилэрэ хоруоп иһинээҕи таҥаһы тырыта-хайыта тыытан баран көрүөхтэн сүөргү балаһыанньаҕа сытар эбит. Быһата, тыына хаайтаран өлбүт буолан тахсыбыт. Тыыннаахтыы көмүллүбүт. Эмиэ «летаргический сон» диэн турукка түспүтүн билбэтэхтэр. Ол тыа балыыһатыгар хантан аппараат-тайма баар буолуой. Хайдаҕый, сымыйа дуу, кырдьык дуу? Ким эмэ итинник түбэлтэни истибитэ дуо? Суруйан биллэрэргит эбитэ буоллар. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан