Кэпсээ
Войти Регистрация

Өлүү уонна ... ол кэннинээҕи олох

Главная / Кэпсээн арааһа / Өлүү уонна ... ол кэннинээҕи олох

K
24.08.2023 16:02
   Иэгэйэр икки атахтаах орто туруу бараан дойдуттан арахсан, анараа дойдуга аттанар аналын аныгы дьон өлүү диэн ааттыыбыт. Төрүт култуураҕа үөрэтэллэринэн, өлүү икки араастаах: киһилии өлүү, о.э. олох сиэринэн олорон, киһи аналын толору ситэн, бу олохтон аймаммакка нус арахсыы уонна ыттыы өлүү (эмньик-сэнэх сылдьан оһолго түбэһэн, суорума  суолланыы, былаҕайга былдьатыы манна киирэр). Саха өйдөбүлүнэн, киһи олох олорор орто сааһа, муҥутуур үйэтэ 70 сылга  тэҥнэһэр. Бу кэм устата киһи үс кутталлаах, а.э. «өстөөх» саас диэни ааһар эбит – 23, 43 (сорохтор 40 дииллэр) уонна 70. Дьэ, бу кэми аастахха, тыыныҥ уһаабыт курдук сананыахтааххын.        Киһилии өлүүгэ анаммыт дьон аан дойдуттан арахсар ыарахан кэмнэригэр улаханнык эрэйдэммэккэ, үксүгэр утуйа сытан ”бараллар“ үһү. Онуоха салгын кута атаҕынан табах буруотун курдук унаарыс гынан хаалар диэн өйдөбүл баар.    Ол да иһин буолуо, уһугулаан сытар ыарыһах баар буоллаҕына, кырдьаҕастар түннүгү-үөлэһи сэгэтэн кэбиһэр идэлээхтэр. Кута ыраастанан аастын диэн, өлөөччү тыына эрэ быстыан иннинэ баһын диэки уулаах иһити эбэтэр хатыҥ тоһоҕону уураллар.    Оттон аныгы өлөн баран тиллибит дьон бары үтүктүспүт курдук, мин (салгын кута) уп-уһун холлороон курдугунан тахсан барбытым, тулам сып-сырдык этэ дииллэрэ суруллар. Ону сорох чинчийээччи, холобур, В.И.Оконешников, дууһа тымыр устун айаннаан, мурун устун тахсан барара оннук өйдөбүлү биэрэр буолуохтаах диэн сабаҕалыыр. Иккиһинэн, өссө да олоруох, орто дойдуга төннүөхтээх дьон киэннэрэ, баҕар, муннунан тахсара буолуо диэн тойоннуохха сөп.     Саната таарыйа эттэххэ, үгүс омук “дууһа“ диэн уопсай өйдөбүлү туттар эбит буоллаҕына, биһиги үс куту “билинэбит“. Эт-хаан (физическое начало) киэнэ – буор кут. Бүлүү сахалара тоҕо эрэ муостаах, кугас (коричневай) өҥнөөх быкка майгыннаталлара эбитэ үһү уонна киһи кулгааҕар уйаланар диэн өйдүүллэр эбит.    Ийэ куту Нэлбэй Айыыһыт эр киһиэхэ төбөтүн оройунан кутар, киниттэн ийэҕэ бэриллэр. Ол иһин “айбыт аҕам, төрөппүт ийэм“ диэн тыл ситимэ үөскээбит буолуон сөп. Ис иһигэр саҥа үөскээбит оҕоҕо онон аан бастаан ийэ кута эрэ баар буолар. Ийэ кут сүрэххэ олохсуйар. Кэлин буор кута сайдан барар. Ийэ кут эмсэҕэлээтэҕинэ, сахалар өйдөбүллэринэн, абааһы муокастаатаҕына, оҕо ыарытыйар. Ол ыарыы сүрүннээн удьуорунан бэриллэр буолар эбит. Эбэтэр оҕону улаханнык соһуттахха, куттаатахха, ийэ кута тахсан хаалан, ыарытыган, аккыраҥ буолуон сөп. Онон оҕону соһута оонньуур, дьээбэлэнэр табыллыбат.    Салгын кут кырачаан оҕо ийэттэн тахсаат, бастакы салгынын эҕирийиитигэр киирэр эбит. Салгын кут уратыта, кини киһи утуйа, ыалдьа сылдьар кэмигэр таска тахсан “күүлэйдиэн“ сөп. Киһи тас эйгэни ылынарыгар, чуолаан бу кут суолтата улахан. А.э. “психическое начало“ көрдөрөр. Бу кут аһааҕырдаҕына, психическэй ыарыы буулуур. Таска тахсыбыт кут миэстэтигэр туох эмэ мэһэйтэн, холобур, улахан ыарыыттан кыайан киирбэккэ хаалар кутталлаах. Ити курдук, баттата сытар киһини эмиэ соһуппакка, аатын ааттаабакка, сэрэнэн уһугуннарар куолу.        В.М.Ионов суруйарынан, куту таһынан өссө сүр диэн баар. Кини толкуйунан, сүр хаһан да букатыннаахтык суох буолбат. Киһи өллөҕүнэ, үөһээ дойду куһаҕан тыыннаахтарын баһылыгар, Улуу Тойоҥҥо төннөр. Ол тойон ол сүрү кэмэ кэллэҕинэ, бокуонньук чугас дьонугар, кэнэҕэски кэлиэхтээх ыччатыгар угар. Оттон сорох өйдөөхтөр сүрү Улуу тойон оҕоҕо сэттэ сааһыгар биирдэ биэрэр диэн этэллэр. Ол эрэ кэмтэн оҕо куһаҕаны-үчүгэйи сатаан араарар буолар дииллэр. Ким эрэ куту уонна сүрү биирдик ылынар.    Мантан таһаардахха, оҕо кутун-сүрүн эрдэттэн харыстыыр наада. Аныгы оҕо салгын кута онто да суох мөлтөх, онон ол-бу куһаҕан киинэни көрүүттэн, өлөрсүү-өһөрсүү туһунан кинигэлэртэн тэйитэр наада. Оҕо куһаҕаны кэбэҕэстик ылынар. Онон киһи бу олоххо хара аньыыны, ыар буруйу оҥорбут буоллаҕына эбэтэр бэйэтигэр тиийинэн өллөҕүнэ, кини салгын кутун анараа тиийиэхтээх дойдутугар ылбаттар диэн үөрэтии туһалыан сөп. Үөр буолбут салгын кут эрэйдээх эрэйи көрөр, эбиитин абааһыга, үөргэ кубулуйан, тыыннаах дьон олоҕун аймыыр. Ама, ким оннугу баҕарыай?   Маайыс      Дьиҥ олохтон холобур. Маайыс олоххо көрсүбүт уустугун тулуйумуна, быаланан өлбүт. Дьоно, хайыахтара баарай, ытаан-соҥоон баран, киһилии харайан көмпүттэр. Ол гынан баран ыала дьахтар сотору-сотору кинини түһээн көрөр, баттатар буолбут. Оннук көстүө эрэ кэрэх — бөһүөлэктэн ким эрэ анараа дойдуга аттаммыт сураҕа иһиллэр эбит. Көрдөҕүнэ, наар хара таҥастаах, улаханнык соҥуорбут, саппаҕырбыт көрүҥнээх, атын дьон быыһыгар күлүк курдук сылдьаахтыыр буолар үһү. Арай туран биир түүлүгэр көрдөҕүнэ: “Быстах санааҕа баһыйтаран бу эрэйи көрдөхпүн көрүҥ. Чороҥ соҕотохпун. Наһаа да тоҥобун. Бары атын сиринэн ааһа тураллар. Ким да кэпсэппэт. Аны кыыһым мин алҕаспын хатылаары гынна. Муҥум да буолар эбит. Хайдах эмэ гынан көмөлөс, киһи эрэ буолларгын абыраа,“ – дии-дии, эмиэ да күлэр, эмиэ да ытыыр икки ардынан энэлийэн, дэлби куттаабыт. Дьахтар сарсыныгар ыалларыгар тахсан, бокуонньук кыыһын кытары кэпсэтэн көрбүт да, анараата “ээх-суох“ курдук эрэ эппиэттэһээт, хоско киирэн хаалбыт. Онтон сэрэхэдийэн, кыыс дьүөгэлэрин анаан көрсөн ыйыталаспыта, анарааҥҥылар эмиэ кыыстара дьиктитийбитин эппиттэр. Дьахтар кыыс ырааҕынан урууларыгар эрийэн, хайаан да кэлэллэригэр сүбэлээбит, ол эрээри түүлүн туһунан тыл аҥаарын да быктарбатах. Онтулара кэлэн быстыбатахтар. Түүллээх дьахтар биирдэ эмискэ баҕайы сүрэҕэ мөҕүл гыммыт, туох эрэ куһаҕан буолаары гыммытын бүтэйдии сэрэйэн, ыалларыгар сүүрбүт. Аан иһиттэн хатыылааҕын билэн, өссө эбии куттаммыт. Ааны дирбийэ-дирбийэ, төбөтүгэр туох киирэрин барытын саҥара-саҥара, сыыһаны оҥостума дии-дии көрдөспүт. Муҥур уһугар түннүк тааһын сууралаабыт. Дьэ, онуоха эрэ кыыс аанын аһан, дьахтар түөһүгэр умса түһээт, уйа-хайа суох ытаабыт. Эмп хаҕа бөҕө ыһылла сытар үһү...    Хата, кэмигэр сөп түбэһэ киирэн, суорума суолланыахтаах кыыһы быыһаабыт. Бэйэтэ кэлин кэпсээбитинэн, төһө да ийэтэ дьиэҕэ буолбакка, ампаарга тахсан моҥнубутун иһин, кини суох буолтун кэнниттэн дьиэ иһигэр ол-бу тыас иһиллэр буолбут. Эбиитин түүлүгэр сотору-сотору ийэтин көрөн, дууһата оонньоон, чугас, күндү киһитин сүтэрэн, бэйэтин буруйдана саныыр оҕо тулуйбатах дэһэллэр эбит биир дойдулаахтара. Ити түбэлтэ кэнниттэн кыыһы уруулара бэйэлэригэр ылбыттар. Убайа да үөрэҕин бүтэрэн баран, дойдутугар төннө сатаабатах.    Бокуонньугу тиһэх суолга атаарыы      Аны туран, омук-омук аайы өлүөхсүтү харайыы туһунан сиэрдээх-туомнаах. Маны тутуспат буолуу эмиэ сэрэхтээх. Кыһалҕа субу тирээн кэллэҕинэ, ыксаан хаалан, ону өйдүү сатыыр эрэй буолааччы. Онон суруллубатах быраабыланы санатыһан ааһар наада.    Сууйуу, таҥыннарыы      Бокуонньук хараҕын көрбүтүнэн барбыт түгэнигэр хайаан да имэрийэн симнэриллэр. Кыра былаатынан эбэтэр үрүҥ таҥаһынан сыҥааҕыттан төбөтүн оройугар таһааран баайыллар. Этэ-хаана букатыннаахтык тымныйа илигинэ сууйа охсуллар. Көннөрү, инчэҕэй таҥаһынан эргитэ сылдьан сотуохха сөп. Бокуонньугу киниттэн аҕа саастаах икки киһи сууйуохтаах. Кырдьаҕас дьон буолаллара ордук. Кинилэр бокуонньуктан дьарҕа ыарыыларын илдьэ барарыгар көрдөһөллөр. Өлүнньүк таҥаһа сатаан баппат, кыайан кэтэрдиллибэт буоллаҕына, “сөбүлээбэт эбит“ диэн буолар. Көрдөһүү-ааттаһыы да көмөлөспөт буоллаҕына, тыыннааҕар сөбүлээн кэтэр таҥаһын кэтэрдэллэр. Кулгааҕа үүттээх буоллаҕына, ытарҕа кэтэрдиллиэхтээх. Ол эрээри кыһыл көмүһү буолбатах.    Сытыарыы      Мас ороҥҥо эбэтэр хаптаһыҥҥа атаҕын хос аанын диэки буолар гына сытыарыллар. Баһыгар көөбүлүнэн эбэтэр маһынан сыттыктыыллар Илиитин, атаҕын, сыҥааҕын баайыллар. Ол гынан баран хоруобу ииҥҥэ түһэриэх иннинэ баайыыларын хайаан да сүөрүллүөхтээх.  Табахтыыр киһи буоллаҕына, хоруобугар биир хаа табаҕы, испиискэни угааччылар. Сорохтор дьахталларга, иистэнэр эбит буоллахтарына, иннэ төбөтүн тоһутан баран, сабы, сүүтүгү кытта саппыйаҕа уган уурааччылар.   Тас уонна буор үлэтэ      Буоругар 4 киһи үлэлиир. Итинтэн итэҕэс, элбэх да буолуо суохтаах. Бокуонньук тыыннааҕар билэр, сөбүлүүр дьоно буолуохтаахтар. Сытыахтаах сирин хаһыах иннинэ барыларыттан аҕа саастаахтара арыыны кириэстии, таммалата-таммалата ботугураан көрдөһүөхтээх. Иин дириҥэ оруобуна  2 м. буолбакка, 195 см. буолуохтаах. Буорун үлэтин тута биир күн бүтэриллибэт, таһаарар күн сарсыардатыгар тиийэн өҥнүүллэр. Тас маһын олордоллор уонна бүтэһик буору ол кэтэҕэр кутуллуохтаах.      Тас маһын уонна остоолботун икки уус оҥоруохтаах. Кута киирэр-тахсар гына хоруобу 3 сиринэн үүттэнэр.   Атаарыы      Дьиэттэн таһаарыах иннинэ тыл этиитэ, ахтыы буолар. Ол кэнниттэн кэлбит дьон хоруобу күн эргиирин хоту эргийэн тахсан, бокуонньук тиһэх аһыттан амсайан ааһаллар. Хоруобу атах өттүнэн аан модьоҕотугар үстэ охсон ааһаллар. Хаартысканы туппут киһи бастакынан тахсар...    Хоруобу түһэрэргэ атах өттүн бытааннык урут түһэриллэр. Тас маһын үрдүнэн таҥас тэлгэнэр. Ол үрдүгэр кэлбит дьон бары биир ытыс буору быраҕаллар. Хоруобу түһэрэргэ туттуллар быа түмүллүбэт.   Тиһэх остуол      Дьиэҕэ кэлэн өлүөхсүт тиһэх остуолун тэрийэллэр. Манна этиһэр-охсуһар табыллыбат. Үрүүмкэни охсуһуннарыллыбат. Кэпсэтии наар өлүөхсүт туһунан буолар. 9 уонна 40 күнэ хаһан буоларын манна санатыллар. Анаан-минээн кими да ыҥырыллыбат. Сахалар бокуонньук дьиэҕэ баар кэмигэр ыараханнык айанныа диэн, улаханнык айманары, харах уутунан суунары сөбүлээбэттэр.  Көрө-билэ, истэ сытар диэн буолар.    Саха өйдөбүлүнэн, ити күннэргэ бокуонньук тыыннааҕар сылдьыбыт сирин кэритэн ааһар. Ол иһин буолуо, тохсус күнүгэр ас бэлэмнээн хааллараллар. Сорохтор 40 күнүгэр эрэ уураллар, остуолга бурдугу табыгынатан хааллараллар. Онно сороҕор суол хаалбыт буолар үһү.   Биллэн ааспыт      Мария Егоровна уола суох буолбута 40 хонуга туолар түүнүгэр ас бэлэмнээн баран, утуйардыы оҥостон, бастаан санаатыгар буолан, утуйар-утуйбат икки ардынан сыта түһэн баран, арааһа, нуктаан ылбыт бадахтаах. Көрдөҕүнэ, уола бу киирэн кэлбит. Үөрэ-көтө, туохха эрэ ыксаан сылдьар көрүҥнээх эбит. Бэйэтэ буоллаҕына, уола өлбүтүн билбэт, хайдах эрэ тыыннааҕын курдук санаан, аймана барбатах. Ону-маны кэпсэппиттэр. Ол быыһыгар соһуйбуттуу ыйыппыт: “Ийээ, саахар тоҕо суоҕуй?“    Ийэ эмискэ уһуктаат, тута остуолга тиийэн көрбүтэ, кырдьык, саахары уурарын умнан кэбиспит. Уола тыыннааҕар хайаан да чэйин саахардаан иһэрин билэр буолан, түүлүттэн сүрдээҕин соһуйбут. Онон ыалдьыттаан бараллар дииллэрэ кырдьык буолан тахсар.   Санаппыт       Элбэх оҕолоох ийэ араак ыарыыттан биэс уонун туолбакка сылдьан бу сиртэн бараахтаабыта. Аҕалара өссө кини иннинэ суох буолбут буолан, дьаһайар, бэрийэр киһилэрэ суох этэ. Хата, чугас уруулардаах, бииргэ үлэлээбит үтүө дьонноох буолан, Н-ны этэҥҥэ бэрийэн көмпүттэрэ. Барыта табыллыбыт курдуга. Арай тохсус хонуга туоларын чугаһыгар силбэһэ тиэргэннээх ыала дьахтар түһээтэҕинэ, Н. киирэн ноһубуой былаат көрдөөн букунайар үһү. Бастаан утаа «сатана, кими эрэ кэнниттэн илдьэ бараары гыннаҕа дуу» диэн ытырыктата санаан, дьүөгэлэригэр да быктарбатах. Сотору соҕуһунан ити түүлэ үһүстээн хатыламмыт. Дьэ, онно эрэ өлүөхсүт ыарыытыттан сылтаан сыл курдук кэмҥэ ноһубуойа суох табыллыбат буола сылдьыбытын санаан “сык“ гыммыт. Ыйыталаспыта, ким да өйдөөн, былатыак укпатах буолан биэрбит!  Онон хойутуу утуйбут таҥаһын умата бараары сылдьалларын көрөн, анаан былатыак атыылаһан укпут. Ол кэнниттэн ыала түүлүгэр көстүбэт буолбут.     Бу уонна атын да түбэлтэлэри санаатахха, киһи барахсан орто дойдуттан тэйэн да баран, букатыннаахтык арахса охсубат. Үөр буолан эрэйдэнэр куттал эмиэ баар. Онон бэйэ бодотун тардынан, сиэр быһыытынан олорор, бокуонньугу киһилии харайар – ытык иэспит. Тарҕат:
kyym.ru сайтан