Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олох салҕанар оҕолорунан... (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олох салҕанар оҕолорунан... (кэпсээн)
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
09.03.2022 11:43
Ааптар - Вера Прокопьева-Итэҕэл Көмүс дуйунан бүрүнэн күһүн барахсан тиийэн кэлбитэ тоҕо да кэрэтэй... "Оо, Бүлүү, оо, Бүлүү мин таптыыр өрүһүм..." - эдэр ыччат уостан түспэт ырыата хас биирдии киһи сүрэҕин сүүйэн ыллана угуйда. Бүгүҥҥү тэрээһин уратытык, сонунннук, интэриэһинэйдик ааспыта саарбаҕа суох. Күһүҥҥү ыйдаҥа сырдыгар эдэркээн кыргыттар Бүлүү куорат устун бодоруускалаһан дьиэлээн истилэр. Саҥа үөрэххэ киирбит устудьуоннар сүрэхтэнии биэчэрин кэннэ тиэтэйэ - саарайа уопсай диэки хаамсаллар. Кимнээх эрэ өрүс кытылыгар кутаа тула олорон гитаранан ырыа ыллыыллар. Сороххо сүрэҕин кистэлин арыйар долгутуулаах киэһэ буолла. Кимиэхэ эрэ аан маҥнайгы кыыс атаарар түгэнэ тосхойдо. Кэннилэригэр ким эрэ айманар саҥатын истэн кыргыттар тохтуу биэрдилэр. Көрбүттэрэ кинилэр группаларын кытта шефтаһар уол буолан биэрдэ. Эрчимнээх эдэр саас туохтан да толлубат. Бэйэ бэйэлэрин билсэн Данил диэн, кинилэр олорор уулуссаларын нөҥүө олорор куорат уола буоларын биллилэр. Кыргыттар Лаана уонна Ньуккуу кэпсэтинньэҥ, бэһиэлэй буолан биэрдилэр. Дьэ ити курдук кырдьаҕас Бүлүү куорат устун туох да туора санаата суох күлэн - үөрэн, айманан, билсэн дьиэлэригэр кэлбиттэрин билбэккэ да хааллылар. Бэйэ бэйэлэригэр үтүөнү баҕаран сарсын үөрэнэр сирдэригэр көрсүөх буолан араҕыстылар. Ньуккуу биир кэм тобугуруур тыастан уһуктан кэллэ...чаһыы сарсыарда сэттэ аҥаар чаас буолбут. Өндөйөн түннүгүн арыйбыта курулас ардах түһэ турар эбит. Ньуккуу санаата түстэ уонна хайдах бачча ардахха сатыы үөрэнэ барабыт диэн санааҕа ылларда...Сотору дьүөгэтэ Лаана уһугунна. Иккиэн аа- дьуо туран сууннулар-тарааннылар, аһаан-сиэн үөрэхтэригэр бараары тэриннилэр. Кыргыттар санаарҕаабыттарын билбит курдук халлаан арыый да ардаҕын намыраппыт...Кырылас кумахтаах Бүлүү куората барахсан күһүҥҥү кэрэ симэҕин кэтэн, курулас ардахха суунан, сииктээх салгынынан саба биэрдэ. Сарсыардааҥы уулуссаҕа тиэтэйэ-саарайа хаамар үлэ-үөрэх дьоно улам элбээн истэ. Ньуккуу бу курдук уу нуурал, чуумпу, силбик күнү сөбүлээбэт бэйэтэ бүгүн хайдах эрэ сүрэхтиин иһийэргэ, санаалыын уоскуйарга дылы буолан, бэйэтин иһиллэнэн, ис иһиттэн тугу эрэ киҥинэйэн ыллыах дуу, санаатын ситимин тиһэн хоһуйуох дуу санаата тулуппата... Кыргыттар үөрэнэр сирдэригэр тиийэн күө-дьаа буолан, доҕотторун кытта кэпсэтэн арыый да сэргэхсийдилэр. Лаана курсун оҕолорун кытта сэлэһэ туран хаалла. Ньуккуу суол устун ылларбыт санаата араҕан биэрбэтэ...кини төбөтүгэр тохтоло суох санаа ситимэ кутулларын куоттарымаары, түргэн үлүгэрдик кабинекка киирэн үөрэнэр тэтэрээтин кэннигэр биир-биир тиһэ олордо...эмискэ көхсүн кэйиэлиир ыарыыттан кэннин эргиллибитэ. Көрбүтэ билбэт уола этэ...хап-хара харахтар...ханна көрдө этэй бу харахтары...Ньуккуу өр толкуйдуу сатаата, ол эрэн өйдөөбөтө. Бүгүҥҥү күн таабырын кэриэтэ таайыллыбакка хаалла. Олоххо араас бэлиэ, түүл-бит, санаа, харахха хатанан хаалбыт этитии нөҥүө кэлэр түгэннэри сорох ардыгар аахайбакка аһардабыт... Лаана аргыстаһан бараары дьүөгэтин кэтэһэн турара. Кинини кытта Данил үөрэн-көтөн, дьээбэ-хообо кэпсээнин ыһа-тоҕо түмүктээбитигэр үһүөн аргыстастылар. Таһырдьа лаампа уотугар көмүс дуйунан бүрүммүт мастар күлүмнүү оонньууллара көрүөххэ кэрэтэ. Оо, тоҕо да түргэнэй күһүн тымныы тыына номнуо биллибитэ.. Күһүҥҥү ыйдаах түүн, бачымах курдук элбэх сулус ардаҕын ыһан кэбистэ. Хас тырымныыр сулус сандаарар оонньуута Ньуккуу сүргэтин көтөҕө умайда, сулустан сулуска таайтара санаатын сипсийэ этиттэ... "Суол устун баччааҥҥа диэри аргыстаһа сиэттиһэн кэллибит бииргэ, суһумнуур кэрэни хааллара, суох, кэбиһиий, бүтүмэ! Соҕотох буолартан айманан сүрэҕим сонньуйан ылар" - диэн Ньуккуу этиитин түмүктээтин кытта, хараҕын уута сири, халлааны силимнии тохтоло суох сүүрдэ...Тоҕо? Туохтан? Ньуккуу бүгүҥҥү күнүн таабырына бу сулустаах түүн таайыллыбыта. Кини кистэлэҥ таабырына бу халлааҥҥа баар икки чаҕылхай сулустар. Ол кини ийэлээх аҕата...Төһө да кыра буоллар барытын өйдүүр, хаһан да умнуллубаттыы хатанан хаалбыттар. Ол күнү санаатар эрэ хараҕын уута тохтоло суох сүүрэр...Онно кини аҕыһын саҥа туолбут этэ...алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьара. Үөрэҕин кэнниттэн кэлбитэ дьиэтигэр киһи бөҕө мустубут этэ...дьонун хоһугар киирбитэ ийэтэ ороҥҥо сытара, аттыгар быраас олороро. Онтон залга аҕатын эдьиийдэрэ төбөлөрүн тоҥхотон, санааҕа баттаппыт дьүһүннээхтэрэ, дьыбаан кырыытыгар сиһэ бөгдьөйөн кырдьаҕас эбээтэ барахсан өрө тыына олороро. Ньуккуу төһө да кыра буоллар, туох эрэ дьулаан быһыы буолбутун сэрэйбитэ уонна саҥата суох хоһугар киирбитэ. Бу дьыл кини тапталлаах дьонун сүтэрбитэ...дьиэ иһэ биирдэ кураанахсыйа түспүтэ... Оҕону аҕатын эдьиийэ, сулумах учуутал дьахтар иитэ ылбыта. Бу күнтэн ыла Ньуккуу олоҕо тосту уларыйбыта. Төрөппүт ийэ, аҕа таптала суох улааппыта оруобуна уонча сыл буолла. Ньуккуу оҕоттон итэҕэһэ суох улааппыта, тугу баҕарбыта барыта баар буолан иһэрэ. Кини ииппит ийэтигэр Анна Петровнаҕа махтала муҥура суох. Дьылҕа хаан икки ыар сүтүктээх дьону биир дьиэ кэргэн гыммыта туохха да тэҥнэммэт дьол буоллаҕа. Аҥардас сорсуйан кырдьан олоруу оннугар ийэ үрдүк аатын сүгэн олордоҕо. Анна Петровна оскуолаҕа биир тарбахха баттанар учуутал. Нуучча тылын үөрэтэр. Хомойуох иһин үлэ үгэнигэр убанан бэйэтин олоҕун оҥостубакка хаалбыта. Убайа барахсан суол быһылааныгар түбэһэн тута суох буолаахтаабыта, онтон саҥаһа ол ыар сураҕы уйбакка кэргэнин аҕалыахтарын биир күн иннинэ сүрэҕэ тулуйбакка бараахтаабыта. Хаалбыт дьоҥҥо утуу-субуу ыар сүтүк олохторун тухары сүрэх бааһа буолан иҥэн сырыттаҕа...Анна сүрэҕин бааһын улаатан эрэр Ньуккуу арыый да мүлүрүтэрэ. Дьонун олоҕун салҕааччы соҕотох күҥҥэ көрбүт оҕотун хараҕын харатын курдук харыстаан, маанылаан улаатыннарда, олох киэҥ аартыгар атаарда. Чугастыы Бүлүү педколледжыгар саха тылын салаатыгар үөрэххэ кииллэрдэ, чугас дьүөгэ кыыһын кытта олороллоругар сөптөөх дьиэни куортамнаан олохтоото. Күһүҥҥү былдьаһыктаах күннэр биир кэм субуһан ааһан истилэр. Таһырдьа номнуо маҥнайгы хаар сир ньуурун үллүйэн ньаассын түү кэриэтэ намыыннык түһэн саҕалаата. Анна күнүнэн Бүлүү куоратыгар үлэтинэн семинарга киирбитэ. Уулуссаҕа ааһан иһэр эдэр уолу бэркэ билэр киһитигэр майгыннатта. Ол эрэн оннук буолуон сатаммат: "Суох, суох кини буолуон сатаммат, арааһа сыыһа көрдүм быһылаах" диэн Анна санаатын аралдьытан үрдүк кирилиэс устун тиэтэйэ-саарайа хаама турда. Нарын кыыс кэриэтэ намчытык туттан хаар намыын үҥкүүтэ сүрэхтэри сүүйэн Сэтинньи ый ортолоон эрэр. Хаар алыптаах ырыата дьолунан абылаан Ньуккуулаах Лаана саҥа түспүт хаары кэһэн үөрэхтэриттэн дьиэлээн истилэр. Үөһэттэн тыгар лаампа уотугар көрдөххө хаар ытыйар ытылҕана, ыһыллар кыыма кэрэтиэн... Кырпай хаарчаан үрүмэччи тэҥэ көтөрө үчүгэйиэн...Эдэр сааска ким сүрэҕэ тапталга куустарбат буолуоҕай...маҥнайгы таптал...бастакы көрүүттэн таптал...кэрэ кэмнэр хаһан да хатыламматтыы сүрэхтэргэ уйаланнахтара. Бүгүн өрөбүллэри баттаһа Ньуккуу дьиэтигэр айанныыр. Ньуккуу хараҕар хатаммыт чох хара харахтары хаһан да умнубат. Бу кини аҕатын харахтара..."Тоҕо бу харахтар майгынныыллар...Ама Дьулус аҕам аймаҕа буолуо дуо?" диэн Ньуккуу санааҕа ылларбыта ыраата. Ол иһин хайаатар да таайа олорбокко бүгүн дьиэбэр тиийдэхпинэ ийэбиттэн ыйыттахпына сатаныыһы дии саныыр. Анна Петровна үлэтиттэн кэлэн, ас астаан кыыһын кэтэһэн телевизор көрө олорор. Бүгүн саҕа долгуйбут күнэ суох...Ити чахчы убайын уолун көрбүтэ быһыылаах. Билигин санаатаҕына убайа барахсан кистэлэҥин балтыгар эрэ кэпсээхтээбит эбит. Анна уолу икки сыл анараа өттүгэр убайын кытта түспүт хаартыскатыгар эрэ көрбүтэ. Бу суос соҕотох хаартысканы убайа биэрбитэ, ол иһин сүппэтин, ким даҕаны көрбөтүн, билбэтин диэн мэлдьи бэйэтин кытта күннээҕи бэлиэтээһиннэрин сурунар блокнотун сиэбигэр укта сылдьар. Бу хаартыскаҕа Дьулус үүт үкчү убайын курдук. Дэлэҕэ даҕаны Анна соһуйуо дуо, убайыгар майгыннатан... Өтөр буолбакка Ньуккуу үөрэҕин кэннэ икки хонукка дьиэтигэр кэллэ. Ийэтин, дьиэтин ахтыбыт санаатыгар бириэмэ түргэнин сөҕөр. Сыллаһан-уураһан, хайдах айаннаан кэлбитин ыһа-тоҕо кэпсээт, таҥаһын устан, илиитин суунаат хоһугар ааста. Төһө да Ньуккуу кистэлэҥ санаатын биллэрбэккэ буола сатаабытын иһин ийэтэ кыыһа туох эрэ санааҕа ылларбытын эндэппэккэ биллэ. Остуолун тардан аһылыкка ыҥырда, сэрэнэн кэпсэтиини саҕалаата... Ньуккуу ийэтигэр бастакы көрүүттэн бииргэ үөрэнэр уолун сөбүлүү көрөрүн туһунан ис иһиттэн арыллан олорон кэпсээтэ. Онуоха ийэтэ иһигэр сэмээр үөрэ санаата, оҕом эрэ дьоллоох буоллун диэн. Ону баара, бу кыыһа көрдөрөр хаартыскатыгар баар уол, кини быраатын уола буоларын көрөн, иһэ олорбут чэйигэр чачайыар диэри соһуйда, нэһиилэ тыын ылан "Оо дьылҕа хаан...Хаан тардыыта күүстээх да эбит...Таптал тугу оҥорботоҕо баарай..." ийэ киһи өйүгэр түспүт тылларга мунан, хараҕын уулара тохтоло суох сүүрэллэрин да аахайбакка, балай да саҥата суох хаартысканы тобулу көрөн олордо. Ньуккуу ийэтин хараҕын уута тохтоло суох түһэрин көрөн хап-сабар телефонун туппутунан устуулугар баран олордо. Мэлди күлүү-үөрүү үктэллээх, былдьаһа-тараһа кэпсэтэр бэйэлэрэ бүгүн харах уута аргыстаннылар... "Ийээ, тоҕо ытыыгын?" диэн аргыый аҕай ыйытта. Онуоха туох диэн хоруйдуон билбэккэ ийэтэ аа-дьуо туран хоһун диэки хаамта. Кыыс ийэтин кэнниттэн эппиэт истээри батыһан тиийдэ. Ийэтэ туох да саҥата суох остуолугар сытар блокноту арыйан утары уунна. Ньуккуу хараҕар хатаммыт чох хара харахтара эппиэт бу баар диэбиттии көрөн олороллоро...Эмиэ да үөрүү, эмиэ да хомолто таммахтара эдэркээн кыыс иэдэстэрин устун тутан турар хаартыскатын үрдүгэр биир биир таммалаабыттара...Ийэлээх кыыс бааһырбыт сүрэхтэрин эмтиир биир суол баарын тэҥҥэ таайбыттарыттан олус соһуйбуттара, куустуһан туран ууйа-хаайа суох ытаспыттара уонна бу киэһэ кинилэр кистэлэҥнэрэ таайыллыбытыттан көхсүлэрэ кэҥээбитэ...арыый да уоскуйан бэйэ бэйэлэрин санааларын ситэрсэн биэрэн бэркэ өйдөспүттэрэ. Сыл хонук аастаҕын ахсын сааһыран истэхпит. Арыт түөрэккэй оҥочо тэҥэ, арыт уу нуурал тэҥэ олох тургутуутун, тосхойуутун аастыбыт ини ааспатыбыт ини...Оҕо төрөтөн дьоллонон, чороҥ соҕотох сорсуйан дьылҕа аналын толордубут ини толорботубут ини...олох барахсан уунар суолун таба тайанар уустук даҕаны...сүрэххит сиэбигэр кистэлэҥ суруктары уган хаалларымаҥ, хас биирдии кэлэр киһи олоҕо суолталааҕын, бу курдук кистэлэҥнэртэн тутулуктаҕын өйдөөҥ... Билигин кэлэн санаатахха минньигэс сиэннэргэ убанан орто дойдуга кэлэн ааспыппытын биллэрэн, аппытын ааттатар ыччат дьоннорбутун кытта суулаһан олорор күндү да эбит... Күн тэҥэ киһим...Күн күбэй ийэм...Ийэ буолуу дьол... Бу истиҥ тыллары Ньуккуу бэйэтэ ийэ буолаары сылдьан ордук күндүтүк саныыр, ылынар буолла. Олох салҕанар оҕолорунан... Вера Прокопьева-Итэҕэл, 2021сыл
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан