Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэмниибит диэн кэһэйбиттэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэмниибит диэн кэһэйбиттэр
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
24.08.2023 15:59
Бу кэпсээни өрдөөҕүтэ истибит буолан, Сунтаар Күүкэйин дьоно буолаллара эрэ өйбөр хаалбыт, ааттарын-суолларын умнубуппун. Ураа муостааҕынан байбыт Күүкэй биир ыала субай сүөһүтүн Үрэх баһыгар аһата, икки эрдэнэ илик сиппит лиһигирэс кыргыттарын «от сиэтэ» диэн таһаарбыт. Сүөһүлэригэр күн аайы от тиэйэн, иккитэ аһатан, уулатан, саахтарын күрдьэн таһааран уонна оттук мас мастанан күн солото суох курдук да буоллаллар, эдэр дьон быһыытынан кыргыттар уолаттары, уолаттар кыргыттары сыымайдыылларын курдук, бу кыргыттар эр дьон туһунан кэпсэтэллэр эбит. Устунан дьахтар аймах кутун туппут эр дьон «баайын» туох бэйэлээҕин аатырдаллар диэн, эт харахтарынан илэ көрөр санаа киирбит. Хайа да эр киһи сөбүлэһэн көҥүл өттүнэн көрдөрүө суоҕун билэн, көр-күлүү, дьээбэ курдук, күүс өттүнэн көрөргө, эбиитин кэмнээн ыларга сүбэлэспиттэр. Бастакы киһилэригэр табыллан, хоннохторо аһыллан, хайа да бэйэлээх эр бэрдин «баайын», бэйэлэрин бас билиилэрин курдук, тутар-хабар уонна онтон дуоһуйууну ылар, астынар буолбуттар. Кинилэр эрдээх дьахталлартан эр киһи «баайа» бастаан утаа, мас курдук буолар дииллэрин истибит буолан, «урдаах, дьабалаах буолуо» дии санаабыттара, уол оҕо киэнин курдук буолан баран улахан эрэ уонна «бытыктаах» буоларын билбиттэр. Кыһын кэлэр-барар киһи иттээри, итии киллэринээри таарыйдаҕына кэпсэтэн-ипсэтэн, чэйдэтэн баран иккиэн көмөлөөн, охторо сытыаран, булчут дьон улахан булт утуйа сытарыгар түбэстэхтэринэ “уһугуннаран” баран бултуулларын курдук, ыалдьыттарын баайын ыстаанын иһиттэн саҕатыттан ылан, ойутан таһааран уһугуннаран, тымтыгынан кэмнээн ылаллар уонна онон тоһутан ылан саар ыаҕаска (сорох кэпсээччи чабычахха диир этэ) мунньар идэлэммиттэр. Кэмнэппит дьон саатырҕаан саҥарбакка сылдьыбыттар эрээри, син биир кыргыттар дьарыктара биллэн нэһилиэги толоро охсубут. Биирдэ эр дьон тоҕо таһынан ааһар буолбуттарын таайа сатыы олордохторуна нэһилиэктэрин киһитэ таарыйбыт. Кыргыттар үөрэ-көтө чэйдэтэн баран, кыдьыктара киирэн, үрдүгэр түһэн, ороҥҥо охторон, баайын таһааран уһугуннара сатаабыттар да, туран быстыбатах. Ыалдьыттара онон туһанан, мүччү туттарбыт уонна ойон туран саатырдаталаан үөҕүү бөҕөнү үөҕэ-үөҕэ, тэбиэлээн, охсон барбыт. Сэниэлээх баҕайы улахан кыыс тэҥҥэ тутуһаары гыммытын ыраах эһиллиэр диэри тэппитэ, оһох холумтаныгар баран ойоҕоһун тосту түһэн өлөр саҥата тахсыбыт. Иккис кыыс сарылыы-сарылыы хотоҥҥо куоппут. Ыалдьыт халы-мааргы быһыылаах дьоҥҥо бэйэлэрин курдук сыһыаннаһан өй укпут уонна хаһан да эр дьону атаҕастаабаттарын курдук тылларын ылбыт. Ол киһи көрөн кэпсээбитинэн буолуо, саар ыаҕас кэмнэммит маһынан туола сыспыт үһү. Б. Махсыынап, Сунтаар Кутаната. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан