Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыраас тапталы ыралыыра...

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыраас тапталы ыралыыра...

K
05.12.2019 17:08
Ити кэпсэтииттэн сиэттэрэн, баҕар-баҕарыма киһи санаата сиэр-майгы, ыраас таптал тиэмэтигэр иэҕиллибитин билбэккэ да хаалар. Букатын аҕыйах, сүүрбэ-хас сыллааҕыта, ол-бу порнография киин сиргэ саҥа тарҕанан эрдэҕинэ, сиэкис аһаҕастык кэпсэниллибэт, ыраас сыһыан өрө тутуллар кэмэ турар курдуга. Туох билиэй, биллибэтинэн-көстүбэтинэн оччолорго да бэрээдэги кэһии онон-манан тахсыталыыра буолуо. Ол содула киһи дьылҕатыгар оспот баас буолара, сороҕор олох хампархай оҥочотугар олорууга тиэрдэрэ баар эбит. Ону билигин кэлэн истэбит, билэбит, соһуйабыт... Инна интэлигиэн, учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сайыҥҥы сынньалаҥар куруук тыа сиригэр эбэлээх эһэтигэр тиийэр үгэстээҕэ. Кинилэр, биллэн турар, «дьоҥҥо сиэрдээх буол, оччоҕо кинилэр эйиэхэ сыһыаннара оннук буолуо, үлэни таптаа, дьону таптаа, бэйэҕин сэнэнимэ» диэн үөрэтэллэрэ-такайаллара. Киниттэн икки сыл аҕа эдьиийэ да балтын таҥара табатын курдук көрөрө. Быһата, кыысчаан таптыыр чугас дьонун амарах сыһыанынан угуттанан улааппыта. Олоҕу оруоһабай линза нөҥүө көрөрө. Оччолорго оннук да бэлиитикэ ыытыллара. Ґөрэҕэр үчүгэй, оскуола көхтөөх үөрэнээччитэ, общественницата буолан, учууталлар да, бииргэ үөрэнэр да оҕолоро кинини сөбүлүүллэрэ. Ґгүстүк холобур быһыытынан этэллэрэ. Оскуола кэнниттэн эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран, устудьуон үрдүк аатын ылбытыгар ким да соһуйбатаҕа. Оннук да буолуохтааҕын курдук ылыммыттара. Инна бастакы кууруһу кэчигирэс «биэһинэн» түмүктээн, үөрүүтэ өссө улааппыта. Иккис кууруска киирээри сылдьан ыалдьан хаалан, уопсайга үрдүкү куурус кыргыттарын кытта олорор буолан хаалбыта. Кини хаһан алтынньыга кэлиэр диэри оччо миэстэ баара да үөрүүлээх курдуга. Кыргыттара бэйэтин оҕолоругар тэҥнээтэххэ, биэчэри, үҥкүүнү сөбүлүүр дьон буолан биэрбиттэрэ. Оттон майгы-сигили өттүнэн оннук айылаах куһаҕан, ураты буолбатахха дылылара. Арай сорох-сороҕор үөрэхтэрин көтүтэн да кэбистэхтэринэ, баардылаабаттара, кимнээҕэр үчүгэй сыананы ылбыттара эрэ баар буолара. Бу баччаҕа диэри хара сарсыардаттан үөрэххэ уонна общественнай олоххо күнүн-дьылын ыытар Инна сыыйа кинилэргэ ымсыырар буолан барбыта. Саатар, ол сыл утары куорпуска олорор устудьуон уолу сөбүлүү көрөн, кинини көрөр туһуттан онно олорор биир дойдулааҕа кыыска тиэстэрэ элбээбитэ. Кинини көрдөҕүнэ бүтүн күн дьоллоохтук ааһарга дылыта. Ол эрээри уолга бэйэтинэн тиийэн билсэр, кини оччолорго саныырынан, сыҥаланар санаа хайдах да киирбэтэ. Туораттан көрөн таптыыра, астынара. Оттон уол кыһайбыт курдук, кини диэки көрбөт да этэ... Биирдэ тапталлааҕа атын кыыһы кууһан, сыллыы-ууруу турарын көрөн, туох баар ыра санаата кыл түгэнэ үрэл гыммыта. Итинник чугас сыһыаннаах дьоҥҥо туораттан саантааһын сыыһа дии санаабыта. Онон кыра да буоллар дууһатын түгэҕэр баар эрэмньи санаа баара мэлийбитэ. Хоһугар тахсан уку-сакы буолан олордоҕуна, бииргэ олорор кыргыттара кинини саататтаҕа аатыран, атын үөрэх тэрилтэтин биэчэригэр ыҥырбыттара. Анаабыт курдук, субуота күн этэ. Инна, билигин да өйдөөбөт, тоҕо, туох санааттан онно барсарга сөбүлэспитин. Арааһа, дьылҕата тартаҕа буолуо дииргэ тиийэбит. Ол сырыы, кыысчаан олоҕор улахан охсууну оҥоруохтааҕын билбэт да, сэрэйбэт да этэ. Онно сылдьан кыргыттара уруккуттан билсэр уолаттарын көрсүбүттэрэ. Биир уол «олорор
дьонум дьиэлэригэр суохтар биһиэхэ барыахха» диэн ыҥырбытын эдэр дьон үөрэ истибиттэрэ. Суулуу көһөн онно тиийэргэ быһаарбыттара. 11 ч. бүппүт дискотека кинилэри астыннарбатаҕа сэрэйиллэр. Инна соччо баҕарбатар да, ханна хараҥаҕа ойдон, быстан хаалыай, куорпуска да кинини түүн ортото ким киллэриэ этэй. Барсыбыта. Уолаттар төһө да оччолорго арыгы толуоҥҥа эрэ бэриллэрин иһин, хаһаастаахтар эбит этэ. Күө-дьаа буола олорон ол буоккаларын онно тиийэн испиттэрэ, Инна да кыргыттара хаалсыбат эбиттэрин көрөн соһуйарга эрэ тиийбитэ. Анна, киниэхэ сатамматах тапталгын умнарга көмөлөһүө диэн үрүүмкэлээх аһыы утаҕы ууммутугар биир омурду иһээри, чачайа сыспыта. Онно күлбүттэриэн! Максим диэн уол арай: «Тоҕо күлэҕит?! Бэрээдэктээх кыыс баарыттан үөрүөххүтүн билиминэ!» диэн эппитигэр кыргыттара сирэй-сирэйдэрин көрсүбүттэрэ билигин да хараҕар баарга дылы. Итинтэн салгыы ким да киниэхэ болҕомтотун уурбат, иһэрдэ сатаабат буолбута. Ол астарыгар бэйэлэрэ да топпокко, кэмчилиир кэмнэрэ кэлэн эбитэ дуу? Салгыы эбии арыгы көрдүүр мучумааныгар түһэн, ким эрэ «такси-туочуканы» көрдүү таска тахсан эрэрэ. Инна холуочук дьон ампаалыктанарыттан сылайан, дьиэлээх уолтан көҥүллэтэн хоско киирэн, таҥастыы утуйан хаалбыта. Арай ол сыттаҕына ким эрэ кини үрдүгэр саба нөрүйэн эрэриттэн уһукта биэрэн, хаһыытыахча буолбута да, күүстээх илии айаҕын бүөлүү туппута.... Бэйэтэ да нарын-намчы, уҥуох дьарамай кыысчаан утарылаһыыта диэн туох кэлээхтиэй. Охсуһуу-тардыалаһыы быыһыгар: «Хаһыытаан да туһаҥ суох. Ким да манна эйигин быыһыах айылаах суох», «кыргыттарыҥ эйигин быраҕан барбыттара», «тугу сымыйанан утарылаһаҕын» диэх курдук ыар тыллар иһиллэллэрэ. Кэмсиммитин иһин хайыа баара этэй! Инна ийэтэ, эбэтэр ииппиттэрин-такайбыттарын курдук, таптыыр, кэргэн буолбут киһитигэр эрэ, кыыһын биэрэр ыра санаата ити түгэн кэнниттэн сииктии симэлийбитэ. Ол баҕайы дьыалатын бүтэрээт утуйан хаһыҥыраан хаалбыта. Кыысчаан эт-сиин, дууһа ыарыытын кыайан тулуйумуна хараҕын уутунан сууна сыппыта. Онтон өй ылан, түүҥҥү дьыбары аахсыбакка, туох эрэ куһаҕаҥҥа түбэһиэм диэн сэрэхэдийэр санаатын букатыннаахтык сүтэрэн, ааны аһан тахсан барбыта. Сарсыныгар кыргыттара хантан эрэ туох да буолбатаҕыныы туттан киирэн кэлбиттэрэ. Күлэ-үөрэ биир хаатаҕа тиийэн салгыы бырааһынньыктаабыттарын ыһа-тоҕо кэпсии олорбуттара. Инна кэлэйбитэ бэрдиттэн тугу да саҥарбатаҕа. Дууһатын бааһын кинилэргэ арыйыан туттуммута. Тоҕо эрэ, кыбыстыбыта. Кини саатын ким да билиэн баҕарбатаҕа... Ол күүһүлээбит баҕайы сааһыары хоһун кыргыттарыгар кэлэ сылдьыбыттаах. Баҕайы, тугу оҥорбутун да өйдөөбөт быһыылааҕа. Эбэтэр үөрүйэх оҥостубут дьарыга эбитэ дуу? Сааппат сирэй! Инна кэпсиир: «Оо, онно хайдахтаах баҕардым этэй, ип-итии уунан саба ыһыахпын, саатар сирэйигэр тыҥырахпынан түһүөхпүн!! Оччотугар мин саатым биллэн тахсыахтааҕа. Ол эрэ инниттэн тохтообутум». Инна дьонун ыра санаатын толорон үөрэҕин син бүтэрбитэ. Ол эрээри инники олоҕор туох да сырдыгы, кэрэни кэтэспэт буолбута инникитин оҥосторугар улаханнык атахтаабыта. Таптаабат эрээри кинини өрө тутан, өр сырсыбыт Васяҕа кэргэн тахсыбыта. Сөбүлэҥ биэриэн иннинэ кини «ыраас буолбатахпын. Ону ылынар уонна элбэҕи-хоһу ыйыталаспат буоллаххына, тахсабын»
диэн аһаҕастык билиммит эбит. Ол эрээри ол туох төрүөттээх эбитин этэртэн туттуммута. Аны, Васята аахсабын диэн туруо! Ол ыарахан кэмин саныы сатыан баҕарбатаҕа. Вася ону эрэ улахаҥҥа уурбатахтыы туттубута, кини саҕа дьоллоох уол суоҕунуу санаммыта оччолорго харахха быраҕыллар этэ. Сыбаайбалаабыттара. Кыыс оҕоломмуттара. Оттон билигин Вася атыннык тыллаһар буолбут. Туохтан эрэ кыыһырдаҕына, кэргэнэ үлэтигэр тардылыннаҕына күнүүлээн көтүрү сытыйан сордуур. «Эн хас киһини кытта сыппыккын билбэппин. Миэхэ дьахтарынан кэлбитиҥ», — диэн сулуйар, суустуур буолбут. Биэс хас сыллааҕыта көссүүлэнэ сылдьыбыта биллэр. Ол эмиэ Инна «буруйун» «төлөбүрэ» үһү. Кыыспыт хайаахтыай, тулуйарыгар тиийэр. Ол эрээри ол хаһааҥҥа диэри салҕаныан билбэппит... У. Петрова, Дьокуускай
kyym.ru сайтан