Кэпсээ
Войти Регистрация

Уруккубун санаатым

Главная / Кэпсээн арааһа / Уруккубун санаатым

K
25.11.2019 16:41
Мин 80-с сылларга дьоллоох Дьокуускай куоракка орто анал үөрэх кыһатыгар үөрэммитим. Иккис кууруска тиийэн баран, таптал төлөннөөх уотугар умайан турбутум. Хас субуота ахсын кэриэтэ куорат үөрэҕин кыһаларыгар үҥкүү киэһэлэрэ ыытыллара. Устудьуон ыччат онно хардары-таары суксуруһуу бөҕө буоларбыт. «Ол училищеҕа, ол факультекка, дьэ биир наһаа үчүгэй кыыһы (уолу) көрбүтүм. Бүгүн үҥкүүгэ онно барабын», – диэн буолар. Ол кэмнэргэ пиибэ дэлэйэ илик, ыччат арыгыга үлүһүйбэт этэ. Дьэ, биирдэ кооперативнай техникумҥа хас да буолан бардыбыт. Хайа эрэ атаспыт: «Онно кыыс диэн — кырыы кырыытынан, талбыккын булаҕын!» – диэн илтэ быһыылааҕа. Дьэ, кырдьык да, кыыс аймах элбэх сирэ эбит! Ол гынан баран, үксэ нуучча. Онтон кыратык чаҕыйа сырыттыбыт да, кэлиҥҥинэн үөрэнсэн син уҥа-хаҥас бэрсэн бардыбыт. Мин биир күөх харахтаах, мөтөгөр түөстээх, ласпаҕар самыылаах нуучча кыыһа барахсаны кытта, хайдах эрэ уруккуттан бэйэ-бэйэбитин көрдөһө сылдьыбыт курдук булсан, эрийсэн бардым! Алдантан кэлэн үөрэнэр эбит, аҥаардас ийэлээх, биир бырааттаах үһү. Сүрдээх кэпсэтинньэҥ, боростуой майгылаах. Истиҥ баҕайытык быраһаайдаһан, салгыы көрсүһүөх буолан араҕыстыбыт. Уопсайбар кэлэн баран ол түүн утуйбатым. Хайдах харахпын симтим да кыыһым бу көстөн кэлэр, сүрэҕим өрүкүйэр, дууһам долгуйар. Сарсыҥҥы күнүттэн, хаһан кыыспын көрсөрбүн кэтэһэн аһыыр аһым ас буолбат, үөрэх да үөрэх буолбат буолла. Ол дьоллоох күн тирээн кэлбитигэр, иккиэн да сирэйбит сырдаата, үөрүүбүт үрдээтэ! Ол курдук биир сыл устата олус үчүгэйдик сырыттыбыт. Кыыһым барахсан олус уйан дууһалаах, үчүгэй майгылаах этэ. Кыраттан да үөрэр, хомойор, хараҕын уута саккырыы түһээхтиир. Таптыыра да омуннаах соҕус, уураһара да уохтаах буолара. Ол тухары хоонньоһуу диэн суох этэ. Биир сыл сылдьан баран, иккиэн да тугу эрэ кэтэһэр курдук буоллубут. Үгэс быһыытынан, холбоһон ыал буолуохтаах этибит буоллаҕа. Мин туран, оннук майгы тирээн кэлбитигэр булкуллан бардым. Бу икки атын-атын омук оҕолоро бииргэ сатаан олоруохпут дуо?! Мин тыа хаһаайыстыбатын испэсэлииһэ тыа сиригэр үлэлии барыахтаах буоллаҕым дии. Онно кини сөбүлэһэн барсар дуо? Бардаҕына да үйэтигэр онно олоруо дуо? Чэ, ити курдук хараарчы булкуллан, эрэй бөҕөнү көрөн баран, биир түмүккэ кэллим: арахсыахха! Кыыспар ити быһаарыныыбын этим. Эрэйдээҕим сыыһа ытыы бөҕөтүн ытыы-ытыы көрдөһө сатаата. Мин обургу эттим да этириэс. Хаста да кэлэ сырытта, дьүөгэлэрин да ыыта сырытта. Ол курдук арахсан, мин үөрэхпин бүтэрээри сылдьан, биир чугастааҕы оройуонтан сылдьар кыыһы кэргэн ылан үлэлии барбытым. Баччааҥҥа диэри үчүгэйдик олоробут, оҕолорбут улааттылар. Дьиктитэ баар: сааһыран истэҕим аайы, буспут сугун курдук күөх харахтаах, кугас баттахтаах, сырдык мичээрдээх былыргы доҕорум мөссүөнэ сотору-сотору харахпар көстөн кэлэр буоллаҕа үһү! Олохпор тугу эрэ сыыспытым эбитэ дуу, таппытым эбитэ дуу, айбыт бэйэтэ билэн турдаҕа. Сэмэн.
kyym.ru сайтан