Кэпсээ
Войти
Регистрация
Буруйа дуу, эрэйэ дуу?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Буруйа дуу, эрэйэ дуу?
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
16.12.2019 11:48
Ыалбыт уола Өндүрэй икки сыллааҕыта үһүс ойоҕун сүгүннэрэн аҕалбыта. Аҕалыа дуо, дьонугар көннөрү билсиһиннэрэ кэлэ сылдьыбыта. Бэйэтэ куоракка олорбута, үлэлээбитэ ыраатта. Маарыйа уола ойоҕун, эдэрдэр этэллэринии, бэрчээкки курдук уларытарын иһигэ р сөбүлээбэтэр да, сокуоннай сааһын сиппитэ ырааппыт эр бэрдин хайыа баарай? Саҥаттан саҥа кийиит кэллэҕин аайы хайдах баарынан үөрэ-көтө сарыкынайа көрсөр. Бастакы кийиитэ маннааҕы олохтоох, онон онтунуун ордук чугас сыһыаннааҕа да, аны Аанчыкпыт атын эрдэнэн, соччо-бачча сылдьыспаттар. Арай эмээхсин дөрүн-дөрүн сиэнэ уолчааны баран көрсөн, биэнсийэтин сыыһыттан бэрсэр дииллэр. Икки кэнникилэрин кылгас кэмҥэ алтыспыт, алтыһар буолан, үчүгэйдик билэттээбэт даҕаны. Өндүрэй иккиһигэр уоллаах кыыс, кэнникитигэр кыыс оҕолордоох. Сиэннэр сайылыы диэн, син утуу-субуу кэлэн барааччылар быһыылаах. Оттон бэҕэһээ “Өйүн-төйүн дьэ тутта, бу бүтэһиктээхтик ойохтонно диэбитим ханна баар?! “Өссө эдэр кыыһы буллум, ийээ дьиҥнээх тапталбын буллум” диэн бордургуур. Тапталлаах баҕастаах. Кини саастыылара ыал-күүс буолан, бэркэ диэн олороллор. Арай мин уолум итинник. Бу сааты-сууту!!” диэн мөҕүттэ олороохтуура. Дьэ, туһунан кыһалҕа диэтэҕиҥ! Эрбэр ону кэпсээбиппэр, өссө көмүскэһэр ээ: — Өндөрүүс табыллыбат быатыгар наар-аанньалары кытта булсуһан иһээхтиир. Сытыары-сымнаҕас, өс киирбэх буолан эбитэ дуу? Иккиһэ диэн сүрдээх дьахтар дииллэрэ. Сир – төгүрүк, сонун-нуомас бэрт түргэнник тилийэ көтөр. Кыыс оҕото хайдах курдук эрийэ тэбэн ылбытын Өндүрэй өйдөөбөккө да хаалбыта эрэбил. Төһө да икки оҕолоннор, Аанчыгыттан арахпытын кэмсиммэхтээбит буолуохтаах. Ол да курдук тыллаһара. Ол барахсан атын эр дьоннуун куодарыһарын иһин, кыһыйан арахпыта. Хата, ол кэнниттэн бэйэбиттэн балачча аҕа дьахтар да буоллар, миигин өйдүүр чинчилээх диэн ити үсүһүнүүн холбоспутун, били, аҕыйах күн отгуул ыла сылдьан быктаран аһарбыта. Биһиги эр дьон, дэлэ дуо, күлүү гынааччы буолбуппут: “Өндөрүй, уола хаан, дьэ абыраммыт киһигин. Баҕардаҕыҥ аайы ойохторгун уларыта сылдьаҕын. Эйиэхэ тахсан да иһэллэрэ бөҕө. Оттон тас көстүүҥ биһигиттэн ордук эбитэ көстүбэт. Ноо, арааһа, били оруудьуйаҥ оҥоһуута олус үчүгэй быһыылаах”. Күлэн кэбиһэн баран, холуочуйбучча айаҕа аһыллыбыта. Оттон, баҕар, дьиҥнээхтик, дьэ, таптаабыта буолуо эбээт. Ону эн хантан билэҕин?! Аанчыктыын оҕо сааһыттан доҕордуу сылдьан үөрэммиччэ, аармыйаттан кэлээт, олоҕу ситэ-хото билбэккэ сылдьан, холбоспута. Өссө да олоруохтарын ол тэлээрбэ харааччы ииртэҕэ дии. Ґсүһүн, этэрим курдук, хомойуутан, кэмсинииттэн сылтаан, оросчуотунан ылбыт. Ыалбыт туһуттан аны биһиги ыал кыыһырса сыһабыт. Этэбин: — Айыбыын, өссө элбэх ойохтоммутугар ымсыырбыт буола-буолалар, бу эр дьон диэн, акаарылара бөҕө. Ол тугуй, кини мэйиитэ үлэлээбэт, анааран, толкуйдаан көрбөт, атынынан салайтарар дууһа дуу? Ким эрэ кинини күүһүнэн ойохтон диэн умса анньыбытыгар дылы. Сылдьыаҕын оттон. — Эр киһи дьахтара суох соҕотоҕун хайдах сылдьыай. Хата, маладьыаһыҥ сокуонунан ойох ылан иһэр эбит ээ. — Ол алименын барытын толору төлүүр, оннук үрдүк хамнастаах үһү дуо? Оҕоҕо тыыннаах аҕата аттыгар сылдьыахтаах. Ол кини ый
аайы суут уурааҕынан, “быраҕан” биэрэр харчыта тугу да быһаарбат. — Ээ, чуолкайын билбит суох. Сатана уола син төлөөхтүүрэ буолуо. Ону туох диэн доппуруостуохпут этэй. — “Доппуруостуохпут этэй?” (эрбин үтүктэбин). Ол кэннэ өссө көмүскэһэ олорор! Ол эдэргэ иирэн бардаҕа дии, “уойан-тотон”, кэрэттэн кэрэҕэ тардыһан. Бэйэҥ эттиҥ дии, үсүһэ саастаах, оттомноох дьахтар үһү диэн. Ол кини кыйбарыҥнаабата ини... — Ким билэр, саастаахпын диэн туох да куһаҕан өрүтэ суоҕа буолуо диигин дуо? Баҕар, урукку кэргэттэринэн “аалан, сулуйан” тахсара буолуо. Ол дьахтары билбэтим бэрт буолан, саҥата суох барабын. Ыал иһигэр туох сыһыан, аргыйар тыал баарын, чахчыта да, ким билиэ баарай. Оттон Сэргэйим туһунан толкуйга түһэр: — Ол саҥа дьахтара эдэр эбитэ долгутар. Кэлин “кырдьаҕамсытан” эдэргэ да куоттаҕына, уол букатын буорайар. Онон туһунан ыйытыы күөрэйэр, Өндүрэй хаһыс да ойохтонуута буруйа дуу, эрэйэ дуу? Ньурбаттан С.П. Потапова “Кыым” от ыйын 9 күнэ 2009 с. № 26 (21918)
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан