Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Дьылҕам миэнэ” диэбиккэ дылы
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Дьылҕам миэнэ” диэбиккэ дылы
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
24.08.2023 15:57
Сүүрбэ икки саастаахпар ПТУ-га үөрэнэ сылдьан эрийсии, иэйии-куойуу бөҕөтүнэн СГУ устудьуона кыыһы ойох ылбытым. Дьокуускайга «Катюша» кафеҕа сыбаайбалаабыппыт. Баҕар, дьиктиргиэххит, ол гынан баран ити буолан ааспыт сыбаайбабын, ол кэнниттэн саҕаламмыт бэрдэ суох олохпун билиҥҥэ диэри ыар түүл курдук саныыбын. Чэ бэйи, саас-сааһынан кэпсиим. Кэргэним Мааһыҥканы кытта ыаллаһа сытар улуустартан сылдьарбыт. Этиллибитин курдук, мин ПТУ-га үөрэнэбин, кини СГУ-га. Уустуктар сыбаайба тэриллэр күүгээниттэн, аймалҕаныттан тута саҕаланнылар. Кыыстара ыал буолан эрэр сураҕын истэн дьоно тиийэн кэлэн миигин бэрт болҕомтолоохтук көрөн-истэн, төрдүбүн-ууспун ыйыталаһан баран дьиҥ-чахчы мыыннылар. Сирбиттэрин кистии да барбатылар. «Күтүөппүт буолуохсут истэн турар, баҕар, сөбүлүө суоҕа» эҥин диэн тардыммакка «кыыспыт булан-булан, СПТУ-га үөрэнэр дуусаны булан ылаахтаабыт эбит буоллаҕа, ама, бүтүн университет ааттаахха киһилии киһи көстүбэтэх соро буоллаҕа», «туох да үөрэх сыстыбатах аймаҕа эбит», «кэм биһиэнэ буолан баран, тулаайах» эҥин диэн киҥинэйиини, суланыыны элбэҕи иһиттим. Ордук ийэтэ наһаалыыр. Кырдьык, мин тулаайах аҥаардаахпын диэххэ сөп. Аҕам кыра сырыттахпына өлбүт, ийэм сопхуоска сүөһү көрөр, икки кыра балтылаахпын. Кыаммаппыт. Оччолорго СПТУ-ларга иҥэн-батан сылдьыбат, бэрээдэгэ суох, үөрэҕи ылбат уолаттар маассабайдык үөрэнэр буоланнар урут да, хойут да бу үөрэх тэрилтэтин ким да соччо ытыктааччыта суох. Онон, кыра, атаах кыыстарын муор-туор киһиэхэ, миэхэ, биэрэн эрэллэриттэн долгуйаллара баа буолбатах. Бэйи, мин үлэлээн-хамсаан, майгыбынан-сигилибинэн ити саныыллара сыыһатын дакаастыам диэн санаабыппын өйдүүбүн. Эдэр да сылдьан, дьиҥинэн, оннук акаары буолбатах эбиппин. Билигин санаатахха дьикти гынан баран, тоҕо эрэ «сөпкө этэллэр» диэн уот хара бастааҥҥыттан бэйэм итэҕэспин, куһаҕаммын билинэр этим. Мааһыҥкам дьоно «сыбаайба аҥаарын эрэ төлүүбүт, аҥаарын ити дьон бэйэлэрэ төлөөтүннэр» диэн тута быһа баттаан кэбиспит буолан, ийэм эрэйдээх хантан эрэ сордоһон-муҥнаһан харчы булан ыытаахтаабыта. Ийэ кынным сыбаайбаҕа тыл этэригэр «сордооххо сото уҥуоҕа баҕалаах дииллэр, кыыспыт арыый үчүгэй киһини булуо дии санаабыппыт кыайтарбата. Ону хайыыр да кыах суох...» эҥин дии-дии үгэргээн-хоһорҕоон, мин куһаҕан киһи буоларым быһаарыллан бүппүтүн курдук туттан-хаптан туран тыл этэн дьаабыламмытын саныы-саныы билигин хааным хойдор. Сыбаайбаҕа сылдьыбыт бииргэ үөрэнэр уолаттарым, Мааһыҥка дьүөгэлэрэ бары олус бэркиһээбиттэрэ, «ыарахан ыалга күтүөттээн эрэр эбиккин» диэн элбэх киһи аһыммыта. Кыбыстан, «сиргэ тимириэхпин сир кытаанах» диэн тугу этэллэрин онно өйдөөбүтүм. Бастакы остуол чээрэтигэр эрэ олорсуһа түһээт кийиит дьоно бары тугу эрэ ылардаах курдук туттан-хаптан, иэдэс биэрэн, дьиэс-куос туттан тоҕо сууллан баран хаалбыттара. Быһата, күтүөтү (ол эбэтэр миигин) мыыммыттарын кистии да барбатахтара. Билигин санаатахха, наһаалаабыттар эбит. Мааһыҥка дьоно, дьиҥинэн, туох да улахан үөрэҕэ да, баайа да суох дьон. Оччотооҕу сэбиэскэй кэмҥэ киһи киһиттэн улаханнык чорбойор баайа да суоҕа. Мааһыҥка убайдаах эдьиийэ үрдүк үөрэхтээхтэр этэ эрээри, ол киһини сэнииргэ төрүөт биэрэр улахан ситиһии диэн урут да санаабатаҕым, билигин да санаабаппын. Ити да саҕана үрдүк үөрэххэ ким баҕарар үөрэнэрэ. Үөрэхпин бүтэрэ охсон баран дойдубар тиийэн үлэлээбитим. Дьоно-сэргэтэ да хааххайдыыллара, аалаллара бэрт быһыылааҕа, Мааһыҥка каникулугар эрэ дэҥҥэ кэлэн барара, мин да аҕыйахтык сылдьарым. Оҕолонон «академ» ылан баран биһиэхэ буолбакка, дьонугар кыстаабыта. Ийэ кынным аах миигин оҕобор сыһыарбат кытаанах былааны ылыммыттар быһыылаах этэ, инньэ гынан бэйэм да былдьаһа-тарыһа сатаабатаҕым. Устунан ыпсыыбыт атан, тэйсэн хаалбыппыт. Кинилэргэ баран үтүрүллэ, сирэй-харах анньылла сылдьыахпын баҕарбатаҕым. Мааһыҥка үөрэҕин бүтэрэн баран устунан Дьокуускайга үлэлии хаалбытын, дьонун баҕаларын хоту үөрэхтээх киһилиин ыал буолан эрэрин истэн баран тоҕо эрэ ис испиттэн чэпчээбиппин, ыар баттыктан босхоломмут курдук санаммыппын бэйэм дьиктиргиибин. Туох да долгуйуута, харах уута суох «үөрэ-көтө» кэриэтэ арахсыбыппыт. Бу кэпсиирбэр мин олус элбэҕи көтүттүм. Мааһыҥка дьонугар тиийэ сылдьан хаста-хаста күлүү гыныллыбыппын, сэнэммиппин, аһаҕастык атаҕастаммыппын кэпсиэхпин, иккистээн саныахпын баҕарбаппын. Дьиҥинэн, дойдубар, дьоммор-сэргэбэр киһи туората көрөр, талбытынан күлүү-элэк оҥостор мөлтөх, сыппах аймах бэрэстэбиитэлэ буолбатах этим. * * * Дойдубар аҕыйах сыл үлэлээн, балтыларбын атахтарыгар туруорсан баран, «кырдьан баран кылыыһыт буоллум» дэнэ-дэнэ соҕуруу куоракка үөрэнэ бардым. Икки бастакы кууруска күнүскүгэ үөрэнэн баран (дьиҥинэн, үөрэхпэр хаһан да мөлтөх буолбатах этим), кэтэхтэн үөрэнэ-үөрэнэ үлэлээтим. Ол сылдьан Томскай уобалаһыттан төрүттээх нуучча-татаар булкаастаах кыыһы ойох ыллым. Бастакы ыал буолуубуттан адьас сүрэхпэр астаран хаалан, саха кыргыттарын көрө-көрө куттанар буолан хаалбыт этим. «Көрдөххө туох да аньыыта суох аа-дьуо ньылбыһан сылдьаахтыыгыт да дьиэҕитигэр хайдах-хайдах төрөппүттээх, дьонноох-сэргэлээх табаарыстар эбиккит буолла?» дии саныырым. Онно холоотоххо нууччаҕа-татаарга ким туох төрүттээҕэ-уустааҕа туох да оруола суох, ким да онно болҕомтотун уурбат эбит этэ. * * * Билигин мин Дьокуускайга олоробун. Икки оҕолоохпун. Кыанабын. Олус оннук өрөспүүбүлүкэ кэскилин түстээбэтэрбин да, кыра дьыалалары баҕас кучу-мачы гынабын. Киһиргэммэппин гынан баран, испэр син додо курдук «балаһыанньалаахпын» дии сананабын. Ийэм эрэйдээх өлөөхтөөбүтэ. Балтыларым эргэ тахсан, оҕо-уруу бөҕө буолан олороллор. Кинилэр эрдэрин кытта олус бэрт сыһыаннаахпын. Күтүөттэрбин, сүрэх баастаах киһи быһыытынан, ытыс үөһэ тутан көрсүбүтүм, билиҥҥэ диэри талбыттарынан тараҥнатабын, атаахтатабын. Урукку ойохпун Мааһыҥканы дэҥ-дуҥ эрэ көрөн аһарабын. 2-с дуу, 26-с дуу оскуолаҕа учууталлыыр дииллэр. Билиҥҥи оҕонньоро ханнык эрэ институкка үлэлээн сордонор быһыылаах. Ити «сордонор» диэн кинини күнүүлээн дуу, абааһы көрөн дуу этэр буолбатахпын. Арыгылаан үлэтиттэн субу-субу үүрүллэр диэн кэпсииллэр. Үөрэхтэнэн да улаханы тугу да кыайбатах-хоппотох киһи диэн кини баар быһыылаах. Төһө да сэтэрээбэтэҕим иһин... оннук. Этиллибитин курдук, ойоҕум татаар. Төһө да кыһалла, үөрэтэ сатаабытым иһин оҕолорум сахалыы билбэттэр, нууччалыы иитиилээх ийэттэн сахалыы тыллаах, толкуйдаах оҕону эрэйэр уопсайынан даҕаны сыыһа быһыылаах. Ойоҕум атын омук буолан саха аймахтарым соччо сыстыбаттар. Кэлэн хоно сытан даххаһыйыы, ыалдьыттаһыы, кэлсии-барсыы суоҕун кэриэтэ. Ити туох да үчүгэйэ суох. Ол эрээри, баҕар итэҕэйиэххит суоҕа, бу кэнники икки сылга биһигини кытта Маарыйа Сэргиэйэбинэ олорсор. «Ол эмиэ киммитий?» диэн интэриэһиргиир эбит буоллаххытына – урукку ойоҕум Мааһыҥка ийэтэ. Оҕолорун кытта дэлби иирсэн баран ханна да барар-кэлэр сирэ суох буолан миэхэ кэлэн иитиллэн олорор (эрэ өлбүт, улуустааҕы дьиэлэрин атыылаабыттар, аймахтарын кытта батыспат үһү). «Сиэним аҕатыгар кэллим» диэн киирбитигэр, эрэйдээх-буруйдаах олоҕун кэпсээбитигэр, ытаабытыгар-соҥообутугар, урукку куһаҕан сыһыанын бырастыы гынарбар көрдөспүтүгэр — ханна барыамый — «кэлэн биһиэхэ олор» диэбиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Кырдьаҕас киһиттэн урукку аньыытын-харатын аахса, ситиһэ сатааһын – киһилии, сахалыы сиэргэ баппат. Эмээхсин эмиэ уруккута буолбатах, адьас атын киһи. Билигин биһиэхэ дьиэһиттээн абырыыр. Баҕар, оҕолорбун сахалыы тылга үөрэтиэ диэн эрэл кыыма баар. * * * Умнан кэбиһээри гыммыппын. Иллэрээ күн дьиэбэр ким киирэн кэлбитин кэпсээтэхпинэ — тиэрэ баран түһүөххүт. Ойоҕум түүҥҥү симиэнэтигэр үлэлии барбытын кэннэ (барытын билэ сылдьаллар эбит), эрдэттэн туох да сэрэтиитэ-биллэриитэ суох 14-15 саастаах чороччу улааппыт уолу батыһыннарбытынан Мааһыҥка киирэн кэллэ. «Уолгун билиһиннэрэ кэллим» диэн буолла. Оҕо эрдэҕиттэн сыһыарбатах буоланнар, уолбун көрбүппүттэн биир да тымыр тэбэн кэлбэтэ, кутум-сүрүм хамсаабата. Ол эрэ буолбатах, бу уолга үйэлээх сааһым тухары хаһан да ымманыйбаппын, чугаһаабаппын сүрэхпинэн курдары сэрэйдим... Быстыбыт салҕаммат. Бу кэлэн олорон Мааһыҥка эрин кытта соччо бэрдэ суохтук олорорун суҥхара былаан кэпсээтэ, мин хайдах олорорбун туоһуласта. Бэрт уһуну-киэҥи кэпсэтиэх, ону ааһан таайтара былаан ырааҕы ытар былааннарын кытта үллэстиэх быһыылаах этэ эрээри... Тулуйбатым. Урукку-хойукку кыһыым-абам барыта көөнньөн кэлэ турда. «Көр эрэ маны, үлтү кыыллаан, ибили тэпсэн-тэпсэн баран тэбэн ыытыахтара үһү. Билигин кэлэн кимиэхэ да наадата, туохха да көдьүүһэ суохтара ырылыйан тахсыбытыгар миигин кэлэн буулуохтара, иитиллээри тииһигириэхтэрэ үһү. Дьиэ дьиэнэн... Тохтуоххут эбээт. Акаарылар аны суохтар!» дии санаан баран, кыыһырбыппын биллэрбэккэ буола сатыы-сатыы бэрт эйэҕэстик таһырдьа атаартаатым. Сырыттыннар. Дьэ, оннук. Олоробут. Аркадий Афанасьев. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан