Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ахтылҕан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ахтылҕан
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
15.11.2019 17:49
Быһа тардыы Баардаах Баһылай Искирээбиннэргэ баран истэҕинэ, бураллыбыт баттахтаах кыыс кыһыл былааты тэлимнэппитинэн сүүрэн элэстэнэн ситэн ааста. Сиргэммит ахсым аттыы дьиэгэнийэн, ыраах-ыраах ойуолаата. Түргэн тэтимин күүстээх салгына ойоҕоһуттан тыал курдук сурулаата. Балайда ыраатан иһэн, төттөрү киниэхэ субулунна. Түҥнэри көтүөхтүү утары кэлэн ыксалаһаат, суолтан туора ыстанна. Кэрэ сэбэрэтэ элэкис гынна. Күүстээх тыаллыы эмиэ аттынан тыастаахтык сурулаата. Тэйэ түһээт, туохтан эрэ соһуйбуттуу хорус гынан тохтуу биэрдэ. Кинини көрдө дуу, тугу эрэ атыны өйдүү түстэ дуу. Сирэйэ-хараҕа уоттаммыта ынырык. Иэдэһин хаан оҕуолуор диэри хайа тардыммыт. Туохтан эрэ олус уйуһуйбут, кыыла турбут. Хомуһуннаах удаҕан турукка киирэн кыыран ыһыллаҥнатарыныы өрүтэ ыстаҥалаата. Үрүҥүнэн-харанан тобулута көрдө. Биир сиргэ битийэ тэйиэккэлээн тэллэҕэ тэлэмээттэннэ, тырыттыбыт таҥаһа бытырыыстанна. Хойуу баттаҕа арбаҥнаата, нарын илиитэ сараҥнаата. Итиэннэ эр киһини эргийэ көтөн, мээнэ-мээнэ тэлэкэчиҥнээтэ. Ити барыта кыл түгэнэ түргэнэ көрүөххэ сүрэ бэрдэ. Баһылай мэктиэтигэр тардыы тимир иэмэхтэр килбэҥнииллэрин көрбүттүү сананна, алтан кыаһаан кылырҕас тыаһын истэргэ дылы гынна. Иэнэ кэдэҥнээтэ. Этин сааһа аһылынна. Тыбыс-тымныы тыал курдары охсубутунуу дьигиҥнээтэ. Ол ыккардыгар кыыс харах далыттан тахсан элээрэ турда. Соппуруоннаах кураанах олбуордарын туһунан кыһыл былаата кытыаста кыыста. Баардаах Баһылай көхсүн хараҕыттан көстүбэт салгын хаа аргыый сыыйыллан тахсан, кыыс кэнниттэн батыһа уһунна... «Ок-сиэ, өрө тэйэн түһэн энергетикалаах да дьахтар! Хайа бэйэлээх сыһыппыт дьолой! Хаҥыл сылгыны айааһыыртан итэҕэһэ суох мөхсүүлээх буолуохтаах. Эчи, үчүгэй да дьүһүннээх. Айдарыылаах аналын кыайан таһаарбакка арааска тиийэ сырыттаҕа», — диэн Баһылай эмиэ да ымсыыра, эмиэ да аһына хаалла. Хаамара эрчимирдэ, туттара-хаптара сыыдамсыйда. Сүөдэрдээххэ киирэн кэллэ. Ынах арыытыгар сылытыллыбыт алаадьы минньигэс сыта хара аантан дыргыйда. — Дьиэлээхтэр, туох сонун, — диэбитинэн улахан уорук хабайар хаба ортотугар биирдэ баар буолла. Кисиэнньэ оҕотун көтөхпүтүнэн иккис этээстэн бэрт бытааннык устан мөлбөйөн түстэ. Дэлэй-холой эмиийдэрэ үктэлтэн үктэлгэ киһи эрэ иҥсэриэх эккэлэһэн үллэх-үллэх үллэҥнэстилэр, көппөх-көппөх көппөҥнөстүлэр. Алын тимэҕэ сөллөн хаалбыт ойуулаах халаатын эҥээрэ киэҥ-киэҥник нэлэҥнээн, сонос бууттар кыбыстыбакка кылбаҥнастылар. Сыгынньах маҥан бөтөҕөлөрө тот куобах оргууй ойуолуурунуу туртаҥнастылар. Аҥар илиитинэн куп-кугас суһуоҕун көннөрүнэ-көннөрүнэ мичээрдээтэ. Кыбыстыбыт кыыс оҕолуу имэ тэтэрдэ. — Сонун соччо суох, оттон эйиэхэ буолуо дии, үлэ киһитигэр. Сүөдэр суох ээ, Бээчэлээх Славкатын илдьэ сарсыардаттан сылгыһыттарга барбыттара. Өйүүн өйүөлэрэ бүттэҕинэ, биирдэ кэлэллэрэ буолуо, арааһа. Эбэбит Даайа идэтинэн килиэбигэр барбыта. Кэлиэ төрүт ыраах, дэриэбинэ сонунун барытын биллэҕинэ, биирдэ кэлээччи. Даайыҥка биһиги, туһата суох кыргыттар, үлэлээбэт дьиэ бөхтөрө эрэ манна баарбыт. Чуҥкуйан өлөөрү сылдьабыт. Киир ээ, сонуҥҥун кэпсээ. Аас. Чөчөгөй үүттээх итии чэйдэ иһиэххэ, арыылаах алаадьыта амсай, — аҕыйах сөкүүндэ иһигэр иэйиилээх бэйэлээхтик элбэх-элбэҕи этэ охсон эйээрийдэ. Үөрбүтүгэр тэптэрэн дьиэлээхтэр олохторун түөрэ барытын тиэрэ ууран ыһа-тоҕо кэпсээтэ. Оҕотун кууспутунан, сыллыы-сыллыы, куукуна диэки «көһөн»
мөлбөрдөөтө. Кэтит өттүктэрин иҥсэрдибиттии иҥнэҥнэтэн, суон бууттарын ымсыырдыбыттыы хатайдатан оргууй-оргууй бөлтөрдөөтө. Харах батыһа хаалар халыҥнаахай самыыта көп этинэн көөчүктээтэ. Төрөлкөй бэйэтэ иирэ талахтыы имигэстик эриллэн, ыалдьытын диэки эргилиннэ, кыҥнах гынан «чэ, хайыыгын» диэбиттии эйэҕэстик көрдө, эмиэ суһуоҕун мускуйан ылла. Толору этэ-хаана таҥас курдары долгуһуйда. — Кэбис. Чэйдээбэппин. Махтанабын. Кэбис. Ыксыыбын, — Баһылай умсугуйа одуулаһа туран, өй ылан үрүт-үөһэ аккаастанна. Сирэйэ кытарыар дылы ыгылыйда. Итииргээтэ. Кырдьык тиэтэйбит киһи быһыытынан сыыһа-халты бакаалаһан таҕыста. Тоҕо эрэ өрүкүйдэ. «Оок-сиэ, өрө үтэн түһэн, буфердардаах да барахсан! Сымнаҕас суорҕан кэриэтэ суулуу кууһар буолуохтаах. Киһи тулуйбат үлүгэр чачатар суостаах. Итиччэ тэйиччиттэн бирээмэ итиинэн илгийдэ ээ. — Сүөдэр чахчы дьоллоох уол эбит!.. — хараҕа таптыы көрбүтүн саҥа аллайан таһыгар таһааран кэбистэ. Муннун мускуйбахтаата. Онтон били мааҕын суолга көрсүбүт сыыдам кыыһын саныы биэрдэ. Дьахтар аймах талыы мааны көстүүтүттэн соччо соһуйбат буолбут дьоһун бэйэкэтэ бүгүн тоҕо эрэ эдэр уол курдук омуннаахтык оруойданна. Собуоттанна. Мэник-тэник имэҥнээх кимиилээх санааларын кыайан кыатаммата. Кэргэниттэн тэйбитэ таайда. — Хайдах итинник туспа уйулҕалаах киһини дьоно көрбөт бэйэлэрэй, барахсан ол-бу оһолго түбэһиэ. Хаарыан да бэйэлээх иэдэйбит, — бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэттэ. Суол устун көнөтүк туһулаан иһэн, Соппуруоннаах тэлгэһэлэригэр туораан таҕыста. Көрдөҕүнэ ким да суох. Тула уу чуумпу. Арай кураанах хотон диэкиттэн бэрт кыра тыас иһилиннэ. Саах сыбаҕа сулланан, куура хатан адыгыраан хаалбыт туруору мастардаах эркин быыһынан туох эрэ кытарыс гынна. Баһылай сүрэҕэр ыттарда. Хотоҥҥо ыстанна. Халҕаны тэлэйэ таппыта — куһаҕаннык «хаахыр!» гынаат, иэччэхтэриттэн арахсан туллан кэллэ. Ону кытта атын амырыын хартыына хараҕар хатанна. Мааҕын суолга көрсүбүт кэрэ ньуурдаах муҥнааҕа кыһыл былаатыгар моҥнон бу талбааран тураахтыыр эбит. Ынах ыыр олох маһы салҕаммыта аттыгар түөрэ түһэн сытаахтыыр. Эчи, куһаҕанын! Эчи, ыараханын! Арах! Арах! Аар-маар барбакка, сүр сымсатык ыстанан тиийэн, былаат уһугун сүөрэ тарта. Бэйэтигэр тиийиммит эрэйдээҕи көтөҕөн түһэрдэ. Ити барыта чыпчылҕан түгэнэ түргэн үлүгэрдик буолла. Уһуну-киэҥи толкуйдуу турбакка кыыс уоһугар айаҕынан түстэ. Тыын киллэрэ сатаан, үөһэ-аллара уһуутаамахтаата. Уһун хойуу кыламаннар аргыый хамсаан ибигирээн кэлбиттэригэр үөрүүтүттэн хам кууһан ылла. Хайдах эрэ, былыргы баттыгастаах кэм хамначчыт кыыһын хомолтолоох дьылҕатыттан быыһаан ылан, үйэлэри уҥуордаан уоран ылбыттыы сананна. Кини оччону-баччаны син биллим, олох аһыытын-ньулуунун балайда амсайдым диэбит эр киһилии хорсун санаата атаҕын тобугар сууллан түһэн, сүһүөҕэ салыбырас буолла. Ыксаата-ыгылыйда. Куттаныыттан-уолуйууттан сүрэҕэ айаҕынан сулбу ыстанан тахсыахтыы күүскэ-күүскэ бүлтэҥнээтэ. Чэчэгэйин тымыра үллэн тахсан, кыра сүрэх кэриэтэ мүлүк-мүлүк тэбиэлээтэ. Анараа дойду уодаһыннаах уорааныттан кыл мүччү төннөрбүт үөрүүтэ бүүс-бүтүннүү тилийэ киэптээн кэбистэ. Күүрүүтүн уйбакка уһуутуу-уһуутуу уйа-хайа суох ытаан барда... * * Биирдэ өйдөөбүтэ... кыыһын күөйэ кууһан, хачайдана-хачайдана, ыйылыы олорор эбит. Төһө өр оннук олорбута буолла... Халлаан хараҥарбыт.
Табахтаабат бэйэтэ табах тарпыт киһи дии санаата. Сылайбыт этин-сиинин сайҕатыан баҕарда. Өндөйөн туруох курдук гынан иһэн, кыыһын түөһүгэр ыксары тарта, нэмийэн эпсэри ылла. Дьахтар баттаҕын минньигэс сыта туймаарта, итиртэ-ииртэ. Сэниэлэнэн, бүтүннүү күүрэн кэллэ. Этэ-хаана кычыгыланан, тымыр-сыдьаан аайы айҕаарыйа тарҕанна, өйө-санаата аралдьыйан ирим-дьирим имэҥирэ иитилиннэ. Ыыппакка хам кууһа сытан, ыбылы таптастарбыан диэн, Эр Киһи Барахсан дохсун уоҕа добун буурҕалыы ытылынна. Итии-тымныы таҕыл-таптал аптаах чаана тоҕу бараары холоруктанна. Таптаһар таманын тыыллар тымыра быллаарытта бастанна. Уһаарар ухханын уунар утаһына улуутуйа уһуктанна. Уһугунна. Уһугуннарда. Тулуйар аатыттан ааста. Тыастаах-тыастаахтык сыллаан сырылатта, уохтаах-уохтаахтык уураан чобурҕатта. Намчы уостар утарыласпакка уураһан барбыттарыттан эр ылан, өссө күүскэ үҥүлүйдэ. Кэтит күөнүнэн тиэрэ анньан түһүнэн кэбистэ. Биирдэһэ ону эрэ кэтэспиттии кибиҥнээн барбытыгар эр киһи барахсан атыыр хаана хамнаата, харса суох таптаата. Өрүтэ бүгүллэҥнээн өй-мэй барда, уһаты ууннаҥалаан, аам-дьаам аарыгырда. Орто туруу бараан дойдуттан олоччу арахсан дьол ыраас халлааныгар ахсымнык аттанна. Уоҕа-кылына оодул курдук ойутта, көҕө-нэмэ көөдүл курдук көтүттэ. Кыыс тэҥҥэ уохтаахтык таптаһан, утары уунаҥнаан, түлэй-балай түстэ. Бииргэ көтүстэ. Умнубут оонньуутун ахтан-санаан уһун улугурууттан уһуктубут курдук буолла. Илийбит итии эҥээрэ сылаас сүмэһининэн сыккыстана тыгыаланна, оргуйбут буһуу хаана түргэн сүүрүгүнэн күүгэннэнэ күөрчэхтэннэ. Омуннаах ытылҕан атаҕын тарбахтарыгар тиийэн иҥнэн, имэрийэн эрэрдии, минньигэс бэйэлээхтик кычыгылатта. Уҥара сыста. Саҥа таһааран уһуутаат, эт-этэ арахсан барыахтыы өрө дьигиһийдэ, ойоҕоһун уҥуоҕа хардарсан хаалыахтыы өрүтэ түллэҥнээтэ. Имэҥнээх кистэлэ эр киһи сүрүн быһа эмэн кэбиһиэхтии имиллэҥнээтэ-имиҥнээтэ. Итиэннэ ис-иһиттэн эҥсэн иэйэн-куойан сүр күүскэтик ытаан эйээрийдэ. Эймэнийдэ-эҥсэлийдэ. Иһин түгэҕиттэн иэҕэн, дириҥник, иччилээхтик эмиэ да туспа кэрэтик ынчыктыы-ынчыктыы ытыы сытта. Онтон тыынын таһааран: «Һуу!..» — диэт налыйан хаалла. Уһун сылларга сордообут соҕотохсуйуу муҥуттан, дьэ, төлө туттарбыт уйан кута көҥүллүк тилийэ көтөн, дьол байҕалыгар тимирдэ дуу, Үргэл сулуска таласта дуу. Уҥан хаалбыттыы нуурайда, утуйан хаалбыттыы нусхайда. Ситигирдик силигин ситэрэн, субугурдук сулумаҕын суурайан, Эр Киһи Барахсаҥҥа бүтүннүү бэриннэ... Баһылай эдэр дьахтар кытаанах этин ыбылы кууспутунан аттыгар эмиэ хамсаабакка чуумпурда. Ол быыһыгар «эр киһилиин чугаһаспатаҕа ырааппыт» диэн мындыр муҥутаан сылыктыы оҕуста. «Барахсан ыарыһахха маарынныырын иһин ким да чугаһаабат буоллаҕа, ити үлүгэр умайар уоҕу сыраан киһи уйбат ини» диэн арыыйда уоскуйан, хатыспыт санааларын сааһылыы сатыыр айдааныгар сытта. Дьоллообут, дьолломмут бэйэлээҕин иэдэһиттэн сэрэнэн-сэрэнэн имэрийэн ылла. Баттаҕын барбах-барбах таҕайан, аргыый-аргыый сыллаата. Өрдөөҕүттэн билэр киһилии: «Сладкая ты моя, глупая ты моя...» — дии-дии, тоҕо эбитэ буолла, нууччалыы сибигинэйдэ. Өй ылан, таптыыр тыллары сахалыы сатаан сааһылаан саҥарбат көнтөрүк көлөөгүн бэркиһээтэ. Төрөөбүт тылынан иэйэн этэр иһирэҕин төнүннэриэн санаата. Кини сүөгэйин-сүмэтин сүһэн ылан, минньигэс сэгэригэр өрүү сипсийэ кэпсиэн баҕарда. Кэрэ бэйэлээҕин эмиийин үҥүлүйдэ, тумуктарын ыарыылаахтык ытырбахтаата. «Оҕолоох эбит» диэн сэрэйии элэстэнэн ааста... Эр киһи
эрчимнээх сүрэ иккистээн тиллэн кэлэн, хардарыта нугуйсан бардылар. Сылайыахтарыгар диэри сылластылар, эстиэхтэригэр диэри имэристилэр. Таптастылар-ааттастылар, куустустулар-ньулустулар. Бу аҕай иннинэ туох идэмэрдээх иэдээнэ иҥнэри баттыы сыспытын мэлдьэһэн кэбиспиттии дьоллоннулар. Уулуннулар... Умуннулар... Утуйдулар... Ойоҕо суох орой муҥа умнулунна, эрэ суох эрэй муҥа эһилиннэ... * * Баһылай бастаан уһугунна. Арай халлаан суһуктуйбут. Иэдээнтэн иҥнибэккэ, куһаҕантан толлубакка ыга куустуһан, кураанах хотоҥҥо хонон хаалбыттар. Күһүҥҥү нуһараҥ түүн угуттуу сылыппыт, сылааһынан сайбыт. Дьикти тиллиини бэлэхтээн, таптал тыынынан тымырдарыгар тыллыбыт. Бу сытан өйдөөн көрдөҕүнэ, олус оттомноох номоҕон бэйэлээҕи кууһа сытар эбит. Туох эрэ алдьархайтан аһара айманан кутун куоттара сыспытын, аһаҕас хаҕа алыс ыһыллан уйулҕатын хамсаппытын таайда. Үрдүк Айыылартан анаммыт айдарыылаах дьылҕатын аныгы үйэ тугу да билиммэт, тугу да итэҕэйбэт ньүдьү-балай бардама ыарыыга кубулуппутун аһынна. Ааспыт үйэлэргэ төрөөбүтэ буоллар, тус аналлаах дьарыктаах эбитин сэрэйдэ. Бэйэтэ эмиэ атын эйгэлиин кыралаан алтыһар кэмнэрдээҕиттэн сэдиптээн тута биллэ. Айылҕа барахсаҥҥа чугаһа таайдаҕа. Түбэһэ түһэн, өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан мүччү харбаппытыттан, куһаҕан дьайтан быыһаабытыттан киэн тутунна. «Баардаах баарым таайан, барахсаны быыһаан ыллаҕым!» диэн үөрэ санаата. Урут даҕаны араас быһылааннартан баардаах баата салайан, баччаҕа диэри этэҥҥэ кэллэҕэ. Эһээ да буолара чугаһаата. Уолаттара ойох ылар саастарын сиппиттэрэ ыраатта. Кини көрүүтүгэр-харайыытыгар улаханнык наадыйбаттар. Дьиэҕэр түргэнник төнүн диэн ким даҕаны соҕурууттан ыҥыран-суруйан үүйэ-хаайа туппат. Таах сибиэ туора сиргэ тиийэн-түгэнэн, туора омук дьахтарын ойох оҥостон олордохпун дэниэххэ айылаах. Былырыын хайдах дойдутугар кэлбитинэн тулаайах курдук сылдьар. Кэмсинии кэрбээтэ. Муҥатыйан ылла. Сахатын кыыһа сыттыын абылаҥнаах, ураты умсулҕаннаах буоларын этинэн-хаанынан илэ биллэ. Сэрэнэн сүүһүттэн сыллаата. Умнуллубут ахтылҕан сылаас сүүрээнинэн сүрэҕин толордо. Леди Муус. Толорутун «Күрүлгэн» 2009 сыл 2-с нүөмэригэр ааҕыҥ. (Сыл иккис аҥаарыгар сурутуу бара турарын санатабыт).
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан