Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыччакка

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыччакка

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
02.07.2021 12:05
   Ама, антах атын буолуо дуо? Эдэр киһи, антах баран дьолгун булуоҥ дуо? Онно тиийэн уларыйыаҥ дуо? Киин сиргэ талаһан, сайдан барыах баҕайыгыт дуу?      Барбыт, күрээбит дьон кырдьалларын саҕана тоҕо эрэ төрөөбүт буордарыгар тардыһаллар. Сирдэрин-уоттарын ахтан ытаһаллар... Төннө сатаан албыннаһыы бөҕөтө...    Бэйэм курдук бал бааччы саха сирэйдээх ыччат, нууччалыы, омуктуу эҥин саҥаран, төрүт омуккун умнуох бэйэҥ дуу? Улуутуйан, өрө көрөн сылдьыаҥ эбитэ дуу?    Дьонуҥ-сэргэҥ, сириҥ-уотуҥ онтон үөрүөхтэрэ дуо? Атын сиргэ быралгы сылдьаҥҥын, дьоҥҥор төһө көмөлөһүөххүнүй?! Ийэҕэр, аҕаҕар, ииппит дьоҥҥор кырдьалларын саҕана дурда-хахха буолуоҥ дуо?    Дьонуҥ кыахтара бүтэн, көмө көрдүүр кэмнэригэр аттыларыгар баар буолуоҥ дуо? Онон-манан көлбөрүттэн, оннуктаах-манныктаах буолан хаалыах баҕайыгыт эбитэ дуу? Атын омук үтүөтэ барыта олохпут оҥкулун тупсарарга анаммыта буолуо дии саныыр барахсаттаргыт буолуо, бука.   * * *    Оччоттон баччааҥҥа диэри норуоту ыһаары тиистэхтэринэ, булгуччу ыччаттан саҕалыыллар. Ыччат иһин кырыктаах киирсии, охсуһуу бара турар. Саастаах өттө маныаха санаатын хаһан да ыһыктыбат. Ону билэллэр. Ол иһин тумналлар.    Улахан омук кыра норуоту акыйаан да уҥуоруттан биир сааны эспэккэ олорон кыайыан сөп. “Ыскайдаа уонна тойорҕоо” диэни бары билэбит. Ол эрээри олоххо туох буолан кубулуйан, силистэнэн-мутуктанан тахсарын үгүспүт куһаҕан да түүлүгэр баттатан көрөөхтөөбөт. Бу саһа сылдьар, “саҥанан, сайдыылааҕынан” сирэйдэммит дьайыы кэтэх санаатын ким да аһаҕастык эппэт.     Көлүөнэни көлүөнэнэн сутуйбут арыгы, табах, наркотик ааттара хайыы-сахха биллэр эбээт. Ол эрээри ыччат тоҕо эрэ бу аска тиийэ турар. Оннукка тиксибит сордоох, тыыннаах хааллаҕына, түспэтийдэҕинэ, туспа кэпсээн да суруйуон сөп. Сүнньүнэн, “үчүгэй” олоҕу көрдөөн тиийэр. Санаатыгар, билиҥҥи олоҕо лаппа хаалынньаҥ. Ол иһин атын “үтүө” сиргэ талаһар. Онно, “ханна эрэ”, лаппа үчүгэй, олорор сирэ эрэ куһаҕан үһү...   * * *    Онно-манна, ыраах омук сиригэр, барбыт дьон дойду ахтылҕаныгар быһа сиэтэн иэдэйээхтииллэр. Кэлин төттөрү кэлэ сатаан сор бөҕөтө. Биирдэ өйдөммүттэрэ, онно да тиийэн улаханы оҥорботохтор, төннөн да баран дойдуларыгар туһалаабатахтар.    Сылаас уйа булуох курдук саныыллар. Киинэнэн эҥин сылыктаан дойду туһунан санаалаах элбэх. Тиийэн, ытыстарын тоһуйан лааппыны манаабыт дьон эрэ кэпсиир кыахтаахтара буолуо да, күн сириттэн арахпыттара ыраатан сыттахтара... Бары да буолбатар, оннук дьылҕаны кэппит син баар аҕай.   Сааһым отут алта      – Туох да күттүөннээҕи ситиспэтим. Доҕотторум курдук дьиэлэммэтим, массыыналамматым... Бииргэ үөрэммит табаарыстарым бары кыахтаах дьонноохтор. Оҕолоругар массыына, дьиэ ылан биэрэллэр. Оттон миэхэ тугум да суох... Тоҕо маннык тэҥэ суох буолан төрөөбүппүнүй? Санаабын уоскутаары арыгылыыбын...    Төһөлөөх дьон бу курдук санаан умса хоруйбута буолуой. Ааҕан сиппэккин. Төһө да бэрт мэйиилээҕиҥ иһин, эн боростуой эттик буолаҕын.  Сыччах химия дьайыыта өйү сүүйэр. Судургу. Арыгы – химия.    Урут мин эмиэ иһэ-аһыы сылдьыбытым. Оччолорго, кырдьык, чэпчэки, кыһалҕа барыта “суураллар” курдуга. Албын эбит. Уочараттаан ылар ыарыыбыт, атыылаһан ылар алдьархайбыт. Алдьархайы көрдөөн, ааттаһан ылаахтыырбытын билбэт да эбиппит.   * * *     Акыйаан уҥуор олорооччулар – арыгы дьайыытын бэркэ билэр оҕуруктаах өйдөөх дьон. Сойууһу арыгы көмөтүнэн биир сааны туһаайбакка эспиттэрэ буолбат дуо.    Сойууһу ыспыт дьон тылын истиҥ: “Гитлер халы-мааргы акаары! Сойууһу быһаҕынан, саанан, буусканан сэриилээн ыла сатаабыта. Акаары! Оннооҕор сүөһүгэ биилээҕи көрдөрдөххө, өлөрүнэн мөхсөр...    Биһиги биир да, икки да сылынан аан дойдуну баһылыыр курдук тэриниэхпит суоҕа. Норуоту норуокка туруоран, бэйэ-бэйэлэрин кытта сэриилэһиннэрэн баран, өйдөрүн үлтү ытыйан барыларын баһылыахпыт. Норуот аатыттан аһарыахпыт.    Олохпут төһө да мөлтөҕүн иһин, көрдөрөр-иһитиннэрэр тэрили түөрэтин ыччаттарын санаатын сүүйэргэ туһаныахпыт. Ыччата суох норуот кэскилэ кэрэгэй.    Омуктар урут атааннаһа сылдьыбыттарын санатан, “иэстэрин-күүстэрин” санатан, утарыта туруортаан, киирсиһэннэрэн иһиэхпит. Оччоҕо хайа да бэйэлээх норуот сайдыа суоҕа. Төрөөбүт дойдутун устуоруйатын абааһы көрөргө үөрэтиэхпит. Күрээн кэлбиттэри тастарын дьоллоох гына көрдөрүөхпүт, истэрин дьөлө сиэн кэбирэтиэхпит. Тыаһа суох бахтатан иһиэхпит.    Биирдэ өйдөммүттэрэ, аан дойдуну биһиги баһылаан олорор буолуохпут!” – диэн, киһи утуйар уутун аймыыр былааны ылынан үлэлээбиттэр! Уонунан сылларга ону тутуһан кэлбиттэр.   * * *     Украина булкуллар. Эппиттэрин курдук, акыйаан уҥуоруттан уокка арыы ыһан биэрэллэр. Норуоту норуокка тиксиһиннэрэн, алдьархайтан ас таһаарынан олороллор. Төһөнөн сэрии күөрэйэн тахсар да, соччонон кинилэр “дэмэкирээтийэлэрэ” иҥэн киирэн иһэр.    Кэлиҥҥи сэриилэр – бары экэиниэмикэ сэриилэрэ. Үксэ ньиэп былдьаһыыта. Түмүгэ тугуй? Дойду бэрэсидьиэнин бэйэлээх бэйэтин норуотунан ыйатыы! Бу тугуй? Норуоту бэйэтин дьонунан салайан эһэллэр. Бэйэҥ муомахтанан өлөргөр тэҥнээх!   Акыйаан уҥуоргулар бэлиитикэлэрэ      Эн бас билэр дьиэҕэр киирэн кэлэллэр. Ойоххор эйигин “көссүүлээх” дииллэр. Эйиэхэ “ойоҕуҥ көссүүлээх” диэн “сырдаталлар”...    Дьиэлээх дьон этиһэҕит, охсуһаҕыт. Түмүгэр – арахсаҕыт! Дьиҥинэн, иккиэн саҥа түһэр хаардыы, ып-ыраас дьоҥҥут. Бу баҕайы тылыгар киирэн биэрэҕит.    “Тыллаан” биэрбитин “үтүөтүгэр” дьиэҕитин туран биэрэҕит... Бүттэҕэ ол. Кылгас буолан баран, норуоту норуокка утары туруоран, баһылаан-көһүлээн олорор дойду дьиҥ санаата итинник.   * * *    Атын дойдуларга сир хамсыыр, булкаан төлө тэбэн тахсар, иирбит курдук улахан холорук ытыллар, уу тоҕо солоон ааһар... Манна биһиэхэ олортон туох баарый? Суох.    Биһиги курдук уу нуурал дойду, мин билэрбинэн, суохха дылы. Арай тымныыбыт. Онтубут үлэлиир-хамсыыр киһиэхэ туох да куһаҕана суох. Ыраас, чэбдик эрэ.    Дьэ, ол иһин сир баранан, кэлиҥҥинэн биһиги дойдубутун буулаабыт омук үксээтэ. Сэрииттэн күрээн кэлбит элбээтэ. Өссө да элбиэ турдаҕа. Ол үрдүнэн эһиги дьахтара да, эр киһитэ да биллибэт буола булкуллубут дойдуларга талаһаҕыт.    Дьобуруопа дойдулара хайа да диэки баралларын билбэккэ булкуллан олороохтууллар. Кинилэри, били, акыйаан кэтэҕэр олорооччулар салайаллар. Хайа да омук өрө көрүөн, силигилии сайдыан ончу баҕарбаттар. Ол иһин мин аҕай дэммит биирдиилээн дьону атыылаһан ылан норуотун ыстараллар. Экэниэмикэтин үрэйтэрэллэр. “Ыран охтоору” бүдүрүйдэҕинэ, өйөөбүтэ буолан ньылбыһаллар. Ол тухары быыһаабыт-абыраабыт аатыраллар. Сэриитэ суох сэрии диэн маны этэн эрдэхтэрэ.   * * *    Үлэни өрө тутар норуот хаһан да өлөн-охтон биэрбэт. Хайа да кэмҥэ үлэни кыайбыт норуот өрөгөй ырыатын ыллаабыта. Эһэлэрбит, эбэлэрбит үлэни кыайыгас буоланнар, өстөөҕү кыайбыттара.   Биһиги эмиэ үлэни кыайдахпытына эрэ, иннибит сырдык буолара чахчы. Ытыспытын тоһуйан баран лааппы айаҕар олордохпутуна, ханна сир өтүөхпүтүй?!    Урут Кытайы айахтаах эрэ барыта үөҕэрэ. Билигин хайдах курдук сайыннылар?! Үлэни кыайар омук сайдыбытын сыччах бу биир омук холобуруттан көрүөххэ сөп. Аҥаардастыы үлэни өрө тутан, Кытай билигин аан дойдуну аһатан-таҥыннаран олорор. Билигин урукку курдук үгэ-хоһоон кэриэтэ сиилээн, “кыра-хара” дииллэрэ тохтообут.    Оннооҕор акыйаан уҥуоргулары иэс биэрэн “чыып” дэппэккэ сутуругун иһигэр тутан олорор. Украина дьалхааныгар Арассыыйаҕа илиитин утары уунааччы кини эрэ... Ол аата, урут, кыаммат-түгэммэт кэмигэр, Сойуус көмөлөспүтүн билинэр, үчүгэйдик саныы сылдьар эбит.   * * *    Үлэни кыайбат буолбут норуот эстэр. Атын норуоттан аһаан-таҥнан олорор омук уһаабат. Уруккубутун, төрүттэрбит барахсаттар дьаһанан олорбуттарын, туора сотор сыыһа буолаарай. Аан дойду үрдүнэн улахан уларыйыы тахсар түбэлтэтигэр атын сиртэн ылара да, биэрэрэ да суох    буолбут ордук буолаарай. Бэйэбит бур-бур буруо таһаарынан олорорбут күндү буолаарай...    Тыа сиригэр-уотугар сүөһүнү күн-түүн аайы аҕыйата олоробут. Куорат сиргэ, үрүмэччи сырдыкка талаһан түүнү быһа лаампа уотугар эргийэ көтөрүгэр дылы, сылайа-илистэ киирэбит дуо?!    Омугу суох оҥороллорун сахабыт сүөһүтүттэн, сылгытыттан саҕалаабыттар. Дьон төрүт санаатын муннаран итэҕэллэрин соҥнообуттар. Ол түмүгэр эн биһикки баһа суох бааһынайдарбыт, үтүөх-батаах муҥнаахтарбыт. Сахабыт ынаҕа суох... Сылгыбытын эһэ сатаабыттара, хата, онтон-   мантан дьирээлэһэн, хаалан сылдьар. Омук сириттэн аҕалан айылҕабытыгар ончу сөп түбэспэт, үөрүйэҕэ суох сүөһүнү иитэ сатыыбыт. Аһын кытта ыраахтан атыылаһан, аһатан-сиэтэн олороохтуубут. Тириибитин таҥастыыры умнан ырааттыбыт. Ол кэриэтин кыһын курдары үрэр таҥаһы кэтэн тоҥо оонньуохпут. Хантан таҥныахпытый – суоҕун кэннэ...   Сирбит тымныы      Тоҕо эрэ эһэлэрбит, эбэлэрбит бурдук үүннэрэн олорбуттара эбээт. Оҕуруот аһын кукурузаҕа тиийэ үүннэрэ сылдьыбыттара. Эмиэ Сойуус саҕана. Тоҕо билигин туох да хамсаабатый? Сэлээркэ ыараханыттан. Сэлээркэ тоҕо ыараханый? Эмиэ акыйаан нөҥүө баар урдустар “ыарахан буоллун” диэтэхтэрэ эбээт.    Дойдубутугар хостонор баайга ханна сыана быһалларый? Тас дойдуга. Тоҕо тас дойдуга сыаналанарый? Биһигини эһээри. Барыта экэниэмикэ хабарҕалаан турар кэмэ. Көмүһү, алмааһы тоҕо хостуубут? Аан дойду ааттаахтарын кытта тэҥ кэккэҕэ тураары. Айылҕа алдьаныыта биир-икки киһи аата барарынааҕар тэҥэ суох буолан турар...    «Хата, сирбит тымныы буолан, ииригирбит киһийдэхтэр була иликтэр» диэбиппит баара, кэлиҥҥи сылларга сирбитигэр ымсыырааччы, кэлэн дьиэ-уот туттааччы элбээтэ. Бэйэбит үлэлиэхпит, түмсүөхпүт оннугар илиибитин нэлэтэн лааппы иннигэр ытыспытын тоһуйан олоробут. Ыалдьан охто сытары көрө-көрө көрбөтөҕө буолаллар...   Ыччат бэлэм дуо?      Дойдуҥ туһугар, ийэҥ, аҕаҥ, доҕотторуҥ туһугар туох сырдык санааны эттиҥ-тыынныҥ, оҥордуҥ-туттуҥ? Ииригирбит норуоттары батыһан барса турдуҥ дуу? Кинилэр иһэллэр – эн эмиэ иһиэхтээх инигин? Кинилэр табахтыыллар – эн эмиэ тардыахтааҕыҥ буолуо, бука. Кинилэр үлэлээбэттэр – эн эмиэ тохтообоккуон? Уһугун! Балыйтарыма!    Мантан ыла толкуйдаа. Ыччат, дьылҕаҥ, кэскилиҥ – бэйэҥ илиигэр. Билигин эппэтэххэ, кэлин таах ыра санаа курдук тойоннуохтара. Сүүс төгүл төттөрүтүн дакаастаан килэритиэхтэрэ. Урукку буолбатах. Билигин. Кэлэр-барар түргэтээтэ. Тэлэбиисэргэ көрөрбүт илэ хаама сылдьара чугаһаата. Ыччат, туран туой! Саргылаах, эр санаалаах буол! Санааҥ сатаннын, толкуйуҥ туоллун!   Буркун.
kyym.ru сайтан