Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыал ийэтинэн (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыал ийэтинэн (кэпсээн)

K
kyym.ru сайтан Айымньы
07.03.2022 21:57
Ааптар Евгений Васильев-ЧАҔЫЛ Айдаар бөлүүн эмиэ аһаан кэллэ. Тэлиэс-былаас дайбаан, кус-хаас саҥатын түһэрэн, дьиэҕэ кутуллан түспүтэ. Маша уһуктаҕас этэ. Кэргэнин өйөөн-убаан киллэрэн, ороҥҥо сытыарбыта. Айдаар туох эрэ диэн үлүгүнүйэрэ: - Ити барыта Петро, оннук-маннык, маат-муут, аванса кэлэн аһатан кэбистэ дьиикэй! Бырастыы гын, чыычаах, Машулям... Аны мин хаһан да иһиэм суоҕа, тылбын биэрэбин! Клянусь матерью! - дии-дии Машатын иэдэһиттэн сыллыы сатаата. Хата Машата киэр илгибэтэ. Ол оннугар киһитин имиллибит баттаҕын сахсыта имэрийэн: - Чээн, мин оҕом сылайбыт, утуй чыычаах сылаастык, мин эйигин таптыыбын. Барыта үчүгэй буолуо. Утро вечера мудренее... - диэн баран уолу иэдэһиттэн "чоп" гына уураан баран ыга кууспута. Сарсыарда Айдаар дьиэтигэр соҕотох уһугунна. Уу-чуумпу. Хоп курдук хомуллубут, ыраас, бэрээдэктээх кыбартыыра. Уһун штора, тюль. Сымнаҕас, нууччалыы эттэххэ уютнай баҕайы атмосфера. Сылаас холумтан. Куукунаттан минньигэс буспут эт сыта кэлэр. Миин! Сыалаах эт миинэ, эчи үчүгэйин! Төһө да бэҕэһээҥҥи бырааһынньык кэнниттэн ыга өлөттөрдөр, син сүүрбэччэлээх эдэр киһи аата эдэр киһи! Этэ-сиинэ түргэнник чөлүгэр түһэр. Остуолга тиийэн аһаары олорон Маша хаалларбыт саппыыскатын көрдө, онно «Удачного дня милый! Целую!» диэн суруллубут уонна икки сүрэҕи курдаттыы барбыт оноҕос уруһуйа баар. Айдаар маны көрөн эмиэ да үөрдэ, эмиэ да олус кыбыста санаата. Ким кинини маннык бүөбэйдэспитэй, туох үтүөтүн иһин? Өйдүүрүн тухары өрүү маннык хадаар майгытын иһин дьонуттан мөҕүллэн тахсара, онтон өссө өрө барара. Дьиэтигэр кэлэн содуомнуура. Аармыйаҕа сылдьан өйдөнөн кэлиэ диэн сулууспалата ыыппыттара, киһилэрэ онтон өссө бууса кыыла туран, оройунан көрөн кэлэн, дьэ утаппыттыы бэйэтин курдук халлаан дьоно, ыал атаахтарыныын аһыы утах үрдүгэр түспүтэ. Айдаар төһөтүн да иһин атаах этэ. Төһө да төбөтүттэн имэрийиллэ сылдьыбатар, үс кыыс ортотугар төрөөбүт соҕотох уол буолан дьоно, чуолаан ийэтэ өрө туталлара. Элбэх сыыһа-алҕас бырастыы гыныллара. Баҕарбыта баар буолан иһэрэ. Хайа, Хабырыыллайап аймахха аат ааттатар уол оҕо буоллаҕа, удьуор утум салҕааччы, туйах хатарааччы. Бу олорон Айдаар төбөтүн икки илиитинэн саба туттаат, санааҕа ылларда. - Бэйи, бу тугу тугу дьаабылана сылдьабыный? Маннык майгыбын Маша өр тулуйуо дуо? Всему есть свой конец. Сколько веревочке не виться, а все равно один конец! Бу олорон Машатынаанан хайдах билсибитин санаата. Били, бу саас этэ дии. Уолаттарынаан Эбэ алааска саас кэлбитин сууйа, бэлиэтии "харалдьыктыы" аатыра сылдьыбыттара. Буоларын курдук «шоу» бөҕө, арыгы муоранан, костёр-мостёр, шашлык, гитара. Халдьаайы сыырын быарыгар ньургуһуун бөҕө! Сааскы сиккиэр тыал, үүнэ-тэһиинэ суох эдэр саас! Толору дьоллоох буолуохтарын кэрэ аҥар, кыыс куо эрэ тиийбэтэ. Дьол хараҕа суох дииллэринии, ол күн ити итэҕэстэрин таҥара ситэри толорбута. Тумуска, кыргыттар эмиэ маевкалыы сылдьалларын сытыы харахтаах Айаал көрбүтэ. - Вперёд орлы! А я за вами! - диэн баран кырдьык-ходдьук хаппыт мутугу илиитигэр бистэлиэт курдук өрө уунаат, кыргыттар диэки ууммута, уһун туруйа курдук атахтарынан ыйбыт хайысхатынан атаралыы турбута. Атастара күлэ-күлэ хамандыырдарын батыспыттара. Ойутан тиийбиттэрэ үс кыыс олорор эбит. Һэй эбэтээ! Оруобуна! Үс үскэ! Икки арыый эдэрчи, биир арыый аҕа көрүҥнээх. - Салют девчата! Саас кэлбитинэн! Разрешите присоединиться? - саамай сытыылара Айаал кэпсэтиини саҕалаабыта. Айдаар атаһын өрүү сөҕөр. Эчи галаантынайа, кыргыттарга подхуодун сатыыра! Хайа, учууталлар оҕолоро буоллаҕа. Алексеевтар династиялара! Эчи начитаннайа, дьиҥнээх аристократ! Айдаар күлэн ылла. Айаал ыйыппакка да кыргыттар утары гитаратын туппутунан тобуктуу биэрээт, олорунан кэбистэ. Аҥаар илиитинэн чугастыы үүнэн турбут ньургуһуну хаба тардан ылаат кыргыттарга утары уунна: «Разрешите, милые дамы!» - диэт, өссө киһи күлүөх, сүгүрүс гынна. Бары кыыстыын-уоллуун күлэн тоҕо бардылар. Буола турар быһыы-майгы, этэргэ дылы, "разрядись" буолла. Онно эбии, төҥкөйбүтүгэр хоонньуттан кыһыл арыгыта сиргэ түһэн, халдьаайы сыырын быарын устун кылбайа төкүнүйэ турда. Уолаттар күлсэ-үөрэ астарын сырыстылар. - Ну, нуу будем знакомы, - кыргыттар ааттарын билиһиннэрдилэр. Настя, Айта уонна Маша. Настялаах Айта икки бииргэ төрөөбүттэр, Маша тастыҥ эдьиийдэрэ. Икки балыстар быйыл оскуолаҕа практикаларын бара кэлбиттэр. Маша полицияҕа силиэдэбэтэл, лейтенант званиелаах кыыс эбит. Сааһа 28-һа. Ол күн ыллаан-туойан, оонньоон-мэниктээн бириэмэлэрин бэркэ атаарбыттара. Айдаар ордук Машаҕа хараҕа хатаммыта. Бэйэтин сааһыгар эдэр көрүҥнээх, өйүн туппут, оттомноох эдэр кыыс-дьахтар кини бу иннинэ сылдьа сатаабыт бэйэтин саастыыта чолохочоос кыргыттартан чыҥха атын курдуга. Маша биир уол оҕолооҕо, кэргэннэнэ сылдьыбыт, киһитэ хадаар майгылаах буолан, сатаспакка арахсыбыттар. Маша олоххо көрүүтэ атына, муударайа, киэҥэ-холкута эдэр уол кутун туппута... Табаарыстара күлүү гыммыттара: «Кбдьыны» булбут! Неудачник! С прицепом, рсп! Эдэр оҕото суох кыыс суоҕар дылы! Тулаҕын көрүүй кыыс буолунай дии! Кырыы кырыытынан!» Үксүн итинник тыллара аһыы-сии сылдьан истибит буолан, абарара туох кистэлэ кэлиэй, бойобуой майгытыгар холуочугар дабайсан да ылара. Ол эрээри, хас биирдии оннук киҥэ-наара алдьанан, отуора хамнаан Машатыгар кэлэн, ону барытын абара-сатара кэпсээтэҕинэ чэпчиирэ. Машатын уоттаах имэҥигэр умсан, түүнү атааран турдаҕына, доҕоро сылаастык мичийэ-мичийэ: - Чээн, оҕом барахсан, кыһаныма ээ, барыта эн биһиэхэ үчүгэй буолуо, - диэн сүүһүттэн сахалыы сыллаан ыллаҕына, ханна да баппат айдааннаах Айдаар бэйэтэ бэйэтиттэн сөҕүөх, сыалыһар быарыныы сымныыра, сүрэҕэ, кута-сүрэ сылаанньыйара. Хор, үтүө дьахтар холумтана оннук. Айдаар бу олорон аны аһыы утаҕы кытта букатын быраһаайдаһар санааны ылла. Түксү, сөп буолуо! Кини бу орто дойдуга арыгыһыт буолаары кэлбэтэҕэ, ийэлээх-аҕата кинини оҕобут иһээччи буоллун диэн күн сирин көрдөрбөтөхтөрө! Дьоллоох оҕо саастааҕа, арыгыта да суох олорбута, олоруо даҕаны. Хайа уонна бүтүн аймаҕы да түһэн биэрэ сылдьар. Хабырыыллайап аймах бу нэһилиэккэ бары тарбахха баттанар үтүө дьон. Сопхуос саҕаттан бары туруу үлэһиттэр этэ - чулуу механизатордар, сылгыһыттар, учууталлар, быраастар, байыаннайдар, полициялар да бааллар. Нэһилиэккэ хаалбыт өттө аҕа ууһунан холбоһон, билигин бааһынай хаһаайыстыбалар. Арай,,. арай соҕотох Айдаар барыларын түһэн биэрэ сылдьар. Суох кэбис! Аҕатын ууһун аатын кини хайдах да түһэн биэриэ суохтаах. Бу өйдөөтөҕүнэ, кини маннык толкуйга кэлбитигэр тапталлаах доҕоро Маша сабыдыала олус күүстээх эбит. Кини суоҕа буоллар, ханна-ханна тиийиэ этэй? Санаатын ситимин субонуок быста. Экраҥҥа – «Петро» диэн таҕыста. Баҕарбатар да ылла. - Алло, Айдаар братка, кэл миэхэ абырахтаныах. - Пошел! - диэн баран уол туруупканы быраҕан кэбистэ. Аҕыйах мүнүүтэнэн бассаапка Петроттан маатыра бөҕө арыаллаах, араас эгэлгэ нуучча быдьар тыла туустаах-тумалаах «аудиосообщение» көтөн кэлбитин ылан «заблоктаан» кэбистэ. - Прости и прощай закадычный друг Петро! - диэн бэйэтэ бэйэтигэр күлэн сонньуйда. Аны Петролары кытта билсиһиллибэт. Итинник "доҕоттордуун" олох олоруллубат. Итинник атастар эйиэхэ үчүгэйи баҕарбаттар. Куһаҕаны эрэ баҕараллар эн олоххор… Киэһэ Маша хаһан баҕар буоларын курдук сылаастык мичээрдээбитин киирдэ. - Иһит эрэ, доҕоччуок, бүгүн таай Коля эриҋэ сырытта. Кини "Анаабыр алмаастарыгар" билэр дьонноох дии… Айдаар, эн пуобар корочкалааххын дии? Айдаары "Маякка" пуобарынан кэпсэтиэхпин сөп диэтэ. Аҋдаар маны истэн чочумча таалан турда. - Хайа, доҕоор, туох дии саныыгын? - Маша сэмэҋдик мичээрдээтэ. - Эн тускар - хоть на край света! - уол доҕорун санныттан кууста, сымнаҕас хара баттаҕын имэрийдэ, оройуттан сылаастык сахалыы сыллаан ылла. Күн-дьыл бэйэтин хаамыытынан устар. Айдаар тус хоту ыраах Анаабыр улууһугар, "Майаат" бириискэҕэ, проходчиктар учаастактарыгар асчытынан үлэлии сылдьар. Манна тыйыс, тымныы. Сирилэс тыал. Буурҕа. Сибээс диэн суох. Арай, ыйга биирдэ улахан учаастакка "Талахтаахха" киирэн суотабай хабар сириттэн кэпсэтэллэр. Таарычча баанньыктаналлар, учаастак бибилитиэкэтиттэн араас кинигэ уларсаллар. Айдаар дьонунаан төрөппүттэринээн, Машатынаан утаппытттыы кэпсэтэр. Кини манна кэлэн соҕотоҕун сылдьан олоҕу туораттан көрдө, урукку бэйэтин ырыта санаан олус кэлэҋдэ. Олоҕу сыаналыы үөрэннэ. Соҕотохсуйбут киэһэлэригэр вагончик түннүгүн нөҥүө ый сырдатарын көрө-көрө, элбэҕи ааспыты эргитэ саныыр, өрүтэ тыынар. Инникитин саныыр, былаан оҥостор. Арыт түүҥҥү чуумпуну Улахан Куонаапка үрэҕин үрдүнэн эмиэ ханна эрэ олус соҕотохсуйбут, быһыыта эмиэ санааҕа ылларбыт сур бөрө онолҕоно аймыыр... Сандал саас кэлэн дьиэлиир кэм дьэ тиийэн кэллэ! Сааскылаах аэропордугар дьолломмут сирэйдээх-харахтаах саха уолаттара толору! Бэйэ бэҋэни дьээбэлэһии, үтэн-анньан көрүү, сорохтор таһырдьа оонньоон тустан да ылаллар! Дьокуускай пуордугар көтөн кэллилэр. Сааскы күн чаҕылыйан күн да күн! Көрсөр саалаҕа Айдаары Маша көрүстэ. Эдэр дьон саҥата суох таалан, куустуһан турдулар. Барыта саҥата суох өҋдөнөр. Элбэх, үгүс тыл этиллэрэ наадата суох. Кинилэр харахтара дьол-үөрүү кыымнарынан тырымнаспыттар... Маша өйдөөх сүбэтинэн, Айдаар улуус киинигэр үлэлээбит харчытынан кафе арынна. Улахан федеральнай суол быһа охсон ааһар сирэ буолан, олус табыгастаах. Хас да улуус быһа охсуһар сирэ. Анал асчыт идэлээх үлэһиттэри буланнар, күнүнэн хамнастаан туруордулар. Сыыйа-баайа саҥа кафе ситиһиилээхтик үлэлээн барда. Маша бэйэтин үлэтин быыһыгар ИП "А.И.Гаврильев" үлэтин эмиэ салаҋсар. Кини соргулаах сүбэтэ-амата, ыйыыта-кэрдиитэ манна барытыгар үтүө түмүктэри эрэ аҕалар. Уурбут-туппут курдук табыллан иһэр. Гаврильевтар дьиэ кэргэн - билигин нэһилиэк биир биллэр-көстөр мааны ыала. Үс оҕолоохтор. Маша улахан уола бырааттаах балтын көрсөр түс-бас, оттомноох оҕо. Төрөөбүт кыра нэһилиэктэригэр кыра да буоллар аҕыйах атыыр үөрдээхтэр, сылын аайы убаһаланаллар. Оҕолорун илдьэ хас сайын аайы тахсан дойдуларыгар оттоһоллор, сир астыыллар, сөтүөлүүллэр-сынньаналлар. Сахаҕа бэркэ этиллэр өс хоһооно баар - Ыал ийэтинэн. Бу кэпсээним онуоха - чаҕылхай холобур. Үчүгэй дьахтар хайдахтаах да киһини киһи оҥорор. Чаҕыл, кулун тутар 2 күнэ, 2022 сыл.
kyym.ru сайтан