Кэпсээ
Войти Регистрация

Сөбө дуу, сөтөгөйө дуу?

Главная / Кэпсээн арааһа / Сөбө дуу, сөтөгөйө дуу?

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.08.2023 15:46
Куттаабат миигин өрүү Сытыы хотуурдаах өлүү. Куттанабын бииртэн — Олорон ааспыт олохпун Сорох өйдүө суоҕуттан...                                  Баабый Босяк.   Сөбө дуу, сөтөгөйө дуу?        Билигин биллэххэ, кини хайыы-үйэ I группалаах инбэлиит буолан баран, биһиэхэ методикаҕа анал куурус ааҕа кэлбит эбит. Биһиги, устудьуоннар, кини дьулуурун, сырыы аайы саҥаттан-саҥаны булан кэпсиирин-ипсиирин олус сөҕөрбүт. Улуу суруйааччыларбыт тыыннаах куоластарын истэр өссө дьикти буолара. Ону устар кэмигэр араас көрүдьүөс буолбутун кэпсээн эбии сэҥээрдэрэ. Оҕонньоттор олох бу иннибитигэр көстөн кэлэр курдук буолаллара. Улахан да, саҥа биллэн эрэр да суруйааччыларбыт тустарынан уратыны этэрэ, арыт соһутара даҕаны. Холобур, аатырбыт Андрей Борисовпыт туһунан: «Бу Бэрииһэп олоҥхо диэни букатын даҕаны аахпатах киһи быһыылаах!» — диэбитэ адьас баламаттык иһиллибитэ. «Хайа олоҥхону иҥэн-тоҥон аахпыт киһи сыанаҕа үс Сорук Боллуру таһаарыай?! Үрүҥ Уолан ох саатын үс киһи нэһиилэ сүгэр, оттон Ньургун Боотур ох саатын биир абааһы олоппоһун саҕа ньахчайа сытыйбыт Сорук Боллур дэйбиир курдук тутар-хабар!» — диэн саҥаран баһыгырата турара харахпар бу баарга дылы...    Кини — Василий Иванович Босиков, көннөрү саха тылын учууталыгар бэриллэр бары ааты-суолу бэйэтин чахчы сыралаах үлэтинэн ылбыт киһи. Кини — Баабый Босяк, саха биллэр поэта, суруйааччыта, публициһа, кириитигэ. Кини — билигин, төһө да ыарахан ыарыыга оҕустаран сыттар, уопсастыба олоҕун кыраҕытык кэтии уонна онно өссө кыттыһа сытар ураты дьулуурдаах киһи. Син биир уруккутун курдук хорсуннук, ким да кэннигэр саспакка, сирэй көрбөх буолар диэни билбэккэ. Ол миигин олус сөхтөрөр. Оттон бу тус олоҕун туһунан кэпсээнэ өссө сөҕүмэр... Ордук — «сөбө дуу, сөтөгөйө дуу» да диэтэр — онтун бэчээттэтэргэ быһаарыммыта...    Туораттан сыана быһар хаһан да судургу. Атын киһи кырдьыгын ситэ билбэт, сыаналаабат уонна ону кыайан толору өйдүүр кыаҕа да суох буоллахпыт...    — Мин саха тылын бары учууталларыттан, суруйааччы Николай Босиков убайдаах буолан, саха кырдьаҕас суруйааччыларын барыларын кытта өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан билсибит, тылларын-өстөрүн истибит улахан дьоллоох киһибин. Бэл, оскуолаҕа хомсомуол сэкирэтээрэ буола сылдьан, улуу Эллэйтэн сылтаан уһуллан турардаахпын. Ол бэйэтэ туспа сэһэн.    Олох күүтүллүбэтэх түгэннэртэн турар диэн, учууталым И.С. Колодезников туһунан ахтыыбар суруйбуппун быһан кэбиспит этилэр. Оттон ити «Күрүлгэҥҥэ» тахсыбыт «Олох — улуу имииһит» диэним эн биир дойдулааҕыҥ туһунан дьиҥ олохтон кэпсээн. Дьиҥэр, Баһылай диэн ааттаах эмиэ кырдьаҕас учуутал, кэлиҥҥи дьылҕата хайдах буолбутун билбэппин. Кындыл Уйбаан уонна Николай Габышев: «Хаарыан сэһэн буолуоҕун кум-хам тутан кэбиспиккин, прозаҕа үлэлиириҥ буоллар», — диэбиттэригэр бу киһиҥ сүрэҕэ уонна онно дьоҕура суоҕа кыайан, мэлийдэҕэ эбээт.    «Хара харах абылаҥын» болҕойон аахпыт дьон мин А. Розаны көрсүбэтэҕим буоллар, олоҕум суола атын хайысхаланыахтааҕын сэрэйдэхтэрэ буолуо. Ол — чахчы. Арай ол Розаны көрдөҕүм күһүн оскуолабар тиийбитим, били умсугуйбут харахтаах кыыһым биһиэхэ үөрэнэ кэлбит! Мин туран, дьэ, кинини эрийсэн бардым. Эккирэтээччи да элбэҕэ. Быһыы-таһаа, кылаабынайа — хараҕа, уол эрэ хараҕа хатанар кыыһа этэ. Киниттэн сылтаан элбэхтэ этиспитим-охсуспутум. Үгүстэри суолбуттан сутурукпунан туораппытым. Оччотооҕуга, бэл, өрөспүүбүлүкэҕэ киирсэр боксёр этим.    Оройуон киинигэр көһөн баран, аны нэдиэлэ аайы дойдубар тиэстэр идэлэммитим. Дьэ, эрийсии кытаанаҕа. Киниэхэ анаан хоһоон бөҕөнү суруйбутум. Оскуоланы бүтэрэр сылбар кыһыҥҥы каникулга тахса сылдьан, ийэбин кытта билиһиннэрбитим. Ийэм кыыспын тоҕо эрэ тута сөбүлээбэтэҕэ. Сааһыары аны кыыһым олорор дэриэбинэтигэр тиийэн, ийэтин-аҕатын кытта билсибитим. Оскуола кэнниттэн кыыһым Бүлүүтээҕи педучилищеҕа киирбитэ. Оттон мин холкуоска хомсомуол босхоломмут сэкирэтээрэ буолбутум. Бүлүү —    Дүпсүн икки ардыгар таптал суруктара туллук буолан, быыстала суох көппүттэрэ. Арай биирдэ ийэм уонна биир кырдьаҕас учууталым: «Нохоо, Бааска, ити кыыһы кэргэн ылыма», — диэн турбуттара. Ол хата, кэргэн ыларбын ордук түргэтэппитэ быһыылааҕа. Каникулга кэлэ сырыттаҕына, кимиэхэ да эппэккэ, кыыспын сэбиэккэ илдьэн, саахсаланан кэбистибит. Бастаан утаа биһигиттэн ордук дьоллоох дьон орто дойдуга суоҕун курдуга... Онтон Нам педучилищетыгар үөрэнэр тастыҥ балтыбыттан (кыыһым чугас дьүөгэтэ этэ) сурук туттум. Онтум кыыһым балтыбар: «Доо, дьэ, эмискэ баҕайы В-га кэргэн тахсан хааллым, оттон дьиҥэр, дьиҥнээхтик таптаабаппын быһыылаах. Наар атын уолу, красавец А.С., санаан тахсабын», — диэн суруйбут. Хараҕым хараҥарда, ол А.С. уруккуттан кинини эккирэтэрин билэрим. Ол кэннэ оройуон киинигэр мунньахха киирэ сылдьан, кулуупка үҥкүүгэ А.С. кырбаан, милииссийэҕэ тутуллан хаайылынным. Хата, сууттамматахпар баһыыба буолла. Ол иннинэ эмиэ биир эккирэтиһээччини кырбаан, эмиэ сууттана сыспыттааҕым.    Ити курдук ойоҕум «кыр өстөөҕүм» буолла. Сылтах эрэ көһүннэр, наар миигин үөҕэн, кыраан-таныйан турар. Оо, оччотооҕуга арахсан хаалбаккабын диибин билигин. Өрүү: «Көссүү оҕотоҕун!» — диэн, сирэй-харах анньар идэлэннэ. Кэлин аны «арыгыһыт» аатырдым. Ол эрээри тыанан-куоратынан ыаллаһан-бодоруһан олорбуттарбыттан биир да киһи «арыгыһыт этэ» диэ суоҕар эрэнэбин.    Онтон утуу-субуу оҕолонон-урууланан, сорох-сорохтор (испитин билбэт өттө) ордугургуур ыаллара буолан барбыппыт. Куоракка дьиэлэнэн-уоттанан, дьэ, нус-хас олохтонон испиппит баара... Ону аны ойоҕум биир адьыната көбөн, өссө сатаммат буолан барбыппыт. Суос-сымыйанан күнүүлүүр идэлэммитэ. Күнүүлээһинин төрүөтэ — мин хоһооннорум.    Кэргэним тыаҕа уонтан тахса сыл начаалынай кылаас учууталынан үлэлээбитэ. Чахчы, сүрэхтээх-бэлэстээх үчүгэй учуутал буолар чинчилээҕэ. Куоракка киирэн баран, миэстэ суох буолан учууталлаабатаҕа. Дьэ, мин онно улахан сыыһаны оҥорон турабын. А.К. Михайлов диэн үөлээннээҕим, үтүө доҕорум оччотооҕу «Кыымҥа» кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлиирэ. Кинини көрдөһөн, ойохпун үлэҕэ ылларбытым. «Кыымҥа» бэчээттэнии кимиэхэ баҕарар чиэс-бочуот эбит буоллаҕына, мин хоһооннорум онно тахсыылара «кытай кыргыһыытын» төрүөтэ буолаллара. Биллэрин курдук, мин поэзиям сүрүн тиэмэтэ — таптал. Ол саҕана «Кыымҥа» суус баҕайы тыллаах кырдьаҕастар үлэлииллэрэ. Кинилэр мин хоһоонум тахсар эрэ буоллар, ойохпор: «Көр, бу Баһылайыҥ эмиэ кими эрэ таптаабыт...» — диэн уокка арыы кутан биэрэллэр эбит...    Бэйэм билбиппэр олоҕуран, суруйааччы, чуолаан лирик поэт кэргэнэ буоларга туспа талаан наада быһыылаах диэн түмүккэ кэллим.    Кылгас хоһооннорбун Кындыл Уйбаан, Бүөтүр Тобуруокап хара ааныттан сирбэтэхтэрэ, сөбүлээн сүбэ-ама биэрбиттэрэ элбэх. Онно махталым муҥура суох. Оттон бэйэтин кэмигэр поэт быһыытынан балачча биллибит улахан суруналыыс, суруйааччы Г.И. Борисов: «Баһылай, эн, чахчы кылгас хоһоон маастараҕын», — диирэ, тустаахха, истэргэ үчүгэйэ бэрт буолара. Ордук үгүс хайҕалы, ааҕааччы махталын «Эн мичээриҥ» диэн сахалыы, нууччалыы, французтуу тылынан тахсыбыт кылгас хоһооннорум кинигэтин кэнниттэн үөрэ, долгуйа истибитим.    Кырдьык даҕаны, кылгас хоһоону кыайа-хото тутар эбиппин дуу диэх курдук, киһиргэстиҥи санаа үөскээн эрдэҕинэ, оҕо сааһым доҕоро, поэт, прозаик, суруналыыс, скульптор Василий Бочкарев баара-суоҕа алта тыллаах хоһоонунан муннубун туора сотон кэбиспитэ: Олох — кустук, Олох — уустук — Ойох курдук. Мин олохпун-дьылҕабын алтыайах эрэ тылынан толору ойуулаан кэбиспитин сөҕөбүн эрэ...    Чэ, кэпсээнтэн-кэпсээн буоллун, ойоҕум саамай өһүргэммит, «өрөһөтүн хайа түспүт» хоһооно өрдөөҕүтэ оройуон хаһыатыгар тахсан, киэҥ айдааны тардыбыта.   Кэргэммэр   Бэлэхтии иликпин эйиэхэ Күндү бэлэхтэри, Көмүс симэхтэри... Элбэх буолуо, хата, Туустаах харах уута... Ол үрдүнэн мунчаарар күммэр Төбөҕүн түөспэр уураҥҥын, Миигин Эн иһирэх Дууһаҕынан сылытаҕын. Харах уута киэргэллээх Айыы куобун эйигин таптыыбын.    Бэйэм санаабар, хоп курдук үчүгэй хоһоон, өссө кинини киһи быһыытынан өрө тутар хоһоон. Ону баара, биһиэнэ биһиэнин курдук, таһынан буолбута. «Харах уута киэргэллээбиккин, киһиргэс оҥостон аан дойдуга таһаарбыккын», — диэн, үөйбэтэх-түөйбэтэх буруйбар түбэспитим...    Филологическай наука доктора Николай Тобуруокап «Уолукпар оргуйар санаалар» диэн кинигэм аан тылыгар: «Баһылай поэзията кимэ биллибэт кэрэ дьахтары хоһуйууга анаммыт поэзия. Ону Баһылай атыттардааҕар уратытык, күүстээхтик хоһуйбут поэт буолар», — диэн, дуорааннаах соҕустук суруйбут этэ. Ол кини этэр биллибэт Кэрэчээнэтэ кимин бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрим, устудьуон кэмнээҕи доҕотторум бэркэ диэн билэллэр. Кэрэ да киһилиин алтыһан Кэрэ да кэмнэр ааспыттар, Ааспат ахтылҕан буолбуттар...    «Хара харах абылаҥын» кырдьаҕас киһи курус кэпсээнэ диэбитим даҕаны, хата, арааһа, бу дьиҥ курус кэпсээн буолла быһыылаах. Онон уһаппакка-кэҥэппэккэ өссө курус хоһоонунан түмүктүүм: Кэлтэй таптаан кэргэннэнии — кэрэгэй, Кэлин кэмсилгэннээх буолар эбит. Кырдьар сааскар, Кыаммат түгэҥҥэр Кэргэниҥ көхсүн эрэ көрөҕүн, Күүтэр хаһан өлөргүн, Өлөн биэрбэккэ — үөҕүллэҕин...    Эдэр дьон! Сүүһүгэр, түөһүгэр күннээх да буоллун, кэлтэй таптаан кэргэннэнимэҥ!    Мин, дьиҥэр, инбэлиит буолбутум 20-чэ сыл буолла. 1988 сыллаахха эмискэ түөрт лабаам аккаастаан кэбиһэн тэллэх-суорҕан киһитэ буолбутум. Онтон ыла төһөлөөх элбэх балыыһаҕа сыппыппын ааҕан сиппэппин. Хор, ол усталаах туоратыгар ойоҕум биирдэ балыыһаҕа кэлэн көрсүбүтэ, ыарыыласпыт түгэнэ суох. Ханнык-ханнык балыыһаҕа сыппыппын да билбэт буолуохтаах. Оттон мин кини аҕатын (ас барбат буолан өлөөхтөөбүтэ, сахаҕа тэҥнээҕэ аҕыйах үтүө санаалаах, үлэ бөҕөнү үлэлээбит барахсан этэ) оччотооҕуга дэҥҥэ көстөр лөккөбүөй массыынаны булан, кэпсэтэн, куоратынан-тыанан илдьэ сылдьан ыарыылаабытым. Оҕонньор төбөтүн мин ньилбэкпэр уура сытан тыына быстаахтаабыта.    «Суруллубут суоруллубат» диэн кинигэбэр уонна удьуордааһын туһунан ыстатыйаларбар телегония туһунан суруйан турабын. Саамай абарарым диэн — ол телегония сиэртибэтэ буолбуппуттан...    Бу кэпсээбиппин өссө уонча сыллааҕыта суруйан баран бэчээккэ таһаартарбатаҕым. Ойохпун аһынан, ханныгын да иһин биэс оҕом, тоҕус сиэним ийэлэрэ, эбэлэрэ буоллаҕа диэн.    Билигин, дьэ кэлэн, били «өлөн иһэн өйдөммүт» диэбиккэ дылы, суос-сымыйанан күнүүлэтиэхтээҕэр, кырдьык да биир эмэ дьахтары кытта көссүүлэспэккэбин диибин. Мин да сөбүлүү көрбүт кыргыттардааҕым, дьахталлардааҕым, миигин да соччо сирбэт этилэр. Биир кылгас хоһооммор «Куба үйэтигэр биирдэ таптыыр, ол таптал күүһүттэн туналыйа сырдыыр» диэбит Кубабар майгынныы сатаан, олохпун солуута суох атаардым дуу, тугуй?    Кини «бастакытын» бэркэ диэн билэрим, аан бастаан кинини кырбаан сууттана сыспытым. Ыал буолбуппут кэннэ аны ол «бастакытын» атастара миигин аһаҕастык: «Тобох хомуйааччы», — диэн күлүү гынар идэлэммиттэрэ. Охсуһарым, этиһэрим өссө элбээбитэ. «Бастакыта» миигиттэн уонна мин уолаттарбыттан куттанан, атын оройуоҥҥа күрээбитэ уонна онно да тиийэн уһаабатаҕа. Сураҕа, киһи өлөрбүт этэ. Бука, эмиэ атыырҕаан алдьаннаҕа буолуо. Оттон, били өрүү саныыр «красавеһа» күүһүлээһиҥҥэ түбэһэн, хаайыыга уонча сыл олорон тахсыбыта.    Мин да ханна-ханна тиийиэм-түгэниэм биллибэт этэ, өскөтүн үөрэххэ киирэн, Егор Неймохов, Гаврил Филиппов, Василий Илларионов, Николай Брызгалов курдук саха чулуу ыччаттарын эйгэлэригэр түбэспэтэҕим буоллар. Устудьуоннуу да сылдьан, араас быһыыга-майгыга түбэһиллэрэ. Ону быйыл эмискэ олохтон туораан соһуппут-хомоппут Брызгал Коля күүһүнэн кыайар буолан, уостугаммын тардара, мээнэ быччаҥнаппат буолара.    Уолаттарым барахсаттар бары өттүнэн өйөбүл, күүс-көмө буолалларыгар махталым муҥура суох. Киһи саамай эрэллээх-бэриниилээх доҕотторунан оҕо сааһын уонна устудьуон кэмнээҕи доҕотторо буолаллар эбит. Уолаттарым да барахсаттары саас ылан, сорохторо доруобуйалара төһө да айгырыах курдук буоллар, билигин да саха аныгы чулуу интэлигиэнсийэтин инники күөнүгэр сылдьалларыттан үөрэбин, астынабын, киэн туттабын.    Уолаттарым барахсаттар, ортотуттан ойор күннээх орто туруу бараан дойдугут көөнньөр кымыс салгынын ыймахтыыргыт тухары кырдьар кырыыс диэннэрин сүрэххит ылымматын! Айыыһыккыт аргыстастын, Иэйэхсиккит эҥээрдэстин! Айхал-мичил! Мичил-айхал! Дом! Дом! Улуу Дом!!!   Бэлэмнээтэ Афанасий Арчылан. Тарҕат:
kyym.ru сайтан