Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мэлдьи бэлэм Ээдьискэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мэлдьи бэлэм Ээдьискэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
07.11.2019 17:32
Кыһыҥҥы, өссө хойут күһүҥҥү диэххэ сөп эбитэ дуу, кылгас күн саҕахха киирэн эрэр. Илин кытылтан Дьокуускай диэки туораан эрэр үгүс массыынаны тиэммит бэһис нүөмэрдээх паром кытылга тиксээри туруулаһар. Кыдьымах киирэн, эбиитин өрүс уута да түһэн, паром кыайан тиксэн биэрбэккэ, манна кэлэн анньан ылар, итиннэ баран холоон көрөр. Ол аайы кытылы була охсоору тиэтэйбит, уһун суолтан илистибит айан дьоно өссө тиэтэйэргэ дылылар. Буолумуна, өрүс уорааннаах тымныы тыына сыанан-арыынан аҕаабата биллэр. Кэмниэ кэнэҕэс, кытылга турбут «хомуостаах» тыраахтардар буор анньан биэрэннэр, онно тигистэ. Аны паромтан тахсарга эмиэ биир туспа кыһалҕа: уҥуор туораары иккилии-хастыы күн Эбэни өҥөйөн хоммут массыыналар кими да таһаарар бокуой биэрбэккэ, ыы муннуга анньан кэбистилэр. Таһаҕас тиэммит улахан массыыналар, таксилар, улахан да, кыра да массыыналарга ким саҥа төрөөбүт оҕолоох, ким өлбүттээх, быһата, бары бааллар. Ыһыы-хаһыы, айдаан-куйдаан – иирбит аҕабыыт дьыалата. Сатахха, паром бүгүн бүтүөхтээх, сарсын тохтуохтаах диэн «ойуун болдьоҕо» оҥорон, дьону дэлби бутуйбуттара. Чэ, бэйи, ити хааллын. * * * Паром анньыһыытын содулугар кэлиҥҥи бамперын тоҕо астарбыт УАЗ «оптуобус» Сэргэлээх биир уопсайын иннигэр тохтообута. Аан арыллыбытыгар, курбуу курдук көнө уҥуохтаах, бөҕө-таҕа быһыылаах-таһаалаах уол ойон түһэн, массыына кэннинээҕи аанын суоппар арыйан биэрбитигэр, туох эрэ кууллаах ыарахан таһаҕаһы санныгар быраҕан, аргыый аҕай уопсайын диэки хаама турбута. Бу – Эдуард Эмчяев. Кимиэхэ эрэ Ээдьик, кимиэхэ эрэ Эдик, оттон кимиэхэ эрэ Ээдьискэ. Кини суол сабыллыан иннинэ, өрөбүл күннэргэ сөп түбэһиннэрэн, дойдутугар тахсан сынньанан, идэһэ өлөрсөн киирдэ. Ээдьик үөлээннээхтэриттэн отой атын майгылаах, атын өйдөөх-санаалаах. Кини иһигэр тугу саныы сылдьарын таһыттан көрөн таба таайыаҥ суоҕа. Оттомноох, дьоһуннаах. Дьүһүнэ-бодото, тутта-хапта сылдьара –сиппит-хоппут дьиҥнээх эр киһилии. Кыргыттар этэллэринэн, кырасыабай уол. Омуннаатахха, институт кыргыттарын быһар быһаҕаґа кинини кистээн таптыыр буолуохтаах. Сорох-сорохтор кистээбэттэр даҕаны. Эҥин араас ис хоһоонноох «смс-сурук» ыыталлар, сылтах була-була уопсайга хоһугар киирэллэр-тахсаллар. Арай, ол аайы Ээдьик кыһанан бэрт. Эппитим дии, үөлээннээхтэриттэн атын өйдөөх-санаалаах диэн. Үөрэҕэр атыттартан чорбойботор да, үчүгэй. Хаһан да кутуруктаммыта, иэскэ-күүскэ ыйаммыта, истипиэндьийэтэ быстыбыта иһиллибэт. Уопсастыбаннай үлэттэн туора турбута эмиэ биллибэт. Чэ, уопсайынан, бааһынайдаатахха, кыргыттар «мечталара» буолбут «завиднай жених». Дьэ, кини бүгүн дойдутуттан айаннаан киирэн, уопсайга, хоһугар кэтэх тардыстан сытар. Мантан киэһэ былаан элбэх этэ даҕаны, Ээдьик ыксаабат. Биир сиргэ бара сылдьыахтаах. Ол эрээри наадыйар дьон бэйэлэрэ эрийиэхтэрэ дии саныыр. Кини онно бүк эрэнэр. Кинитэ суох ханна барыахтарай?.. Айдыннаах, Гоша ханна эрэ бараары оҥосто сылдьаллар. Кинилэри кытта Ээдьик биир хоско олорор. Дьукаахтыылар. — Эдик, биһигини кытта «Драконнуу» барсыбаккын дуо? Мантан киэһэ үчүгэй «биэчэр» буолара күүтүллэр. Өйдүүгүн, үнүр, били, «Синемаҕа» сылдьан билсибит кыргыттарбыт кэлиэх буолбуттара. Леналаах, Паша. Дискотека кэннэ Паша даачатыгар барыахтаахпыт. Таах сытыахтааҕар барыах, – диэн
Айдын Ээдьиги кучуйар. — Ээ, суох ини. Бүгүн эдьиийбэр хоно барыахтаахпын. Онон бэйэҕит дискотекалыыргыт буолуо. Аныгыс сырыыга барсыам. — Доо, арба, Лена эйиигин сураһар этэ дии. Кыыс сураспыта мээнэҕэ буолбата буолуо ээ. Барсыбаккын дуо? Кыыс халтайга кэтэһиэ дии. Биһиги бүгүн эйигин тыаттан киириэхтээх диэбиппит ээ, – Гоша Ээдьиги көрө-көрө мүчүҥнүүр. — Чэ, чэ. Аныгыскыга барсыаҕым. — Оччоҕо, Эдик, харчыта иэһиэҥ буолаарай? Эйиэхэ хайаан да баар буолуохтаах. Кэлэр нэдиэлэҕэ – сүүрбэ бэһис. Онон истипиэндьийэ кэллэҕинэ хайаан да биэриэм. Бу нэдиэлэҕэ ол-бу былааннамматаҕы атыылаһан кэбиһэн, харчым эһиннэ. Абыраатаххына эн эрэ абырыыр кыахтааххын. Ээдьик, хайаан да биэрээриҥ диэн күлэ-күлэ, Айдыҥҥа биир тыһыынчаны уунар: — Махтал, Эдик. Мин наар сөҕөбүн ээ: эн эмиэ да үлэлээбэт-холтууралаабат, хараҥа дьыаланан дьарыктаммат курдуккун эрээри, өрүү харчылаах буолаҕын. Хантан булаҕыный ээ, ити? — Сатыахха наада, Айдын, са-тыах-ха. * * * Уолаттар тахсан барбыттарын кэннэ, Ээдьик соҕотоҕун хаалар. Тахсан дууштанар, сиэркилэ иннигэр туран баттаҕын оҥостор, ыскааптан таҥаһын-сабын таһааран бэрийэр, өтүүктүүр. Ол кэмҥэ төлөпүөнэ тыаһыыр. — Истэбин. При-вет, Киса! Хайа, хайдаххыный? Мин суохпар чуҥкуйбатыҥ дуо? Ньиэ, Кисам барахсан. Мин даа? Мин бүгүн киирдим. Ээ, тугу гыныахпыный дэриэбинэҕэ, сыттаҕым дии. Арай идэһэ өлөрдүм. Эт? Эйиэхэ диэн киллэрбитим. Ээ, айака, айаннаан кэлэн сылайа сытабын. Тиийбэтим буолуо. Сылайдым диибин дии. Чэ, оччоҕуна эн кэлэн ылаар. Күүтэбин. Сыллыыбын. Бакаа, – Ээдьик төһө да эрдэттэн бараары бэлэмнэнэ сырыттар, сылайдым диэн «сыанатын» үрдэтэр. Сө-өп. Аны өссө биир боппуруоһу быһаарыахха наада: — Алуо, ал-ло? Иһиллэр? Привет, Зая! Хайа, доҕоор, туох буоллуҥ? Ии, миигин күүттүҥ диэ. Аата үчүгэйин. Мин даа, мин хойутуурум буолуо бүгүн. Арааһа, сарсын тиийэрим буолуо. Оттон манна эдьиийим аахха сылдьыахтаахпын. Хайаан даҕаны бөҕө буолла дии. Туохха даа? Наадаҕа. Билэҕин дии, эдьиийим миэхэ «святее всех святых». Ньии, Заям барытын өйдүүр ээ. Сөп. Сыллыыбын. Сарсын үөрэнэн бүтэн баран тиийиэм, күүтээр. Түөрт пааралаахпын. Барарым саҕана өссө эрийиэҕим. Бу сырыыга туох эрэ минньигэһи астыыргын күүтэбин. Били, мин сөбүлүүрбүн, сөп? Чэ, бакаа. Ити кэннэ Ээдьик сып курдук таҥаһын өтүүктээн бүтэрээтин кытта, төлөпүөнэ эмиэ тыаһаата: — Сөп, Киса, таҕыстым. Кыратык кэтэһээр. * * * Уол дьуһуурунай вахтертан аймахтарбар хоно бардым диэн көҥүллэтэн таһырдьа тахсыбыта, уопсай олбуорун айаҕар билэр, үгүстэ хатааһылаабыт «чээ» массыыната кэлэн номнуо кэтэһэн турара. — Чэ, киирэ оҕус. Өр да күүттэрдиҥ, Ээдьискэ-э, – дии-дии уруулга олорбут бэрт кырасыабай көрүҥнээх саас ортолоох дьахтар уолга саба түһэн уураан-сыллаан киирэн барбыта. — Киса, Киса, бэйи, тохтоо, дьон көрүөҕэ, – уол Кисатын төттөрү анньа сатыыр да, биирэ истибэт. — Хара таас кэннигэр син биир туох да көстүбэт. Эдичкоо, ахтыбатыҥ даа, миигин. Оттон мин эйигин
манна бүтүн биир нэдиэлэни быһа күүттүм дии. Уураа миигин, уураа! Чаас аҥаара буолан баран, массыына оннуттан, дьэ, хоҥунна. Айаннаан, куорат киинигэр турар саҥа дьиэҕэ кэллилэр. Аттыгар турар дьиэлэргэ холоотоххо, бу дьиэ ырааһа-хорооһо, тупсаҕайа сүр. Подьезд иһигэр киирбиттэригэр, харабыл: «Үтүө киэһэнэн, Любовь Васильевна», – дии көрүстэ. «Кырдьык, Ээдьискэ, киэһэ үтүө буолара күүтүллээр», – дии-дии, Киса тэбэнэттээхтик күлэн саһыгыратар. Дьиэҕэ, камин иннигэр тэлгэммит көп түүлээх муус маҥан көбүөр үрдүгэр икки киһи сытар. Бу Ээдьискэ уонна киниттэн сааһынан икки төгүл аҕа Киса. Суох. Киса кырдьыбыт да, кырдьа барбыт да дьахтар буолбатах – кини Атын. Эдэр, уон аҕыстаах-сүүрбэлээх, бэтэрээнэн толкуйдаах уу ньуулдьаҕай устудьуон кыргыттарга холоотоххо, Киса – Сиппит дьахтар. Туга барыта: өйө-санаата, быһыыта-таһаата... Кини туһунан быһа бааччы «маннык» диир өссө уустук. Кинини көрүөххэ, кинилиин кэпсэтиэххэ уонна... наада. Ээдьик кистэлэҥэ бу баар. Кини бэйэтинээҕэр икки төгүл аҕа саастаах дьахтары кытта сылдьарын ким да билбэт. Бу иһин кини үөлээннээхтэриттэн уратытык, атыннык көстөр. Баҕар, ол иһин кини өйө-санаата эрдэ уларыйбыта, оттомурбута буолуо. Баҕар буолбатах – кырдьык оннук. Кини, били, этэргэ дылы, сүүрбэлээх кыргыттарга «сыыҥк-сыраан» сотон, таптаатаҕа буолан арахса-арахса холбоһон, ньаҕайданыан баҕарбат. Суох, кини биир киэһэ алҕас Атыны, Сиппити амсайбыта. Оттон ол, Сиппит, өрүү минньигэс буолар эбээт. Бу – таптал, нарын иэйии буолбатах, бу – уоттаах имэҥ, дьалыҥ. Камин симик уотугар Дьахтар уонна Эр киһи куустуһан сыталлар. Туохха да ханыа суох айылаах имэҥ илбиһэ кутаа уот буолан кинилэри бастарыттан атахтарыгар диэри өрө салыыр. Тыыннара хаайтарар. Бобута туппахтаһыы, имэҥнээхтик имэрийсии... Инчэҕэй уостар, имэҥ күүдэпчилэнэр кутаатын суоһуттан инчэйбит эт-сиин... ¤уу! Туох баар барыта өрө түллэр, барыта өрө мөхсөр, тыһы кылы сыыйа тарпыт курдук тыҥыыр, тыҥыыр, тыҥыыр! Онтон, эмискэ, туох баар тыҥаан турбут барыта босхо барбытыныы, сөллүбүтүнүү, дьэ, уоскуйар. Эттэрин сааһа арыллан, систэрин ороҕоһунан тымныы сүүрээн «дьар» гынан ааһар. Кинилэр ханна эрэ ырыых-ыраах көтөллөр, муҥура биллибэт дуоһуйуу, астыныы дириҥ далайыгар умсаллар. Өр буолбат: «Ээдьискээ, өссө», – Киса көрдөһөр. Уол биир тылы быктарбакка эмиэ түһүнэр. Имэҥ уотун кутаата дьахтардаах эр киһини эмиэ өрө салыыр. Чаас ааһар, икки, үс – уох харбат, баҕа хаммат. Сарсыарда күн тахсыар диэри харахтар сабыллыбаттар. — Киса, сэттэни ааспыт. Мин пааралаахпын, барыам этэ, – Ээдьик туран таҥныбытынан барар. — Тохтуу түс, чыычаах. Өссө кыратык тохтуу түһүүй, – диэн Киса көрдөһөр. — Кэбис, үөрэхпэр хойутуом. Эксээмэннээх паарам буолар. — Чэ-чэ, баран үөрэн. Илдьэн биэрэбин дуо, массыынаны бэйэҥ илдьэ барыаххын баҕараҕын дуу? — Ээ, суох, сатыы барыам, мантан чугас дии. — Чэ, бэйэҥ бил. Тахсан иһэн остуолга сытар харчыны илдьэ бараар. Эрийэргин умнума. — Хаһан умнубутум баарай. Чэ, бакаа. Сыллыыбын.
* * * Дьиэ аана сабыллар. Ээдьик, Эдик, Ээдьискэ тахсан барар. Биир түүн ааста. Саҥа күн үүннэ. Аны өссө биир түүн үүнүө турдаҕа. Көннөрү түүн буолбатах. Бу сырыыга «Заялаах» түүн ааһыахтаах. Оттон Зая куоракка буолбатах, куорат таһыгар эмиэ «чээ» дьиэҕэ олорор. Кини, эмиэ Киса курдук, соҕотох, эмиэ Киса курдук Ээдьиги сөбүлүүр. Дьиҥэр кинилэртэн, бу үс киһиттэн, хайалара да кимиэхэ да «таптыыбын» диэбэт ээ. Ол гынан баран, дьахталлар Ээдьиккэ, кини төһө да эдэр, оҕо буолбутун иһин, курдаттыы тартараллар. Дьэ дьикти диэтэҕиҥ. Оттон Ээдьик өрүү бэлэм. Алтан КЫРЫЫЛААХ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан